Бордоҥнор омоон суоллара
Владимир Петров - Бордоҥ Болуодьата СР үөрэҕириитин туйгуна, СР физкультуратын уонна спортдун туйгуна, республикатааҕы спорт сайдыытыгар утүөлэрин иһин Госкомспортан анал бэлиэлээх, "Урожай" общество Бочуоттаах улэһитэ. Көҥүл тустууга уонна дуобакка ССРС спордун маастарыгар кандидат, нэһилиэк Бочуоттаах гражданина, депутата, элбэх спорт туһунан кинигэлэрдээх суруйааччы, журналист, поэт, 7 спортивнай ырыа автора, тустууга видеоклиптаах. Бордоҥ кырдьаҕас дуобатчыттарын үтүө ааттарын сырдатааччы, үйэтитээччи, республикаҕа, улууска, нэһилиэккэ элбэх үрдук таһымнаах курэхтэһиилэри тэрийээччи, ыытааччы. Нэһилиэк общественнай олоҕун активнай кыттааччыта, биһиги киэн туттар киһибит буолар.
Владимир Николаевич "Чэмэмис уола Бордоҥнорбут"- диэн кэлин элбэхтик туттарын истэр буолбуппут мээнэҕэ буолбатах эбит. Володя табаарыһа Ахмед Дмитриевтыын бу бордоҥнор историяларын дириҥник хаһан үөрэтэ сылдьаллар эбит Ньурба киһитэ Дмитриев Ахмед Андреевич, 12-с сүһүөх утум төрүт Бордоҥ киһитэ. СР үөрэҕириитин туйгуна, СГУ саха салаатын бүтэрбитэ, СР Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, 10 оҕолоох аҕа.
Бордоҥнор ир суолларын ирдэспитэ ырааппыт киһи. Ньурба бордоҥнорун туһунан 4 кинигэлээх. Уонча Бордоҥ нэһилиэктэрин 46 аҕа ууһун барытын 400 сыллаах 12-15 сүһүөххэ диэри ким оҕото ким буоларын, улуус аҥаарын курдук хабар төрүччүлэрин оҥорбута. Архивнай докуменнары туһанан, сахалар олорбут сирдэринэн сылдьан, сахаҕа сыһыаннааҕы ыйыталаһан, элбэх билсэр дьоннордоох эбит. Тыл үөрэхтээх, докторскайга бэлэмнэнэ сылдьар ученай кыыһа эмиэ көмөлөһөр. Өссө 2015 с. "Сунтаар былыргыта" диэн Сунтаар улууһугар Бордоҥнор кэлэн олохсуйууларын туһунан кинигэ суруйан тураллар. Бу кинигэннэн сиэттэрэн өссө пьеса суруйаллар. Онон сотору Бордоҥнор тустарынан Саха театрыгар көрөрбүт буолуо. "Айыы Саха” диэн 2017 сыллаахха тахсыбыт кинигэлэригэр Сахалар Орто Азияҕа олоро сылдьыбыттарын туһунан киһи итэҕэйэр курдук история чахчыларын аҕалан, бу мөккүөрдээх соҕус өйдөммөт өрүттээх боппуруоска, автордар бэйэлэрин отой саҥалыы көрүүлэрин билиһиннэриэхпит баҕарабын. Бу бастакы кинигэ, өссө икки кинигэ баар. Дьон санаата араас, ким маны хайдах ылынара, туох түмүгү оҥороро бэйэтин көҥүлэ. Манна бу чинчийиилэригэр кимнээх үлэлэрин туһаммытарын ахтан ааһар наадалаах:
Бастакыннан Ойуунускай убайбыт буолар, Сэбиэскэй былаас буолбутугар сахалар үтүмэн үйэлэртэн сурэҕэр иҥэрэн илдьэ кэлбит олоҥхобут эстэр суолга киирдэ, олоҥхону салҕыыр олоҥхоһуттар суох буоллулар диэн, олоҥхону сурукка түһэрэр үлэнэн ылсыбыта. 1937 с бу үлэтин бэчээккэ бэлэмнээбитэ эрээри, сонно тутан хаайбыттара. 1939 сылга дылы муҥнаан-сордоон баран өлөрбүттэрэ, билигин ханна көмүллүбүтэ да биллээхтээбэт. "Ойуунускай дьыалатыгар" диэн система сүүһүнэн саха бастыҥнарын ыппыта, хаайбыта, ааттарын хараардыбыта.
