Меню сайта
Погода республики
Наш опрос
Статистика
Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа
Поиск
Внимание
Календарь
« Декабрь 2021 » | ||||||
Пн | Вт | Ср | Чт | Пт | Сб | Вс |
1 | 2 | 3 | 4 | 5 | ||
6 | 7 | 8 | 9 | 10 | 11 | 12 |
13 | 14 | 15 | 16 | 17 | 18 | 19 |
20 | 21 | 22 | 23 | 24 | 25 | 26 |
27 | 28 | 29 | 30 | 31 |
Архив записей
Друзья сайта
Главная » 2021 Декабрь 22 » Тыа олохтоохторо Революция иннэ
03:46 Тыа олохтоохторо Революция иннэ |
Тыа олохтоохторо Дыгын сиэнэ Мазар Бозеков Москваҕа хаста да тиийэ сылдьыбыта биллэр, ыраахтааҕыга кэһиитин таһынан 2000 кииһи, киис саҕынньаҕы атынан тиэйэн илдьэн, киһиҥ өссө атыылаабыт. 1676 сыл 3 буолан Кремль көмүс грановитай палататыгар, билигин даҕаны остуоруйа дойдутун курдук дыбарыаска, ыраахтааҕыга суруктарын туттарбыттара. "Царю Государю Федору Алексеевичу Самодержцу бьет челом холоп твой дальней твоей государевы отчизны сибирские украины великие реки Лена князец Мазарычко Бозеков... и быть бы им над родниками своими судьями и по ясак волосных ясачных родников им наряжать и меж их суд и расправу чинить без градцкие волокиты”… манна Бозеков мээнэ киһи буолбатаҕа көстөр, маннык дипломатическай суруктара билигин харалла сыталлар. Бу туруорсууларын быһыытынан ыраахтааҕы укааһа тахсыбыта, саха тойотторун былаастара үрдээбитэ, сурукка кинээс диэн суруллар буолбуттара. Тыа сиригэр ясак хомуйааһыныгар кыттар бырааптаммыттара. Кыайан төлөөбөтөхтөрү, кинилэрэ суох сууттууллара тохтообута. Революция иннэ Екатерина II ыраахтааҕы саҕана воевода Мирон Черкашеников 1766 с. сахаларга аҕа уустарынан киис, саһыл өлбүгэлээх оттуур сирдэрин кытта күөллэрин, ойуурдарын чааһынай бас билиигэ биэрбитэ. Сир дөкүмүөнэ хаһаайыҥҥа бэриллибитэ уонна нэһилиэстибэ буолан уол оҕотугар бэриллэн иһэрэ. Сир иэнинэн нолуок хомуллар буолан, буккуллан хаалбыт ясак хомуйааһына сааһыламмыта. Софрон Сыранов 1768 сыллаахха төһө да Сибиир губернатора сөбүлэспэтэҕин үрдүнэн, быһа тиийэн Екатерина II ыраахтааҕыны сырай көрсөн, "именной Указ” таһааттаран сахалартан бастакы хааһынаттан хамнастаах сокуону таһаарар императорскай Комиссия депутата буолар үрдээн кэлбитэ. Ол аата сахалар көһө сылдьар биис норуоттардан тахсан, биир сиргэ олохтоох омук курдук билиммиттэрэ. Өссө биир саха ааттааҕа Сэһэн Ардьакыап 1789 сыллаахха тиийэн, 2 сыл күүтэн ыраахтааҕылыын сырай көрсөн "Сахалар тустарынан былаанын” быһыытынан туруорсан, Екатерина II тус ыйааҕын таһааттарбыта. Улуустарга кулуба, нэһилиэктэргэ кинээс, аҕа уустарыгар чаччыына диэн быыбарданар олохтоох сахалар талыллар дуоһунастара баар буолбуттара. Кыра буруйдаахтары сууттааһын кулубаҕа, кинээскэ сүктэриллибитэ, саха ыччата үөрэнэр кыахтаммыта, сахаларга бэйэ салайыныы өрүттэрэ олоххо киирбиттэрэ. Дьэ онон Екатерина II - Матушка диэн ааттаныан ааттаммыт эбит. Өссө Екатерина II биир эрэ өлөрөргө бириигэбэргэ илии баттаабытынан биллэр. Американскай фирма "Гутчинсон, Кооль и К*" 1871с. договордаһан 5000 солк аренда төлөөн, саһыллары 11 солк, кырсаны 2 солк тутар эбит. Бодойбо көмүс хостуур бириискэлэригэр "Лена Гольдфильдс" диэн Англия 20 компаниятыттан биирдэстэрэ харчы укпута. 1917 сылга Саха сиригэр 73 сеялка, 107 жнейка, 69 молотилка 343 веялка баар этэ. 112 промышленнай тэрилтэлэр, ол иһигэр 50 бурдук миэлиҥсэлэрэ, 38 борохуот баара, төһө да сэрии буола турдар, техниканан сэбилэнии сыл аайы улаатан иһэрэ. 