Суббота, 28.12.2024, 14:55
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 10
Гостей: 10
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Март 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
          1
    2345678
    9101112131415
    16171819202122
    23242526272829
    3031
    Главная » 2020 » Март » 23 » Валерий Никифорович Степанов
    13:23
    Валерий Никифорович Степанов

    Валерий Никифорович СТЕПАНОВ

    Бэйэм олохпуттан кылгастык

       Мин 1955 сыл ыам ыйын 22 кунугэр төрөөбүтүм. Ийэм Бордоҥҥо балыыһаҕа кэлэн оҕоломмут. Тэҥкэҕэ дьиэтигэр баржанан айаннаан истэҕинэ Рыбачай нууччалара «Оҕоҕун ким диэн ааттыыгын?» диэн ыйыталлар уһу. Ийэм Ньукуолаҕа төрөөбүтэ Ньукулай диэҕим диэбит. Онуоха биир нуучча киһитэ «Николай диэмэҥ, Валерий диэн ааттаа» диэн сүбэлээбит. Ийэм ол киһи эппитэ баҕар оҕобор туһалыаҕа дии санаан Валерий диэн ааттаабыт. Онон ымыылаах ааттаах киһи буолбуппун.

     Ийэм, Мария Романовна Степанова, кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата Семенова, миигин соҕотох уолум диэн наһаа таптаан, атаахтатан ииппитэ. Эдьиийдэрим бары миигин атаахтаталлара, көрөллөрө, харайаллара. Сааспытынан чугас буолан кыра эдьиийбин Ританы наар батыһан  саппай уопсан тахсар этим. Охтон түстэхпинэ, соруйан улахан баҕайытык ытаан эдьиийбин  мөхтөрөр быһыылааҕым.  Ийэм аһара асчыт, дьоҥҥо сэргэҕэ үөрүнньэҥ буолан элбэх ыалдьыт сылдьара, хоноһо хоноро. Дьоллоох оҕо сааспыт 1967 сыллаахха ийэм суох буолуоҕуттан тохтообута. Аҕабыт Никифор Еремеевич Степанов биэс оҕотун тутан хаалбыта. Хата эдьиийдэрим Галина, Зоя улааппыт буоланнар биһигини кыралары иитиһэргэ улахан көмө буолбуттара.

       Эдьиийим Зоя оччолорго 21 сааһыгар сылдьара, Тэҥкэҕэ баар этэ. Улахан эдьиийбит Галина 23 саастааҕа, Якутскай куоракка университетка омук тылын салаатыгар үөрэнэрэ.

         Мин кырабыттан Гуринов Сашалыын доҕордуу этим. Дьиэлэрбит быысаһа тэлгэһэлээх этилэр. Күнү быһа оонньоон, таһырдьаттан киирбэт буоларбыт. Эдьиийим Галина куораттан оонньуур бөҕөтүн ыытар этэ. Сашаҕа эмиэ ыытара. Тэҥкэ үрдүнэн оонньуур арааһа биһиэхэ баар буолара. Уруһуйдуурбун наһаа сөбүлүүр этим. Эдьиийим сүрдээх үчүгэй альбом, кырааска харандаас ыытара, аҕалар буолара.  36 араас өҥнөөх коробкалаах харандаас эчи сыттыын да эриэккэс үчүгэй буолара. Арыт оонньууру да умнан туран уруһуйдуур буоларым. Киэһээ хойукка дылы ойуулаан баран сарсыарда онтубун ахтан көрө охсоору  эрдэ баҕайы ойон турарым. Сайын күн сырдыгар, кыһын кыраһыын лаампа сырдыгар, уруһуйдуурум. Кэнники дизелинэн уот биэрэр буолбуттара. Киэһэ 6-тан 11 чааска диэри, сарсыарда 7-тэн 10 чааска диэри уоппут кэлэр этэ.

       Матросов Алексей Николаевич, кэнники Евсеев Петр Васильевич дизелистээбиттэрэ.

