Суббота, 28.12.2024, 14:18
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 11
Гостей: 11
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
        123
    45678910
    11121314151617
    18192021222324
    25262728293031
    Главная » 2020 » Май » 19 » Тэҥкэ кырдьаҕастара
    11:55
    Тэҥкэ кырдьаҕастара
              

    Иванова Галина Гаврильевна

    Тэҥкэ кырдьаҕастара
    Өһөс төбөтүн
    Өрө көтөхпүт,
    Өндөл халлааны
    Өтөрү кыҥаабыт
    Хадаар хааннаах,
    Хадьар майгылаах
    Харыйа мас,
    Дорообо!
    Хатыылаах ытыскын
    Хардары уун,
    Дойдум сонунун
    Тоҕо кэпсээ...
    «Харыйа». Наталия Михалёва – Сайа

        Тэҥкэ... Харыйа ойууру «тэҥкэ» дииллэр эбит. 1957 сыл, атырдьах ыйа. Уу - чуумпу бөһүөлэк. Харыйа ойуур быыһыгар үс сиринэн бытанан олороллор. Арҕаа, илин, ортоку бөһүөлэктэр диэн араарыналлар. Бары үтүктүспүт курдук атылыы тутуулаах ампаар дьиэлэр. Сахалыы балаҕан дьиэ суох. Бу дойду былыр «Пионер» холкуос эбит. Билигин Бордоҥҥо кииннээх Жданов аатынан холкуос отделениета. Бүлүү өрүс хаҥас кытылыгар турар. Сүөһү иитэр, бултуур. «Холкуос үлэтэ, сүөһү кыстыга » диэн баран утуйар ууларын умнубут дьон.
        Олус элбэх кырдьаҕас баар дойдута этэ. Быһата, уһун үйэлээхтэр уйалара. Илин бөһүөлэктэн саҕалаатахха сүүс сааһыгар чугаһаабыт Күрүүкэбэ Таанньа олороро. Крюкова Татьяна Трофимовна - аатырбыт-сураҕырбыт былыргы атыыһыт, эмиэ да бандьыыт, эмиэ да хомуньуус, хочо улууһугар үрүҥнэр өрө турууларын тэрийбит Тэрэппиин уонна Бүөт Баабылаптар утумнара - уһун үйэлэнэн олороро. Баабылаптар тустарынан элбэх кинигэ суруйуллубут. Оччотооҕу дьоннор дьулайар, сүгүрүйэр, эмиэ да утарар дьонноро үһүлэр. Элбэх кыра-хара норуот хаанын тохпут, кэлин бэйэлэрэ да эстибит-быстыбыт, бэйэлэрин кэмнэригэр олус үөрэхтэнэ, сайда сылдьыбыт дьон эбиттэр.
        Таанньа эмээхсин балтыгар Павлова Варвара Трофимовнаҕа олорбута. Былыргыта акушерка үөрэхтээх, нууччалыы ыраастык саҥарар, аристократическай сиэрэ - туома билигин да көстөн ааһар, киһи болҕомтотун тардар эмээхсин этэ. Дьиктитэ диэн, таҥаһа - саба сүрдээх бүрэ, эргэ баҕайы, хайдах өҥнөөҕө көстүбэт ырбаахы, баартык. Ол гынан баран, эмиэ да кирэ суох, төбөтүгэр - бэргэһэ дуу, бэргэһэ иһэ дуу. Аҥаар атаҕар холуоһа, аҥаарыгар эрэһиинэ саппыкы баһа... Тоҕо оннук таҥнаахтыырын туох билиэй. Дьиҥэр таҥнар таҥас баҕас баар эмээхсинэ буоллаҕа. Туох да куһаҕан майгылааҕа биллибэт, хаһан да ыалга да, кулуупка да сылдьыбат, баара  - суоҕа биллибэт кырдьаҕас. Арай сайын буоллаҕына бөһүөлэгин таһынааҕы ойууру - тыаны кэрийэр. Сиэнин (балтын оҕотун) тыла - кулгааҕа суох Бүөккэтин илдьэ сылдьар буолара. «Хантан иһэҕит», - диэн ыйыттахха, «ынахпытын көрдүүбүт», - диирэ. Уонна туох да күн кыһылҕата суох, нууччалыы тугу эрэ ыллыы-ыллыы, ааһа турара. Дьоннор ону: «Ити эмээхсин былыр кистээбит көмүһүн көрдүү сатыыр», - диэн быһаараллара. Ким билиэй, баҕар, кырдьык оннук буолуо. Эмээхсин олох хойут өлбүтэ, хайа үрдүгэр уҥуоҕа суох хараллыбыта.
        Тэҥкэ кырдьаҕас оҕонньотторо, омос көрдөххө, бары бэйэ - бэйэлэригэр маарыннаһар курдуктара. Аҕыйах саҥалаахтар, хайдах эрэ киһи сирэйин көрөр - көрбөт килбик дьоннор. Дьиҥэ сүрдээх баай дууһалаах, элбэх үтүөнү да, мөкүнү да көрбүт, олох очурдарын ааспыт дьон. Эн тускунан эйиигиннээҕэр элбэҕи билэр, тус бэйэҕин эрэ буолбакка, эн төрдүгүн - уускун түөрэ билэр, сир түннүгэ дьоннор буоллахтара дии.
        Бөһүөлэк арҕаа өттүгэр, чараас соҕус харыйа ойуур кэнниттэн Каккай, сурукка киирэр аата Никитин Алексей Анисимович, эмээхсинэ, Никитина Марфа Гаврильевна, олорбуттара. Быычыкаа, таһыттан үрүҥ буорунан олус тупсаҕайдык сыбаммыт балаҕан дьиэлээхтэр. Тэҥкэҕэ соҕотох балаҕан. Иһирдьэ киирдэххэ эмиэ олус чөкө, муҥур быыс оҕото, оҕонньордоох эмээхсин утуйар оронноро,  долбуурдар, намыһах билиитэ оһох. Уҥа диэки былыргы оҥоһуулаах чэйдиир остуол, эмиэ ол курдук моһуоннаах олоппостор. Ып-ыраас, сыыс - бөх суох, сып - сылаас уйа. Оҕолоро суох.
        Каккай оҕонньор ол саҕана кырдьа илик, тэп курдук кыана сылдьар, бултуур-алтыыр, балыктыыр, инньэ гынан бэйэлэригэр сөп буолар астаах - үөллээх ыаллар. Аҕыйах ынахтаах, сыл аайы идэһэлээх, оччотооҕу холкуостаах ыал сиэринэн олороллор. Оҕонньор тор курдук хара бытыктаах, киэҥ айахтаах, хайдах эрэ халымалыы унаарытан саҥарар, саҥарарыгар хараҕын симэн кэбиһэр. Хамсаҕа ууран, ханнык эрэ хатан баҕайы табааҕы тардар.
        Эмээхсинэ Мааппа кубаҕай хааннаах, куруук мап - маҥан былааттаах, аҕыйах саҥалаах. Дайбаммакка, кумуччу туттан баран, түргэн - түргэнник хааман сулукучуйар. Бииргэ төрөөбүт быраатыныын Дьэпсэйдиин олус маарыннаһаллар, бэйэлэрэ да тэллэх баттаһа ыаллыылар. Туох да иҥэ - дьаҥа суох ис - киирбэх эмээхсин.
