16:41 Алексеева Евдокия Яковлевна |
Евдокия Яковлевна АЛЕКСЕЕВА Ийэ барахсан – күн киһи, күндүттэн күндүбүт, кэрэттэн кэрэбит. Ийэм, дьоҥҥо ааттанарынан Дьэбдьиэй, төрөөбүт сирэ Нөөрүктээйи нэһилиэгин Туойдаах алааһа буолар. Архыыпка 1896 сыллаахха нэһилиэнньэлээх сирдэр суруллубуттарын көрдөххө, Туойдаах аҕа ууһун сирэ киэҥ, дьонун ахсаана да элбэҕэ көстөр.. Араас алаастарынан балаҕаҥҥа 295 киһи олорбут эбит. Манна Оккойолор уонна Бөттөлбө Уйбаан аҕа уустарыттан сыдьааннаах Ноҥнойдор төрөөн-ууһаан олорбут сирдэрэ баар, ханнык алааһын билбэтим. Оккойолортон саҕалаан төрүччүбүтүн учууталым Иванова (Болурова) Галина Гаврильевна бэйэтин "Тойбохойум төрүт түөлбэм” диэн кинигэтигэр балайда сиһилии суруйбут. Кини суруйбутунан, төрдүлэрим Хочо улууһун Торбуох нэһилиэгин ыалларын 1858 сыллаа5ы биэрэпис көрдөрөрүнэн, Егор Оккойоттон саҕалаан халыҥ аҕа ууһа тэнийбит. Егор Оккойо Семен Егоров Оккойо диэн уолуттан ийэм хос эһэтэ Иван Семенов, Бөттөлбө Уйбаан төрөөбүт. Сэмэн Оккойо да, Бөттөлбө Уйбаан да тоҕустуу уоллаах, кыыстаах эбиттэр. Бөттөлбө Уйбаан тоҕус уолуттан биирдэстэрэ Алексей Иванов Ноҥной, мин ийэм эһэтэ буолар. Мин бэйэм архыыпка хасыһан, 1900 сыллаах испииһэги булан Алексей Иванов Ноҥной биэс уолаттарыттан, оттон аҕам этэринэн сэттэ уолаттартан, иккис уол Алексеев Яков, аҕам ааттыырынан Татаар Дьаакып, ийэм аҕатын булбутум. Аҕалара Алексей аатынан уолаттар Алексеевтар диэн араспаанньаламмыттар. Бу испииһэккэ Игнатий (14с), Яков (11с), Афанасий (6с), Григорий (3с), Петр (1с). Галина Гаврильевна кинигэтигэр суруйар: "Ноҥнойдор ииппит да, харайбыт да оҕолоро элбэхтэр. Ол суруллубуттан көстөр. Бу кинилэр үтүө санаалаах аймах буолаллрын ааһан, кыахтаахтык олорбуттарын көрдөрөр. Былыр да, быйыл да үлэһит, сатабыллаах ыал кыахтаахтык олорор. Көрүҥнэринэн да бөдөҥ, модьу-таҕа, сахаттан ураты көрүҥнээх дьон. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн, Оккойолорга да, Бөттөлбөлөргэ да нуучча, грузин хаана буккуспут курдук. Ол көрүҥнэригэр көстөр. Кинилэр ортолоругар сырдык нууччалыы хааннаах да, хара омук курдук дьон элбэхтэр”. Ийэм Тойбохойго олорор аҕатын быраатын Алексеев Григорий, Ноҥной Киргиэлэйэ, кытта билсэрэ. Биирдэ Тойбохой ыһыаҕар ийэбинээн атынан кинилэргэ сылдьыбыппыт. Саамай чугас аймаҕа Алексеев Игнатий, Ноҥной Кынаачайын, кыыһа Клара. Киниэхэ Элгээйигэ бара сылдьааччы. Олох кэлин Куокунуга олорор аймаҕын Сөдүөччүйэни булбута. Миэтирикэ кинигэтигэр суруллубутунан, Алексеев