Суббота, 28.12.2024, 14:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 19 » Ульяна Васильевна МИХАЙЛОВА
04:05
Ульяна Васильевна МИХАЙЛОВА

Үлэ ветерана

Ульяна Васильевна МИХАЙЛОВА,

2020 с. муус устар 14 күнэ:


   Мин Бүлүү улууһун Бороҕон нэһилиэгин Сыылахаан диэн алааһыгар 1939 с. атырдьах ыйын 6 күнүгэр холхуостаах Долонов Василий Иннокентьевич уонна Долонова Мария Иннокентьевна диэн дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Дьоммут 10 оҕону төрөппүттэриттэн 6 оҕо ордон улааппыппыт. Онтон билигин балтыбынаан Кузьмина Акулина Васильевналыын иккиэйэхпит.

   Аҕабыт кыра кырбас элбэх оҕолооҕунан уонна холхуос бастыҥ хаадырабай булчутун иһин 50-чата да буоллар сэриигэ ыыппатахтар үһү.

   Аҕабыт булдугар кыһын сарсыарда хараҥаҕа барара уонна киэһэ хараҥаҕа кэлэрэ. Түүн аҕалбыт бултарын бэрийэн эрэ баран утуйа түһэн ылара.

   Ийэм сайыннары кыһыннары холхуос субай сүөһүлэрин көрөрө. Сүөһүгэ түптэлээһин, кинилэри онтон-мантан хомуйуу ийэбит уонна биһиги тиһигин быспат күннээҕи түбүкпүт буолара. Аҕабыт мэлдьи кыһын да сайын да дьиэҕэ суох буолара. Мэлдьи булт соноругар сылдьара. Ол иһин буолуо ийэм эр киһи үлэтэ, дьахтар үлэтэ диэн араарбакка дьиэ да үлэтин, тас да үлэни барытын бэйэтэ оҥороро.

   Дьиэ иһинээҕи хаһаайыстыба үлэтин, ыал улахан оҕото буолан, эдьийим Кэтэриинэ бэрийэрэ. Ону таһынан холкуоска үлэлиирэ, эдьийбит биһиэхэ иккис ийэбит кэриэтэ этэ. Аһылыгы, таҥаһы кини бэрийэрэ.

   Икки убайдаах этим Иннокентий уонна Афоня диэн. Кинилэр төһө да кыра буоллаллар аҕабыт туулуурга, илимнииргэ, туһахтыырга үөрэтэн сайын бултууртан соло буолбаттар этэ. Хойут улааппыттарын кэннэ аҕам өлүүлээн 2-лии, 3-түү ботуруону биэрэрэ үһү. Икки бэйэлэрэ биир саалаах бултуу бараллара үһү. Ийэм кэпсииринэн кыра уол Афоня биирдэ эмит биир эмит ытыыга сыыстаҕына ботуруонун аһынан ытыы сыһан кэлэрэ үһү. Улахан убайым Иннокентий улахан сааһыта суох да буоллар улахан куска баардаах этэ. Ким – хайа иннинэ кини хаас, көҕөн өлөрбүт буолара. Биирдэ хоҥор хааһы олорор күөлүттэн өлөрөн баран сыһан-соһон, дэлби илистэн, көлөһүн – балаһын аллан, ол эрэн муҥура суох үөрэн кэлбитин өйдүүбүн.

   Сэрии бириэмэтин онон-манан, одороҥ додороҥ өйдүүбүн. Биирдэ балаҕаммыт тиэргэнигэр соҕотоҕун (мэлдьи соҕотох буоларым) оонньуу сырыттахпына элбэх баҕайы самолет күһүҥҥү хаастар көтөллөрүн курдук үс муннуктуу парааттаан көтөн ааспыттарын өйдүүбүн. Хантан хайа диэки көппүттэрин оччолорго да билигин да билбэппин.

   Иккис өйдүүр түбэлтэм: биһигини кытта икки кыыстаах Ылдьаана диэн дьахтар дьуккаах олорбута. Олор аҕалара сэрииттэн кэлбитин өйдүүбүн. Уҥа ороҥҥо уһун баҕайы сонноох киһи олороро харахпар хатанан хаалбыт. Бэйэтэ хайдах дьүһүннээҕин иҥин өйдөөбөппүн. Аны санаатахха ол соно диирим шинель эбит. Өссө биир түгэн, Чурапчыга кураан буолан туох да үүммэтэх, күөллэрэ уолбуттар, аччыктааһын буолан эрэр үһү. «Сир – сир аайы Чурапчы олохтоохторун көһөрөллөр үһү” – диэн кэпсэтэллэрин истэрим. Онтон сотору буолуо, дьоннор кыра-кыралаан кэлэн ааһалларын өйдүүбүн. Сүгэ сылдьар котомкаларыттан аска сээкэйдэрин атастаһаллара. Хонон ааһаллара.