        Каккай Өлөксөй холуочуйдаҕына сэһэнэ - кэпсээнэ элбиир. Сороҕор киһи итэҕэйиэ да суоҕун тууйан - тупсаран, хараҕын симэн, күлэ былаастаан олорон, этэн таһаарар. Олоххо тугу билбитин - көрбүтүн, бэйэтэ билэринэн, хайдах дии саныырынан олус итэҕэтиилээхтик сэһэргиир. Холобура, бөһүөлэкпит үрдүнэн көтөн ааһар көтөр ааллар ханна, хаһан ааһалларын чуо билэр. Үрүҥ хайа үрдүнэн көтөр сөмөлүөтү «нуучча уола сөмөлүөтүн уруулун хайдах хончоччу тутан» биэрэрин: «Уолуҥ билэрэ бэрт буоллаҕа, аллара хайдах сир сытарын», -  диэннээх. Ууга түспүт киһи илиитин-атаҕын даллаччы туттан баран, тыыммакка сыттаҕына тимирбэт эбитин, ону кини биирдэ бэйэтэ быһаарбытын астынан олорон сэһэргиир. Былыр улахан өрүскэ дуу, Сунтаарга Бүлүү өрүскэ эбитэ дуу, борохуоттаах уол: «Хаппытаан, хаппытаан, иликичиис», -  диэн ыллыыр эбит диэннээх. («Иликичиис» диэн «улыбнись» диэн быһыылаах). Ону хайдах итҕэйиэҥ суоҕай.
        Каккай, дьиҥэ да, мындыр киһи! Айылҕаттан бэриллибит сатабыллаах бэтэринээр. Урут холкуоска сүөһү үгүс, бэтэринээр соҕотох. Сүөһү да ыалдьар, кылыа буолан тииһэ ыалдьар, аһаабат, ырар, өлүөн сөп. Ардыгар иһэ атааллар. Ынах төрөөрү эрэйдэнэр. Ханна барыай, син-биир киһи курдук. Өлөксөй оҕонньор онно барытыгар туттар албастардаах, бэйэтэ эрэ сатаан туттар сэптээх - сэбиргэллээх. Кини эмтээбит сүөһүтэ өлбөт. Ол курдук араас айылҕа биэрэр эмтээх отторун, силистэрин - мутуктарын билэрин дьоҥҥо тарҕаппакка илдьэ бардаҕа. Миэхэ биирдэ: «Тиис ыарыйдаҕына харыйа дабаххайынан эмтэниллэр», - диэбиттээх. Дабаххай диэн мас сымалата. Ону оччолорго туох да отоһуттары, ичээннэри сэргээбэт, быһата «коммунизм кэлэн иһэрин» эрэ сэргиир кэммит этэ. Бары да бэйэбит кэммит дьонноро буоллахпыт, олорор олоххуттан ханна куотан, тахсан барыаххыный.
        Мааппа барахсан оҕонньоруттан урутаан өлбүтэ. Мөлтөөбүтэ эрдэттэн биллибитэ. Ойуурга мас хомуйа сылдьан мунан хаалан, илин кэлэн хаалбыт. Дэлби үлтү сылайан -быстан баран өйдөммүтэ, илини  арҕаа диэн бутуйбут эбит. Онтон сылтаан аанньа аһаабат буолан, бэйэтэ кубаҕай бэйэтэ эбии кубарыйан хаалаахтаабыт этэ. 1970-71 сыллар диэки өлөөхтөөбүтэ. Оҕонньор соҕотоҕун хаалан, тулаайахсыйан, илин бөһүөлэккэ биир эмиэ соҕотох эмээхсини кытта олоро сатаан баран, сотору өлбүт сураҕа иһиллибитэ. Арҕаа хаалбыт быыкаа балаҕаннара билигин да кубарыччы хатан тураахтаатаҕа...
        Аттыларыгар Мааппа бииргэ төрөөбүт быраата Дьэпсэй олорбута. Сурукка киирэр аата - Чогулов Евсей Гаврильевич. Кэргэнэ - Иванова (Чогулова) Екатерина Васильевна. Бу биһиги эһэбит Иванов Андрей Петрович бииргэ төрөөбүт балта.
        Бу ыаллар хайдах холбоспуттарын туһунан маннык сэһэн баар: Биир бириэмэҕэ Араҥастаах диэн сиргэ Өндүрэй Дьэпсэйи кытта бииргэ бултаабыттар. Уолаттар бэркэ тапсан доҕордоспуттар. Ол сылдьан Өндүрэй: «Биһиги балтыбытын кэргэн ыл», - диэн сүбэлиир эбит. Дьэпсэй кыбыстар, миигин сириэҕэ, сөбүлэһиэ суоҕа диэн дьулайара үһү. Арааһа дьукаах олоро сылдьыбыттара дуу.  Кыыс,  хотон сааҕын күрдьэн, түгэх түннүгүнэн таһырдьа эһэр кэмигэр Дьэпсэй кэлэн, таһыттан балбаахтаан биэрэн, көмөлөһөр идэлэммит. Ол туран эдэр дьон инчэҕэй ынах сааҕынан тамнаһан оонньоһоллор үһү. Устунан, уоллаах кыыс таптаспыттар. Кыыс ийэтиттэн көҥүл көрдөөбүт. Бастаан утаа Өлөксөөн Дьэпсэйи сөбүлээбэтэх: «Хотуой, ити иэрэ туутун курдук уолга эргэ тахсаары гынаҕын дуо?» - диэн буолбут. Кыыс олус ыраас хааннаах, толору эттээх- сииннээх, уол эрэ ымсыырыах курдук кэрэ кыыс үһү. Дьэпсэйи Өлөксөөн тас көрүҥүн сирбит курдук. Оччоттон баччаҕа диэри эр киһи, уол оҕо тас көрүҥэ улахан суолтата суох буоллаҕа. Дьэпсэй турбут - олорбут түргэн туттунуулаах, олус булчут, сатаабата суох  көрсүө - сэмэй уол. Ийэтэ кэлин сөбүлэспит, онон кыыһын көҥүллээбит.
        Дьэпсэй Кэтэрииһинээн холкуоска киирэн, туспа дьиэ - уот тэринэн, олорбуттар. 1932 сыл диэки Зинаида диэн кыыстаммыттар. Сотору, колхоз сорудаҕынан, Дьэпсэй Мухтуйаҕа (Ленскэйгэ) үлэҕэ ыытыллыбыт. Кыыстарын көтөхпүтүнэн, эдэр ыал Ленскэйгэ көспүттэр. Дьэпсэйи борохуокка мотуруоһунан үлэҕэ ылбыттар. Хамнастаах үлэ. Сотору иккис кыыстарын төрөппүттэр, 1938 сыллаахха. Ол олордохторуна куор (корь) ыарыы турбут. Ийэлэрэ ыалдьыбыт, онтон үтүөрбүт курдук буолбут. Биир күн, ийэлэрэ аанньа үтүөрбэккэ сылдьан, Ленаҕа киирэн таҥас сууйбут. Онтон тыалга үрдэрэн сыыстаран, хос охтубут. Онтон өрүттүбэккэ өлбүт.