Яков Иванов уонна Парасковья Иванова 1917 сыл олунньу 28 күнүгэр мин ийэбин төрөппүттэр. Манна булан көрбүппүнэн Александра диэн балтылааҕын биллим, ол эрэн ийэм кини туһунан кэпсээбитин өйдөөбөппүн. Ийэм 12 сааспар тулаайах хаалбытым, онон абаҕабар Алексеев Афанасий Ивановичка иитиллибитим диирэ. Ол аата 1929 сыллаахха Тэҥкэҕэ кэлбит буолуохтаах. Афанасий Ивановиһы дьон-сэргэ Ноҥной Хонооһой диэн ааттыыра. Сэрии сылларыгар Афанасий Иванович ”Пионер” колхуос, онтон ”Саҥа суол” колхуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Ноҥной Хонооһой кэргэнэ Варвара Анисимовналыын, бэйэлэрэ оҕото суох буолан, икки оҕону ииппиттэр. Прокопий диэн уоллара Сунтаарга олохсуйбута, кэнники Ленскэйгэ көһөн барбыттара. Ийэм саҥаһа Балбаара дьиэтигэр, хотонугар улэлэтээри үөрэттэрбэтэх. Кыыс үөрэнэрэ улахан наадата суох диэн буолуо. Оттон Прокопийы бэркэ үөрэттэрбиттэрэ. Инньэ гынан икки эрэ кылаас үөрэхтээҕиттэн ийэм барахсан олус хомойор этэ. Абаҕата Хонооһой, баар суох чугас киһитэ, эмискэ сүрэҕэ тохтоон суох буолбутугар, олус да аһыйбыта, суохтаабыта. Тулаайах оҕо барахсан үөрүү-көтүү аргыстаах оҕо сааһы билбэккэ, мэник-тэник оҕо буолан көҥүл көччүйбэккэ, дьиэ-уот, хотон бүппэт үлэтигэр эриллибит, сэрии, аччыктааһын кыһалҕатын билбит буолан,ийэм барахсан, биһиэхэ, оҕолоругар, харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Мөҥө-этэ сылдьарын олох өйдөөбөппүн, биирдэ эмит сөбүлээбэтэҕин биллэрдэҕинэ, биһиги сонно кыбыста түһэрбит. Оҕо сааһым дьоллоохтук, сырдык күн анныгар ааспыта. Ийэм барахсан тапталыгар угуттанан улааппыт эбиппин. Ийэм барыны бары, ыараханы тулуйугас эрээри, олус уйаҕас, сымнаҕас майгылаах аһыныгас киһи. Ол курдук элбэх оҕолоох Силимиэйэҕэ оҕо таҥастарын биэрэрэ, игирэлэр төрөөбүттэригэр кыһыл оҕо таҥаһын тигэн биэртэлээбитэ. Хортуосканы элбэҕи олордорбут, онтон ким эмит кэлэн көрдөөтөҕүнэ, эбэһээт биэрэрэ. Ол курдук, урукку дьон ылсан-бэрсэн эйэ дэмнээхтик олорон аастахтара. Ийэм барыны бары билэ-көрө сатыыра, саҥаҕа үөрэнэн иһэрэ. Хотон, дьиэ иһэ-таһа бүппэт үлэтиттэн ордон иистэнэр идэлээҕэ. Иистэнньэҥэ диэн, тугу тикпэтэҕэ баарай. Дэриэбинэ дьахталларыгар кытта тигэрэ. Иистэнэр массыынатын бэйэтэ өрөмүөннээн кэбиһэрэ. Икки кылаас үөрэхтээх да буоллар, биһиги үөрэхпит кинигэлэрин, хаһыаты ааҕа сатыыра. Аҕабыт колхуос үлэтиттэн ордубат этэ. Оччолорго холкуос иннигэр ылыммыт былааны толорор кытаанах сорук турара, ону толорор туһугар сылайары билиммэккэ күннэтэ үлэ үлэлээн-мөхсөн тахсара. Ол да буоллар, аҕам хаһаайыстыбатыгар наадалааҕын бүтэрэн-оһорон иһэрэ. Күрүөтэ-хаһаата бөҕө-таҕа, дьиэтин аана уурбут-туппут курдук тыаһа-ууһа суох буолара. Оттон ийэм аҕабытын манаабакка хотонун титиигин, түннүгүн-аанын, дьиэтин оһоҕун бэйэтэ өрөмүөннээн кээһэрэ. Таһырдьа сайыҥҥы оһоҕун эмиэ бүтүннүү бэйэтэ оҥороро. Ийэм колхоз тутаах үлэһитэ да буолбатар, дьиэ хаһаайкаларын кытта оҕуруот аһын олордооһуҥҥа, чугастыы кытыл диэки от мунньааһыныгар онтон да атын үлэлэргэ сылдьыһара. Кытылга ийэм Матросова Акулиналыын от мунньаллара. онно мин балтыбыныын көмөлөһө барсарбыт. Хаппыыста рассадатын олордооһуҥҥа оҕолор эмиэ кыттыһар этибит. Бу үлэ Баара салалтатынан барара. Кини оҕуруот үлэтин үчүгэйдик билэр буолан салайбыт буолуохтаах. Парник онорон огурсуу кытта үүннэрэ сылдьыбыттара. Бу Хрущев салайарын саҕана этэ. Ийэм Бааралыын дьүөгэлиилэр этэ. Киниттэн элбэххэ үөрэммитэ. Оннооҕор кыайан атыыга барбатах огурсууну буочукаҕа тууһуура. Ийэм кэлин пенсия анааһына үөдүйбүтүгэр, үлэ ыстааһа суох буолан, оскуолаҕа остуораһынан үлэлии киирбитэ. Оскуола оһоҕунан оттуллар буолан улахан үлэтэ мас мастааһына, оһох оттооһуна буолара. Ити кэмҥэ биһиги атын сирдэргэ үөрэнэ барбыт буолан, маһын үлэтигэр көмөлөһөр кыахпыт суох этэ. Онон аҕам маһын мастаан биэрэрэ. Ол оннугар каникулларга кэлэн оскуоланы бүтүннүү сууйааһыҥҥа көмөлөһөр этибит. Ийэбит бу үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлиирэ. Истиэнэ бүтүннүү мыылалаах суокканан маҥхайыар дылы анньыллара, паарталар чэрэниилэлэрэ күүскэ аалыллара, оһохтор испиэскэлэнэллэрэ. Сайын кырааска үлэтэ буолара. Соҕотох остуораска, кыра да оскуола буоллар, үлэтэ хара баһаам этэ. Ийэм кэлин хроническай ыарыылара бэргээн, сотору-сотору ыарытыйар буолбута. Ийэм барахсан пенсияҕа тахсан уһун сынньалаҥ олоҕу олорботоҕуттан олус диэн хомойобун, хараастабын. 60 сааһын да туолбакка күн сириттэн күрэммитэ. Ийэлээх аҕам 30 саастарын ааһан баран ыал буолбуттар. кинилэр түөрт оҕону, икки уол, икки кыыс оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэтэн, улаатыннаран атахтарыгар туруорбуттара. Ийэм бастакы сиэнин көрөн-харайан баран суох буолаахтаабыта. Аҕам тоҕус сиэнин, биир хос сиэнин көрөн дьоллонон бу орто дойдуттан бараахтаабыта. Ийэбит кэрэ сырдык мөссүөнэ салгыы сиэннэрин, хос сиэннэрин сүрэхтэригэр үйэлэр тухары умнуллубатын диэн бу кылгас ахтыыбын түмүктүүбүн. Ахтыыны суруйда кыыһа Муза Иннокентьевна |
|