Суббота, 28.12.2024, 14:10
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 5
Гостей: 5
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Зинаида Федотовна НИКИТИНА
03:44
Зинаида Федотовна НИКИТИНА

Тыыл, үлэ ветерана

Зинаида Федотовна НИКИТИНА туһунан

улахан кыыһа Лукина Люция Николаевна:

1927 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Куокуну нэһилиэгин Тэҥкэ учаастагар Анна, Федот (Өлөҥ Сөдүөт) Никитиннэр дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Икки эдьиийдээх, убайдаах ыал кыра кыыһа этэ. Ойор-тэбэр оҕо сааһа Өлөҥ Үрэх алааһыгар ааспыта. Сэрии саҕаланарыгар хороччу улааппыт кыыс этэ. Сэрии маҥнайгы ыйдарыгар баар-суох убайа Никитин Егор Федотович сэриигэ ыҥырыллар. Кини убайа турбут-олорбут, сытыы-хотуу Егор өстөөҕү кыайан эргиллиэҕим диэн сэриигэ аттаммыта, кини 19-с хайыһар биригээдэтигэр сэриилэһэ сылдьан Ильмень күөлгэ геройдуу охтубута.

Сэрии бастакы сылларыттан ийэм Аҥылахтаах ферма сайылыгар ыанньыксыт кыргыттары кытта үлэлээн киирэн барар. 15-тии ынаҕы ыыллара, торбоһун биэбэйдииллэрэ, хотон бары ыарахан үлэтэ кинилэр нарын-намчы санныларыгар сүктэриллибитэ. Ас кэмчи буолан, мэлдьи кэриэтэ аччык сылдьаллара. Күһүн бурдук буолата хомуллан бүппүтүн кэннэ бурдук тобоҕун сиэптэригэр, этэрбэстэрин сототугар хомуйан киллэрэн хатара охсон, суорунаҕа мээккэлэтэн түүн хааһы оҥостон сиирбит. Оттон кутуйах, күтэр хасааһын буллахтарына улахан дьол тосхойоро, ону биир эмит биригэдьиир дуу, суоччут дуу биллэҕинэ "барыгытын хаайыыга ыыттарыам, кэлэн милиисийэлэр тутан барыахтара ” диэн куттууллара. Биирдэ маска тииҥ олорорун ытаары, чокуур саабын сыыһа иитэн сирэйбин буорахха сиэппитим диэн ийэм кэпсиир буолара. Тииҥ, куобах бултаан үссэнэ сатыыллара уонна бэс сутукатын хааһылаан сииллэрэ. Дэлби аччыктаан бары эттэрэ баллаччы иһэн хаалара, күҥҥэ олордохторуна уҥуохтара курдары көстөрө. Били өлөрбүт куобахтарын, тииҥнэрин тириитинэн үтүлүк, кээнчэ, бэргэһэ тигэн фроҥҥа ыыталлара. Оттон сайын ынахтарын ыамын икки ардыгар от охсоллоро, нуормаларын толордохторуна ытыс аҥара хаппыт иэдьэгэй биэрэллэрэ, ону сиэбиттэр сарсыныгар от охсор кыахтаналлара. Оттон нуормаларын толорботох муҥнаахтар улам-улам мөлтөөн бараллара, сорохтор өлөллөрө. Ити үлүгэри барытын уйан, тулуйан кыайыы туһугар биир да күн тохтообокко үлэлииллэрэ, ол ыарахан кэмнэрин бииргэ аһарбыт, амарах санаалаах Тэҥкэ олохтоохторун мэлдьи олус истиҥник ахтара.