    Дьэпсэй барахсан, икки кыыһын кууспутунан, огдообо хаалбыт уонна дойдутугар Тэҥкэтигэр төннүбүт. «Оҕолорбун атаҕастыахтара диэн кэргэннэммэтэҕим»,- диэн хойут, холуочуйан олорон, быктарбыта. Дьэпсэй аматыгар олус тоҥкуруун, аҕыйах саҥалаах. Кими да кытта кэпсэтэ - сэлэһэ олороро көстүбэт. Сайын холкуоска оттуур, кыһын дуогабар быһыытынан бултуур. Дуогабарын үксүн аһары толорор, бэргэн ытааччы. Кыргыттарын кытта соҕотоҕун олорон кырдьыбыт. Эдьийдэрэ Мааппа котоку таҥастарын - саптарын көрбүт. Онон Зина, Маруся ийэ таптала диэни билбэккэ улааппыттар.
    Дьэпсэй  эмиэ айылҕаттан бэриллибит талааннаах этэ. Таҥара сахаҕа туох эмит сэмсэ дьоҕуру биэрэр эбит ээ. Ончу туохха да сыһыана суох киһи диэн сахаҕа суох да курдук дии. Ол Ленаҕа борохуокка үлэлии сылдьан бу киһиҥ хормуоскаҕа оонньуур, уонна нууччалыы пляскалаан саайар үһү. Атаҕа чэпчэкитин, муусукаҕа лоп-бааччы хамсанарын көрбүт дьон сөҕөн кэпсиир этилэр. Бэйэтэ тас көрүҥүнэн үскэл эттээх сииннээх, эмис-тамыс кэтит тарбахтардаах, киһи: «Бу киһи хормуоска клавишатын иккини - үһү бииргэ баттыыр ини» диэх курдук киһитэ.
    Ол иһин кыыһа Маруся, муусука үөрэҕэ да суох буоллар, бэртээхэй гармонист этэ. Кулуупка музыкант буолан, кэнсиэртэри туох да иҥнигэһэ суох тэрийэрбит. Элбэх ахсааннаах сиэннэрин быыстарыгар култуура үлэһиттэрэ, үҥкүүһүттэр, ырыаһыттар элбэхтэр. Маруся, билигин кырыйдар да, билиҥҥэ дылы кулуупка ыллыыр. Үөрэммитэ буоллар, артыыс буолар кыахтаах кыыс этэ.
    Дьэпсэй икки кыыһыттан элбэх ыччат тэнийэн олорор. Улахан кыыс Зинаида 10 уол, 1 кыыс оҕолоох, герой ийэ. Тойбохойго ытыктанар ыал этилэр. Уолаттара бары талан ылбыт курдук доруобай, көрсүө, кыраһыабай дьон. Эмиэ оҕо - уруу, эһэ - эбэ буолан ырааттылар. Аҕалара, Николаев Афанасий Николаевич, Арыылаах киһитэ. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Эбиитин билиэҥҥэ түбэһэн, ынырык, киһини тыыннаахтыы уматар лааҕыры тыыннаах ааспыт, аччыктыыры, муҥу - сору көрбүт. Бөҕө ыйаахтаах буолан,  бүүс бүтүн эргиллибит, 11 оҕо төрүөхтээх ыксары ыйааҕа кыайбыт. Дэҥҥэ көстөр дьоллоох киһи. Кэлэн, эмиэ ый аайы ыйытыллар хонтуруолу - бэрэбиэркэни ааһан, чиэһинэй, үтүө суобастаах буолан, үйэтин тухары Тойбохой сельпотугар атыыһыттаабыта. Дьон - аймах убаастыыр атыыһыта этэ. Көстөр дьүһүнүнэн дьоһуннаах, элбэх саҥата суох, олус аккуратнай, маҕаһыынын кэмигэр аһар, кэмигэр сабар, арыгыны испэт, табааҕы тардыбат киһи.
    Дьэпсэй кыра кыыһа Морууса Матросов Арамаан Арыйаанабыс диэн олохтоох Тэҥкэ уолугар кэргэн тахсыбыта. Арамаан сопхуоска управляющай, биригэдьиир. Орто үөрэхтээх, тыа хаһаайыстыбатын салайар үлэһитэ. Элэккэй - мэлэккэй майгылаах, кыра уҥуохтаах, сайаҕас киһи. 3 кыыс, 3 уол оҕолломмуттара. Морууса Бордоҥҥо кыра кыыһыгар олорор.
    Дьэ билигин бэйэм тойонноох хотуммун Андрей Петрович уонна Мария Федотовна тустарынан, кинилэр сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн туран, кэпсиибин тугу билэрбин.
        Иванов Андрей Петрович  төрөөбүт сыла, дьиҥнээҕинэн, 1912 сыл курдук. Ону, тоҕо эрэ сааһын эбэн, 1898 сыл курдук суруйбуттар. Төрөөбүт сирэ - Тойбохой, Атах түбэтэ. Аҕата Иванов Василий Иванович - Тураах Баһылай. Күттүлбэ Уйбаан уола. Күттүлбэ Уйбаан  Таатаҥ аҕатын ууһуттан ыкса сибээстээх. Онон Иванов Андрей Петрович  төрүт уус Хочо, Тойбохой киһитэ. Андрей Петрович аҕатын аата Васильевич буолуохтааҕын  иккис аҕатын аатынан Петрович диэн буолбут.
        Ийэтэ Боротова Александра - Тэҥкэ, Боротовтар кыыстара. Өндүрэйдээх 3 бырааттыылар: Андрей, Роман, Иван. Уонна биир кыыс: Кэтэриис. Тойбохойго, Атахха олорбут өтөхтөрө билигин да "Тураах өтөҕө” дэнэр.
        Аҕалара Тураах Баһылай эрдэ өлбүт. Ийэлэрэ 4 оҕолоох огдообо хаалбыт уонна дойдутугар Тэҥкэ Оторууһугар төттөрү көспүт. Уолаттар улаатан, бултаан - алтаан, дьон хоһууннара буолбуттар. Дьэрбэ баһыгар, Бадарааннаах диэн сиргэ олорон, ийэлэрэ Өлөксөөн Тарах Бүөтүр диэн булчут киһиэхэ кэргэн тахсыбыт.
        1931сыллаахха Өндүрэй кэргэннэммит. Кэргэнэ - Филиппова Мария Федотовна, Тойбохой Титииктээҕин ыала Өксүүнньэ уонна Сөдүөт Билиикэптэр кыыстара. Сүөһү, сылгы иитэр, сэниэтик олорбут ыал. Маарыйа кийиит буолан Тэҥкэҕэ кэлэригэр ийэлэрэ Өлөксөөн өлөр ыарыытыгар сытара үһү. Ийэлэрэ өлбүтүн кэннэ, Өндүрэйдээх Маарыйа атын үрэххэ, Дьэрбэ баһыгар көспүттэр. Онно балаҕан туттан, булуус хастан, сүөһү ииттэн олорбуттар. Маарыйа кэлэригэр Хабый уончалаах оҕо үһү. Кини биир Дьөгүөр диэн бииргэ төрөөбүт убайдаах, ол аата Өлөксөөн оҕолоро эбиттэр. Арамааннаах Уйбаан, Оторууска холкуоска киирэн, үлэһит буолтар.
