06:24 Виктор Николаевич ПЕТРОВ |
Сэрии кэмин оҕото Виктор Николаевич ПЕТРОВ туһунан САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Евсеев Егор Григорьевич: Виктор Николаевич Петрову, удьуор дуобатчыт дьонноох иккис Бордоҥ сириттэн ССРС спордун дуобакка бастакы маастарын, мин кыра оҕо эрдэҕиттэн билэбин. Кини үлэлэринэн-хамнастарынан, үтүө майгыларынан нэһилиэк историятыгар суолларын-иистэрин хаалларбыт дьиэ кэргэҥҥҥэ төрөөн-үөскээн, иитиллиитигэр даҕаны үчүгэй сабыдыалы ылан улааппыта. Аҕата Николай Терентьевич Петров нэһилиэк дьоно-сэргэтэ улаханнык ытыктыыр, «Ньукуус оҕонньор» диэн ытыктабыллаахтык ааттыыр, болуотунньук идэлээх, сүрдээх ыраас туттуулаах, мындыр оҥоһуулаах мас ууһа, киһилии сиэргэ-майгыга кими баҕарар үөрэтэ-такайа сылдьар сир түннүгэ, Сээркээн Сэһэн оҕонньор этэ. Ньукуус дуобакка үчүгэйдик оонньуура. Виктор уол күрэхтэһиилэргэ кытыннаҕына анаан-минээн кэлэн көрөн, уола хайдах оонньуурун, ханна сыыһа-сөпкө хаампытын өйүгэр хатаан барара. Виктор күүстэх дуобатчыты кытта көрсүһэ олордоҕуна «Сэрэнэн, өйгүн-төйгүн булунан, аралдьыйбакка оонньоо. Бу эйигин хотон да кээһиэн сөптөөх киһини кытта оонньоон эрэҕин» диэн уолугар этэр буолара. Абаҕата Степан Терентьевич Петров Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллан, уоттаах сэрииттэн тыыннаах ордон, дойдутугар бааһыран кэлэн, 1943-1946 сс. колхозка председателлээбитэ, кэлин колхоз -совхоз производствотыттан илиитин араарбатаҕа. Степан Терентьевич дуобат диэн «муннукка ытаабыт” киһи этэ. Виктор оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хас өрөбүл ахсын Нээлбиктэҕэ Степан Терентьевичтээххэ баран дуобаттаан кэлэрэ, субуоталаах, өрөбүлгэ «эттэрин ыт сиэбэт» буолуор диэри оонньуулларын мэлдьи көрөрүм. «Уолум адьас тулуппат буолла. Биһиги аймахтан саамай дуобатчыппыт Виктор буолсу дии саныыбын» диэн Степан Терентьевич сыана быһара. Убайа Егор Николаевич Петров кэргэнин дойдутугар барыар диэри колхоз Сардаҥа диэн киин бөһүөлэгин тутууга ордук уһулуччу үлэлээбит тракторист быһыытынан киэн туттар бастыҥ тракториһа этэ. Кинини Марбаттан Бүлүү өрүһүн биэрэгэр бөһүөлэги көһөрсүбүтүн дьон-сэргэ махталынан ахтар. Эдьиийэ Ксения Николаевна Петрова Нээлбиктэҕэ бастыҥ үлэлээх ыччат-комсомольскай ферманы тэрийии лидерэ, кэлин Валентина Гаганова мөлтөх үлэлээх коллективтары хаалыыттан таһаарарга ыҥырбыт уонна саҕалаабыт дьыалатын өйөөн, хаалыылаах үлэлээх Илимниир ферматын бастыҥнар кэккэлэригэр киллэрбит гагановкалартан биирдэстэрэ, ыччат наставнига Үлэ албан аата орден III степеннээх кавалера, үйэтин тухары бастыҥ үлэлээх ыанньыксыт этэ. Ити курдук, Виктор Петров иитиллибит эйгэтиттэн киниттэн аҕа саастаах өттүн быһыта-орута ахтан аһардым. Виктор улаатан, ситэн-хотон баран, нэһилиэгин иһигэр ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ көтүппэккэ кыттара уонна мэлдьи кэриэтэ кыайыылааҕынан тахсара. Кэлин биһиги нэһилиэккэ иккис маастар уонна нэһилиэк чулуу дубатчыттара Илья Николаевич Уаров, Егор Прокопьевич Иванов, Валерий Ионович Сидоров, Роман Васильевич Салдиграсов, Альбина Дмитриевна Николаева бииргэ түмсэн кытыннахтарына турнирдар аһара интэриэһинэйдик, олус эриссиилээхтик, дьон-сэргэ болҕомтотун тардар гына оонньоноллоро. Кини теория өттүнэн уһулуччу бэлэмнээх, айылҕаттан «бэриһиннэриилээх» дуобатчыт быһыылааҕа. Дьээбэлэннэҕинэ, адьас дуоската суох остуолга умса көрөн олорон , аҥардас өйүнэн оонньоон , кини этиитинэн киһитэ дуобатын хаамтаран, орто баайыылаах дуобатчыттары адьас киһилээбэт этэ. Ортону үрдүнэн баайыылаах дуобатчыттары иннигэр кураанах дуоскалаах олорон хототтуура. Оннук оонньууларга арыт дьээбэрэн «балыйан» көрдөхпүнэ, оннуттан турбакка эрэ оонньуу саҕаланыаҕыттан ханна тиийбит сирбитигэр диэри үрүҥ-хара