08:53 Анна Васильевна АЛЕКСЕЕВА |
Тыыл, үлэ ветерана Анна Васильевна АЛЕКСЕЕВА, 2015 с. олунньу 27 күнэ: 1941 с. бэс ыйыгар Ньурба оройуонун I Дьаархан нэһилиэгэр сэрии буолбут үһү диэн улахан аймалҕан буолбута. Оччолорго мин 2-с кылааска үөрэнэрим. Эдэр, күүстээх-уохтаах эр дьон бары сэриигэ барбыттара. Нэһилиэккэ кырдьаҕас оҕонньоттор, эмээхситтэр, оҕолор эрэ хаалбыппыт. Колхоз туох баар үлэтэ биһиги дьарамай санныбытыгар сүктэриллибитэ. Сарсыарда күн тахсыаҕыттан киэһэ күн киириэр диэри ходуһаҕа эбэтэр бааһынаҕа үлтү сылайыахпытыгар диэри үлэлээн тахсарбыт. Бурдук ичигэстээн дьиэбитигэр илдьэрбит. Аан бастаан биһигини 4 кыыһы үрэх баһыгар биир ый от мустара ыыппыттара. Онно курданарбытыгар диэри тымныы ууну кэһэ сылдьан ууттан оту хостообуппут. Дэлби тоҥон, сиигирэн дьиэбитин нэһиилэ булбуппут. Аҥарбыт балыыһаҕа киирбитэ, ол түмүгэр билигин кырдьыахпытыгар диэри иҥэн сылдьар ыарыы буоллубут. Онтон Алексей диэн кэриэй салайыытынан оҕоруокка үлэлиир этибит. Күһүн үлэлээбиппит иһин дохуот аахсарбыт - хортуоска, хаппыыста, моркуоп, луук, субүөкүлэ биэрэллэрэ дьоммутугар улахан өйүөк буолара. Ыһыкпыт туох кэлээхтиэй – суорат уонна лэппиэскэ оҕото. Итинник үлэлээн көлөһүн күнүн аахсан, балачча дохуот аахсар этибит. Ол барыта аччык аҥардаах дьиэ кэргэҥҥэ улахан эбиилик этэ. Аҕам сылын аайы суол турдар эрэ Алдаҥҥа Бодойбоҕо колхоз этин, арыытын тиэйэн эргинэ барар этэ, саас биирдэ кэлэрэ. Ийэм соҕотоҕун дьиэтин-уотун, оҕолорун көрөн олорбута. Кыайан эмтэммэккэ быраатым ыалдьан өлбүтэ. Сэриигэ элбэх киһи барбыта, олортон бэрт аҕыйах киһи эргиллэн кэлбитэ. Учууталларбыт, баһаатайдарбыт тэрийиилэринэн араас патриотическай темаларга бэсиэдэлэр, концертар, көрсүһүүлэр, сбордар сотору-сотору буолаллара. Киэһэ үлэ кэнниттэн эбэлэр, ийэлэр, кыргыттар куобах, тииҥ о.д.а тирииттэн фронтовиктарга сылаас таҥаһы тигэллэрэ. Нэһилиэктэргэ барытыгар самолет, танка оҥоһуутугар анаан, заемҥа суруйтарыы тиһигин быспакка ыытыллара. Сэрии бириэмэтигэр тыылга кырдьаҕастыын-эдэрдиин «барыта кыайыы туһугар!» диэн девизтээх үлэлээбиппит, олорбуппут. |
|