06:40 Вера Степановна, Николай Григорьевич ПОПОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Вера Степановна, Николай Григорьевич ПОПОВТАР тустарынан сиэннэрэ, 7-с кылааас үөрэнээччитэ Попова Саргылаана:
Мин эһэлээх эбэм олохторо бары үөлээннээхтэриттэн уратыта суох: тулаайах, тиийиммэт-түгэммэт оҕо саас, киһини өйдүүр буолуохтан сынньалаҥа суох колхоз, совхоз күүстээх үлэтэ, ол быыһыгар үлэттэн дьоллонуу, хайҕабыл – барыта баара. Эһэм Николай Григорьевич 1935 с. Киирэпкэ төрөөбүтэ. Кини кыратыгар тулаайах хаалан Попова Маайыкка диэн соҕотох кыыс оҕолоох эмээхсиҥҥэ иитиллибитэ. Эһэбит кинини төрөппүт ийэтин курдук таптыыра. Онтон холбоһуктааһын буолбутугар Жданов колхозка эмээхсин хотонугар субай сүөһүгэ үлэлээбитэ. Балтын Мотяны кытта колхозка сүөһү көрөллөр этэ. Оттон эбэм Вера Степановна 1926 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Элгээҥҥэ ааспыта. Кини аҕата Быһыр Ыстаппаан кыралаан эмтээх отунан дьону эмтиир идэлээх эбит. Бултуур-алтыыр буолан, аччык сылларга дьиэ кэргэнин хоргуппатах. Үксүгэр балыгынан, куобаҕынан аһаабыттар, куобах тириитэ бэртээхэй таҥас-сап буолан абыраабыт. Сэрии саҕаланыытыгар 15 саастаах хороччу улаатан эрэр кыыс колхозка сүөһү көрүүтүгэр үлэлээн саҕалаабыт. 1950 с. эбэлээх эһэм харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Иккиэн субай сүөһүлэрин көрө-көрө Уйалааҕынан, Бүгүйэҕинэн олорон баран, кэлин Өлөҥҥө көһөн кэлэн балаҕан дьиэ туттан, үлэлээн-хамнаан олорбуттара. Кинилэр 49 сыл устата дьоллоох олохторун алта оҕолоро, элбэх сиэннэрэ салгыыллар, билигин хос сиэннэрэ элбээтибит. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарын, тыылга кыайыыны уһансыбыт эһэлэрбит, эбэлэрбит туһунан үтүө өйдөбүл үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн буолан тарҕаннын.
|
|