Воскресенье, 29.12.2024, 05:05
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
         12
    3456789
    10111213141516
    17181920212223
    24252627282930
    31
    Главная » 2021 » Май » 23 » Алексеев Иван Петрович
    09:59
    Алексеев Иван Петрович
    Иван Петрович АЛЕКСЕЕВ
    тыыл, үлэ бэтэрээнэ


    Мария Ариановна АЛЕКСЕЕВА
    тыыл, үлэ бэтэрээнэ

    Убайым Уйбаан

      Алексеев Иван Петрович мин бииргэ төрөөбүт убайым буолар, иккиэн биир аҕалаахпыт. Аҕам бастакы кэргэнэ Николаева Варвара Гаврильевна Бордоҥ, уруккута Марба нэһилиэгин олохтооҕо. Хаһан холбоспуттарын төһө уһуннук олорбуттарын билбэтим. 1935 сыллаахха уоллара Уйбаан төрүөн иннинэ арахсыбыттар. Тоҕо арахсыбыттарын эмиэ билбэтим, аҕам хаһан да ол туһунан ахтыбат этэ. Тус туһунан өйдөөх-санаалаах дьон холбоһон олоро сатаан баран тэйистэхтэрэ. Кэлин Варвара иккиһин кэргэн тахсан элбэх оҕолонон, урууланан дьоллоохтук олорон үйэтин моҥообута. Аҕабыт Никифор Еремеевич биһиги ийэбитинээн Мария Романовналыын 1937 сыллаахха холбоспуттар. Аҕам ийэбиттэн лаппа аҕа саастаах этэ. Кини 1905 сыллаах төрүөх, ийэм киниттэн 10 сыл балыс. Холбоһоллоругар эбэм, кыыһым элбэх сыл аҕа киһиэхэ эргэ барар диэн сөбүлээбэтэх.  Ону ийэм ииппит аҕата Арамааскы: ,,Никииппэргэ таҕыс, испэт, аһаабат дуоспуруннаах киһи'' диэн эппит. Ийэм кэлин ,,Эһиги төрүөх ыйааххытыгар кэргэн тахсыбыт эбиппин'' диир буолара. Уйбааны мин кырабыттан көрө улааппытым. Кини кэргэнэ Матросова Мария Ариановна Тэҥкэ төрүт олохтооҕо этэ. Аҕатын, Никифор Еремеевиһы, билинэр этэ, иккиэн чугастыы сыһыаннаахтара. Хардары таары сылдьыһар, көмөлөсүһэр этилэр. Кыра сылдьан биирдэ сайын аҕабынаан Уйбааннаахха баран хоммуппутун өйдүүбүн. Онно кинилэр Стара хайатын анныгар трактор соһор хаптаһын дьиэтигэр олороллоро. Оччолорго Стара хайатын үрдүгэр аҥылахха ыанньык сайылыга баара. Элбэх буолан симиллэн хоммуппут. Дьиэбит бу турдаҕына тоҕо онно тиийэн утуйбуппут эбитэ буолла. Тугу эрэ туһалаары, көмөлөһөөрү хоннохпут буолуо. Дьиэһиттии, оҕо көрө хаалбыппыт эбитэ дуу. Мин оччолорго биэс саастаах киһибин. Уйбаан тас көрүҥүнэн, туттарынан хаптарынан, дьүһүнүнэн аҕатын курдуга, биһигиттэн барыбытыттан аҕатыгар ордук майгынныыра. Орто эдьиийим Зоя ,,Уйбааны аҕам курдугун иһин сөбүлүүбүн'' диир буолара. Уйбаан туруу үлэһит киһи этэ.

    Мария, Иван Алексеевтар

    Кэргэнинээн Маайалыын бастаан фермаҕа сүөһүгэ үлэлээбиттэрэ. Кэлин Уйбаан аҕатын курдук сылгыһыттаабыта. Никифор Еремеевич 30-тан тахса сыл сылгыга үлэлээбитэ. Уйбаан аҕатын курдук сылгыга сыстаҕас этэ, үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин өрүү хайҕанара. 1969 сыллаахха Уйбаан трактористар курстарыгар үөрэнэн тракторист идэтин ылбыта. Биһиги аҕабыт ыксал, тиэтэл майгылаах этэ. Наҕылыйан уһата-кэҥэтэ сылдьары сөбүлээбэт идэлээҕэ. Уйбаан эмиэ кини курдук ыксал, тиэтэл этэ. Сарсыарда 5 чааска туран от тиэйэ барар диэн тэҥкэлэр сөҕөн кэпсэтэллэрэ. Эрдэлээбит суоппар сарсыарда 8 чааска сопхуос гарааһыттан массыынатын таһаарарыгар Уйбаан бастакы отун тиэйэн кэлэрэ.