       Сашка биһикки 1962 сыллаахха оскуолаҕа киирбиппит. Оскуолабыт дьиэтэ оччолорго көрөргө улахан да буолара. Оскуола оҕото 20-тахса буоларбыт. Сырдык, ыраас баҕайы буолан үөрэнэргэ үчүгэй этэ.  Переменаҕа аан хоско, оһох тула хороводтаан, поездтаһан оонньуур этибит.

      Наһаа иллээх баҕайы быһыылаахпыт, ким да айдаарсарын, охсуһарын өйдөөбөппүн. Маҥнайгы кылааска Мойохова диэн 1-й кылааска сэттэ сыл хаалбыт кыыс кылгас кэмҥэ үөрэнэ сылдьыбыта. Арай кини Сашка биһиккини дьиэҕэ үлэтин толортороору тобуйар этэ. Сол да 1-кы кылааһын бүтэрбэккэ уурайбыта, ол сыл сааһыгар Сомсуон диэн булчут киһиэхэ (Самсонов Петр Петрович) кэргэн таҕыста диэн буолбута.

        Кылааспытыгар оһох аттыгар полкаларга күөх маасса диэн бурдук туорааҕын үүннэрэрбит. Күөх от бытыгырыар диэри сабан турар этибит, күн аайы уу кутан харайар буоларбыт. Үүммүтүн кэннэ фермаҕа тарбыйахтарга сиэтэллэр этэ.

      Директордарынан Саввинов Алексей Исаевич онтон кэнники Егоров Пантелеймон Степанович үлэлээбиттэрэ.  Учууталлар Иванова Галина Гаврильевна, Матросова Ксения Ариановна, Саавинов Николай Егорович этилэр. Пионер вожатайынан Иванова Елизавета Николевна үлэлии сылдьыбыта.

       Оскуолабар саамай күүтүүлээх, долгутуулаах кэмим Саҥа дьыл бырааһынньыга этэ. Үчүгэй үөрэнээччи буолан араас бириискэ, бэлэххэ тиксэр этибит. Эдьиийбинээн Риталыын сыл аайы хайҕабыл сурук уонна бириэмийэ ыларбыт. Онтубут авторучка, блокнот, акварель кырааска, өҥнөөх харандаас эҥин буолар этэ. Ийэбит авторучкаҕын убайгар Дьөгүөргэ (Степанов Егор Филиппович) биэр, кини биригэдьиир, киниэхэ наада диэн Дьөгүөргэ бэрдэрэр этэ. Учууталбытын Галина Гаврильевнаны наһаа сөбүлүүр, ытыктыыр этибит. Хаһан да кыыһырбакка, мөхпөккө, ол эрээри ирдэбиллээхтик сыһыаннаһан үөрэтэрэ.  Нуучча тылын кини үөрэтэн нууччалыы үчүгэйдик саҥарар, суруйар буолбуппут. Араас кинигэ бөҕөтүн эбии чааска дьиэбитигэр аахтара биэрэрэ.

     Учууталлар бөһүөлэк олоҕор көхтөөхтүк кытталлар этэ. Директорбыт Пантелеймон Степанович эр дьону түмэн күөлгэ кыһын муҥхалатарын өйдүүбүн. Аҕам атын сыарҕатыгар олорсон муҥхаҕа барсар этим.  

      Биһиги оҕо эрдэхпитинэ бөһүөлэк олоҕо сэргэх баҕайы этэ. Ол биир төрүөтүнэн олоххо көхтөөх эдэр ыччат элбэҕиттэн быһыылааҕа. Салайар бас көс киһилэринэн мин таайым Герасимов Борис Егорович этэ. Кулуупка араас хабааннаах тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыыталлара. Бырааһынньыктарга хайаан да сценка (постановка диир этибит) туруораллара, концерт көрдөрөллөрө. Бырааһынньык хас да хонук инниттэн «Ханнык бостунуопка буолар үһүнүй» диэн туоһулаһан бөҕө буоларбыт. Концерт кэнниттэн маассабай оонньуу бөҕөтө тэриллэр этэ, хорчуоппа үлэлиирэ, араас аттракционнар, күрэхтэһиилэр ыытыллаллара. Кырдьаҕастар оһуокайы көҕүлүттэн туталлара, эдэрдэр үҥкуулээн тибийэллэрэ.

