15:30 Афанасий Васильевич МИХАЙЛОВ |
Михайлов Афанасий Васильевич
Мин 1938 c. Cунтаар оройуонун Тойбохой нэһилиэгин Туойдааҕар Сыралта диэн хонуутугар төрөөбүтүм. Ийэм Өрүүнэ 1952 с. диэри «Папанин» колхоз Туойдаах пиэрмэтигэр дояркалаабыта. Ити сыл сайын сөтөл (туберкулез) буолан Сунтаар туббалыыһатыгар өлбүт сураҕын эрэ истибитим. Аҕам Баһылай диэн этэ. Сэрии нолуогун кыайан төлөөбөтөҕүн иһин дьуккаах ыалбыт аҕалара Боротов Иван диэн киһилиин Кэмпэндээйигэ хаайыыга ыыппыттар. Колхоз председателэ Ачаясов диэн киһи баара, дьон хоргуйуутугар кини эмиэ буруйдаах. Чугастааҕы колхоз председателлэрэ дьоннорун хаайыыга ыытпатахтар. Балтараа сыл буолан баран ааһыныылара кэлэн ыалбыт аҕата Иван Боротов хаайыыттан кэлбитэ. Оттон биһиги аҕабыт кэлиэн иннинэ аччыктаан өлбүт диэн сураҕы истибиппит. Аҕабыт кэлиэ диэн ийэбит улахан сундуукка аҥаарын кэриҥэ турнепсы хаһааммыта. Аҕа дойду улуу сэриитэ диэни мин чуолкай өйдөөбөппүн, арай биһиги кыракый бөһүөлэкпитигэр Туойдаахха кыһын ортото сэрии кэнниттэн икки саллаат таҥастаах, американскай бачыыҥкалаах икки киһи кэлбиттэрин өйдүүбүн. Сэрии сылларыгар сут-кураан сыллар буолбуттара, бурдук үүммэтэҕэ. Дьон хоргуйуута саҕаламмыта. Ол саҕана мин икки убайбынаан, ийэбинээн Туойдаах пиэрмэтигэр олорбуппут. Үүтү сэппэрээтэргэ эрийтэрэллэрэ илиинэн. Биэдэрэҕэ холбуй үүт үрдүгэр күүгэн мустубутун, оҕолор сиир этибит уонна ымдаан иһэрбит, иэдьэгэйинэн аһылыктанарбыт. Убайдарбыт киэһэлэ хомуйан ону ийэбит хааһылаан сиэтэрин уонна убайдарым буолаттан тооручча хомуйан аҕалан ону лэппиэскэ оҥорон сиэтэллэрин өйдүүбүн. Ол сэрии сылларыгар ас-таҥас барыта кэмчи этэ. Мин ийэм Өрүүнэ уонна Боротов Иван кэргэнэ Огдооччуйа-икки дьуккаахтыы огдообо дьахталлар сайын хоргуйан өлбүт биир киһини хайдах көмпүттэрин кэпсиир этилэр. Онтон ураты мин тэлиэгэҕэ тиэллибит бүтүн дьиэ кэргэн бары хоргуйан өлбүттэрин биир киһи тиэнэн баран сатыы атын сиэтэн иһэрин көрбүтүм. Ити кэмнэргэ мин таҥнар таҥаһым мөлтөх этэ. Оскуолаҕа киириэм иннинэ ыстаана суох сырыттахпына Чорос Лэгиэнтэй диэн киһи эмээхсинэ миигин аһынан американскай сырдык өҥнөөх куулунан ыстаан тигэн биэрэн үөрдүбүтүн хаһан да умнубаппын. Уҥуохпунан кырам, дьүдэҕим иһин оскуолаҕа хойутаан киллэрбиттэрэ. Ийэм ыалдьан өлөр сылыгар Тойбохойго 4 кылааһы бүтэрбитим. Биһиги кыра бөһүөлэкпит Туойдаах. Тойбохойтон 7 км ыраах буолан ийэм баарыгар оскуолаҕа киириэхпиттэн ыла Тойбохойго интернакка олорон үөрэммитим, барыта 80 – ча этибит. Биирдэ саас биһигини быт ыспыт этэ, кимин өйдөөбөппүн, ким эрэ улахан киһи ырбаахыларбытын таһырдьа хаар үөһэ тэбээбитэ быппыт ынырык элбэх этэ. Мэктиэтигэр хаар үрдэ харааран көстөрө. Биир кыһын үгүспүтүн ымынах буулаабыта, сорохтор кыайан хаампат буолбуттара оскуолаҕа барбат этилэр. Миэхэ такыммар, хонноҕум анныгар тахсыбыта эрээри хас да нэдиэлэ ааспытын кэннэ син оспута. Ол эрээри атын бириэмэҕэ миэхэ интернатка олордохпуна хонноҕум анныгар искэн тахсан эрэйдээбитэ хойут тэстибитэ. Оттон испэр кутургуйа тахсыбыта эмиэ кыһыны быһа оспокко эрэйдээбитэ. Билигин санаатахпына ким да эмтээбэтэҕэ. Кыра кылаастарга үөрэнэрбитигэр, күһүөрү буолаттан бурдук-ньэчимиэни, куолас тохтубутун хомуйан, сынньан, көтүтэн колхозка туттарар этибит уонна сайынын сиилэскэ, окко оҕус уонна ат сиэтэр этибит. Ийэм 1952 с. өлбүтүн кэннэ чугас эдьийим Жиркова М.