1902 с. Банкир Морган Россияҕа сайдарыгар харчы бөҕөнү укпут киһи, Сибииргэ тыа хаһаайыстыбатын техникатын атыылыыр контора аспыта. Омук харчытыгар Сибииргэ үлэ бөҕө барара, көмүс, алтан, үрүҥ көмүс, цинк собуоттара, 12 шахта, 20 мас эрбиир собуоттар үлэлииллэрэ. Американецтар өссө биир үчүгэй проектара олоххо киириэхтээҕин революция мэһэйдээбит. Аляскаттан Беринг муора силбэһиитин аннынан, Дьокуускайынан, Киренскайынан тимир суол уонна телеграф кэлэн Парижка ааһыахтаах эбит. Маны бассабыыктар Америка империалистара экономическай экспанциялаан телеграфынан дириҥ разведка оҥорон, тимир суолунан сир баайын хоро таһаары дьулуһаллара диэн быһаарбыттара. 1918 сыллаахха Саха сиригэр ыарахан кэм бүүрүктээбитигэр, эсердар уонна саха үөрэхтээхтэрэ көрдөспүттэрин американскай, японскай фирмалар Аян пордунан продукта, мануфактура аҕалан көмөлөһөбүт диэбиттэрэ, омуктары кытта сибээстэрин быспакка олорбуттарын көрдөрөр. Бассабыыктар маны тохтоттубут диэн өҥнөн, сэбиэскэй саҕана тахсыбыт кинигэлэригэр суруммуттарыттан биллим. Капиталистар Россияҕа үлэ ырыынагар сылга кыра хамнаска үлэһиттэри наймыылаһан үлэлэтиэххэ сөп диэн суруйбуттара. Америка Кытайы эмиэ чэпчэки үлэһит илиилээх диэн, харчы уган, технологияны киллэрэн сайыннарбыта. Америка салҕыы Россияҕа үп укпута буоллар буоллар, биһиги да Кытай курдук сайдыа этибит. Кытай сирин баайын хостооһунун Америкаҕа туран биэрдэ, атыылаата диэн, биһиги үөҕэн бурҕатыа этибит. Ол эн экономикаҕар харчы укпут киһи эйиэхэ кыһаллар партнерыҥ буолар, собуоту ханна да сүгэн барбат. Билигин Кытайыҥ байан кыаҕыран баран Америкаҕа көхсүн көрдөрөн кэбистэ. 1896 сыллаахха Николай II император коронациятыгар саха икки кулубата, биир атыыһыта кыттыбыттара. Николай II 1916 сыл I-кы Аан дойду сэриитигэр тыыл үлэтигэр сахалары мобилизациялыыр туһунан Үрдүк дьаһала тахсыбыта. Ыраахтааҕы Саха интеллигенциятын туруорсууларын ылынан бу дьаһалын тохтоппута, сахалары сэриигэ ылбатахтара. Петр Аркадьевич Столыпин ыыппыт аграрнай реформатын ахтан ааһыахпыт. кини сүрүн ситиһиитэ, биир хайысхалаах фермердэр хаһаайыстыбалары тэрийэн олоххо киллэриитэ, манна сөптөөх сокуоннары таһааттарбыта буолар. 1906 с. Николай II укааһынан "Аграрнай реформа” сокуона ылыллыбыта, сир чааһынай бас билиигэ бэриллэр, атыылаһан төһө баҕарар сирдэнэриҥ көҥүл буолбута. Александр III ыраахтааҕы 1883 с. тэрийбит "Крестьянскай баанын” нөҥүө бааһынайдар чааһынай сир, техника атыылаһалларыгар анаан тэриллибитэ уонна бу сиргин солуок ууран 2.9% кредит биэрэллэрэ. Билигин даҕаны сиргин ууран, маннык кыра бырыһыаннаах кредит булбаккын. Ол саҕана Дьокуускайга кредит биэрэр бааннар филиаллара бааллара. Маны туһанан 1861 сыллааҕы Александр II "Крестьянскай реформатынан” үллэһиллибит сирдэрин сорох бааһынайдар атыылаан баран, куоракка харчы өлөрө барбыттара. Ленин суруйбутунан, нэһилиэнньэ ахсаана элбээтэҕин аайы, сириҥ тиийбэт буолан иһэр. Столыпин уон сүөһүлээх ыалга «аһылыгын биэрэбин уонна 50 эдэр сүөһүнү ылан эбии иит, барыыһа бэйэҕэр хаалар”- диэн, бааһынайдары кытта боростойдук кэпсэтэн, түргэнник уопсай тыл булбута. Айахтарын эрэ иитинэн олорбут хаһаайыстыбалар, түргэнник рынокка продукция оҥорор хаһаайыстыбаларга кубулуйбуттара. Сир реформатын түмүгэр, бурдугунан эрэ дьарыгырар 1000-ҕа тиийэ киһилээх техниканы туһанар хаһаайыстыбалар тэриллибиттэрин, оннооҕор Ленин хайҕаабыта. Сир ылар туһуттан элбэх бааһынай Урал нөҥүө көспүттэрэ, маннык сири сыаналыыр дьон этилэр. Ол түмүгэ 1904 сылтан 1911 сылга дылы бурдук баалабай хомуура икки төгүл элбээбитэ. Граница таһыгар бурдук атыылааһын 10 млн тоннаҕа тиийбитэ, бу сыыппара сэбиэскэй да саҕана кыайан куоһарыллыбатаҕа, ол иһин буолуо, бу киһи ситиһиилэрин былаас аһара хараардара. Саҥа Россия бу кирбиини 2007 сылга аһара түспүтэ. 