     Киэһэ аайы киинэ көрдөрөллөрө. Субуотаҕа, өрөбүлгэ күнүс 4 чаастан оҕолорго анаан киинэ буолара. Киномеханигынан Болуров Ньукулай диэн киһи үлэлиирэ. Кэнники саҥа кулууп тутуллубутун кэннэ Агафья Степановна (Агаша диирбит) киномеханиктаабыта. Билеты кэргэнэ Андрей Дмитриевич (Өндүрүүс) атыылыыра. Оҕолорго 5 харчы, улахан дьоҥҥо 20 харчы буолара.

     Сайын буолла даҕаны оччотооҕу оҕолор таһырдьаттан киирбэт буолаллара. Күнү супту ойууру кэрийэн, штаб туттан сэриилэһэн тахсарбыт. Табаарыстарым да элбэхтэрэ Гуринов Саша, Николаев Виталий, Иннокентьев Гоша, Колик, Ильин Борис, илиҥҥи бөһүөлэк оҕолоро буолан оонньуурбут. Ийэм дьиэҕэр кэлбэтиҥ диэн арыт мөҕөр буолара, «Ильин ойуурун» күнү быһа кэрийэ сылдьаҕын диэн саҥарара. Оннук аһыырбытын да умнан оонньуур буоларбыт.

      Сааскалыын өрүскэ киирэн күөгүлүүр этибит. Күстэх, алыһар, кыһыл харах, арыт майаҕас да хаптарар буоларбыт. Оччолорго өрүс уута ыраас баҕайа буолара, умса түһэ сытан, дуоһуйуохутугар дылы уу иһэрбит.

      Тэҥкэ 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран ким Куокунуга, ким Тойбохойго, үксүбүт Бордоҥҥо үөрэнэ барбыппыт. Тэҥкэм уолаттара Николаев Петя, Иннокентьев Гоша, Тихонов Радомир, Индеев Борис, Гуринов Саша, ким 4 сыл, ким 3 сыл, ким 2 сыл, ким 1 сыыл миигиттэн эрдэ Бордоҥҥо баран үөрэммиттэрэ эрээри кэнники ситэттээммин 8 кылааска бары бииргэ үөрэммиппит. Уолаттар бары 8 кылаас кэнниттэн төрөөбүт үөскээбит Тэҥкэлэрин ахтан үөрэммэппит үлэлиибит диэн үөрэхтэриттэн уурайбыттара. Мин кинилэри сайыһан уурайаары гыммыппын эдьийим Өкүүсэ аҕабынаан буоланнар көҥүллээбэтэхтэрэ, мөҥөн туран салгыы үөрэнэрбэр күһэйбиттэрэ. Онон кэнники үөрэхтээх киһи буоларбар эдьиийим Өкүүсэ (Степанова Акулина Иннокентьевна) олук буолбут үтүөлээх.

