03:20 Анна Гаврильевна ИЛЬИНА |
Анна Гаврильевна ИЛЬИНА Ильина Анна Гаврильевна Тэҥкэ Оторууһун түбэтигэр Ильин Гаврил уонна Марфа Степановна дьиэ кэргэнигэр 1921 сыллаахха алтыс оҕонон төрөөбүтэ. Эмньик оҕо сааһа Ылдьыыннар өтөхтөрүгэр аастаҕа. Эдэр сааһыгар "Пионер” холхуоска киирэн баран, уһун унньуктаах ферма кытаанах үлэтигэр олоҕун устата улэлээбитэ. Сэрии ыарахан дьылларыгар сүүрбэтин ааспыт кыыс, колхуос төһүү үлэһитэ буоллаҕа. Эрдэтээҥҥи колхоз фермаларыгар үлэлиир ыанньыксыттар үлэлэрэ ыарахана, элбэҕэ. Барытын, сүөһү отун киллэрээһини, көөнньөрбө оҥоруутун, сааҕы таһаарааһыны, бэйэлэрэ үлэлииллэрэ. Маны таһынан оттууллара. Сопхуос буолтун кэннэ арыый чэпчээбитэ. Бу тухары куруук Оторуус ферматыгар пенсияҕа тахсыар дылы улэлээн, ферма уопсайдарыгар олорон, бу ферма биир саамай чулуу ыанньыксыта буолбута. Төһөлөөх элбэх ынах кини илиитин аннынан ааспыта, төһөлөөх үүт кини илиитинэн ыаммыта буолуой. Өрөбүлэ, уоппуската суох сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри ферма хаһан да тохтообот үлэтэ. Оччотооҕу дьоннор үлэҕэ сыһыаннара чыҥха атын: чиэһинэйдэрэ, үлэҕэ бэриниилээхтэрэ. Үлэҕэ хатарыллан дьон киэнэ кылааннаахтара буоллахтара. Оннук да буолан үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри ылбыта. Социалистическай куоталаһыыга элбэхтик бастыыра, коммунистическай үлэ ударнигын аатын ылара. "Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх улэтин иһин” медалынан уонна элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. Үүтү ылааһыҥҥа үрдүк көрдөрүүлэрин иһин 1965 сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин көрдөрөр быыстапкаҕа барарыгар путевка биэрбиттэрэ. Онон улуу Москуба куораты көрөр чиэстэммитэ. Эдьиийим Аанаҕа кэлин улаатан баран сайыҥҥы каникулбар көмөлөһө диэн ааттаан тахсар этим. Миигин атаахтатан күүскэ үлэлэппэт этэ. Оскуоланы бүтэрэн фермаҕа үлэлиир буолбутум. Ону эдьиийбин кытта бииргэ үлэлээтин диэн дьонум Оторуус ферматыгар таһаарбыттара. Онно сатаабат киһиэхэ эдьиийим көмөлөһөн бастакы ыарахаттары син чэпчэкитик ааспытым. Билигин сөҕөбүн ээ, бэйэтин элбэх баҕайы ынаҕын ыы охсон, аны миэхэ көмөлөһөр. Фермаҕа үлэлиир атын да ыанньыксыттар куруук миэхэ көмөлөһөн, аһара хаалан сыһыллыбакка син бүтэр этим. Ити курдук ферма ыанньыксыттара бэйэ бэйэлэригэр көмөлөһөр үтүө үгэстээхтэрэ. Эдьиийим барахсан үлэҕэ умса-төннө түһэн бэйэтин тус олоҕун оҥостумматаҕа, оҕо-уруу кэннигэр хаалбатаҕа. Ол оннугар убайын оҕолоругар, биһиэхэ, үөрэнэ барарбытыгар-кэлэрбитигэр куруук харчынан көмө оҥороро. Маннык күүстээх үлэ доруобуйатыгар охсубута. Кэлин хаанын баттааһына үрдүүр буолан, пенсияҕа тахсан бөһүөлэккэ биһиги таспытыгар дьиэ ылан олохсуйбута. Ол да олорон, күнүн-дьылын бэйэтин сүөһүтүн көрөрүгэр ыытара. Үйэтин тухары итинник үлэлээбит буолан, атыннык сатаан олорбото буолуо. Бэйэтин дьиэтигэр өр сынньалаҥнык олорботоҕо, бу сиртэн 60 сааһыгар тиийбэккэ күн сириттэн барбыта. Эдьиий Аана
үлэҕэ анаабыт олоҕо, үлэҕэ сыһыана биһиги оҕолорбутугар, кэлэр көлүөнэҕэ үтүө
холобур буола турдун. Маннык үлэһит дьонноохпунан киэн туттабын. Ахтыыны суруйда Муза Иннокентьевна |
|