1904 сыллаахха Россияҕа 17200 локомобиль баара, 1909 с. Америкаҕа 2 тыһ эрэ баара, ол саҕана Аан дойду сайдыыта оннук этэ. 1910 сыл Россияҕа 27072 паровой молотилка баара, өссө 549 тыһ. ат молотилката баара, ат барыыстаах этэ. Столыпин көлүөһэҕэ олорор паровига Людиновскай локомобильнай собуокка 1957 сыллаахха дылы оҥоһулла турбута. Бордоҥҥо кэпсэтэллэрин истибитим, кып-кылгас кэрчээк маһынан оттуллар, паар көмөтүнэн хамсатар, аһара эрэбил сэп этэ диэн хайгыыллара. Онон локомобиль отой хойукка дылы туһанылла турбут. Аан дойдуга 1906-1918 сылларга 4114 трактор баара Балаковскай соуокка 1914 с. 100 тракторы оҥорбута, балар ыйааһыннара ыарахан буолан бууска соһооһунугар анаан оҥорбуттара. 1920с. Америка 3.6% фермердара эрэ трактордаахтара. Россияҕа эрэ буолбакка, Аан дойду үрдүнэн сайдыы таһыма оннук этэ, бары трактордара суоҕа. Революция иннэ хаалыылаах Россия мас суханан сылдьыбыта, сэбиэскэй былаас эрэ кэлэн харахтарын өрө көрбүттэрэ диэн, биһиэхэ кэпсээн кэллэхтэрэ. Бу реформалар Саха сиригэр кэлбиттэрин Хачыкаат киһитэ 4 кылаас үөрэхтээх Семен Барашков хаһаайыстыбатыгар көрүөххэ сөп. Тииттээх диэн сиргэ биэс хостоох дьиэ, үлэһиттэригэр туһунан дьиэлээх, сүүсчэкэ сүөһүнү, сибиинньэлэри, барааннары, курууссалары, хаастары иитэн олорбута. 40 га бааһынаны солоон бурдук ыһыммыта, ол "Барашков бааһыната” билигин баар. Культиватора, сеялката, молотилката бурдук астыыра барыта баара. Саамай сонуна локомобиль этэ, уот дьиэлэригэр хотонугар киирбитэ. Өссө бу сэбиҥ пилораманы, мельницаны, молотилканы хамсатан үлэлэтэрэ, барыта кредиккэ ылбыт буолуохтаах. Бу аныгылыы өйдөөх киһи үлэтин дьоҥҥо кэпсиирэ, уоппутун үллэстэрэ. Былаас уларыйбытыгар баайын бэйэтин баҕатынан барытын биэрбитэ. 1921 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр уруккута кулаак эбиккин, "заговорщиктаргыт» диэн, үчүгэйдик үлэлээбиттэригэр буруйданан, уон киһини кытта ытан өлөттүүллэр. Кэргэнин Софья Николаевнаны эмиэ хаайаллар, Соловецкай лааҕырга өлбүтэ. Общество сүрүн баайын, саха туһугар үлэлии сылдьыахтаах дьоннорбутун кыргыбыт сүрдээх былаас. 23-с саастаах белорус Эдуард Карлович Пекарскай ыраахтааҕы былааһын утары баран, 15 сыл хаатырга үлэтигэр түбэспитин, Тааттаҕа аҕалаллар. Архив докумуоннара көрдөрөрүнэн, 50 ынах сүөһүлэммит, бурдуктааҕа, хортуоскалааҕа, ол саҕана сүөһүнэн айах ииттэргэ усулуобуйа баарын көрдөрөр. Пекарскай 1917 сыллаахха Петрорад хаһыаттарыгар хаайбыт былааһын диэки буолан, большевиктарын утары суруйан турар. Революция иннинэ Саха сирин киин улуустарыгар баара: 15264 булт саата, 12109 илим, 1474 муҥха баара. 1.5 млн тииҥ, 8 тыһ. саһыл, 3 тыһ. киис, 221 эһэ, 4753 тайах, 264951 куобах бултанара, 14 тыһ. тн балык хостууллара. 1901 сылтан Иркутскайга дылы телеграф үлэлээбитэ, Сунтаарга эмиэ телеграф кэлбитэ. Ол саҕана телеграф, билигин волокно киирэрин курдук сайдыы көрүҥэ этэ. Ыраахтааҕылаах былаас ыыппыт политикатын түмүгэр, тыа хаһаайыстыбата билигин да куоһарылла илик үрдүк ситиһиилэммитэ. 2021сыл олунньутааҕы көрдөрүүнэн 186000 төбө ынах сүөһүлээхпит, 181600 сылгылаахпыт. 