      Үөрэнэ сылдьан саас халлаан сылыйбытын кэннэ өрөбүллэргэ, каникулларга Тэҥкэбитин ахтан уруок кэнниттэн сатыы түһүнэн кэбиһэрбит. Атахпыт тилэҕэ кыайан үктэннэрбэт буолуор диэри ыалдьара, аара тиэрэ түһэн атахпытын өрө тэбэн сынньата сынньата хаамарбыт. Халлаан хараҥарыыта ыкса киэһээ тиийэрбит. Сарсыныгар төттөрү суолга турунарбыт. Ким да улаханнык төннүөн баҕарбат этэ, хомуллан хомуллан 4 чаас ааһыыта Тэҥкэттэн аттанарбыт. Аара ойуурга уот оттунан хонон баран сарсыныгар үөрэх бүтүүтэ эбиэт саҕана тиийэрбит. Оннук 4 көстөөх сири элбэхтэ атахпытынан мээрэйдээн турабыт. Арыт эдьиийим Өкүүсэлээххэ, арыт интернакка олорон оскуолабын ортотук үөрэнэн бүтэрбитим. 1972 сыл сайыныттан төрөөбүт Тэҥкэбэр үлэлии барбытым.

       Ол сайын уот кураан буолбута. Дойдуга от ончу үүммэтэҕэ, барбах бытыгыраабытын аһыҥа утары куурдан иһэрэ. Биһиги МТЗ-50 тыраахтарынан Андриан Степанович Егоровтыын сменалаһан аһыца дьааты ыстара сатаабыппыт даҕаны улаханнык туһалаабатаҕа. От ыйын бүтүүтэ биһигини 4 киһини (Иннокентьев Егор Анисимович, кини уола Коля, Ильин Борис уонна мин) ыраах Дьэрбэ үрэҕэр Бордоҥ отчуттарын кытта Ми-8 вертолетунан оттото бырахпыттара. Онно балаҕан ыйын ортотугар диэри оттообуппут. Дьэрбэ үрэҕэ бултаах алтаах дойду этэ. Тайах, улар этин хал буолуохпутугур диэри соһо сылдьан сиир этибит.

      Ол сыл хаайтарыы бириэмэтигэр Оторуус ферматыгар эргэ МТЗ-50 тракторынан уу баһан, от тиэйэн өрүс суола туруор диэри үлэлээбитим.

      Кыһыныгар ДТ-75 тракторынан Бордоҥтон кэлбит Иванов Николай (Бахчит Ньукулай) диэн трактористка прицепщиктаабытым. 10 көстөөх Дьэрбэ, Ньэлэкэ диэн сирдэртэн от тиэйиитигэр сылдьыбытым.

       1973-74 сыл кыстыгар Бэттиэмэҕэ Иннокентьев Егордуун 120 субай сүөһүнү көрөн кыстаабыппыт. Ол кыһын аан маҥнай Бэттиэмэҕэ электричество уота сандаарбыта. Мин дизелист электрик буолбутум, ону таһынан запарник оһох оттон, сүөһү аһатан көйөрбө оҥорон, саах күрдьэн үлэм арааһа элбэх буолан 400 солкубайтан тахса хамнаһы аахсан кыстаабытым. Биригэдьиир Алексеев Лэгиэнтэй «Эн курдук хамнастаах киһи Тэҥкэҕэ суох диирэ». Этэҥҥэ кыстаппыт сүөһүлэрбитин күһүн балаҕан ыйын бүтүүтэ биэс буолан, ол иһигэр убайым Степанов Владимир Филиппович (Уукал Болуодьа) Сунтаар бойнятыгар атынан үүрэн киллэрбиппит.

       Сэтинньи ыйга миигин армияҕа ыҥырбыттара. Табаарыһым Саша Гуринов туһахтаан ылбыт куобаҕын буһаран мин кыракый дьиэбэр уолаттар кыргыттар мустан үөрэн көтөн атаарбыттара. Төрөөбүт үөскээбит таптааллаах Тэҥкэбиттэн арахсарым ол күһүн буолбута.

      Икки сыл Ийэ дойдубар иэспин төлөөн Забайкальскай кыраай Нерчинскэй куоратыгар ракетнай чааска «Старший радиотелефонист ультракоротковолновой радиостанции» диэн дуоһунаска сулуупалаан ефрейтор званиелаах 1976 сыл сэтинньи 3 күнүгэр демобилизацияланан дьиэбэр айаннаабытым.