Хата Ф.П. Ефимов типографияҕа, били 1937 сыллааҕы оттискалары 23 сыл устата кистээн уура сылдьан үлэтэ тыыннаах хаалбыта.
Өссө биир саха историятын чинчийбит киһибит Гаврил Ксенофонтов буолар. Кини саха диэн "Сах" диэн таҥара аатыттан тахсыбыта, саха төрдө Орто Азия "саката" буолар диэбитэ.
Кини революционнай хамсааьыҥҥа аһаҕастык кыттан иһэн, 1920 с. олох хаамыытын үчүгэйдик өйдүүр буолан, үрүҥ - кыһыл сэриитигэр кыттыбакка олоҕун наукаҕа анаабыта. Норуот кэпсээннэригэр - үһүйээннэригэр олус суолта биэрбитэ. Норуот үс үйэтээҕини сыыспакка кэпсиирин, ону суруйан үйэтиппитэ олус сөптөөҕө билигин көһүннэ. Ленинградка олорон архивка улэлии сырыттаҕына 1938 с тутуллан ытыллыбыта, улэлэрэ уматыллыбыттара. Гаврил биэс атын быраатарын барыларын ирдии сылдьан суох оҥоттообуттара, оҕолоругар-аймахтарыгар тиийэ сойуоласпыттара. Дьиҥинэн Ксенофонтов бырааттара саа тутан былааһы утарбатах дьон, тылларынан ити билигин ватсапка баар дьон курдук, былааска бэйэлэрин санааларын диэрдэ сатаабыт буруйдаахтар.
Сэбиэскэй былаас бу киһини үлэтин кытта, олохтон отой сүтэрэр санаалааҕа, тутул уларыйан П. Ефремов көмөтүнэн Ленинградтан алҕаска үлэлэрэ көстөн, норуокка биллибитэ. Үгүс үлэтэ көстүбэтэ.
Тюрк, саха омук Сир Ийэҕэ омоон суолларын хайбыт биир киһиннэн, 1912 с төрөөбүт нуучча киһитэ Лев Гумилев буолар. 1921 с. өрө турууга кытынна диэн, аҕатын ытан өлөрөллөр. 1933 с. "аҕаҥ иһин" диэн, ЧК-лар туталлар уонна ытаарылар сэттэлии сууккаҕа тиийэ тилэри кырбыыллар да, бу эдэр киһи туохха да билиммэтэх. 1944 с. туһалаахтык өллүн диэн фроҥҥа быраҕаллар. Сэриигэ хорсун быһыыны көрдөрөн, буруйун хаанынан боруостаан тыыннаах кэлэр да, 1949 с. аны " Ийэҥ А. Ахматова иһин" диэн эмиэ хаайаллар. Сталин өлүөр диэри, 1956 -га дылы ГУЛАК- ка эрэйи көрөр. Төһө да үтүө кэмнэрэ хаайыыга аастар, сурунар туох да тэрилэ суох буоллар, кыһалҕаттан барытын өйүгэр хаарта оҥорон толкуйдаан, ырытан бэйэтин Аан дойдуга биһирэммит норуоттар сайдыыларын, эстиилэрин туһунан Оҥкулу оҥорбута.
Мурад Аджи диэн, 90-с сылларга Дегестан саҥалыы көрүүлээх кумых омук киһитэ тахсан кэлбитэ. Кумыхтары кавказ атын омуктарын кытта, 1943 с байыаннайдар биир түүн иһигэр Орто Азия иччитэх истиэбигэр илдьэн, 1956 сылга дылы бырахпыттара.
Кини тюрктар диэн кыргыс омук буолбакка, бэйэлэрэ итэҕэллээх, сайдыылаах норуот, киһи-аймах сайдыытыгар улахан оруоллаахтар этэ диэбитин, сэбиэскэй былаас сөбүлээбэтэҕэ улэтиттэн ууратан архивка үлэлиирин тохтото сылдьыбыта да, бэйэтэ эстибитэ.
