Суббота, 28.12.2024, 14:17
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Варвара Петровна ПАВЛОВА
03:51
Варвара Петровна ПАВЛОВА

Тыыл, педагогическай үлэ ветерана

Варвара Петровна ПАВЛОВА туһунан

сиэнэ, «Березка» уһуйаан иитиллээччитэ,

5 саастаах Данилов Дьулустан:

Мин эбэм Павлова Варвара Петровна олоҕун оҕо иитиитигэр анаабыта. Кини ииппит, үөрэппит оҕолоро бэйэлэрэ ыал эбэлэрэ, эһэлэрэ, ийэлэрэ, аҕалара. Ол эрээри билигин даҕаны иитээччилэрин истиҥник саныыллар, ахталлар.

Эбэм 1935 с. колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр алтыа этилэр. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар эйэлээх, дьоллоох олохторо биирдэ үрэл гыммыта. Аҕалара үлэ фронугар ыҥырыллан барбыта, ийэлэрэ алта оҕотун кытта соҕотоҕун хаалбыта. 1942 с. ийэлэрэ ыалдьан өлөн оҕолор тулаайах хаалбыттара. Хата сотору аҕалара доруобуйатынан сыыйыллан фронтан төннөн кэлбитэ. Бу ыарахан кэмнэргэ икки улахаттара уонна саамай кыра бырааттара өлбүттэрэ. Онон алта оҕоттон үһүөйэх кыыс тыыннаах хаалан олоҕу салгыыр буолбуттара. Аҕалара бултуур, балыктыыр буолан син ыал аатын сүгэн олорбуттара. Сэрии кэмигэр ол саҕанааҕы оҕолор бурдук куолаһын хомуйан, оҕус сиэтэн, оттоон колхозтарыгар көмө буолаллара, үтүлүк, кээнчэ тигэн фроҥҥа саллааттарга баһыылка хомуйан ыытан кыайыыны уһансаллара.

Оскуоланы Тойбохой интернатыгар олорон бүтэрбитэ. Интернатын билиҥҥэ диэри махтана саныыр. Оскуоланы бүтэрэн баран, кыра балтын үөрэттэрээри оскуолаҕа библиотекарынан икки сыл үлэлээбитэ. Онтон 1958 с. Дьокуускайга иитээччи үөрэҕэр киирэн үөрэҕин бүтэрэн 1962 с. Кэбээйи оройуонугар үлэтин саҕалаабыта. Онтон дойдутугар Сунтаарга көһөн кэлэн Бордоҥ детсадыгар ананан, 1968 с. Бордоҥнооҕу «Березка» оҕо уһуйааныгар 1986 с. пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Үлэлиир сылларыгар оҕону иитиигэ бары кыһамньытын, сатабылын уурара. Элбэх кинигэни ааҕан билиитин кэҥэттэрэ, семинардарга сылдьара. Оҕону үөрэтэр, оонньотор пособиеларын үксүн бэйэлэрэ оҥостоллоро. Оҕолор детсадка нэдиэлэни быһа хоно сылдьаллара, онон үлэһиттэр кырдьык даҕаны кырачаан дьоҥҥо ийэлэрин солбуйаллара, сүрэхтэрин сылааһын, тапталларын барытын кинилэргэ аныыллара. Оҕону иитиигэ дьаныардаах үлэтин иһин элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. «Онтон өссө ордук наҕараада - оҕолор уонна төрөппүттэр махталлара буолар» диир эбэм мэлдьи.

Эбэм эһэбиниин Потап Петровичтыын икки оҕолоохтор, өссө икки ииппит оҕолоохтор, 10 сиэннээхтэр, 5 хос сиэннээхтэр.

Просмотров: 246 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]