      1976-77 сыл кыһыныгар Сунтаардааҕы РДК-ҕа театр художнигынан үлэлээбитим, сайыҥҥытыгар үөрэх туттарса Новосибирскай куоракка көппүтүм. Киирии экзаменнарбын ситиһиилээхтик туттаран пединститут художественнай графическай факультетын устудьуона буолбутум.  Хаһан да хатыламмат биэс дьоллоох студенческай сылларбын атаарбытым. Үөрэммит 5 сылым биир сыл курдук күлүмнээн ааспыта. 1982 сыл сайыныгар үөрэхпин бүтэрэр сылбар олоҕум аргыһын, аҥаарбын Лиданы көрсөн эдэр дьон сэмэй тапталларыгар угуттанан, сүрэхпитинэн сөбүлэһэн ыал буолбуппут.  Лида (Семенова Лидия Григорьевна) Бүлүүчээнтэн төрүттээх Новосибирскай куоракка буҕаалтыр үөрэҕин бүтэрэн практикалана сылдьар этэ.

       Иннэ гынан үөрэхпин бүтэрэн өссө эбиитин кэргэннээх Сунтаарга дьоммор тиийэн кэлбитим.

      Аҕам Сунтаарга улахан кыыһыгар Галинаҕа олорор этэ. Аҕам эдьиийбинээн Галиналыын кийиити көрсүһүү киэһэтин тэрийбиттэрэ. Эдьиийим Зоя дьиэтигэр билсиһии киэһэтэ буолбута. 40-ча киһилээх, барыта аймахтар уонна чугас ыаллар мустан аһара истиҥ, киһи өйүгэр хаалар иһирэх көрсүһүү буолбута. Элгээйиттэн убайым Серафим Филиппович киирэн тамадаалаабыта.

     Министерство дьаһалынан Миирнэй оройуонугар анаммытым. Миирнэй горонота миигин Хотугу эргимтэ таһыгар турар Удачнай бөһүөлэгэр анаабыта. Оччолорго Удачнай саҥа сайдан эрэрэ, бөһүөлэккэ 14 биэстии этээстээх таас дьиэ баара. Мин 20-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа уруһуй, черчение учууталынан анаммытым. Удачнайга барыта аҕыс сыл олорбуппут. Икки хостоох квартира биэрбиттэрэ. Үс оҕобут үһүөн Удачнай бөһүөлэгэр күн сирин көрбүттэрэ. Кыһын күнэ тахсыбат, сайын күнэ киирбэт дойду этэ.   

       1990 сыллаахха күһүөрү Сунтаарга көһөн кэлбиппит. Сунтаар 1-№ оскуолатын директора Сосин Олег Константинович - Уопсай дьиэ босхолонно кэлэн онно олор, учууталлаа диэн ыҥырбытыгар улахан толкуйга түһэн баран кэлэргэ быһаарыммыппыт. Кэлбиппитин кэлин кэмсиммэтэхпит. Оҕолорбут чугас уруу аймахтарын оҕолорун кытары бииргэ оонньоон, мэниктээн улааппыттара билигин бары бэйэ бэйэлэрин тутуһан, көмөлөсүһэн сылдьалларыттан үөрэбит эрэ.

      Сунтаарга кэлэн 1-№дээх орто оскуолаҕа үлэ, уруһуй, черчение учууталына үлэлээбитим. Төһө да ыһыллыы, тоҕуллуу сылларын иһин, төһө да хамнаһа суох үлэлээбит сыллардаахпыт иһин ол кэми олоҕум биир интэриэһинэй, кэрэ кэрчигинэн сыаналыыбын. Оҕолорбут бастакы кылаастан оскуоланы бүтэриэхтэригэр дылы үөрэммиттэрэ. Оскуолаларын бүтэрэн баран бары куоракка үөрэнэ кэлбиттэригэр, миэстэтигэр күүс-көмө, тирэх буолаары 2003 сыллаахха Дьокуускай куоракка көһөн кэлбиппит.