   Дьонум сылдьар, ааһар дьону син чэйдэтэн, тугу эмит бэрсэ түһэн ыыталлара үһү. Онно олус махтанар этилэр диэн ийэм кэпсиирэ.

   Мин күн сирин көрүөм биир сыл иннинэ ийэм быраата Дьөгүөр ыал буолан оҕо төрөппүт. Ол оҕолоро биирин кыратык ааһан баран тымныйан өлбүт. Онтон миигин төрөөппүн кытта таайым иитэ ылбыт. 1941 cыллаахха сэриигэ барбыт уонна эргиллибэтэх. Сэрии бүппүтүн кэннэ 2-3 сыл көһүтэн баран саҥаспын оҕону кыайан иитиэ суох диэн ийэм бэйэтигэр ылбыт үһү. Мин саҥаспар сылдьарбын өйдөөбөппүн. Ийэм хойукка диэри баҕар сурдьум Дьөгүөр кэлиэ диэн ас уурарын өйдүүбүн. Кыһын биһиэхэ  да кырымчык буолара. Аҕам кыһын балыктаан, ол балыгын хоптолоон хаһаанара. Аһыйдар да ону кыһын мииннээн иһэрбит. Ийэбит сайын бэс ыйыгар эдьийбинээн бэһи хатарыктаан баран хатырыгын ис өттүн хаҕалаан ылан хатаран, үнтү сынньан хаһааналлара. Ол сутука диэн ааттанара. Мэлиллибит сутуканы кытта аһыйбыт балыгы булкуйан, кыратык бурдук ытыйан оргутан сиирбит. Ол үөрэ диэн ааттанара. Оттон аһыйбыт балыгы лыыба диэн ааттыыллар. Итинник үөрэ төһө да амтана аһыы соҕуһун иһин иҥэмтэлээх веществота элбэҕэ буолуо. Биһиги үөрэ сии сылдьар кэммитигэр элбэхтик тумуулуурбутун өйдөөбөппүн. Сайын баҕас мэлдьи сибиэһэй балыгы, куһу сиирбит. Убайдарым күн аайы тугу эмит бултаан аҕалаллара. Ийэбит бэйэтэ эмиэ туулуура, илимниирэ.

   Мин 1950 сыллаахха нулевка кылааска 11 саастаахпар үөрэнэ киирбитим. Дьонум икки кыра балтыларбын көрдөрөөрү оскуолаҕа биэрбэккэ олорбуттарын сэбиэт бэрэсэтээтэлэ "оҕону бачча сааһыгар диэри үөрэттэрбэккэ олороҕут, ыстарааптыам ” – диэн күһэйбитэ. 1963 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн баран күһүнүгэр Бүлүү училищатыгар үөрэнэ киирбитим уонна 1965 сыллаахха үөрэнэн бүтэн Горнай улууһугар 3 сыл договорынан үлэлээн баран 1968 сыллаахха Иркутскайдааҕы пединститутка үөрэнэ киирбитим. 1972 с. Үөрэхпин бутэрэн Сиинэ орто оскуолатыгар кэлэн кыра кылаастарга учууталлаабытым.

   Онтон кэргэним дьонугар чугаһаары, тулаайах аймахтарын харайаары 1977 сыллаахха Бордоҥҥо көһөн кэлбиппит. Онтон ыла бу Бордоҥҥо олоробут. Бордоҥ сирин-уотун, дьонун-сэргэтин аһары сөбүлээтибит. Кини иккис төрөөбүт сирбит буолла. Билигин 80 сааспытын аастарбыт да Кыайыы 80 сылыгар этэҥҥэ тиийдэрбит, 75 сылын үөрэ-көтө көрүстэрбит диэн баҕа санаалаахпыт.

 

Ахтыыны суруйда үлэ бэтэрээнэ Михайлова У.В.

17.04.2020 сыл

Просмотров: 337 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.5/2
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]