02:55 Анастасия Семеновна ЧОРОСОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Анастасия Семеновна ЧОРОСОВА Тэҥкэттэн Анастасия Чоросова иһирэх
ийэ, биэкэр, төрүт култуура пропагандиһа этэ Чоросова Анастасия Семеновна Сунтаар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгин Усталааҕар 1926 сыл кулун тутар 8 күнүгэр «дьаарай» хомуньуус Чооруоһап Сэмэн уонна Боруоска Өндүрэй кыыһа Амбросьева Дарья дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини кэнниттэн үс уол оҕо төрөөбүтэ, кини иннинээҕилэр эмиэ уолаттар буолан соҕотох кыыс этэ. Ол сылларга бу дьиэ кэргэҥҥэ Степан Ефремов «Ини-бии» дырааматыгар сурулларыныы кылаассабай охсуһуу бара турар кэминээҕи уол аҕатын утары барааһына этэ. Ол курдук, Сэмэн Чооруоһап холкуос бэрэссэдээтэлэ буоллаҕына, аҕата Борокуоттаах Чооруос борокуотунан таһаҕаһын аҕалтарар атыынан-эргиэнинэн дьарыктанар улахан баай киһи эбит. Чооруос атыыһыт баайын туһунан маннык холобуртан көрөбүт. Настаа аҕатын Сэмэн балта Настааны Куокунуга Аппа уола диэн сэниэ киһи уолугар эргэ биэрэллэригэр сэттэ сыарҕа энньэлээх, Көөттө Көстөкүүн диэн биллэр уус охсубут толору үрүҥ көмүс илин-кэлин кэбиһэр симэхтээх эбит. Тойбохой Арыытыгар Күрүүкэп атыыһыт тэрийбит ыһыаҕар тэҥнээҕин булбатах Чооруос сура диэн үрүҥ көмүс симэхтээх ыҥыырдаах аттааҕа кэпсэлгэ барбыт. Оннук баай киһи уола Настаа аҕата Сэмэн Тэҥкэҕэ аан бастакы Ойуунускай аатын сүгэр 30-ча чилиэннээх холкуоһу тэрийбит. Онто Ойуунускайга норуот өстөөҕүн аата иҥмитин кэннэ «Саҥа суол» диэн уларытан ааттаммыт. Ийэбит аҕата тэрийбит холкуоһугар суотчутунан үлэлии олорон, 1943 сыллаахха өлбүт. Оҕонньор өлөөрү сытан баайыттан ирээттээри уолун ыҥыттарбытын: «Дьон хараҕын уутунан муспут баайыттан миэхэ биэрээри гынар дуо?», – диэн бара да сылдьыбатах диэн кэпсэнэр. Ийэбитигэр ийэтиттэн Куокуну биллэр ууһа Көөттө Көстөкүүн уус охсубут хомуһа хаалан, 90-с сылларга диэри баара. Ону Петр Оготоев маннык сэдэх хомус суола-ииһэ суох сүтэн хаалыа диэн Амыньыкы уус хомуһугар атастаһан ылбыт. Бу хомус атын хомустартан уратыта диэн иитэ олус кыра эбит. Ону Көөттө уус: «Тылын дорҕооно иитин иһигэр тардыллан хаалан тыаһа мөлтүүр. Ол иһин итинник гынабын», – диирэ үһү. Ийэтэ Дарья лыгырҕаабыкка дылы күөмэйдээх ураты куоластаах тойуктаах дьахтар эбит. Кыыһыгар бастаан ыллаан иһитиннэрэн баран хомуска оонньуурга үөрэтэр эбит. Ол курдук, «Быттык-быттык Маарыйабын», «Кымыс үрдүн ырыата» диэн норуот ырыаларын матыыптарын ийэтэ хомуска оонньуурга үөрэппитин хойукка диэри сыанаҕа дуоһуйа оонньуура. Эмээхсин кэлин, кырдьан олорон былыргылыы сыыйа тардыыны умуннарбакка оскуолаттан куруһуок курдук дьарыктаан, хоһуйарга, тыла иһиллэр курдук хоһуйан былыргы матыыптары тутуһан тардарга үөрэтиэххэ баар этэ диэн баҕа санаатын этээччи. Ону билиҥҥи балаһыанньаҕа дьүөрэлии тутан толкуйдаатахха бастакы бэрэсидьиэммит көҕүлээбит "Музыка для всех” бырагыраама иһинэн баҕалаах оҕолору сүүмэрдээн тэрийиэххэ сөп эбит дии саныыбыт. Ийэбит
төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр үс быраатын кытта тулаайах хааланнар сэрии ыар
сылларыгар эрэйи эҥээрдэринэн тыыран, муҥу-сору көрсөннөр Сэбиэскэй былаас
көмөтүнэн киһи-хара буолбуппут диирэ. Ол курдук, кыралары Бордоҥ Марбатыгар оҕо
дьиэтигэр ыланнар тыыннаах хаалбыттар, онтон ийэбит Тэҥкэнэн, Куокунунан
холкуоска илии-атах үлэлэргэ эриллэн хата сытыы-хотуу буолан, айаҕын ииттэн
сылдьыбыт. Бэкээринэ үлэһиттэрэ 1971 сыл. 1952 сыллаахха ийэтинэн аймаҕа Егор Андреевич Амбросьев ыҥырыытынан,
Тойбохойго көһөн киирэн биэкэринэн үлэҕэ ылыллыбыт уонна 1982 сыллаахха
биэнсийэҕэ тахсыар диэри тохтоло суох нэһилиэнньэ тотоойу, иҥэмтиэлээх, минньигэс
килиэбинэн тиһигин быспакка хааччылларын туһугар күүһүн-кыаҕын, бириэмэтин
аахсыбакка үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыта. Биэнсийэҕэ тахсан баран хойукка
диэри харабынайынан үлэлээн түмүктээбитэ. Ол сыллардааҕы бэкээринэ үлэтэ диэн
киһи сыратын-сылбатын ылар, кыһыннары-сайыннары итиигэ-буһууга хатарыллар ала
түүнтэн саҕалаан киэһэ хараҥа буолуор диэри үлэ этэ. Ол курдук, килиэптэрин
кирпииччэ оһоххо буһараллара. Онно бастаан оһохторун тигинэччи оттон баран
күлүн-чоҕун хостоон ылан, формаҕа кутуллубут тиэстэлээх форманы мас лаппаахынан
уган, буспутун быһааран баран эмиэ ол мас лаппаахыларынан хостоон ылаллара.