1879 с. 263424 төбө ынах сүөһү, 144325 сылгы баара, 1917 сыллаахха 487500 ынах сүөһү, 133350 төбө сылгы баара. Бодойбоҕо бородуукталарын батараллара, сүөһү төбөтө элбииригэр көмөлөстөҕө, билиҥҥитээҕэр икки төгүл элбэх ынах сүөһү баара. Реформа өссө биир ситиһиитэ, бааһынайдар 1905 с. кэннэ революционнай хамсааһыҥҥа уруккутааҕар кыратык кыттыбыттара буолар, ону Ленин сөбүлээбэтэҕэ. Былыргы сахалар сиэри – туому тутуһалларын таһынан, бэйэтин оннугар хаһаайыстыбатыгар хаалар уол оҕотун хаһаайын, салайааччы буоларыгар кыратыттан бэлэмниирэ. Ыраахтааҕы бэйэтин кэнниттэн үлэни кыайар дьону хаалларбыта. Онон Сэбиэскэй да былаас кэлбэтэҕэ буоллар, Саха сиригэр сайдыы саҕахтара көстөллөрө. Владимир Ильич Ленин 1899 сыллаахха Аан дойду тыатын хаһаайыстыбатын үөрэтэн баран. Россия тыатын хаһаайыстыбатын улахан специалиһын курдук, элбэх статистическай докумуоннары хасыһан суруйбут научнай үлэтинэн дакаастаабыта. Бааһынайдар күүстэрин түмэн үлэлээтэхтэринэ улахан ситиһии кэлэр, тыа сирин экономическай сайыннарыытын суола - капиталистическай суол, диэн эппитэ уонна сайдар суол кэрдиистэрин ыйбыта: 1. Домашняя промышленность (чааһынай хаһаайыстыбалар) 2. Мелкое товарное производство (фермер) 3. Крупная машинная индустрия (агрокомплекс) Бу Ленин ыйбыт суолунан арҕаа дойдулар сайдыбыттара ыраатта. Ленин туһунан Лев Троцкай: революция иннинээҕи үлэлэрэ, кини бэйэтин революционнай сыалыгар инструмент эрэ этэ, оннооҕор бэйэтин санаатын уларытан саҥарара атын, оҥороро атын этэ, бииргэ үлэлээбин дьиҥнээх большевиктарын таҥнарбыта, диэн суруйбут. Революция кэннэ В.И.Ленин 1920 году в Программном документе марксизма-ленинизма поставил основную задачу: подавить сопротивление крестьян, всякую мелкую собственность как класс капиталистов, чтобы выбить инстинкт собственности. ( «Задачи союзов молодежи.»1978. стр.150). Биһиги көлүөнэ сэбиэскэй былаас саамай өрөгөйдөөбүт, олох отой тупсубут кэмигэр олордохпут. Октябренок, пионер, комсомол, армияҕа сарсыарда аайы политчаас, кыһыл муннук, үрдүк үөрэххэ научнай коммунизм, политэкономия итэҕэтиилээх үөрэхтэрин толору ааспыт, партком, райком дьаһалынан сэбиэскэй былааска үлэлээбит киһи бу суруйбуппун сорох дьон сөбүлүө суоҕа эрээри, эдэр ыччаттар кэлин даҕаны ааҕыахтара, эһээлэрбит-эбээлэрбит былаас уларыйарыгар хайдахтаах курдук ыарахан кэмҥэ олорбуттарын, өрөбүлэ суох үлэ бөҕөнү үлэлээн бараахтаабыттарын, сорохторо революция уотугар эстибиттэрин биллиннэр, сэргээтиннэр диэн киллэрдим. Ленин норуот былааһын олохтуом диэбитигэр, үчүгэй олох кэлиэ диэн, бары аһара үөрбүттэрэ уонна итэҕэйбиттэрэ. Бассабыыктарыҥ бааһынайдарга сир биэриэхпит диэн албыннаан былааһы ылаат, аһатан-сиэтэн олорбут тыа дьонун үрдүгэр түспүттэрэ. 1921 с. Саха сирин ревкомнарын Бастакы сийиэстэригэр 30-40 сүөһүлээх ыаллар кулаак, 60 үөһээ сүөһүлээхтэр тойон хаһаайыстыбата буолаллар диэн быһаараллар, норуот хаанын оборон байбыттар диэн, обществоттан тэйиппиттэрэ. (ЦГА,ф.49.оп.3.д.16л.1-6.) Тута тойоттор хаһаайыстыбаларын туох да суута-сокуона суох эстэлээбиттэрэ. 1917 сылтан 30-с сылларга дылы, сэбиэскэй былаас Столыпин хаһаайыстыбаларын ысталаан, балары халаан аһаан-сиэн олорбуттара. Продразверстка босхо хомуйарга, анан продэтэрээттэргэ, билигин биллэринэн сэбилэниилээх, боломуочуйалаах 50 тыһ. киһи, онно эбии 75 тыһ. кыһыл армия пулеметтаах саллааттара бааллара. Бу хамсаныылара 8 млн киһи тыыныгар турбут гражданскай сэриигэ тиэппитэ. Саха сиригэр 1921 сыл муус устар 1 күннээҕи продразверстка былаанын толоруута: бурдук- былаан 420000 буут, туолуута 33.7 %. Эт- 128000 буут, туолуута 84,6%. Арыы- 6500 буут, туолуута 84,9%. (Октябрьская СР.