Ол эрээри саамай уһуннук репрессияламмыт чиэһинэй историк б.э.и. 490 с. олорбут Греция учуонайа Геродот буолар. Кини Хара муораны уҥуор тахсан, скиф диэн варвар омук суох, Каспий уҥуортан кэлбит мас сахатын этэллэр диэн, сахаларга улахан суолталаах арыйыыны үйэтитэн кэбиһэр. Бэйэлэрэ суруктаах-бичиктээх, улахан тутуулардаах, сайдыылаах омук курдук суруйбутун иһин, Геродот улэлэрэ 2000 сыл устата киэҥ эйгэҕэ тахсыбакка сыппыттара. Архыып ханна эрэ түгэҕэр олорон, биллибэт-көстүбэт үлэлээх учуонайдар, ол туох айылааҕы суруйбуттарыттан куттанан Сэбиэскэй былаас бу айылаах кыыллыйбытай диир буоллахха, сахалар тустарынан дьиҥнээҕэ суруйбуттара буолар, саха нуучча үөскүөн иннинэ итэҕэллээх, суруктаах-бичиктээх государстволаах омук этэ - диэн. Бу билигин дьэ үчүгэй олох кэллэ, тугу суруйарыҥ, санааҕын этэриҥ көҥүл. Билиҥҥи историяны үөрэтээччилэр үксүлэрэ, бу дьон улэлэрин тула сылдьаллар.
П.А. Ойуунускай олоҥхону үөрэтэ сылдьан, "Аал луук мастан” сиэттэрэн, бу соҕуруу дойду ойууланар диэн көрүүлэммит. Алый диэн кыһыл, луук диэн улуу. Сахалыыта - кыһыл отонноох улахан мас диэн буолар. "Алла таммалыы турар араҕас илгэлээх”- диэн олоҥхоҕо хоһуллар. Бу биһиэхэ суох отонноох мас хоһуллара көстөр. «Кыйыра турар кумаҕынан өрүкүйэ олорор” –диэн олоҥхоҕо баар сирдэр, Кыһыл кумах (Кзылкум), Хара кумах (Каракум) ааттыын да ыйа сылдьаллар. "Сир Уус (Сириус) сулустан Кыраман айыыларынан (пирамидалар) арҕаһыттан тэһииннээх айыы киһитэ буолан кэлбиппит" - диэн олоҥхобутугар баар эбит. Аан дойду бары эпостара сүрүн геройдарын мүччүргэннээх сырыыларын эрэ кэпсиир буоллахтарына, олоҥхо эрэ Халлаан куйаара, Сир Ийэ үөскээһинин туһунан суруйара, бу отой былыр суруллубутун дакаастыыр. П.А. Ойуунускай Араал байхалынан киирэн, сахалар дойдуларынан Орто Азияны ыйан, өтө көрбүтэ сөптөөх буолла. Баҕар манна П.А. Ойуунускай олус күүстээх ойуун удьуордааҕа көмөлөспүтэ буолуо.
Олоҥхоһуттар диэн улахан кимиэхэ да суох дьоҕурдаах дьоннор этилэр, 30-40 тыһ олуктаах олоҥхолору өйгө тутан, киһиттэн-киһиэхэ биэрэн, тыһыынчанан сылларга сүтэрбэккэ илдьэ кэлбиттэрэ сөҕүмэр. Умнубат туһугар сотору-сотору хатылааһын наада, ол улахан мэйии үлэ буолар.
Сахалар Орто Азияҕа Алтайтан тиийбиттэр. Онно тиийэллэригэр бэйэлэрэ итэҕэллээх, дэгиттэр уустардаах уонна ат көлөлөөх буолан, сайдыыны аҕалбыттара, куораттары төрүттээбиттэрэ. Сахалар ахсааннарынан аҕыйах эрээрилэр итэҕэлин дьоно арара күүстээх, өтө көрүүлэрэ үрдүк буолан, уһун кэмҥэ былааһы тутан олордохторо. Нууччалар кэлэн ойууннааһыны боппуттара эрээри, сахаларга революция иннинэ элбэх күүстээх ойууннар бааллара. Сэбиэскэй былаас ойууннааһыны кытаанахтык имири эспитэ. Бу кинигэҕэ сурулларынан, Нойды диэн хоту олорор кыра омуктар ойууттара сүрдээх ситиһиилээхтэр эбит. Онно экспедиция үлэлээбит, ол түмүгүн көрөн баран, маны саба туппуттар. Экспедицияҕа сылдьыбыттар бары репрессияҕа түбэспиттэр уонна бу норуокка эмиэ ыар охсууну оҥорбуттар. 1070 сыллаахха Орто Азия ученайа М.Кашкари "Түүрк тылын тылдьытын" суруйбута. Бу былыргы уһулуччулаах үөрэхтээх киһи, билиҥҥи Багдарыын Сүлбэ кэриэтэ. Манна биис уустара киирбиттэр. Арҕаа бөлөх диэҥҥэ бары саха уустара киирбиттэр.
