01:56 Жорж Ринчинович ИЛТАКОВ |
Үлэ ветерана Жорж Ринчинович ИЛТАКОВ: Мин 1945 с. муус устар 22 күнүгэр Бурятияҕа Тункинскай оройуон Зун-Мурино диэн бөһүөлэккэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 11-с оҕонон төрөөбүтүм. Мин кэннибиттэн өссө икки оҕо төрөөн баран саҥа улаатан иһэн өлбүттэрэ. Билигин эдьиийдэрбиниин үһүөйэх хааллыбыт. 8-с кылааһы бүтэрэн баран 1964-67 сс. Хабаровскай кыраайга советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабытым. Онтон Дьокуускайга олорор эдьиийбэр кэлэн таас дьиэ тутуутугар үлэлээбитим, 1968 с. суоппар идэтигэр үөрэммитим. 1969 с. күһүнүгэр Нина Васильевнаны кытта ыал буолбуппут, Нам оройуонугар 1-кы Хомустаахха олохсуйбуппут. Онно совхозка түөрт сыл ЗИЛ массыынаҕа суоппардаан баран, 1974 с. күһүнүгэр кэргэним дойдутугар көһөн кэлэн, күн бүгүнүгэр диэри Бордоҥ сис, кырдьаҕас ыала буолан олоробут. Пенсияҕа тахсыахпар диэри совхозка араас мааркалаах массыынаҕа барытыгар үлэлээбитим: автобуска, УАЗ-ка, уу баһар массыынаҕа, пожарнайга, крановщиктаабытым, ЗИЛ-га. Ыраах рейстэргэ хас да сыл таһаҕас таһан араас мүччүргэннээх сырыылары сылдьыбытым. Пятилетка ударнигын, оройуон бастыҥ үлэһитин аатын ылан элбэх наҕараадалары, грамоталары ылбытым. Нэһилиэк бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэринэн киэн туттабын.
|
|