Новосибирск1969.с.225) 1969 сыллаахха Новосибирскайга тахсыбыт кинигэҕэ, нэһилиэнньэни аччыктааһынтан быыһыыбыт диэн, Борисов тойонтон хас да тыһыынча буут бурдугун, Белолюбскайтан 300 ынаҕын былдьаатыбыт диэн, киһиргэнэн суруйбуттара архивка сытар. (рук. фонд. АН СССР раздел16, оп2.д5на 5л.) Бу эмиэ Тэҥкэҕэ кэлбитэ. Федора Кирилловна ахтарынан колхозтааһын иннинэ кинилэртэн сүөһүлэрэ аҕыйах буолан биир сүөһүнү, Павлов Андрейдаахтан (Күрүөйэх уола) 10 улахан сүөһүлэрин Тойбохойго үүрэн илдьэн барбыттарын көрбүт. Ити саҕана Тэҥкэҕэ Максимов Христофор, Иванов Лэгиэнтэй курдук сэниэ ыаллар элбэхтэрэ, барыларыттан ыллахтара. Былаас тыа сирин хонтуруолга ылаары, дьон чааһынай сүөһүтүн эһээри 30-с сылларга колхозтааһын хампаанньата саҕаламмыта. Пропаганда бу сайдыы суолугар бааһынайдар бэйэлэрин баҕаларынан киирбиттэрэ диэбитэ. Тыа дьоно бултуу-алтыы сылдьар ойуурдарыттан-күөллэриттэн, сүүһүнэн сылларга өбүгэлэрэ олорбут-хараллыбыт төрүт сирдэриттэн арахсан, төрөөбүт балаҕаннарын быраҕан, хара көлөһүннэрин тоҕон муспут баайдарын таах биэрэн, холхуоска киирэллэрэ ыарахан этэ. Маны саҥа былаас хайдах кыайбытын билсиэхпит. Былаас барыта партия илиитигэр баара, кини дьаһалынан кулаактаһыны суох оҥоруунан Сунтаардааҕы партия райкома быһаччы дьарыктаммытын дакаастыыр докумуоннар НА филиалыгар (урукку партийнай архыыпка) харалла сыталларын туһунан, Бордоҥ библиотекатыгар баар А.А. Васильев 2008 с. суруйбут "Историческай очеркаларыттан" көрдүм. Үөһэттэн кэлбит уурааҕы толорон, кыахтаах ыаллартан сирдэрин, сүөһүлэрин, баайдарын колхоз суотугар былдьаан ылар туһугар, 1932 сыл алтынньы 23 күнүгэр партия райкома «кулаак аймах көлөһүннүүр кыаҕын сарбыйарга уонна туоратарга, партия политикатын тутуспат буолууну көннөрөргө” миэстэтигэр дьаһал ылалларыгар Ыйыы сурук тарҕаппыт. (Ф.75 оп. 1, д. 226, л. 385.) Онтон "түүлээх булдун" эбэһээтэлинэй сорудахтара баар буолбуттара. Холобур Аллаҥа кулаагар Уаровка 2-с кварталга 150 мурукуну, 300 уу күтэрин, 24 чыс кутуйаҕы, II Бордоҥҥо үс кулаактарыгар 250-ныы муруку, күтэр бултуурга сорудахтаабыттара.(СНАФ Ф. 1164, оп. 1, д. 167, лл. 24, 27.) Манна сурулларынан 1934 с. Сунтаар оройуонугар өссө да 47 кулаак хаһаайыстыбата баара. 1934 с. түмүгүнэн оройуоҥҥа ортотунан биир колхозтаах 393 кг, биир кулаак 566 кг эти государствоҕа туттаран үлэлии олорбуттара. Ол үрдүнэн 28 кулаак ыаллар нолуоктарын толорбокко дьыалалара суукка бэриллибит, (Муруку сорудаҕын толорботох буолуохтаахтар) дьыала хайдах көрүллүбүтэ сэрэйиллэр, хаайыыга ыыталаабыттара. (Васильев А.А. стр.50). Сэрии сылларыгар Сунтаар оройуонун Норуодунай суута 1877 киһини сууттаан, 1625 киһини хаайыыга ыыппыта. (Кыым.28.06.2018.№25.с.39). Сэбиэскэй былаас киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук сууттаан, Сталин быһаччы дьаһалынан кулаактааһыҥҥа Россия үрдүн 5 мөл. киһи түбэспитэ. (2003с.”история отечества”. учебник.141с.) Ити курдук баайдар хаһаайыстыбаларын билиҥҥиннэн тэриллиилээх хаһаайыстыбалары эһэн баран, кулаактары билиҥҥинэн бааһынай хаһааһыстыбалары эстэлээбиттэрэ. 1937 сыл үүммүтэ, репрессия Союз үрдүнэн көҥүл-босхо барбыта, ол кулаактары диэхтээн, оннооҕор буолуох улахан салайааччылары, маршаллары сиэбиттэрэ. Ити үлүгэрдээх үөһэттэн кытаанах дьаһаллар баалларын үрдүнэн, А.А. Васильев суруйарынан, 1937 сыл түмүгүнэн колхозка киирээһин өссө да аҕыйаҕа көстүбүт. Сунтаар оройуонугар колхозтар 35 тн, чааһынайдар 159,5 тн эт туттарбыттар. Холбоһуктааһын былаана 57 % эрэ туолбутун иһин партия өссө кыймыылаабыт буолуохтаах, биир сыл иһигэр колхоз суөһүтэ 3239 төбөнөн элбээбитэ, бытархайдар сүөһүлэрэ 14851 төбөнөн аҕыйаабыта. Манна учуонай тугунан кыймыылаабыттарын ыйбатаҕын, Федора Кирилловна быһаарбыта баар: 1937 с. сылгыга харчынан ким да кыайан төлөөбөт нолуога тиийэн кэлбитэ, төлөөбөтөххүнэ хаайыыга бараҕын. Аны колхозка киирдэххинэ маны төлөөбөт эбиккин. Сөдүөччүй билэринэн, мантан күһэллэн Михайлов Баһыылайдаах, Николаев Руфтаах, Миискэлээх курдук элбэх ыаллар сүөһүлэрин, сылгыларын холбоон колхозка киирбиттэр. Аны Наталья Матвеевна ахтыытыгар колхозтааһын саҕана «Күрүөйэхтэр сүрдээх ыаллар, элбэх сүөһүлэрин, сылгыларын колхозка кутан биэрбиттэрэ» диэн сөҕөн эппитэ. Бу Андрей Павлов оҕолоро Майя, Федот Бордоҥҥо олорбуттара, билигин Андрей диэн сиэн баар. Элбэх сүөһүлээх Баҕачаайаптар уолаттарын Валерийы, Арсентийы Бордоҥнор эмиэ билэллэр. Бу холхуоһуҥ да туһунан сокуоннаах тэриллии этэ, кини бас билиититтэн ыллаххына, буолаттан бурдук куолаһа, холбуй үүт күүгэнэ да буоллун 10 сыл хаайыыттан, ытылларга дылы бараҕын. Бу дьыалаҕа сыл аҥаарыгар 100 тыһ. киһи сууттаммыта. ("История отечества.”учебник 2003г.142с.) Хамнаһыҥ көлөһүн күнүнэн ааҕыллара, сыллааҕы көлөһүн күн нуорматын толорботоххуна эмиэ ыстатыыйа. Суот-учуот кытаанах, холобур күҥҥэ га аҥаарын илииннэн оҕустаххына, 0.5 көлөһүн күнэ ааҕыллар. А.А. Васильев оройуон колхозтара 1934 с. дохуоттарын орто көрдөрүүтүн суоттаан көрбүт: 60 үлэ (көлөһүн) күнүгэр 90 кг бурдук, 600 гр арыы, 5.4 кг үүт, 2.4 кг эт, 14 солк харчыны аахсыбыттар. (Васильев А.А. 42с.) дьэ бачча продуктанан 2 ый дьиэ кэргэҥҥин хайдах аһатаҕын. Федора Кирилловна ахтарынан, үчүгэй дьылга элбэх бурдугу үллэстэр этибит диирэ. Эрэннэрбит норуот былааһа тэрийбит ытылларга тиийэ сокуоннаах холкуоска киирбэтэх чааһынай сүөһүлээх ыаллар, саамай улахан охсууну сэрии кэмигэр ылбыттара. Степанова А.И. от ыйын 10 к. 1943 с. "Күннүгэр” «Биһиги колхозтан 9 киһи, 3 бытархайтан байыаска ыҥырыллан бардылар» диэн суруйбут. Ол аата Тэҥкэҕэ "бытардайдар” диэн колхозка киирбэтэх ыаллар буолуохтаахтар. Ол республика үрдүнэн, 1940 сыл көрдөрүүтүн 1944 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө көстөр. Бу кэмҥэ колхоз сүөһүтэ 51003 төбөнөн элбээн 178784 буолбут. Чааһынай дьон сүөһүтэ 118416 төбөнөн аҕыйаан, 54200 хаалбыт. Чааһынай сылгы 1940 с. 20304 төбө баара, 1943 сылга биир да хаалбатах.(Петров Д.Д.”Трудящиеся Якутии в тылу.” ЯКИ1992). Чааһынай дьон сүөһүтүн эһии, сахаларга маассабай хоргуйан өлүүгэ тириэрдибитэ. Н.Дьяконов суруйарынан: Саха сиригэр хаалбыт дьонтон 62105 киһи өлбүтэ, ол иһигэр тыа сиригэр 46494 киһи өлбүтэ.(СКГА, Ф.7.Оп.74.д.2740-44) Балартан хоргуйан уонна онтон тэптэрэн араас ыарыыларга ылларан 22.800 киһи өлбүт эбит. Сунтаар оройуонугар атын улуустартан саамай элбэх, 7720 киһи өлбүт. Бу кистэлэҥ сыыппаралар сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ билиннилэр. Кыра сырыттахпыта Арҕаа Андылаах аннараа өттүгэр Саҥа күөл сайылыгыттан Тэҥкэ диэки барарга киэҥ соҕус хонууга ампаар баар этэ, онно киирбиппит ампаар биир өттө толору чороон бөҕө турар эбит, ону биһиги бэдиктэр таһаара-таһаара маска хампы сынньан алдьаталаан кэбиспиппитин, билигин аһыйа саныыбын. Сүөһүлэрин былдьатан хоргуйан өлөөхтөөбүт эрэйдээхтэр баайдара-дуоллара сир–халлаан ыккардыгар хааллаҕа. Оскуолаҕа сылдьан Тэҥкэҕэ айаннаан иһэн Степан Титович хас ырааһыйа, хонуу аайы