        Хаһан баҕарар буоларын курдук дьыл - күн ааһан испит. Тарах ойоҕо өлбүтүн кэннэ иккиһин кэргэннэммит, 18 саастаах Чырамаах кыыһа диэни ойох ылбыт. Ол дьахтар Хочоҕо Ааччый уола Владимир уонна Дьэлиэнэ диэн уруулардааҕа үһү. Чырамаах кыыһыттан Табарай Таанньа төрөөбүт. Бу кыыс хойукка дылы Сунтаарга Зедгенизовтар Куора (Куола) диэн уолларыгар кэргэн тахсан олорбута. Чырамаах кыыһа Тараҕы кытта 8 сыл олорон баран арахсыбыт.
        Тарах Бүөтүр онтон эмиэ 18-таах кыыһы Федорова Мотрена Ефимовнаны ылбыт. Сэрии саҕана ол дьахтары үлэ фронугар ыыппыттар. Ол саҕана Тарахтар бэйэлэрэ эрэ олорон, ыар буруйу оҥорбуттар. Аҕыйах сыл буолан баран, онтулара арыллан Тарах Бүөтүр - Афанасьев Петр Дмитриевич - уолунуун Дьөгүөрдүүн - Афанасьев Егор Петровичтыын - хаайыыга утаарыллыбыттар. 1943 сыллаахха Дьөгүөр Ленскэйтэн сэриигэ ыҥырыллыбыт. Үлэ фронугар, сымала собуотугар үлэлии сылдьыбыт. Дойдутугар төннүбэтэх. Аҕата 1943 сыллаахха Бүлүү хаайыытыгар өлбүт. (Ити Дмитриев Гаврил Петрович – Хабый - кэпсээбититтэн сурулунна. 2006с.)
    Өндүрэйдээх ийэлэрэ Өлөксөөн сырдык хааннаах, уҥуоҕунан кыра дьахтар үһү. Кини кыыс эрдэҕинээҕи араспааанньата Боротова. Боротовтар Ньурба диэкиттэн, арыт  Горнай оройуонун диэкиттэн дииллэр, кэлбиттэр. Бадаҕа бырааттыы дьон үһү. Араспаанньалара Протопоповтар. Ону сатаан суруйбакка, судургутук Боротовтар диэбиттэр (бу Боротов Иннокентий Афанасьевич кэпсээнэ.)  Биир Боротов (аата биллибэт) 3 оҕоломмут: Сөдүөт, Өлөксөөн, Охоноос. Сөдүөт - Тэҥкэҕэ олорбут Степанова Акулина Иннокентьевна - Өкүүсэ эһэтэ, Охоноос - Боротов Иннокентий Афанасьевич аҕата, Өлөксөөн - биьиги дьоммут Өндүрэй уонна Хабый Хабырыыс ийэлэрэ.
    Өлөксөөн тойуктаах, хомусчут, асчыт бэрдэ, эмиэ да олус иистэнньэҥ дьахтарын туһунан уолаттара Өндүрэй, Хабырыыс кэпсиир этилэр. Кини бэйэтэ иистэнэр массыыналаах, баайдарга араас солко былааччыйалары, сону, этэрбэһи дьэрэкээннээн тигэрэ үһү. Туос иһиттэри эмиэ киниэхэ тиктэрэллэр эбит. Иннэ гынан кыһын сиир арыыларын булара. Чэй, табаах да биэрэллэрэ. Өссө, силигин ситэрэн диэбиккэ дылы, үрэххэ олорон сүөһүтүн бэйэтэ аттыыр үһү. Килиэптэрин аһытан буһарар. Таҥара бары дьоҕуру биэрбит дьахтара эбит.
    Сэрии буолбутугар Өндүрэй 1943 сыллаахха ыҥырыллбыт. Ленинград куорат аттыгар кырыктаах кыргыһыы кыттыылааҕа. Икки төгүл бааһырбыт. Госпитальга сытан эмтэммит. Өссө "Хорсунун иһин” диэн мэтээллээх этэ. Оҕонньор сэриигэ сылдьыбытын туһунан дөкүмүөннэрэ кэлин эмээхсинин дьааһыгыттан көстүбүттэрэ. Онно ол мэтээл бэриллибитин туһунан сибидиэтэлистибэ, байыаннай билиэтэ, госпитальтан тахсарыгар биэрбит ыспыраапкалара  о.д.а бааллара. Ол кумааҕылар, хомойуох иһин, көстүбэтилэр, сүппүттэр. Баҕар, кэлин көстүөҕэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ Өндүрэйи Ленинград куорат чөлүгэр түһэриллиитигэр үлэлэппиттэр. Уһуннук улэлээбит быһылааҕа, трудовой киниискэлээх этэ. Кумааҕы фабрикатыгар үлэлээбитин туһунан суруллубут этэ. Өндүрэй Ленинграды добуочча билбит курдук кэпсиирэ. Зимнэй дыбарыаһы  Дворцовай дыбарыас диэн ааттыыра. Нева өрүһү, ханнык эрэ күөл туһунан ахтан аһарара.
    Кини, уопсайынан, сайаҕас майгылаах, ону - маны билиэн - көрүөн баҕалаах киһи этэ. Былыр Тойбохойго пансиоҥҥа олорон кыратык үөрэнэн суругу урукку алпабыытынан ааҕар, суруйар этэ. Нууччалыы олус ыраастык саҥарара. Кэлин съемочнай экспедицияҕа сирдьитинэн биир сайыны быһа сылдьыбыта. Өрүс уҥуор баар, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ тайҕаны, урэҕи-талаҕы барытын хас квадратын көтүппэккэ чинчийбиттэр үһү. Ханна туох баай саһан сытарын, каартаҕа түһэрбиттэр. Бадарааннаах маардарынан ат көлөнөн куйаас, кумаар саҕана айан киэнэ кытаанаҕын биллэҕэ. Булчут идэлээх буолан уонна сэриигэ сылдьыбыт уопута көмөлөстөҕө. Нуучча геолог уолаттара тулуурдарын, дьаныардарын сөҕөн кэпсиирэ.
    Өндүрэй оҕонньор киинэҕэ сылдьарын сөбүлүүрэ. Үс табаарыстыылар Дьэпсэй, Каккай, Өндүрэй Тэҥкэ кулуубугар кэлэр киинэлэри көтүппэккэ көрөллөрө. «Хотугу сулус» сурунаалга сурутара. Онно тахсар Саха литэрэтиирэтин саҥа айымньыларын оҕолоругар киэһэ аайы аахтаран истэрэ. Олус сэргиирэ. Күнүскү кэпсэтиилэрэ – ол айымньылар ырытыылара буолара.