хаамыыларын бэйэтэ этэн хаамтаттарара уонна «балыйбыппын» тутан ылара. Виктор Николаевич орто оскуола учууталынан уонна оскуола интернатын старшай иитээччитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн, эдэр көлүөнэни иитэн-үөрэтэн, билии-көрүү кынаттаан, олох киэҥ аартыгар киллэриигэ элбэх сыратын, күүһүн-күдэҕин биэрбитин тас өттүгэр нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар актыыбынай позициялаах, эрэллээх доҕор-атас, табаарыс этэ. Кини худуоһунньук буолан, культура дьиэтин бырааһынньыктарыгар уонна мэлдьи турар гына иһин-таһын киэргэтиигэ олус элбэх сыратын, күүһүн уонна бириэмэтин биэрэн, уонунан сылларга биир харчы төлөбүрэ суох үлэлээбитэ. Тугу эмит оҥорорго, суруйарга ылынна да, ол үлэтэ бүтүөр диэри чаастаах үлэһит курдук кэлэ турара. Культура дьиэтигэр стендэлэр, паннолар, лозуннар, фермалар кыһыл муннуктарыгар араас көрдөрүүлэр графиктара, диаграммалара, сайын оттуур звеноларынан культурнай отуулары тэрийии суруга-бичигэ, ыһыах ахсын культура-сынньалаҥ пааркатын толору киэргэтии ойуута-оһуора, суруга-бичигэ, Саҥа дьыл бырааһынньыгын баһаам элбэх ойуута-киэргэлэ үксэ Виктор Николаевич талааннаах тарбаҕын, дьоҕурдаах илиитин, уруһуйдьут уус хараҕын оҥоһуулара, сылайары билбэт общественнай үлэтин түмүгэ буолара. Ити кэмҥэ В. И. Уаров, В. Я. Семенов, А. П. Герасимов Виктор Николаевичтыын көх-нэм буолан, ити этиллибит үлэни киһи үөрүөн-көтүөн курдук кэмигэр ситэрэн-хоторон, дьон-сэргэ болҕомтотун тардар, хараҕын манньытар, сүрэҕин үөрдэр гына ойуулаан-оһуордаан, суруйан кэбиһэллэрэ. Маны барытын биир харчы соболоҥо суох, буолуох буоларын курдук ылынан, ити үлэлэрин кэмигэр дуоһуйа кэпсэтэн, хаадьылаһан, күлэн-салан, туһалаахтык дуоһуйа сынньаммыт курдук буолан, дьиэлэригэр бараллара. Виктор Николаевич соҕотоҕун да ыллаабатар, ырыаны олус сөбүлүүрэ, тенор куоластааҕа. Биир да хор, уолаттар ансаамбыллара кинитэ суох ылламмат буолара. Бэлэмнэниигэ олус аккуратнайдык кэлэрэ, хойутууру, дьарыгы көтүтэри сөбүлээбэт этэ. Үчүгэйдик бильярдыыра, остуол тенниһигэр даҕаны орто баайыылаах оонньооччуларга киирсэрэ. Виктор Николаевич ханнык да куһаҕан дьаллыкка ылларбатах, наар дуобатынан, уруһуйдуурунан, суруйарынан дьарыгырбыт, тустаах үлэтинэн үлүһүйбүт, туһалаахтык сынньанарын сөбүлүүр, хаһан да таах сылдьан бириэмэни барыы сатаан чуҥкуйбат, толору олҕунан олорбут, оннугу оҥордум, манныгы гынным, оннук кыайдым-хоттум диэн кэпсэнэ-киһиргэнэ сылдьыбат сүрдээх сэмэй, дьоҥҥо-сэргэҕэ, табаарыстарыгар олус эйэҕэс, киһилии сыһыаннаах, ыраас майгылаах-сигилилээх киһи этэ. Итинник киһини дьон-сэргэ былыр да, быйыл да киһи киэнэ кэрэмэһэ диэччилэр. Мин Виктор Николаевич Петровы киһи кэрэмэһэ этэ диибин. Бэйэм культураҕа үлэлээн ааспыт түбүктээх сылларбын санаатарбын эрэ Виктор Николаевич сырдык-ыраас мөссүөнэ, эйэҕэс-истиҥ бэйэтэ, уҕараабат уоҕунан күлүбүрэччи умайар олоҕун миигинниин алтыспыт кэрчигэ өйбөр- сүрэхпэр тиллэн кэлэр. Дуобат утума Бордоҥ бастакы маастара, Өрүү киэн туттар киһибит Туруулаһан көмүскүүрэ Үрдүк таһымнаах оонньууларга Россияҕа, Саха сиригэр Үөскээбит түөлбэтин чиэһин, Өһүк дьонун үтүө аатын Петров Виктор Николаевич. Билигин Виктор суолунан Инники күөҥҥэ дуобаттыыллар Икки Валерий Альбиналыын Күрэхтэһии ытык түһүлгэтигэр Тулуппаттарчугас эргин кими да, Эрийсэллэр, бэл, Туймаадаҕа – Рспублика киинигэр, Ньургун дуобатчыт Федоров Уонна Валерий Сидоров, Кандидаппыт Альбина Уһуйаллар эдэр солбугу Дуобат араас дьиктитигэр, Аан бастакы хаамыытыгар, Ааһан ситиллибэт албаһыгар. Иитиллэн, үөрэнэн-сайдан, Аны эдэрдэр туруохтара – Бииктэр курдук чиэспитин көмүскүү Ыраах тэлэһийэн оонньуохтара, Саха дуобатын аатырдыахтара! Киргиэлэй Дьэпсиэйэп тиһэх уола, киһи кэнэнэ Дьөгүөр дуобатчыт.
|
|