И. Кириэстээх Соколинатыттан ыһыахха кэлбит Миронов Л. Афанасьевич диэн киһиэхэ биэрэн ыыппыта, ол киһи миигин оҕобор табаарыс гыныам диэбитэ. Кини соҕотох уоллаах этэ. Миигин Соколинайга атынан илдьэ барбыта. Соколинайга 4 кылаастаах нууччалыы нач. оскуола баар этэ. Мин Кириэстээххэ 5,6 кылаастарга Соколинайтан хааман үөрэммитим. Амакинскай экспедиция көһөн Ньурбаҕа баҕаламмыта. Кириэстээх, Соколинай эстибиттэрэ. Мин иитиллэр дьонум болуотунан Ньурбаҕа көспүттэрэ. Мин Ньурба 1-гы нүөмэрдээх оскуолатыгар 7-с, 8-с кылаастарга үөрэммитим уонна оскуолаҕа үөрэнэрбин тохтоппутум, ол сайын иитиллибит ыалбыттан баран хаалбытым. Онтон ыла Армияҕа сулууспалыы барыахпар 1959 с. дылы Ньурбаҕа элбэх тэрилтэлэргэ илии араас үлэлэригэр үлэлээбитим. Совескай Армия кэккэтигэр 1959-1962 с. дылы сулууспалаабытым. Сулууспалыыр кэммэр комсомолга киирбитим уонна үрдүк үөрэххэ үөрэнэргэ дьулуһар санаа бөҕөтүк олохсуйбута. Армияҕа сулууспа кэнниттэн Ньурбаҕа кэлбитим уонна икки сыл тэрилтэлэргэ мас кэрдиитигэр, тиэйиитигэр, куруусчутунан, кыһынын пилараамаҕа үлэлээбитим. Үлэ кэнниттэн икки сыл киэһээҥҥи оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. 1965-1970 сс. Иркутскай куоракка тыа хаһаайыстыбатын институтугар учуонай-агроном идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитим. Бүтэриэм биир сыл иннинэ компартия кэккэтигэр киирбитим. 1970 с. үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Орджоникидзевскай оройуонун Орджоникидзевскай совхоз Үөдэй отделениятыгар управляющайынан ананан 2,5 сыл үлэлээбитим, ол кэнниттэн совхоз киин уһаайбатыгар Сиинэҕэ совхоз ст. агрономунан, управляющайынан, с/с председателинэн үлэлээбитим. 1977 с. Дойдубар Сунтаарга кэлэр санаа үөскээн Бордоҥҥо көһөн кэлэн олохсуйан дьиэ туттубуппут. Михайлова (Долонова) Ульяна Васильевналыын 1972 c. Ыал буолбуппут. Бэйэбит икки кыыс оҕону төрөппүппүт. Кэргэним Уля бииргэ төрөөбүт балта Катя олохтон барбытын кэннэ биэс оҕоттон икки кыыһы иитэ ылбыппыт. Онон билигин түөрт кыыстаахпыт: Лена, Вера, Нюргуяна, Анджела. Бары ыаллар, үөрэхтээхтэр, идэлээхтэр. 10 сиэни, 3 хос сиэни бэлэхтээбиттэрэ. 1997 с. Сунтаар совхозка, кэлин Бордоҥ совхоз туһунан барбытыгар агрономунан, мелиораторынан, биригэдьииринэн үлэлээбитим. 1986 с. агромунан үлэлии сырыттахпына күһэйбиттэригэр уурайбытым. Пенсияҕа тахсан баран оскуолаҕа завхоһунан, кулуупка охраннигынан үлэлээбитим, барыта 6 сыл. 1993 сылтан үлэлээбэт пенсионербын. Олоҕум аргыһа Уля биһикки үрдүк үөрэҕи бүтэриэхпититтэн чугас урууларбытыгар көмөлөһөр идэлээхпит. Ол курдук Уля балтын икки кыыһын бэйэбит оҕолорбут курдук ииттибиппит. Кэргэним балта Лена ыал буолуор дылы Сиинэҕэ биһиэхэ олорбута. Мин чугас балтыларым: Маруся, Аанчык биһиэхэ биирдии сыл олорбуттара. Оттон тастыҥ бырааттарым: Нюргун, Юра, Анатолий биһиэхэ элбэхтии сыл олорбуттара. Уолаттар барбыттарын кэнниттэн бииргэ төрөөбүт тыла суох убайым Иван биһиэхэ букатын кэлбитэ. Оттон иитиллибит ийэм Мария диэн этэ, ыалдьан эмиэ биһиэхэ кэлбитэ. Балыыһаҕа сыыһа эмтээһинтэн буолуо тыла суох убайым Иван сарсыныгар балыыһатан тахсыахтаах этэ икки хонон баран күн сириттэн күрэммитэ. Нөҥүө сылыгар иитиллибит ийэм Мария эмиэ ыалдьан олохтон барбыта. Убайбын Иваны, иитиллибит ийэбин Марияны биһиги харайбыппыт, уҥуох туппуппут. Биһиги билигин кырыйдыбыт 80 сааспытын ааһан эрэбит, ыарытыйар буоллубут, эмпитигэр пенсиябытыттан элбэх харчы барар буолла. Биһиги билигин оҕолорбутугар этинэн, хортуосканан эрэ көмөлөһө сатыыбыт. Сайын сиэннэрбит Якутскайтан, Удачнайтан кэлэн сынньанан, көмөлөһөн бараллар. Оттон уолаттартан улахан сиэммит Афанасий Молосоков кэргэнинээн Диналыын Сунтаарга олорор саҥа дьиэ тутталлар, биһиэхэ киирэ – тахса тураллар, кыһын да сайын да араас өрүттээх көмөнү оҥорооччулар.
Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Михайлов 3.03.2020 сыл.
|
|