12:59 Анастасия Лазаревна, Федот Максимович ТИХОНОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Анастасия Лазаревна, Федот Максимович ТИХОНОВТАР тустарынан кыыстара Михайлова Мотрена Федотовна, уоллара Тихонов Егор Федотович: Биһиги дьоммут Аҕа дойду сэриитин бириэмэтигэр Кэппэндээйи тууһун собуотугар үлэлээбиттэрэ. Оччолорго колхозтартан оборона туһатыгар тууһу хостооһуҥҥа элбэх дьону ыыппыттара. Аҕабыт оччолорго 60-ча, ийэбит 37 саастаахтара, кырдьаҕас хараҕа суох ийэлэрин, үс кыра оҕолорун илдьэ Кэппэндээйигэ көспүттэр. Улаханнара Бааска 10-наах, Дьөгүөр 7-лээх, Муоча 3-тээх. Ити 1942 с. ахсынньы ыйга этэ. Көһөр ыал сиэринэн ол-бу таһаҕастарын, аһылыктарын сыарҕалаах аттарга тиэйэн, билбэт сирдэригэр, сатаабат үлэлэригэр уһун айаҥҥа туруммуттар. Бордоҥтон элбэх киһи: Иванова Евдокия Ильинична икки кыыһыныын, Иванова Вера Степановна, Иванов Иван Степанович (Боруода Уйбаан), Прасковья Александровна (Кулаан кыыһа), Алексеев Петр Никифорович Кунуй Бүөтүр), Иванов Петр Федотович ийэлээх аҕатыныын уонна да атыттар үлэлээбиттэр. Тууһу хостооһуҥҥа сылга былаанннара 15000 тонна. Ол саҕана Чурапчыттан Кэбээйигэ балыктыы диэн дьону көһөрөн үлэлэтэр кэмнэрэ этэ. Ол балыгы тууһуурга туттуллар туус Кэппэндээйигэ хостонор этэ. Аҕабыт мас кэрдиитигэр, ийэбит туус хостооһунугар үлэлээбиттэрэ. Мас кэрдэн 1 миэтэрэлээх маһы улахан оһоххо туус оргутарга анаан туттарга бэлэмнииллэрэ. Туус оргутааһыҥҥа уһун күрдьэҕинэн бэттэх тардаллар, онтон күрдьэҕинэн баһа-баһа оргуйа турар тууска кутаннар, ороһуол оҥороллор. Биирдэ оннук үлэлии сылдьан Иванова Евдокия Илиьинична (Дьэбдьиэ) оргуйа турар туустаах хочуолга түһэн этин улаханнык сиэппитин биһиги ийэбит урутаан көрөн, хочуолу эргийэ сүүрэн тиийэн быыһаабыта. Ол үлүгэртэн, ыһыы-хаһыы быыһыттан, уолуйбакка хайдах быыһаабытын сөҕө саныыбыт. Бу туһугар хорсун быһыы этэ. Үлэ кытаанах режиминэн барар, хас биирдии киһини бэрэбиэркэлииллэр. Ол саҕана чаһыы суох, онон барабыык диэн тэрилинэн гудок биэрэннэр сарсыардаттан киэһэ 5чааска диэри үлэлэтэллэр. Дьон күрдьэх тута-тута сүүрэллэрин өйдүүбүн. Хамнастара кыра, аҕабытыгар бириэмийэтигэр оҕо кыһыҥҥы бараан сонун биэрбиттэрэ. Килиэби нуорманан биэрэллэр, аска толуон көрүллэр, бэкээринэҕэ үлэлиир нууччалар ардыгар килиэптэрин итэтэллэр, сорох дьон нуорма килиэптэриттэн маталлар, сымыйа толуон эмиэ баар буолар эбит. Убайдарым Сордоҥноох күөлүттэн балыктаан мундулаан, куобахтаан аһылыкпытыгар эбинэрбит. Убайдарым оскуолаҕа үөрэммиттэрэ, мин детсадка сылдьыбытым. Дьонум сааспын күччэтэн детсадка өр сылдьыбытым. Кытаанах усулуобуйаҕа олорон онно төрөөбүт икки саастаах оҕолоро тымныйан өлбүт. Ол кэмҥэ информбюро, араадьыйа үлэлиир буолан сэрии хас хаамыытын сонуннары билэ олороллоро. Сэрии бириэмэтигэр Бүлүү хаайыытыттан хаайыылаахтары Кэппэндээйигэ көһөрбүттэр. Хаайыылаах барааҕа Кэмпэндээйигэ киирээт сыыр анныгар баара. Ол хойукка диэри элээмэтэ турар этэ, аттыгар туус собуота баар. Хаайыы начальнигынан Бурлов диэн киһи үлэлээбит. Тимир олбуор иһигэр үрдүк да үрдүк вышкаҕа конвой турар. Билигин өйдөөтөхпүнэ Бордоҥтон онно Николаев Степан Егорович үлэлээбит эбит. Мэлдьи вышкаҕа олорор буолар, детсадтан кэлэн иһэн убайым диэн киниэхэ сылдьар үһүбүт. Онно хаайыылаахтар оҕолорун, дьиэлэрин ахталларыттан буолуо, миэхэ хампыат, саахар биэрэллэрин иһин сылдьарым буолуо. Ийэм мэлдьи миигин онтон сылгылыыр үһү. Араас дьоннор сыталлар дииллэр этэ. Ыар буруйдаахтары сэргэ боростуой колхозтаахтар, тэрилтэ үлэһиттэрэ эмиэ бааллара: нолуоктарын кыайан төлөөбөтөх, итээбит, бурдук куолаһын буолаттан хомуйбут дьон. Кинилэр эмиэ туус хостооһунугар үлэлээбиттэр. Кэлин суох буолан хаалбыттара. Ийэм, аҕам иккиэн үчүгэй үлэлэрин иһин грамота, “1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин” Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Кыра сылдьан ол мэтээлинэн оонньуур этибит. 1946 с. дойдубутугар төннөн кэлбиппит.
|
|