    Тэҥкэҕэ, Оторууска ортоку Уйбаан быраата Акыым, 1958 с.

    От-мас тиэйиитэ тыа ыалыгар кыстыгы туоруурга сүрүн кыһалҕа буолар. Уйбаан тракторист буолбутуттан хата аҕам үөрбүтэ. ,,Ким оккун аҕалан биэрдэ''-диэтэхпинэ: ,,Уйбаан аҕалар буоллаҕа дии уонна ким аҕалыай''-диир буолара. Тэҥкэҕэ Маайа аҕата Арыйаан дьиэтиттэн чугас саҥа дьиэ туттан олорбуттара. Үс кэрэчээн кыыс оҕону төрөппүттэрэ. Альбина 1959с., Антонина 1960 с., Людмила 1966 с. күн сирин көрбүттэрэ. Кэрэ айылҕалаах дойдуларыгар Тэҥкэҕэ өссө да уһуннук олоруохтарын икки улахан кыргыттара начальнай оскуоланы бүтэрэннэр, кинилэри салгыы үөрэттэрээри Бордоҥҥо көһөргө күһэллибиттэрэ. Саҥа сиргэ Маайа балыыһаҕа санитарканнан үлэлии киирбитэ. Уйбаан трактористаабыта. Иккиэн хоһуун үлэһит буолан чиэскэ бочуокка сылдьыбыттара. Таһаарыылаах үлэлэрин сыаналаан салайааччылар бочуотунай грамота, бириэмийэ бөҕөтүн туттараллара. Иккиэн Москва куоракка Норуот ситиһиитин Бүтүн Союзтааҕы Быыстапкатыгар күүлэйдээн кэлбиттэрэ.


    Москваҕа, ВДНХ-ҕа

    Маайа бастыҥ үлэтинэн 1976 сылга ,,Ударник коммунистического труда'' диэн бочуоттаах ааты ылбыта, Уйбаан 1972-73 сыл кыстыгар күүстээх үлэтин иһин Партия Обкомун, Верховнай Сэбиэт Президиумун, Миниистирдэр Сэбиэттэрин, Профсоюзтар Сэбиэттэрин Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаламмыта. 1989 сыллаахха ,,Үлэ бэтэрээнэ'', 1994 сыллаахха ,,Тыыл бэтэрээнэ'' буолбута, Улуу Кыайыы 50. 55. 60 сылларын юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сааһыран күүстээх үлэттэн тохтоон 1989 сылтан сопхуос мастарыскыайын ыскылаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Хайа да үлэҕэ үлэлээбитин иһин үлэтигэр ураты эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара, ис-иһиттэн кыһаллан туран үлэлиирэ. Ыскылаат үлэтин бэрээдэктээбитэ, саппаас чаастары испииһэктээбитэ, киирэр тахсар докумуоннары сааһылаабыта. Саҥа саппаас чаастар кэлиилэрэ элбээбитэ, сакааһынан ылыллар саппаас чаастар кэмигэр баар буолууларын ситиспитэ. Бу үлэтиттэн 1993 сыллаахха уурайан бочуоттаах сынньалаҥар олорбута. Уйбаан маска сыстаҕас этэ, төһө да оһуордаах мандардаах улахан уус да буолбатар бэрт тупсаҕайдык, ыраастык уһанара. Тутуута бөҕө чиҥ буолара. Чугас дьонун, кыыһын Альбина, бырааттарын, Акыым, Боруоска дьиэлэрин үксүн бэйэтэ туппута. Ол курдук дьонугар-сэргэтигэр аһара кыһаллара. Маайалаах Уйбаан орто кыыстарын Антонина улахан оҕотун Уйбаанчыгы бэйэлэригэр ылан көрөн, харайан улаатыннарбыттара. Тапталлаах кэргэнэ Маайа 1993 сыллаахха суох буолуоҕуттан Бордоҥҥо сиэнинээн Уйбаанчыктыын иккиэйэҕин олорбуттара. Сиэнин оскуоланы бүтэртэрбитэ, олох киэҥ суолугар үктэннэрбитэ. Уйбааннаах Маайа кыргыттара төрөппүттэрин курдук үлэни өрө туппут дьоннор.

    Улахан кыыс Альбина Ивановна Алексеева
    Альбина Ивановна наҕараадалара

    Улахан кыыс Альбина 1979 сыллаахха Ленскэй куорат кооперативнай техникумун бүтэрэн баран дойдутугар Сардаҥаҕа атыыһытынан үлэлээбитэ. 2008 сылга Бүлүү куоратыгар көһөн кэлиэҕиттэн пенсияҕа тахсыар дылы Бүлүү куорат 31 №-дээх профучилищетын курсаннара олорор уопсай дьиэлэригэр иитээччиннэн үлэлээбитэ. 2 кыыс, 1 уол оҕолоох, 9 сиэн тапталлаах эбэтэ.