кимнээх олорбуттарын барыларын этитэлээн испитин, сөҕө истибиттээҕим. Билигин баар дьон бары маннык өтөхтөртөн силис-мутук тардан таҕыстахпыт. Төһөтө эрэ отой да эстибиттэрэ, урут суруйан турабын. Бу курдук ыарахантан чаҕыйбат, сүөһүгэ кыһамнньылаах, үлэлиэн баҕалаах дьоммутун Сэбиэскэй былаас күүһүнэн сиртэн тэйиппитэ, хаайыыга симмитэ, хоргуталаан өлөттөөбүтэ. Ол саҕанааҕы үлэһит, кыахтаах дьоннорбут котокулар баалара буоллар, кыах эрэ биэрдэххэ хайаны да суулларар барахсаттар этилэр, кинилэр оҕолоро төрөппүттэрин туйахтарын хатаран, Саха сирин өрө көтөхпүттэрэ ырааппыт буолуо этэ. Ол охсуута билигин билиннэ. Уруккуга холоотоххо государство өттүттэн син көмө баар курдук эрээри, сүөһүбүт ахсаана элбээбэт. Мин 70-80–с сылларга Уссурийскайга куоракка агрономҥа үөрэнэ сылдьан бурдукка үлэлээбитим. Ол саҕанааҕы бурдук күүрээннээх үлэлэригэр кыттыгастаах курдук сананабын. Партия аграрнай политикатын быһыытынан, институт наука ситиһиилэрин олоххо киллэрэргэ үлэлиирэ. Институт учебнай хаһаайыстыбата 6100 га бааһыналаах этэ, манна үлэ бары сүһүөхтэригэр сыл аайы студеннар үлэлииллэрэ, үлэ күөстүү оргуйара. Саамай ыарахан үлэҕэ трактористар сылдьаллара. Кинилэр киэһэ хойут дьиэлэригэр бараллара, сарсыарда турбуппут хайыы – үйэҕэ кэлэн, техникаларын көрүнэ сылдьар буолааччылар. ДТ трактор диэн сайын үлэлииргэ итиитэ, быылыката сүрдээх сэп. Бастаан буола уоҕун сүтэримээри сеялканан уоҕурдуу киллэрэрбит, уоҕурдууну сиидэлээн, эмиэ студеннар бэлэмнииллэрэ. Биһиги стаҥҥа 4 ДТ- 75 трактордар үстүү сеялканы соһон сиэмэ түһэрэллэрэ. Эбиэккэ стаммытыгар аҕалан эбиэттэтэллэрэ, түөттүүргэ котлеттаах килиэби буолаҕа аҕалаллара. Манна сезоҥҥа икки үүнүүнү ылар сонун буолбатах, озимай кэнниттэн оннооҕор үс үнүүнү ылыахха сөп дойду. Бу үлүгэрдээх үлэ барыта тракторист үрдүнэн барара. Бу сииктээх муссоннай климаттаах дойдуга үөн-көйүүр да элбэх, зернотокка үлэлиирбитигэр ардыгар бурдукка кып-кыймаҥнас хомурдуос кэлээччи уонна биһиэхэ суох бурдук ыарыыта баар ахан, бурдугуҥ быыл буолан таммалаан хаалааччы. Балары кытта хайдах охсуһары барытын көрдөрөллөрө, үөрэтэллэрэ. Социализм ситиһиитэ, тыа сиригэр хаһаайыстыбалар бары биирдиик үбүлэнэллэрэ, хас биирдии киһи үлэлээх буоларын буоларын наадатыгар, илии үлэтэ элбэҕэ. Государство 1965-1985 с.с. тыа хаһаайыстыбатыгар 670 млрд. солк үбү укпута. Бу үп суотугар мелиорация, химизация ыытыллара. Сыл аайы 160 тыһ. трактор, 110 тыһ. комбайн оҥоһуллан, Американы ыраах бырахпыттара эрээри, сайдыы атын суолунан барбыппытын билигин да өйдөөбөппүт. Бу үлүгэрдээх улахан харчы, тыа сирин өрө таһаарбатаҕа, аһара государство бэлэмигэр иитиллэн, өлө-тиллэ үлэлээһин уурайбыта. 70-с сылларга 100 млн. үөһэ бурдук валовай хомуурун биэстэ эрэ аһарбыттара, 80-с сылларга үстэ эрэ аһарбыттара. Сэбиэскэй Союз киһи сиир бурдугун үс биирин тас дойдулартан атыылаһан олорбута, $96.6 млрд иэскэ киирбитин Путин саппыта. Былааска кэлбит коммунистар капитализмы да тута илик Россияны быһалыы социализымҥа киллэрэн, коммунизымҥа тиийэр санаалаахтара. Швеция, Финляндия курдук сайдыылаах государстволар билигин саҥа социализмҥа тиийэн эрэллэр. Үөрэх, медицина, дьиэ кинилэргэ босхо, сүрүн табаардары государство хонтуруоллуур. Маркс XIX үйэҕэ этэн кэбиспит "коммунизмыгар” робот сайдыбыт Японията 50-ча сылынан тиийиэх курдук. Илии үлэтин барытын интелектуальнай роботтар толороллор, бырааска киирбитиҥ андроид биоробот олорор буолуо, харчы, карточка, атыыһыт суох