    Өндүрэй эмээхсинэ Маарыйалыын 40-ча сыл бииргэ олорон 12-тэ оҕоломмуттарыттан 3 эрэ оҕо киһи буолбут: Моторууна, Боркуоппай, Ээдьик. Оҕонньор сэриигэ барарыгар Маарыйа 4 оҕолоох соҕотох хаалбыт. Биир кыыһа Аана өлбүт. Сэрии саҕана оҕолоро кыралар. Үрэххэ көһөн, үрэх ыалларын кытта дьукаахтаһан, ылсыһан - бэрсиһэн син хоргуйбатахтар. Улахан кыыс Моторууна, оччолорго уонун эрэ ааспыт  хатыҥыр баҕайы хоһуун кыыс, сааланар, дьону кытта балаакканан сылдьан тииҥниир эбит. Кустаан, балыктаан, айылҕа барахсан тугу дук гынарынан аһаан, улааппыттар. Кыайыы буолбутун да иһин, аҕалара хойут төннүбүт. Арҕаа сэрии алдьархайын оһорор, хос тутар, ыраастыыр үлэҕэ үтүө  суобастаахтык үлэлээбит. Ол сылдьан нууччалыы кэпсэтэргэ үөрэммит.
    Маарыйа эдэригэр ыраас хааннаах, бэйэтигэр сөп уурбут - туппут курдук толору, үллүмэй астаах астык хаһаайка этэ. Мин киниттэн үөрэнэ сатаабытым да, кини курдук буолбатаҕым. Ким хайдах айыллыбытынан. Биһиги оҕолорбутун олус үөрэ - көтө, кыһанан хараталаабыта. Оҕону тото - хана аһатар, сылаастык -  сымнаҕастык тутар эбэ этэ. Мин киниэхэ махталым улахан. Дьиэтигэр хаһан да кыыһыра сылдьыбат, куолаһын соноппот, биир кэм сибигинэйэ былаастаан кэпсэтэр идэлээҕэ. Өрүү биһигини кытта олорорун ордороро. Ыһыахтыыры, маанытык таҥнарын олус сөбүлүүрэ. Ол иһин сайын аайы Сунтаар ыһыаҕын көтүппэккэ сылдьара. 1986 сыллаахха Сунтаарга киирэн кыыһыгар олорон, саас ыһыах буолуон быдан иннигэр, ыам ыйыгар, сүрэҕинэн ыалдьан эмискэ өлбүтэ, 73 сааһыгар.
    Өндүрэй бииргэ төрөөбүт быраата Арамаан Ленскэйгэ олорон өлбүтэ. Эмээхсинэ суох этэ. Биир уоллааҕа, Түмээһэ диэн этэ. Эрдэ өлбүтэ. Түмээһэ ийэтэ кини кыра эрдэҕинэ өлбүт. Арамаан көрүҥүнэн үкчү Өндүрэй курдук, арай хатыҥыр уонна уҥуоҕунан кыра соҕус. Иккиэн көрө түһэргэ нуучча курдуктар. Төрүттэрэ да (Таатаҥнар - Тотоновтар) сырдык сирэйдээх - харахтаах дьоннор. Арамаан арыгы диэни амсайбат, табаҕы да тардыбат, сиртэн - буортан тэйбит курдук чөкө, чэнчис киһи эбит этэ. Үөрэҕи, билиини - көрүүнү сэргиир, үбү - харчыны мээнэ ыскайдаабат, уурбут - туппут курдук дьиэлээх - уоттаах, Ленскэй куорат Пионерскай уулуссатыгар соҕотоҕун кэриэтэ олороро. Сиэннэрин, Түмээһэ уолаттарын, үөрэттэрэ сатаабыта да, өнүйбэтэхтэрэ.
    Уйбаан, кыра бырааттара, үрэххэ олорбут. Кэргэннээх, 2 уол оҕолоох үһү. Сэриигэ ыҥырыллыбыт. Аата Уйбаныап Уйбаан Баһылайабыс, 1914 дуу, 1915 дуу сыл төрүөх буолуохтаах. Сэриигэ сураҕа суох сүппүт. Бойобуой суола биллибэт. Ирдэспит да суох. 2 оҕото аччык саҕана өлбүттэрэ. Кэргэнэ Сунтаарга олорбута. Даарыйа дииллэр этэ.
    Өндүрэйдээҕи кытта төрөөбүт Кэтэриис диэн кыыс баара Сөдүөттээххэ иитиллэ сылдьыбыт. Боротов Сөдүөт - Өлөксөөн бииргэ төрөөбүт убайа.
    Кэтэриис улаатан баран Чогулов Евсейгэ кэргэн тахсыбыт. Ол туһунан үөһэ кэпсээбитим.
    Дьэпсэй, Өндүрэй, Каккай  үксүн үһүөн бииргэ бултууллара. Холкуос да үлэтигэр уҥуор  Оторууска бииргэ үлэлииллэрэ. Биирдэ Өндүрэйгэ Москватааҕы тыа хаһаайыстыбатын бүтүн сойуустааҕы (ВДНХ) быыстапкатыгар барарга путевка биэрбиттэрэ. Бу оччотооҕу бэйэлэрин ыырдарыттан ханна да барбакка сылдьыбыт хара үлэһит холкуостаахтарга олус улахан, саамай үөрүүлээх наҕараада этэ. Ону Өндүрэй ол путевкатын Дьэпсэйгэ салайбыта, биэрбитэ. "Мин сэриигэ сылдьан араас куораты көрбүтүм,  Дьэпсэй ханна да сылдьа илик, онон киниэхэ биэрэргитигэр көрдөһөбүн” диэн холкуос саламтатыгар сурук суруттарбыта. Дьэпсэй онон Москваны көрөн, улаханнык астынан кэлбитэ. Дьэпсэй өлөр ыарыытыгар охтубута. Онуоха Өндүрэй күн аайы көрсө барара. Өрүс үрдүгэр биһиги түннүкпүтүттэн көстөр ыскаамыйа баара. Дьэпсэй сарсыарда аайы, ол ыскаамыйа биир уһугар олорон, Өнндүрэйэ кэлэрин кэтэһэрэ. Өндүрэй ону көрөн, хап - сабар баран ыскаамыйа биир уһугар олорон кэпсэтэллэр быһыылааҕа. Тугу кэпсэтэллэрин туох билиэй. Өлүөр сылдьан иккиэн биһиги саҥа дьиэбитин туппуттара. Онтон Морууса Матросов Арамааҥҥа кэргэн тахсыбытыгар, аны кинилэргэ туппуттара, өрүс үрдүгэр.
    Өллөхтөрүнэ иккиэн биир сиргэ көмүллэр санаалаахтар эбит. Ол билигин пилорама буола сатаабыт үрдүк сиргэ эбит. Ол санаалара туолбатаҕа. Дьэпсэй урут өллөҕө, хайа үрдүнээҕи кылабыыһаҕа хараллыбыта. Биһиги эһэбит эмиэ онно. Каккай Өлөксөй да онно сытара буолуо.
    Ити курдук Тэҥкэ үс ытык кырдьаҕастара биир сиртэн бултаан, биир хомоттон балыктаан, биир сири оттоон, биир сиһи мастаан, бэйэ - бэйэлэригэр быһа гынсыбакка, эйэ дэмнээхттик олорон ааспыттара. Хаһан эмит холуочуйдахтарына, туох эмит кыраттан өһүргэнсэн, иирсэ түһэн ылыахтарын сөбө буолуо эрээри, сарсыныгар тута эйэлэһэн киһи - киһинэн буола түһээхтииллэрэ дуу...
