Воскресенье, 29.12.2024, 05:36
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Акулина Иннокентьевна СТЕПАНОВА, Дмитрий Спиридонович ФЕДОРОВ
10:23
Акулина Иннокентьевна СТЕПАНОВА, Дмитрий Спиридонович ФЕДОРОВ

Тыыл, үлэ ветераннара

Акулина Иннокентьевна СТЕПАНОВА-Өкүүсэ,

Дмитрий Спиридонович ФЕДОРОВ

тустарынан кыыстара Николаева Альбина Дмитриевна:

Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо, коммунистическай үлэ ударнига, «Материнская слава» орден кавалера, тыыл, үлэ ветерана ийэбит Акулина Иннокентьевна 1923 с. терөөбүтэ. Тэҥкэттэн төрүттээх, сэрии кэмигэр Тэҥкэҕэ Оторуус түбэтигэр Пионер колхозка үүт учуоччугунан үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ саҥа үлэлии кэлбит учуутал уолга, биһиги аҕабытыгар Федоров Дмитрий Спиридоновичка кэргэн тахсыбыта. Аҕам үс убайа сэриигэ баран эргиллибэтэхтэрэ. Ол саҕана да буоллар, син өйдүүллэр эбит - биир дьиэттэн түөрт уолу сэриигэ ылбаппыт диэн, кыраларын, биһиги аҕабытын ылбатахтар. Онон дьылҕа хаан Федоровтар аймахтарын тэнитэри киниэхэ итэҕэйбиттэр эбит. Оттон барбыт уолаттартан ким да төннүбэтэҕэ.

Тихонова Ирина Ефимовна сэрииттэн эргиллибэтэх уолаттара:

Иннокентий Спиридонович Федоров 1914 сыллаахха төрөөбүтэ. «Чкалов» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан 1941 сыллаахха аармыйаҕа бастакы хомуурга ыҥырыллыбыта. 71-с дивизия строевой батальонун 2-с отделениетыгар сулууспалаабыта. 1942 сыллаахха муус устар 2 күнүгэр Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Гридино дэриэбинэтин аттыгар кыргыһыыга сураҕа суох сүттэ диэн илдьит кэлэр.

Алексей Спиридонович Федоров

1917 сыллаахха төрөөбүтэ. «Чкалов» хол­куоска суотчутунан үлэлии сылдьан 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. 1943 сыллаахха муус устар ыйга сураҕа суох сүттэ диэн илдьит кэлэр.

Никита Спиридонович Федоров

1919 сыллаахха төрөөбүтэ. «Чкалов» холкуоска РайФО налоговай агенынан үлэлии сылдьан 1942 сыллаахха бэс ыйын 26 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыта.

19-с хайыһар биригээдэтигэр сылдьан 1943 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Ильмень күөл таһынааҕы кыргыһыыларга бааһырбыта уонна ол дьыл алтынньытыгар өлбүтэ. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт.

Никита Спиридонович кыыһа Полина Никитична өр сылларга араас архивтары кытта суруйсан аҕата Никита Спиридонович уонна кини убайа Иннокентий Спиридонович ханна көмүллэ сыталларын булла. Иннокентий Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Рамушево дэриэбинэҕэ харалла сытар. Никита Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Устрека сэлиэнньэтигэр көмүллэ сытар.

Ийэбит сэрии сылларыгар колхоз ыарахан үлэтигэр оччотооҕу дьон сиэринэн үлэлээбитэ. Кини өссө биир улахан гражданскай иэһин толорбута. Ол курдук сэрии кэмигэр күннүк (дневник) суруммута уонна быраҕан кэбиспэккэ, кэлин олох уларыйдаҕына интэриэһиргиэхтэрэ диэн уура сылдьыбыта. Ийэбит олохтон барбыта 21 сыл буолбутун кэннэ сиэнэ Аня Николаева булан, Улуу Кыайыы 60 сылыгар «Эбэм Өкүүсэ күннүгэ» диэн дакылааты суруйбута олус кэрэхсэммитэ. Бу күннүк оччотооҕу ыарахан олоҕу сэгэтэр улахан историческай суолталаах докумуон буолар. Сэбиэскэй кэм саҕана олох куһаҕан өрүттэрин кэпсиири сөбүлээбэттэрэ, өссө сэрии кэмигэр органнар булбуттара буоллар биир тыла суох хаайыыга түбэһиэ этэ. Онон ийэбит туһугар олус хорсун санаалаах эбит дии саныыбыт.

Биhиги ийэбит Акулина Иннокентьевна олус муударай өйдөөх, аламаҕай, туруорбут сыалын ситиhэн тэйэр, дьаhахтаах киhи этэ. Аҕабыт Дмитрий Спиридонович Саха АССР үтүөлээх учуутала, «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сэрии сылларыгар уонна онтон кэнники Тэҥкэ оскуолатыгар учууталлаабыта, тулаайах оҕолорго болҕомтолоох сыһыанын билигин үгүс дьон махталынан ахталлар. Хомойуох иһин, аҕабыт олус эрдэ олохтон туораабыта, өссө да элбэҕи оҥоруо, айыа-тутуо хааллаҕа. Аҕабыт өлөрүгэр алта ыы-кырбас оҕо хаалбыппыт, кыра бырааппыт төрүү да илигэ. Оскуола уопсайыгар олорбуппут, аҕабыт саҥа дьиэ туттан иhэн ситэрбэккэ өлбүтэ. Ону ийэм дьону кэпсэтэн ситэри туттаран, саҥа дьиэбитигэр олорбуппут. Кини аатын билигин Тэҥкэ начальнай оскуолата сүгэр.