Кэлин мин тэллэйи астыырбын көрөн олох сиэбэт этэ. Ити тэллэйи аччык кэмҥэ сиэниллэрин билэрбит буоллар, улахан өйүөк буолуо эбит, баҕар биир эмит киһи тыыннаах буолуо этэ диэхтиирэ. Өссө тоҥорун-хатарын, таҥаһа чарааһын туһунан суолта ууран мээнэ кэпсээбэт да этэ. Ийэм үлэтинэн аан маҥнайгы бириэмийэтигэр американскай куулу биэрбиттэр. Ону эдэр кыыс сараппаан тиктэн кэппит. Үчүгэй үлэтин иһин «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин”мэтээли икки төгүл ылбыта, коммунистическай үлэ уларнига, элбэх бочуотунай грамоталардаах, элбэх оҕолооҕун иһин "Материнская слава” 1, 2, 3 степеннэрдээх мэтээллэрдээҕэ.

Биһиги дьоммут иккиэн үлэһиттэринэн, хоһууннарынан уонна мааны майгыларынан, көнө сүрүннэринэн дьоҥҥо сөбүлэтэллэрэ. Ийэбитин дьон-сэргэ Силимиэй, аҕабытын Ньукулаас диэн истиҥник ааттыыллара. Кинилэр ыалдьытымсах, иһирэх эйгэлээх дьиэлэригэрүөлээннээхтэрэ, табаарыстара мэлдьи сылдьан, ийэбит итии үүттээх чэйин, минньигэс алаадьытын амсайаллара, аҕабыт сэһэнин сэргэҕэлииллэрэ, күө-дьаа буолаллара билигин да харахпар баар курдук. Сааһын тухары үлэни өрө туппут, кыһалҕаны билбит ийэбит барахсан "билигин тот дьон үлэни үлэлээҥ, сэрии, аччык эрэ сыл буолбатар, оҕолорбор , сиэннэрбэр, кэлэр кэнчээрибэр баҕа санаам итинник” диэн кэриэс кэриэтэ биһиэхэ этэрэ. 9 оҕону төрөтөн, иитэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрдилэр. Билигин бааллара буоллар 27 сиэннэээх, 22 хос сиэннээх дьоллоох кырдьаҕастар буолуо этилэр. Күндү дьоммут сырдык мөссүөннэрэ хаһан да өлбөөдүйүө суоҕа.

Игорь Индеев ахтар:

Биһиги ийэбит Өлөҥ үрэхтэн бөдөҥсүтүү саҕана көһөн Тэҥкэҕэ бөһүөлэгэр киирбит. Бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ Мария Матрена Ленскэй  Бэтинчэтигэр көспүттэр. Убайа Никитин Егор Федотович сэрии бэтэрээнэ Ильмен күөл кыргыһыытыгар элбэх саха табаарыстарын кытта сырдык тыына быстыбыта. Сиэн быраата Индеев Александр Александрович сибэкки дьөрбөтүн, төрөөбүт дойдутун буорун ууран кэлбитэ.

Ийэбит совхоз-холкуос саҕана ыанньыксыттаан, тарбыйах бараан көрөн сылдьыбыт. Араас элбэх сайылыктарынан көһөн сылдьан үлэлииллэрин өйдүүбүн. Быыстарыгар бары от мунньан кэлэллэрэ. Кыра сылдьан улахан оҕолору кытта тарбыйах аһатарбын өйдүүбүн.

Тэҥкэ. Бордоҥ отделенияларыгар дояркалаабыта үлэ-тыыл ветерана, Сталин орденын кавалера элбэх махтал суруктар, грамоталардаах этэ.

Герой ийэ 10 оҕо ийэтэ, элбэх оҕо эбэтэ. Куруук аладьылыы олорор буолар. Оҕолорун-сиэннэрин ыйыталаһа сылдьааччы. Аһара суохтаталыыр. Биһиги ийэбит киэҥ көҕүстээх армарах санаалаах киһи этэ. Ийэбит этиһэ-охсуһа сылдьарын өйдөөбөппүн. Дьону ол-бу диирин истибэт этибит. Хата үөрэтэр этэ, кыаммакка доруобуйата мөлтөх дьоҥҥо көмөлөһүҥ диирэ. Ийэбитин учугэйдик саныыбыт. Кини курдук чараас дуһалаах киһи аҕыйах.

Ахтыыны суруйда орто уола Игорь Индеев.

 

Просмотров: 297 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]