      Ол кэмтэн сахабыт сирин киин куоратыгар ким үөрэнэн, ким үлэлээн олорон кэллибит. Улахан уолбут Никифор куоракка кэлэн Таатта кыыһын кэргэн ылан 4 оҕону төрөтөн Тыа хаһаайыстыбатын академиятын тутуу инженернай факультетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. Улахан кыыс Елизавета үрдүк үөрэҕи бүтэрэн английскай тыл учуутала буолбута. Кыра кыыспыт Алена филологическай факультеты бүтэрэн нуучча тылын үөрэтэр специалист буолбута. Елизаевта билигин Тойбохой уолугар Корнилов Ян Трофимовичка кэргэн тахсан 4 оҕо ийэтэ буолан олорор. Алена хоту уолугар Горохов Николай Васильевичка кэргэн тахсан икки оҕо ийэтэ. Кэргэним Лидия Григорьевна торговай центрга атыыһыттаан билигин даҕаны үлэлээн сүүрэ-көтө сылдьар.  Мин куоракка кэлэн баран 34 №-дээх оскуолаҕа, онтон Хатас орто оскуолатыгар пенсияҕа тахсыахпар диэри учууталлаабытым, билигин сиэннэрбин уонна дьиэ көрөн олоробун.

      Бу ахтыыны кэнники кэлэр көлүөнэ, сиэннэрим, хос сиэннэрим ааҕан эһээлэрин олоҕун өйдүү-саныы сылдьыахтара диэн санааттан суруйдум.

     

    Кэргэнэ Лидалыын

     







    1977 с. Новосибиирскай куорат


    Тэҥкэ оскуолатын 75 сыллаах юбилейа






    Кэргэним Лидия Григорьевна, 2021с., ыам ыйа, ,,Белокуриха'' санаторий, Алтай


    Уолум Никифор 1983 с.т. Таатта сиригэр, 2021 сыл.

    Эһэтин аатын ылбыт уолум Никифор оҕолоро:
    Улахан кыыс Нарыйаана, 8-с кылаас үөрэнээччитэ, 2021 с. Ытык Күөл, Таатта.

    6-с кылааска үөрэнэр Айыллаана, 2021 с. Ытык Күөл, Таатта.

    Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Айтал, 2021 с. Ытык Күөл, Таатта.
    Уһуйаан иитиллээчитэ 6 саастаах Дьулус, 2021 с. Ытык Күөл, Таатта.

    Никифор саамай кыра оҕото 5 саастаах Харысхан, 2021 с. Дьокуускай к.


    Никифор кыргыттарынаан, 2021с. Ытык Күөл, Таатта.

    Саамай улахан уонна саамай кыра сиэннэрим, Наарыйааналаах Альберт, 2021 с. Дьокуускай к.

    Мин кыра кыыһым Алёна дьиэ кэргэнэ: Алёна Валерьевна, 2-с кылааска үөрэнэр Юлиана, 5-с кылаас үөрэнээччитэ Тимур, дьиэ аҕа баһылыга Николай Васильевич, 2020с.балаҕан ыйын 1 күнэ, Дьокуускай к.

    Куорат политехническай лицейын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Тимур Горохов күрэхтэһии кэмигэр, 2021 с. Дьокуускай к.

      17 №-дээх оскуола 3-с,,в'' кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Юлиана айылҕаҕа, 2020с. Дьокуускай к.

    Ыал кыра оҕото  Альберт 10 ыйыгар айылҕаҕа, 2021 с.ыам ыйа, Дьокуускай к.


    Сиэннэр минньигэс сыттара, Альбертиктаах Юлиана эһэлэрин кытары, 2021 с.кулун тутар ый, Дьокуускай к.


    Саамай кыра сиэним Айгын, Алёна кыра уола
    2022 сыл тохсунньу 14 төрөөбүт киһи.

    Просмотров: 362 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]