02:46 Александра Гаврильевна ФЕДОРОВА |
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Бордоҥ нэһилиэгин ытык олохтооҕо Александра Гаврильевна ФЕДОРОВА Мин хос эбэм 1931 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр Агдаары бөһүөлэгэр Хадан нэһилиэгэр Курсуй диэн сиргэ төрөөбүт. Ийэлээх аҕатыгар төрдүс оҕонон күн сирин көрбүт. Төрүөҕүттэн ыарыһах буолан, балтараатыгар эһэтин аахха илдьибиттэр. Эһэтэ икки хараҕа, атаҕа суох Лэгэнтэй, эбээтэ Ылдьаана диэннэр эбит. Тыымпы диэн кыра көлүччэлээх сиргэ олорбуттар. Арыый да улаатан баран эһэтиниин дьиэ дьиэлиин хаалаллар эбит. Эһэтэ бурдук тардар, сүөгэй иирдэр үлэлээх, онно эбэм сирдээн биэрээччинэн сылдьар эбит. Эбэм эмиэ кып-кыра сааһыттан көмүлүөк оһоххо лэппиэскэ буһарар эппиэттээх үлэлээх эбит. Биирдэ салҕааһын маһа сыҕарыйан, итии чоххо икки ытыһынан тайанан ытыһа хабыллан тахсыбытын, онно мөҕүллэн таһыллыбытын, күөлү кэрийэн ытыныын кус оҕолуурун, отонноон баран эһэтин сиэтэн аҕалан илтэрэрин биһиэхэ мэлдьи кэпсиир. 1938 сыллаахха дьонноро оҕолорун оскуолаҕа биэрээри Арҕаа Бэрэҕэ көһөн кэлбиттэр. Аҕалара Федоров Гаврил Иннокентьевич «Кыһыл Баһыыка» холкуоска чилиэнинэн киирбит. Марбаҕа куонньукка үлэлиирэ. Ийэтэ Федорова Матрена Капитоновна, кыра оҕолоох буолан, оскуолаҕа остуораһынан үлэҕэ киирбит. Эдьиийдэрэ Мааса, Марыына, убайа Миисэ буолан бастакы кылааска үөрэнэ киирбиттэр. Эбэм үһүс кылааска ыалдьан хаалбыт. Иккис сылын үөрэнэн иһэн аҕалара сэриигэ баран оскуолаттан уурайбыт. Эбэм оскуолаттан уурайан баран, 1943 сылтан сэрии ыар сылларыгар, төһө да кыра буоллар, улахан дьону кытта тэҥҥэ ат сиэтэн, бурдук баайан, оттоон үлэлээн барбыт. 1950 сылга сүөһүнү чесотка ыарыыта туран, ону эмтээһиҥҥэ икки Уйбааннары кытта биир сыл үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха «Кыһыл Баһыыка» холкуостан хос эбэм уонна Петров Степан Терентьевич, «Жданов» холкуостан Семенов Петр Афанасьевич, «Каганович» холкуостан Павлов Ньукулай буоланнар Ленскэйгэ мас кэрдиитигэр барбыттар. Икки акка утуйар таҥастарын, астарын ыҥыырданнар, Дьэрбэ үрэҕинэн сатыы быһа түһэн аара суолга биэс хонон тиийбиттэр. Биэстии киһилээх биригээдэлэр деловой мас кэрдиитигэр үлэлээбиттэр. Мутугун тута солоон, уматан иһэллэр үһү. Бараакка, балааккаларга олорбуттар, араас омук бары баар эбит. Ордук немка тетялар элбэхтэр үһү. Биир сыл үлэлээн баран төттөрү кэлбиттэр. 1953 сыллаахха Куруҥ Балаҕан анараа өттүгэр Куудара Булгунньаҕа диэн сиргэ субан сүөһүнү көрбүтэ. Кэргэннии Кэтэриинэ уонна Дьарааһын Николаевтары кытта сүүс төбөнү көрбүттэр. Онтон Уксакыга кэлэн ыанньыксытынан киирбит. Сайынын Кубалаахха Иванова Марыына, Павлова Мааппа, Сыкырова Дьэбдиэй буолан үлэлээбиттэр. Сүүрбэлии ынаҕы бэйэлэрэ хомуйан, ньирэйинэн этэрэн ыыллар, үүттэрин бэйэлэрэ эрийэллэр, арыылаан туттараллар эбит. Күһүнүгэр дойду сиргэ отторо суох буолан, ыраах Дьэрбэ диэн сиргэ 60 субаны аһата таһаарбыттар. Индеева Бороскуой дьонугар олорон кыстаабыттар. Эбэм Бороскуойдуун ынахтарын уулаталлар, саах күрдьэллэр эбит. Аҕата аһатааччынан сылдьыбыт. Сайыныгар үчүгэй туруктаах сүөһүлэрин Уйалаахха аҕалан туттаран хайҕаммыттар. Онтон ыла ыанньыксытынан 1978 сылга диэри илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэтин иһин ылбыт грамоталара, хайҕал суруктара элбэхтэр. Нэһилиэк сэбиэтин депутатынан талылла сылдьыбыт. 1973 сыллаахха үчүгэй үлэтин иһин Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка тыа хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар баран кэлбит. 1979 сылтан 1983 сылга диэри «Бордоҥ» совхозка кочегардаан баран пенсияҕа тахсыбыт. 1992 сылга диэри кооперативка брикет оҥорооччунан, дьиэ сууйааччынан үeyeyyaeoy. Эбэм эдэр сылдьан иистэнэр эбит. Сылгы, убаһа тыһын имитэн этэрбэс тигэр эбит. Сылгы сиэлинэн совхозка ынах быатын, сылгыһыттарга көнтөс хатар эбит. Бииргэ төрөөaүo 12 оҕоттон 7 оҕо улааппыт. Билигин балта Кристина Гаврильевналыын иккиэйэхтэр. Эбэм быйыл 84 сааһын туолар. Эбэм oүөрт сиэннээх, элбэх хос сиэннээх. Эбэм биһиги ситиһиибитинэн киэн туттар, үөрэр, сүбэ-ама биэрэр, бэрээдэккэ үөрэтэр, туохтан да толлубат санаалаах, үөрэхтээх, үлэһит дьон буолуохпутун баҕарар. |
|