Оччолорго манна барыта илии үлэтэ этэ: 70 киилэлээх 10-ча куул бурдугу
ыскылааттан таачыкаҕа соһон аҕалан, опара охсон сарсыҥҥы буһуохтаах тиэстэни
бэлэмнээһинтэн бэлэм бородууксуйаны тиэйэн ыытааҕын курдук үлэни барытын
харыларын күүһүнэн оҥороллоро. Маннык гынан күҥҥэ биирдиитигэр 200-300-тэн
килиэбинэн уган оҥорон 700-800 килиэби астаатахтарына эрэ нэһилиэк күүстээх
үлэҕэ сылдьар отчут-масчыт дьонун сэргэ нэһилиэнньэтин хааччыйар кыах үөскүүр
этэ. Ийэбит кэнники сэбиэдиссэй быһыытынан үлэлииригэр бииргэ үлэлиир дьонун түмэ тардан, сөптөөх сыал-сорук туруоран, олус иллээхтик-эйэлээхтик үлэлээн куруук былааннарын аһара толороллоро. Ити үлүгэрдээх килиэп астаммыт бурдугун, онно туттуллар матырыйаалын иирбэ-таарба отчуотун сэбиэдиссэй быһыытынан барытын бириэмэтигэр туттаран, хаһан да буруйга-сэмэҕэ тиксибэккэ куруук хайҕалга сылдьар этилэр. Ийэбитин кытта бу ыарахан уонна эппиэттээх үлэҕэ араас кэмнэргэ бииргэ үлэлээн ааспыттара: Иванова Ксения Гаврильевна, Иванова Христина Степановна, Саввинова Мария Петровна, Петрова Мария Прокопьевна, Никифорова Ксения. Бу үлүгэрдээх үлэҕэ хам баттаппакка ийэбит кыһыҥҥы уһун
киэһэлэргэ оҕолоругар уонна бэйэтигэр сахалыы таҥас тиктэн, сайын ыһыахтарга
сахалыы сайбаччы таҥнан оһуохайга, быыстапкаларга сылдьарын сөбүлүүрэ. Ол
курдук, кини тыыннааҕын тухары сахалыы национальнай таҥас улахан бырапагандыыһа
этэ. 80-с сыллар бүтүүлэригэр, 90-с сыллар саҕаларыгар ыһыахтарга сахалыы таҥас
муодата кэлбитигэр «дьэ, саха сахабын дэнэр кэмэ кэлэн эрэр» диэн аһара үөрэр
этэ. Сиэннэригэр сахалыы таҥас тигэттээн, кэнсиэртэргэ хомуска оонньотолоон араас куоҥкурустарга, Сунтаар, Ньурба ыһыахтарыгар сырытыннартаан, кытыннартаан, миэстэлэстэхтэринэ аһара астынар этэ. Сиэннэрэ ону сөбүлээбэккэ онтон күрүү сатаан биир көрүдьүөс буолааччы. СГУга Саха төрүт култууратын факультета аһыллыбытыгар улахан сиэнин Ньургуйаананы улаханнык агитациялаан, эксээмэн туттаран культуролог үөрэҕэр киирбитигэр мин туйахпын хатарааччы көһүннэ диэн олус үөрээхтээбитэ. Чоросова Анастасия Семеновна бэйэтин кэмигэр саха дьахтарын сиэринэн соҕотоҕун үс оҕону төрөтөн, аҥардас харытын күүһүнэн иитэн, дьон-сэргэ ортотугар таһаартаабыта. Билигин уонтан лаппа тахса сиэннэрэ, хос сиэннэрэ хотунан-соҕуруунан, тас дойдуга тиийэ тарҕанан кини олоҕун салгыыллар. Валерий ИЛЛАРИОНОВ
|
|