буолар, маҕаһыынтан тугу сөбүлээбиккин кэтэн тахсаҕын, таптаабыккын аһыыгын-сиигин – дьиҥнээх коммунизм. Киһи барыта этигэр чииптээх буолара, ол чиибинэн эн тугу гынарыҥ, тугу ыларыҥ барыта хонтуруолланара, билиҥҥи балысхан сайдыы кэмигэр бу аһара фантастика курдук иһиллибэт буолла. Билигин аһыҥ-таҥаһыҥ барыта кодтаах, цифровой маркировкалаах буолан иһэрэ, ол аата сырдык ырабытыгар баран иһэбит. Ол Ленин идеятын вируһа мэйиибитигэр ханан эрэ кытаанахтык олорор. Билигин да аны олигархалар баайдарын үллэһиннэхпитинэ үчүгэйдик олоруохпут диир дьоннор бааллар, батыһааччылар да баар буолуохтара. Россия үрдүнэн тыа сиригэр үлэҕэ сыһыан уларыйда. Кимиэхэ эрэ үлэлиир курдук буолбакка, бэйэлэрин баҕаларынан эппиэтинэһи ылан, хаһаайынныы үлэлиир коллективтар баар буоллулар. Бу тэрилтэлэр кэҥээн байдахтарын аайы, үлэ миэстэтин таһааран, төлүүр нолуоктара элбээн, государствоҕа туһалара улаатан иһэр. Холобур Татарстаҥҥа "Красный Восток” диэн тэрилтэ 72000 сүөһүнү көрөр. Комплекыска барыта конвейер, автомат, бэйэтэ лабораториялаах буолан аҕыйах ороскуотунан элбэх продукция оҥоһуллар. 2020 сылга Татарстан 1935,2 тыһ. тонн үүтү оҥордо. Россия үрдүнэн 32 млн тонн үүт оҥоһуллар. Новосибирскайтан Белокурихаҕа дылы, биир кэм киһи хараҕа ыларынан бурдук «көмүс муоратын” ортотунан айаннаан, тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи туругун көрөн ааһаҕын. "Ростсельмаш” компания 9 миэтэрэни ылан барар, биир чааска 17 тн тиийэ бурдугу астыыр компьютердаах, кондиционердаах аныгы "Акрос” камбаайыннар усталлар. Бу 9 куубтаах бункерын 2 мүнүүтэнэн сүөккүүр, дэхситэ да суох бааһынаҕа үлэлиир кыахтаах комбайнары Аан дойду 20 государствота атыылаһар. Украината, Казахстана да суох Россия бурдукка валовай хомуурга урукку Союз рекордын 2017 сыллаахха 135.4 млн тн бурдук хомуйан куоһарбыта, тыаһа-ууһа суох ааспыта. Россия тас дойдуларга тыа хаһаайыстыбатын продукциятын батарааһына, аатырар сэрии сэбин атыылыырдааҕар элбэх валютаны киллэрэр буолла. Сунтаарга "Татыйыына” эргиэн тэрилтэтэ Илимнииргэ 120 төбө ыанньык ынах атыылаһан, аныгы ферма тутан нэһилиэнньэни төрүт аһылыгынан хааччыйа олорор. Билигин сэбиэскэй саҕанааҕы курдук комплекснай үлэ барыахтаах саҥа фермаҕа үп көрүлүннэҕинэ, симэһиннээх аһылыгы бэлэмниир оборудованияҕа, буолатын төрдүттэн тупсарыы курдук үлэлэргэ эмиэ үп көрүллэригэр үөһэттэн программата баар буолуохтаах. Үйэтин туххары хотонтон тахсыбакка үлэлээбит 102 саастаах Наталья Матвеевна Семенованы 2003 сыллаахха Бордоҥҥо аймахтарыгар Алексеевтарга олордоҕуна Сергей Ивановтуун видеоҕа устубуппут, ынах уулатан баран эрдэ түөрт чаастан утуйар, диэн сэрэппиттэрэ. "Ынах уулатара” диэн, түннүккэ туран сүөһүлэрэ уулуу баралларын, кэлэллэрин маныыр эбит уонна бары кэллэхтэринэ эрэ утуйа барар эбит, дьэ хайдах курдук бэринииний. Аарыма кырдьаҕаһыҥ өйүн-төйүн тута сылдьара сүрдээҕэ, Горбунов киитэлигэр хас түмэхтээҕэр тиийэ, ол ыйытыахтара эрэ диэбэтэх бопуруостарбытыгар толору эппиэттэри биэртэлээн сөхтөрбүтэ. Герасимова Федора Кирилловна, Семенова Наталья Матвеевна уһуллубут видеолара куйаар ситимигэр киирдилэр. Биһиги дьоннорбут тыылга киһи бары үлэлээбитэ диэн уонна былаас кытаанах тутуутун ааспыт буолан, ол ыарахан олохторун сиһилии кэпсээбэккэ аастахтара. Билигин ол кэм туһунан син кинигэ бөҕө тахсар курдук эрээри, олохторун биэрбит тыыл эрэйдээхтэрин кириэстэригэр сибэкки да уурар, Өйдөбүнньүк бэлиэ суох курдук. Виталий Николаев 27.11.2021 сыл Сардаҥа бөһүөлэгэ. |
|