    Кэпсээнтэн кэпсээн... Боротов Иннокентий Афанасьевич уонна Павлова Варвара Трофимовна диэн ыаллар олорон ааспыттара. Кинилэри Буоратаптар диэн ааттыырбыт. Лэгиэнтэй - үөһэ ахтыллыбыт, Ньурба диэкиттэн кэлбит Боротовтар уоллара. Сөдүөт, Өлөксөөн, Охоноос Боротовтар диэн бииргэ төрөөбүттэр. Сөдүөттэн Өкүүсэ – Федоров Дмитрий Спиридонович кэргэнэ - тахсар. Сөдүөт Өкүүсэни - сиэнэ.
    Өлөксөөн - Иванов Андрей Петрович ийэтэ. Охоноос - Боротов Иннокентий Афанасьевич аҕата. Иннокентий Боротов – Лэгиэнтэй - дьэ мааны киһи. Хаһан да арбы -сарбы көрүҥнэммэт, ып - ыраас таҥастаах, арыгыны испэт, табааҕы тардыбат. Бэйэтин олус дуоспуруннаахтык туттар, кыраҕа кыһаммат киһи. Дьиэтэ - уота ып - ыраас,  хайдах эрэ атын ыаллартан туспа, чөкө, чэ быһата мааны ыал. Кинилэр эрэ оҕуруот аһын арааһын үүннэрэллэр, ким - хайа иннинэ атыыласпыт "Жигули” массыыналара өрүү гаражтан тахсыбат, харыстаан, хаһан эмит Сунтаарга киирээри эрэ мииниллэр. Лэгиэнтэй бэйэтэ төрөппүт оҕото суох.  Кэргэнэ Павлова Варвара Трофимовна - аатырбыт атыыһыт Тэрэппиин Баабылап кэлиҥҥи ойоҕуттан кыыһа үһү. Онон, Бандьыыт Баабылап бииргэ төрөөбүт балта. Бастакы кэргэнэ Соноров Андрей сэриигэ баран өлбүт. Онтон 2 оҕо хаалбыт: Сонорова Лидия уонна тыла - кулгааҕа суох Бүөккэ - Бабаай. Лидия Трофимов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, 4 оҕолонон баран, эдэр сааһыгар өлбүтэ.
     Баара Тэҥкэ дьахталларыттан уһулуччу элбэх дьоҕурдаах, хоһуун дьахтар этэ. Кэргэниттэн аҕа саастаах эрээри, олус бэйэ - бэйэлэригэр сөп түбэсиһэр пааралар этэ. Сайын эмиэ өрүс уҥуор оттууллара. Иккиэн икки аҥы уу мотуорунан сылдьаллар. Баара мотуора Л-6, Лэгиэнтэй гиэнэ "Москва”, иккиэн тус - туспа тыастаахтар. Тыастарыттан иһиттэххэ, Баара үлэтиттэн эрдэ соҕус кэлэр. Сүөһүтүн - аһын бэрийэрэ буолуо. Кини сатаабатаҕа суох. Муҥхалыан да сөп, арыт кирпииччэ үктүүр.  Онно кини оһуобай сарай туттан, оҥкучах хастан эҥин түбүгүрбэт. Хантан эрэ, уһаайбатын иһиттэн буор - кумах булан, эргэ баалынайга буор хааһы мэһийэн, киэһэ бэлэмниир. Сарсынын киэһэтигэр киэпкэ кутан хатара уурар, нөҥүө киэһэтигэр кирпииччэ бэлэм. Ол курдук сайыны быһа, кураан күнү сатаан таба тутан, наада буолар кирпииччэтин үктэнэр. Мындыр киһи. От үлэтэ бүттэҕинэ, оһоҕун бэйэтэ өрөмүөннээн кэбиһэр. Ол эрэ буолбат  Баара сатыыра. Лэгиэнтэйин көстүүмүн бэйэтэ быһан тигэр. Фабрика тикпитинээҕэр, арааһа, ордук  курдук. Атын иистэрин тустарынан этэ да барбаккын. Кини астаабыт бэрэскитэ, балыктан буһарар бөрүөгэ. Чэ уопсайынан, дьахтар үс кырыылааҕа диэн - кини. Баара, көрө түһэргэ, тоҥкуруун көрүҥнээх. Аҕыйах саҥалаах, мээнэ ону - маны тылласпат, дьахталлары кытта күнү - күннүктээн, табаахтыы - табаахтыы ону - маны, хобу - сиби сибигинэһэ олорбот, дьоһуннаах дьахтар. Ону гынар иллэҥэ да суох. Куруук дьиэтигэр үлэлээн кукунайан тахсар. Кини курдук дьахтар Тэҥкэҕэ суох этэ. Билигин баара дуу, саарбахтыыбын.
    Баара Лидатыттан 3 уол, 1 кыыс оҕо хаалбыта, бадаҕа. Сунтаарга олорбута. Сыыспат буоллахпына, медсестра этэ. Эмиэ ийэтин курдук сатабыллаах хоһуун хаһаайка. Сибэкки бөҕөнү, оҕуруот аһын арааһын үүннэрэр. Иистэнньэҥ, асчыт, сүрдээх чэнчис кыыс.  Кыыс сылдьан ыллыыр да, үҥкүүлүүр да, испэктээкилгэ да ооньуур эргиччи талааннаах кыыс, кылгас олоҕу олорбута. Быраата Бүөккэ син өр олорон ийэтин кытта утуу - субуу бараахтаабыта. Тэҥкэҕэ Бордоҥнуур суол төрдүгэр хараллыбыттара.
    Билигин Тэҥкэ атын кырдьаҕастарын туһунан кэпсиэм. Багачаев Василий диэн баара. Төрдүн - ууһун билбэппин. Мин Тэҥкэ төрүт олохтооҕо буолбатахпын, Тэҥкэлэргэ кийииппин. Онон дьон төрдүн - төбөтүн  чопчу билбэт эбиппин. Бу ыаллары Баҕачайдар диэн ааттыырбыт. Кини бииргэ төрөөбүт быраата Багачаев Дмитрий сэрии саҕана сылгы үүрүүтүгэр барбыт уонна эргиллибэтэх. Сылгыны сэриигэ туттаары, холкуос бастыҥ сылгыларын талан, сороҕун ыалтан кэтэх сылгыларын эмиэ хомуйан, үөрү үөрүнэн үүрэн илдьибиттэр. Өссө ол саҕана кэтэх сылгыны бэйэҥ идэһэ гынан сиириҥ кыккыраччы бобуллубута. Бэйэлээх бэйэҥ баайгын туттарыҥ байыаннай трибунал иннигэр эппиэттээх буола сылдьыбыта. Соторутааҕыта тэлэбиисэринэн биэриигэ кэпсээбиттэрэ: Саха сириттэн хомуллубут сылгылар барахсаттар сэрии хонуутугар тиийбиттэр, 45 тыһыынча сылгы тиийбит! Кинилэри, монгол сылгыларыгар бутуйан, "монголкалар” диэн аатаабыттар. Саха сылгыларын -  уҥуохтарынан намыһах, көп түүлээх, кылгас атахтаах, хаһан аһыыр, олус бор уонна тулуурдаах көлөлөрү -  саллааттар олус таптаабыттар. Билиҥҥэ дылы бойобуой доҕордорун курдук ахталлар эбит. Ол барахсаттары бачча ыраахтан төһөлөөх эрэйинэн, сүтэрбэккэ, ырыарбакка тиэрдибиттэрэ туспа сэһэн буоллаҕа. Оннук эппиэттээх сорудаҕы толорбут эбит буоллаҕа биһиги биир дойдулаахпыт Багачаев Дмитрий.