Ийэбит 1962 с. кэргэнэ өлбүтүн кэннэ оҕолорун үөрэттэрээри, Бордоҥҥо көһөн кэлбитэ. Ити кэмҥэ дьон Марбаттан саҥа көhөн киирэн олохсуйан эрэрэ, саҥа уhаайба биэрбиттэрэ, бүтүннүү ойуур этэ. Ону солотон, дьиэбитин Тэҥкэттэн көhөттөрөн туттарбыта. Хаалбыт чөҥөчөктөрүн ийэбит хамаандатынан түөрэрбитин өйдүүбүн. Ийэбит балыыhаҕа поварынан өр сылларга үлэлээбитэ. Сарсыарда алта чаастан өрөбүлэ суох үлэлиирэ, 30 солк. хамнастааҕа. Аҕабыт пенсиятынан уонна итиччэ кыра хамнаhынан биhигини иитэн олорбута. Сүөhү, сибиинньэ иитэр буолан, аччыктыыр диэни билбэтэхпит. Таҥаспыт-саппыт да оччотооҕу оҕолортон соччо хаалбат этэ. Ийэбит биhигини чиэhинэй буоларга, дьону кытта көмөлөсүhэн, ылсан-бэрсэн, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан олорорго үөрэппитэ. «Киhи киhинэн олорор» диирэ. Повардыы сылдьан биирдэ даҕаны тугу даҕаны, бэл хампыаты, бэчиэнньэни уктан кэлбэт этэ. Онон ийэбит тугу эмит кэhиитин аҕалыа диэн кэтэспэт да этибит. Түбүктээх, сылаалаах үлэтин быыһыгар түүннэри маҕаһыыны манаан, уочараттаан атыылаhан биhигини таҥыннарар этэ. Хаатыҥка, сон, саҥа ырбаахы эҥин ылан үөрэрбитин өйдүүбун. Барыбытыгар биирдии туох эмит тиксэрэ.

Хаhан даҕаны улаханнык мөҥөн, таhыйан дьарыйбат этэ. Ол эрээри ийэбит эттэ да толоруллуохтааҕын курдук саныырбыт, эппитин барытын толоттороро. Бүгүн ким тугу гыныахтааҕын эрдэттэн былаанныыра. Иллэҥ кэмигэр оҕолорунуун дуобаттыырын, саахыматтыырын сөбүлүүрэ, ордук Дима дуоскатын тута сылдьан мааматын «оонньуох да оонньуох» диэн хаайан оонньоторо. Саахымат, дуобат киhи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар диэн үөрэтэрэ. Ол да иhин буолуо оҕолоро бары кэриэтэ дуобакка, саахымакка оонньууллар. Улахан уола Валерий дуобакка ССРС спордун маастара, орто кыыс Альбина маастарга кандидат, сиэнэ Гена эмиэ дуобакка маастарга кандидат нуорматын 2005 с. толорбута.

Ийэбит көмөтүнэн, өйөбүлүнэн билигин сэттэ оҕоттон биэспит үрдүк, иккибит орто анал үөрэхтэнэн идэлэринэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Арай бырааппыт Виталий үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, быстах былаҕайга былдьанан суох буолбута. Үгүспүт идэбитинэн учууталларбыт, аҕабытыттан саҕаламмыт Федоровтар педагогическай династияларын уопсай ыстааһа 180 сылга тиийдэ диэн киэн туттабыт.

Кэлин улаатан, бэйэбит ийэ-аҕа, эhэ-эбэ буолан баран санаатахпытына, ийэбит соҕотоҕун биһигини атахпытыгар туруорбута, кып-кыра хамнаhыгар үөрэттэрэн, ыал-күүс оҥортообута - бу соҕотох дьахтарга хайдахтаах курдук сүдү ситиhииний, хорсун быhыыный!

 

«Киһи киһинэн олорор, сэттэ ыы-кырбас оҕолорбун улаатыннарарбар көмө буолбут Бордоҥ нэһилиэгин олохтоохторугар, балыыһам коллективыгар, дьиэбин көһөрөрбөр сыарҕаттан түһэн хаалбыт мастарбын аҕалан биэрбит Николай Егоровичка, Омуков Гаврилга, онтон да атын элбэх үтүө санаалаах дьоҥҥо махталым муҥура суох» диэн этэрэ ийэбит.

Акулина Иннокентьевна, Өкүүсэ, оҕолорун, сиэннэрин ааттарыттан Бордоҥ нэһилиэгин үтүө санаалаах олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит уонна Улуу Кыайыы 75 сыллаах юбилейынан эҕэрдэлиибит. Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһун үйэлээх олоҕу, дьолу-соргуну уонна ыраас халлааны баҕарабыт. Айыы сарыала арчылаатын, кэрэ эрэ кэккэлээн истин, үтүө эрэ үөскүү-үксүү турдун!

Просмотров: 337 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/1
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]