    Орто кыыс Антонина Ивановна Алексеева
     Антонина Ивановна наҕараадалара

    Орто кыыс Антонина 1982 сыллаахха ЯПУ-1 физкультурнай отделениетын бүтэрэн баран Бүлүү улууһун Халбаакы, Тааһаҕар орто оскуолаларыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ. 1986 сылтан Бүлүү улууһун үөрэҕириитин управлениетын  специалиһынан үлэлии сылдьар. 2 оҕоломмута, 4 сиэн, 2 хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ.

    Кыра кыыс Людмила Ивановна Ботуева
    Людмила Ивановна туйгун үлэтин иһин ылбыт Махтал суруга

    Кыра кыыс Людмила кэргэнин дойдутугар Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар олорор, детсадка иитээччиннэн күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар. 2 уол, 2 кыыс оҕолоох, 8 сиэн тапталлаах эбэтэ.

    Сиэнэ Уйбаан оскуоланы бүтэрэригэр, уҥа кыыһа Антонина

    Бордоҥ ыһыаҕар, 1991 сыл.

    Эһэлээх эбэтэ бэйэлэрэ көрөн харайан, атаахтатан улаатыннарбыт сиэннэрэ Уйбаанчык 1996 сыллаахха Сардаҥаҕа орто оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Ити сыл Н. Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа саха филологиятын салаатыгар үөрэнэ киирбитэ уонна 1999 сыллаахха туйгуннук бүтэрбитэ. 2002 сылга СГУ-тын СФ уонна КФ туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. 2018 с. Москва куорат РАНХиГС магистратуратын бүтэрбитэ. Билигин Городовиков аатынан Калмыкиятааҕы госуниверситет аспирана. Бүлүүтээҕи 2№-лээх оскуолаҕа, СПТУ-га директордаабыта, билигин педколледж директорынан үлэлиир.

    Иван Иванович дьиэ кэргэнинээн: уола Айысхан, кэргэнэ Любовь Васильевна, сиэнэ Тимур, Бүлүү к., 2021 с.

    Иван Иванович эҥкилэ суох үлэтин иһин элбэх наҕараадалары ылары ситистэ. Олору биир биир ааттаатахха манныктар: РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СР профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР Ыччат политикатын туйгуна анал бэлиэлэр хаһаайыннара. РФ үөрэҕириитин Министерствотын, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын, СР үөрэҕириитин Министерствотын, Культура Министерствотын Бочуотунай Грамоталарынан, ,,Саха сирэ Россия састаабыгар 375. 380 сылларынан'' мэтээллэринэн, Россия 2017 с.бастыҥ ССУЗ директора анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Үтүө үлэһит дьон утумнара диэх курдук, оҕолор, сиэннэр эмиэ үлэни олохторун ымыыта оҥостоллор.

    Хаҥас Антонина, ортоку Альбина уонна Людмила, 2020 сыл, Бүлүү к.

    Бүлүүгэ кыыһыгар Антонинаҕа, 2002 сыл

    Икки Уйбааннар, 1983 с., саҥа дьылга

    Уйбаан олоҕун тиһэх сылларыгар инсульт ыарыыга охтон улаханнык эрэйдэммитэ. Тапталлаах дьоно, кыргыттара уонна сиэнэ Уйбаан түүннэри күнүстэри ахсаабат кыһамньылаах көрүүлэрин-харайыыларын  түмүгэр кэнники син арыый хамсанар, кыра кыһалҕаларын бэйэтэ толорор, киһи өйдүүр гына саҥарар буолбута, 2005 сыл күһүнүгэр Бордоҥҥо улахан кыыһыгар Альбинаҕа олорон бу күн сириттэн букатыннаахтык барбыта. Көмүс үҥүоҕа тапталлаах кэргэнин аттыгар Тэҥкэтин буоругар хараллыбыта. Уйбааннаах Маайа истиҥ сэмэй тапталлара, бэйэ-бэйэлэригэр дириҥ ытыктабыллаах сыһыаннара, үлэҕэ, олоххо көрүүлэрэ кыргыттарыгар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, кэнэҕэски кэлэр ыччаттарыгар үтүө холобур буолан үйэлэртэн үйэлэргэ умнуллубакка бэриллэ туруохтара.

    Ахтыыны быраата Степанов Валерий Никифорович суруйда. 24.04.2021 с.

    Просмотров: 297 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 3.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]