    Мин билэрбэр Багачаев Баһылай лаппа сааһырбыт, үлэни соччо кыайбат буолбут киһи быһыылааҕа. Бултуурун да, балыктыырын да өйдөөбөппүн. Туох да иҥэ - дьаҥа суох, бөһүөлэк уһугар, ойуур саҕатыгар уу - чуумпутук олорор ыал курдук өйдүүбүн. Аана диэн эмээхсиннээх, Варвара диэн кэргэнэ суох кыыстаах, 2 сиэннээх этилэр: Валерий уонна Арсений Сидоровтар. Аҕалара Сидоров Николай Афанасьевич (Мыыта) арахсыбыт.
    Аана эмээхсин элбэх кэпсээннээх, Тэҥкэ былыргытын, Күрүүкэптэр тустарынан, тус олоҕун туһунан миэхэ кэпсиирэ. Хаһан баҕарар  буоларын курдук, эдэр сылдьан үлэ -хамнас, мунньах үлүскэнэ, дьиэ түбүгэ, ситэри кэпсэппэтэхпиттэн билигин кэлэн кэмсинэбин.
    Баҕачай оҕонньор эдэр эрдэҕинэ, син сырыыны сылдьыбыт курдук кэпсэнэрэ. Хопто сыарҕалаах, толору сэптээх - сэбиргэллээх күүлээһэй аты хаартыга чуут сүүйэ сыспытын туһунан муҥнаах, сүүйбүтүн курдук, "уура сылдьан” кэпсэнэрэ. Киһи сонньуйуох да, аһыныах да сэһэнэ. Оҕонньор ардыгар кулуупка оһуокай этэрэ. Ол саҕана холкуостаахтар олохторо көнөн, өҥ - тот сыллар этилэр. Хрущев былааһа туругуран турара. Маҕаһыыҥҥа ас - таҥас дэлэйбитэ, ол иһигэр арыгы арааһа. Норуот арыгы буортутун өссө өйдүү илигэ, улаханнык өйдөтө да сатаабаттар этэ. Ол курдук "Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа” саҕаламмыта.
    «Бокук гынар сүһүөхтээх,
    Хоҥкук гынар хоолдьуктаах
    Бороҥ далай урааҥхай -
    Багачаев Баһылай»  диэн Баҕачай оҕонньор бэйэтин хоһунара үһү. Аҕатын удьуордаан кыыһа Балбаара эмиэ оһуохайдыыра. Кулуупка көр - нар арыт сарсыардаҕа дылы салҕанара. Аана эмээхсин оҕонньорун туһунан кэпсээнэ: "Былыр эдэр эрдэҕинэ илээт - молоот, хаартыһыт киһи этэ. Ойоҕо өлбүт, уоллаах, 2 кыыс оҕолоох. Тулаайах, барар - кэлэр сирэ суох буоламмын киниэхэ эргэ тахсыбытым. Син сэниэ олохтоох, сылгылаах, кыахтаах этибит. Онтубут  үксэ холкуоска холбоммута. Уол оҕото кыра этэ. Ол оҕо, алҕаска кэннинэн чинэрийээри, олгуйдаах итии үүккэ түһэн өлбүтэ. Биир хара ыты сүлэн, ол тириитигэр суулуу сатаабыттара көмөлөспөтөҕө. Мин Балбаараны сүгэ сылдьан улаатыннарбытым. Бэйэм оҕоломмотоҕум. Мин үлэһит, дьаһахтаах дьахтар буоламмын син ыал сиэринэн олорбуппут” , - диэн кэпсээхтээбитэ. "Күрүүкэптэр былаас уларыйарыгар сорох сүөһүлэрин ыалларга түҥэтэлээбиттэрэ, лааппылаах табаардарын арҕаа кээһиилээх окко кистээбиттэрин барытын кыһыллар кэлбиттэригэр тыллаан биэрэн, туттарбыттара”, – диэбитэ.
    Баҕачайдары кытта сэргэстэһэ Ноҥной Хонооһойо олорбута. Ноҥнойдор  халыҥ аймахтар. Хочоттоох төрүттээх Оккойо аҕатын ууһа. Оккойо бэйэтэ - кэлии нуучча. Хонооһой, төрүтүн утумнаан,  нууччалыы хааннаах. Кыратык ааҕар, суруйар. Сэрии саҕана холкуос бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт. Дьоҥҥо ытыктанар, дьоһуннаах киһи. Аҕыйах саҥалаах, хайдах эрэ бытыгын иһигэр мүчүйэр мичээрдээх. Бииргэ төрөөбүт быраатын Дьаакып кыыһын Дьэбдьиэни ииппиттэр. Эмээхсинэ Балбаара  сууммут - тэбэммит, куоска курдук чэнчис эмээхсин. Уруккута астаах - таҥастаах сэниэ ыаллар үһү. Төрөппүт оҕолоро суох. Ленскэй диэкиттэн элбэх аһы,бурдугу, арыыны о.д.а. толук биэрэн, уол оҕону таһааран маанылаан ииппиттэр. Уол үөрэҕи ылбатах быһыылаах. Куокуну Генеровтар кыыстарын Дашаны кэргэн ылбыт, Сунтаарга олохсуйбуттар. Биир кэмҥэ оҕонньордоох эмээхсин Сунтаарга уолларыгар көһөн киирэн баран, тэһийбэккэ төттөрү тахсыбыттар. 60 - с сыллар диэки Хонооһой оҕонньор, утуйа сытан, эмискэ өлөн хаалбыта. Эмээхсинэ эрэйдээх Сунтаарга уолугар сыта сатаан, онтон  кырдьаҕас дьиэтигэр сытан өлбүтэ.
    Өрүстэн тэйиччи, бөһүөлэк хоту өттүгэр Сэмиэнэптэр олорбуттара. Ийэлэрэ - Аана эмээхсин. Хочоттон төрүттээх, Артамыан кыыһа эбит. Ноҥной Өлөксөй уонна Артамыан бырааттыылар. Былыр Хочо улууһуттан элбэх дьахтар Тэҥкэҕэ кийиит буолан оҕо - уруу тэнитэн олорбуттар. Арҕаа олорбут Максим Тимофеев - Харааччын диэн киһи кэргэнэ Сөдүөччүйэ, Кирилл Герасимов эмээхсинэ Мааппа, Нестеров Ньукулай кэргэнэ Маарыйа о.д.а. атын дьоннор бары Оккойо ууһуттан барбыттар. Ол гынан баран, уруурҕаһаллара биллибэт этэ, билбэттэрэ эбитэ дуу, эбэтэр тоҥкурууннара бэрдэ дуу.
