08:34 Валентина Васильевна ПОПОВА |
Тыыл, педагогическай үлэ ветерана Валентина Васильевна ПОПОВА туһунан үөрэнээччитэ Мария Алексеева: 1960-с сыллар – бу кэм нэһилиэк уонна оскуола олоҕор саҥа үктэллэри дабайар, саҥаны киллэрэр кэм буолбута. Бу сылларга Бордоҥ орто оскуолатыгар элбэх саҥалыы көрүүлээх энтузиаст учууталлар үлэлии кэлбиттэрэ. Кинилэр ортолоругар Валентина Васильевна Попова баара. Валентина Васильевна биһиги оскуолабытыгар республикаҕа үлэтинэн, бастыҥ оҥоһуутунан биллибит омук тылын лингафоннай кабинетын тэрийэн үлэлэппитэ. Кини төрүттээбит «Планета» интернациональнай доҕордоһуу кулууба үгүс оҕону түмпүтэ. Эдэр интернационалистар үлэлэрин опыта республикаҕа сэҥээриини ылан, дойдуга тиийэ биллибитэ. Үөрэнээччилэр уруоктарын таһынан «Нормандия-Неман» авиаэскадрилья историятын үөрэтэллэрэ, араас республикалар оҕолорун кытта доҕордуу суруйсаллара, аан дойду күөмчүлэнэн олорор норуоттарыгар көмөлөһүү акцияларын тэрийэллэрэ, ону сэргэ төрөөбүт кыраайы үөрэтиинэн дьарыктаналлара. Валентина Васильевна «Планета» интернацилональнай доҕордоһуу кулуубун, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ история учуутала Екатерина Васильевна тэрийбит Ленинскэй хоһун уонна саха тылын учуутала Николай Гаврильевич Алексеев өр сылларга муспут матырыйаалларынан оскуолабытыгар доҕордоһуу музейын төрүттээбитэ. Үлэтин түмүктүүр сылларыгар Валентина Васильевна нэһилиэкпит историятын сырдатар үлэҕэ умсулҕаннаахтык ылларан, кичэйэн архыыбы хасыһан үлэлээбитэ. Ол түмүгэр Егор Григорьевич Евсеевтиин «II-с Бордоҥ былыргыта уонна билиҥҥитэ», «Кинилэр ааттара үйэ саас тухары умнуллубат» диэн кинигэлэри суруйан таһаартарбыта. Бу – үүнэр көлүөнэҕэ саамай суолталаах, наадалаах духуобунай нэһилиэстибэ буолар. Валентина Васильевна - биһиги олус чугастык, истиҥник саныыр кылааспыт салайааччыта. Кини биһигини 4-с кылаастан француз тылыгар үөрэппитэ. Биир-биэс тылы омуктуу билбэт, нууччалыы да саҥардыы өйдөөн эрэр, сүүрбэттэн тахса орой-мэник оҕолору уруок аайы кичэллээхтик, ирдэбиллээхтик үөрэппитэ. Билигин санаатахха үөрэтэр предметин муҥутуурдук баһылаабыт, үөрэтии методикатыгар маастар учуутал буолан хас биирдиибитигэр иҥэн-тоҥон элбэх билиини биэрбит эбит. Ол иһин даҕаны кэлин идэ ылар үөрэхпитигэр французскай тыл уруоктарыгар ыарырҕаппат буоларбыт. Билигин ийэ-аҕа буолан да баран ол үөрэппиппитин өйдүүбүт. Кылаас салайааччытын быһыытынан учууталбыт оҕону кытта хайа да өттүттэн сыһыаны сатаан олохтуур, бириэмэтин кылаас олоҕор харыстаабакка туһанар этэ. Ол курдук кини оччолорго олус прогрессивнай өйдөөх-санаалаах буолан, кылаас коллективын түмэ тардыыга, үөрэххэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүгэ, бэйэ икки ардыгар сыһыаҥҥа, араас толкуйдатар, сынньанар тэрээһиннэри тэрийэргэ элбэх сыратын биэрэрэ. Улааппыппыт кэннэ дьиэлэригэр сылдьарбыт элбээбитэ. Кинилэр дьиэ кэргэннэрин көмүс ҥээкэ уйата өрүү ып-ыраас, сып-сылаас, дьикти сонун астаах остуоллаах буолара. Чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтэн, фотоальбом арааһын, араас дойдулар, куораттар сувенирдарын көрөн хаһан эрэ кинилэр курдук эмиэ улаатан, үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, маннык сирдэри көрөр киһи дии саныырбыт. Кини кэргэниниин Иван Васильевич Гуриновтыын биһиги оскуолабыт историятыгар көмүс буукубанан ааттара суруллар дьиҥнээх учууталлар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кинилэр олохторун, билиилэрин, өйдөрүн-сүрэхтэрин бүүс-бүтүннүү биһиги оскуолабыт чэчирии сайдарыгар анаабыт дьон буолаллар. Валентина Васильевналаах кыыстара Екатерина кинилэргэ иитиллэн, үөрэхтэнэн, үлэһит буолбутун олус истиҥник-сылаастык махтанан ахтар. Оттон уоллара Иван төрөппүттэрэ биэрбит дириҥ билиилэрин, сатабылларын туһанан билигин Дьокуускай куоракка айар-тутар, кинигэ таһаарар дьоҕус бизнестээх. Мин учууталбыт барахсан төрүттээбит, күн бүгүн кини аатын сүгэр оскуолабыт музейа хайдах эрэ уота умулла быһыытыйбытыттан харааста-кыбыста саныыбын, учууталбар туох эрэ иэһим ситэ төлөммөккө сылдьарын курдук сананабын. Хаарыаны, саҥалыы иккистээн тыыннанан, аныгы матырыйаалларынан өрөмүөннээн, элбэх саҥа экспонаттанан силигилии сайдыан олус баҕарабын. Валентина Васильевна Октябрьскай революция, Норуоттар Доҕордоһуулара орденнар кавалердара, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, методист-учуутал үрдүк ааттарын сүгэр. |
|