Суббота, 28.12.2024, 14:54
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Трофим Егорович ОМУКОВ
03:44
Трофим Егорович ОМУКОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Трофим Егорович ОМУКОВ туһунан

кэргэнэ Омукова Александра Григорьевна уонна оҕолоро:

Биһиги аҕабыт 1934с. Бордоҥҥо төрөөбүтэ, аҕата Омуков Егор Григорьевич, ийэтэ Омукова Вера диэн эбит. Бииргэ төрөөбүттэрэ үстэр: Гаврил, Анастасия, Люба уонна хойут, атын эмээхсинигэр Ленскэй Орто Наахаратыгар олорор Колосова Валентина Егоровна баар. Биһиги аҕабыт оҕо сааһа сэрии аччык сылларыгар ааспыта, инньэ гынан дьоллоох оҕо сааһы билбэтэх. Төрөппүт ийэтэ эрдэ өлөн аҕаларыгар хаалбыттар. Ол эһэбит булчут буолан оҕолорун илдьэттии тыаҕа Дьэрбэҕэ барбыт. Онно балыктаан, бултаан олорбуттар. Оҕолорун оскуолаҕа үөрэттэрээри эрэ тыаттан дойду сиргэ киирбит. Эдьиийдэрэ Настя Марбаҕа 3-с кылааһы бүтэрэн баран, субай сүөһүгэ үлэлии киирбит. Убайдара Гаврил олох да үөрэммэтэх. Онтон биһиги аҕабыт Марба оскуолатыгар 3-с кылааһы Нээлбиктэттэн ыалга олорон хааман үөрэммит. Салгыы интернакка киирэн 7-с кылааһы бүтэрэн колхозка үлэлии сылдьан армияҕа ыҥырыллыбыт. Үс сыл сулууспалаан кэлэн баран эмиэ бэйэтин колхоһугар үлэ үөһүгэр түһэр. Араас үлэҕэ үлэлээн айаҕын бэйэтэ иитинэр.

1960 с. оҕуһунан уу баһан үлүгэрдээх ферма сүөһүтүн уулатан сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээн, муус кыаһаан буолан дьиэтигэр киирэрэ.Ол кыһын икки тулаайах дьон көрсөммүт ыал буолбуппут. Нээлбиктэҕэ олорон үс оҕоломмуппут, онтон Сардаҥаҕа көһөн киирбиппит. Тэрэппиин онно тутуу биригээдэтигэр үлэлии сылдьан бөһүөлэк көһөн киириитигэр саҥа тутуу бөҕөнү тутуспута. Утуйарын умнан туран, уоппуската суох үлэлиирэ. Ол саҕана фермалары биир сиргэ туруорар айдаана буолан Сардаҥаҕа, Нээлбиктэҕэ хотон бөҕөтө тутуллубута. Хайдахтаах да тымныыга тыаҕа болуокка сытан тутуу маһын кэрдэллэрэ, сайынын ол мастарынан хотон, дьиэ бөҕөнү туталлара. Онно билиннэҕэ дии эр киһи уйана-хатана. Ол быыһыгар киэһэ үлэ кэннэ ыалга дьиэ туталлара, билиҥҥи олох курдук туттар тэриллэрэ суоҕа, тэриллэрэ наар сүгэ, илии эрбиитэ буолара. Аҕабыт Красков Ильялыын үксүн бииргэ үлэлииллэрэ, билиҥҥи бөһүөлэк бары улахан тутууларын кинилэр туппуттара. Сыралаах үлэтин туоһулуур бочуотунай грамоталара, махтал суруктара элбэхтэр. Кэргэним, аҕабыт ити курдук үлэлээн-хамсаан барыбытын үөрэхтээбит, олохпутун оҥосторбутугар көмөлөспүт үтүөтүн, дьоллоох олохпут иһин махталбыт муҥура суох. Кини олоҕун биэс оҕото дьоһуннаахтык салҕыыбыт. Баара буоллар 13 сиэн, 3 хос сиэн тапталлаах эһэтэ буолан, өссө дьоллонуо этэ.

Просмотров: 227 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]