    Инньэ гынан, Семенова Анна Артамоновна Тэҥкэҕэ Семенов Матвей диэн киһиэхэ кэргэн тахсар, уонна элбэх оҕону төрөтөр: Балбаара, Натаай, Мэхээлэ, Моторууна, Маайа, Боркуоппай, Каача, Морууса диэн оҕолору атаҕар туруорар. Оҕонньоро эрдэ өлбүт курдук. Улахан кыыһын Балбаара оҕолоро: Морууса Тойбохойго Тихонов Филипп Прокопьевичтыын сопхуоска тарбыйах көрүүтүгэр үтүө суобастаах үлэһиттэр этилэр. Элбэх оҕоломмуттара. Улахан уол Валентин Тэҥкэҕэ кырдьаҕас ыал, элбэх оҕону, сиэни тэниппит ытыктанар дьон. Балта Валентина Магадан куоракка олохсуйбута. Бу Морууса бастакы кэргэниттэн оҕолоро. Тихоновтан биир кыыһа Туркменияҕа олорор. Катя детдомҥа иитээччи, тулаайах оҕолор саамай сөбүлүүр иитээччилэрэ. Маша Мирнэй куоракка медсестра. Валерий суоппар. Өссө биир уол тыа хаһаайыстыбатын үрдүк үөрэхтээх специалиһа, зоотехник этэ, бадаҕа. Балбаара өссө Дааса диэн кыыстаах этэ. Тойбохойго кэргэннэнэн олохсуйбута. Дуунньа диэн кыыс  Кириэстээххэ олорбута.
    Ааныска иккис кыыһа Натаай кэргэнэ суох этэ. Мэхээлэ, Боркуоппай, эмиэ туруу үлэһит дьон, кэргэннэмэккэ кырдьыбыттара. Бу ыалга өссө Мыыкый Мэхээлэ диэн ураты ыраас, чэнчис киһи олорор этэ. Ол сиэннэрэ эбит. Ким оҕото буоларын билбэтим. Каача диэн Бордоҥҥо олорбута. Накаас диэн ааттыыр киһилэрин кэргэнэ. Морууса диэн ыарыһах кыыс баара. Арааһа кыра кыыстара буолуо, өлбүтэ.
    Бу ыалга өссө аҕаларын быраата Семенов Бүөтүр олорор этэ. Эмээхсинэ өлбүт. Морууса диэн кыыһа - Лука Васильевич Петров кэргэнэ, 10 оҕолоох ыаллар. Лука Васильевич - Орбойо Баһылай улахан уола, ийэтэ - Балаагыйа эмээхсин (Герасимова Пелагея Кирилловна).  Семенов Бүөтүр өссө Өрүүнэ диэн кыыстааҕа Сунтаарга олорбута. Бүөтүр оҕонньору кытта бииргэ төрөөбүт Маайа диэн дьахтар Индеев Ньукулаас маҥнайгы кэргэнэ эбит. Уоллара Борис Николаевич Индеев - Тэҥкэ сис ыала. Америкаҕа, Москваҕа олорор оҕолордоох.
    Семеновтар диэн бука бары үтүө - мааны дьон. Ол - бу тылга тииһэ сылдьыбат, киргэ - хахха сыстыбат, үлэлиири эрэ өрө тутар, чиэһинэй, ыраас суобастаах дьон. Мэхээлэ Сэмиэнэп куруук хамса уобуулаах, "бэҕэһээ саҥаран баран, сарсын биирдэ саҥарара буолуо” диэбит курдук киһи. Быраата Боркуоппай биир оннук. Бу дьон кэргэн -оҕо диэни билбэккэ, соҕотоҕун сылдьан, олохторун моҕообуттара. Кэргэннэнэ сылдьыбыт да сурахтара суох.
    Ааныска барахсан өссө биир кыыһа  Маайа Тойбохойго олорбута. Кэргэнэ Саввинов Гриша диэн, экспедицияҕа үлэлээн сылдьыбыт киһи. Гриша  детдомунан, интернатынан сылдьан, үөрэнэн, үлэһит буолан, ыал мааныта буолтара. 3 уоллаахтар, алҕаһаабат буоллахпына. Валерий Григорьевич -  Тойбохой аатырбыт музейын директора. Дьон хайгыыр, убаастыыр үлэһитэ.
    Дьэ ити курдук үгүс үтүө - мааны дьону тэниппит, чахчы да Герой ийэ Семенова Анна Артамоновна  уһун үйэлэммитэ. Кини туһунан, хайдахтаах курдук сылайбат -элэйбэт  үлэһитин, үтүө-мааны майгытын туһунан өссө да суруйа олоруом этэ.
    Тэҥкэ онон омос көрдөххө, аҕыйах дьонноох, түҥкэтэх сир курдук да буоллар, баай устуоруйалаах, иһэ - истээх, таһа - тастаах дойду. Былыр суол - иис арылла илигинэ, Тэҥкэнэн улахан, киин суолталаах айан суола ааһара. Улахан өрүскэ, киин сиргэ манан эрэ айаннаан, сайдыы суолун тутаҕын эбит. Аттаах да, сатыы да, баай да, дьадаҥы да айгыстыбыт аартыга манна эбит. Гражданскай сэрии саҕана, үрүҥэ да, кыһыла да биллибэт дьон, ардыгар нууччалар да ааһаллара үһү. Аччык дьыл саҕана, "туспа сиртэн дьол көрдөһө” диэбиккэ  дылы, быстыбыт, хоргуйан өлөөрү иһэр дьону көрөллөрө үһү. Сорохторо аара охтон өлбүт кырамталара хойукка дылы сыталлара диэн кэпсииллэр этэ.
     Өссө былыр Тэҥкэ улууска саамай элбэх нэһилиэнньэлээх миэстэ буолара ахтыллар. 1950 сыллар саҕаланыыларыгар манна алмааһы көрдүүр экспедиция үлэлии сылдьыбыта. Алмаас сууйар фабрика тутуллубута. Дьон - сэргэ тоҕуоруспута. Учаастак "Рыбачий” диэн ааттаммыта. Тэҥкэ устуоруйатыгар урут буолбатах, сүҥкэн суолталаах сабыытыйа. Алмаас баарынан баар үһү эрээри, олус суолтата суох аҕыйах буолан, сотору Кириэстээх диэки көспүттэрэ. Ол кэм туһунан, Тэҥкэ уу-чуумпу олоҕор улахан култуурунай  да, экэнэмиичэскэй да суолталаммытын туһунан туспа кинигэ суруйуохха сөп.
    Билигин да Тэҥкэ "сир киинин курдук” сананан, олохтон сүөм да саҕаны хаалсыбакка үүнэ сайда, үөрэ - көтө, ыллыы - туойа олороро истиэххэ үөрүүлээх. Дьоллоох буолуҥ, дойдум дьоно. Өрүскүт балыктаах, тыаҕыт бултаах, уугут ыраас, салгыҥҥыт чэбдик буолуохтун.

    Суруйдум Тэҥкэ кырдьаҕас учуутала, 1935 сыллаах төрүөх,  педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Иванова Галина Гаврильевна.
     Дьокуускай куорат.  02.02.2020

    Просмотров: 634 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/2
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]