Кыпсах, Оҕус, Булҕаар, Байдьаҥ уустара.
Кыпсах - Кып диэн дьиҥ диэн буолар, онон дьиҥ саха диэн буолар.
Булҕаар - эмиэ саха, былыр Волга өрүскэ XVI үйэҕэ дылы олорбуттар, сороҕо Дунаайга олорбуттар.
Байдьаҥ - Бордоҥ ууһа, былыргы сахалыы сырдык харахтаах, чугас аймахтарбыт азербайджан, башкир омуктар.
2004 сыллаахха М Аджи Улуу Хонуу Куйаар таҥара 99 аатыгар "Сах" баар эбит диэн дакаастаабыта. Билигин туттуллар "Сах саҕаттан" диэммит, аһара былыргы диэн этэбит.
Бу маннык уустары холботолоон б.э.и. I үйэтигэр Хаҥый диэн государство тэриллибитэ, уонна тыһыынча сыл күннээн-күөнэхтээн олорбута. Маны Улуу Кытай үспүйүөнэ Чжань Цянь б.э.и. 139 с Орто Азия Фергана хочотугар 7 сыл олорон, билигин харалла сытар императорга суругар "Кангюй" диир. Иккис туоһу - бу Чжань Арҕаа эҥэр диир хаартата буолар. Манна көрдөххө Хаҥый государствота Араал байхалын уонна Балхаш икки ардыгар сытар. Саха арҕамаах сылгытын иитэр үтүөкэн сирин "Сахсаар Бэргэни" (Фергана) хочотугар Давань хайа анныгар ууһаан турарын императорыгар ыйар. Дабаан хайа аата билигин да баар.
Өссө бу киһи тугу көрбүтэй - "Олохтоохтор түмүстүлэр да, урукку олох туһунан ыллаан тахсаллар, олус уһун... Былыргы өбүгэлэрин сырыыларын туһунан эрэ буолбакка, олох муудараһын эмиэ бөлүһүөктүүллэр"- диэн суруммут. Дьэ бу олоҥхо буолбатах да.
Бу үспүйүөнүҥ олоҥхо олоҕу бөһүлүөктүүрүн кытта билбитэ-ыйбыта сөхтөрөр, оннооҕор билигин биһиги сорох дьоммут бу түгэни өйдөөбөттөр.
Улуу Кытай үспүйүөнэ сылгыны "Халлаан аттара" диэбитэ, бу саха ата эрэ буоларын бигэргэттэ, аттары "арҕамаах" диир. Бу ат күҥҥэ 1000 ли, ол аата 50 көһү түһэр, көлөһүн диэни билбэттин ыйар, ону Дабаан хайатыгар эрэ үүнэр туспа оту сиэн диэн, быһаара охсубут.
Салгыы императорга бу сылгыны хайдах дөбөҥник былдьыырга олус киитэрэй өй укпута сөхтөрөр, "хаҥый ыала чэпчэки, сонумсах майгылаах, ону туһанар сөп" диэбит. Билигин да сахаҕа сонумсахпыт баар, сахалар истэригэр туспа туора туттуу, биир санаа суоҕа, түмсэ охсубаппыт ол былыргаттан да баар эбит.
Кытай императора үспүйүөнүн сүбэтин истибэт, аттары ыллара 100 тыһ. армиятын ыытар эрээри, бу армия ыраах айаны тулуйбакка, сэриилэһэр санаата мөлтөөн, төннөн хаалаллар. Ол эрээри У-Ди өһөс эбит б.э.и. 102 сылыгар өссө 100 тыһ. киһини акка олордон, 60 тыһ. сатыы киһилээх армияны хомуйар. Бу дьону аһатарга, ыһыкка 36 тыһ. оҕуһу, 10 тыһ. өсүөлү сиэттэрэн, бэккэ тэрийэн ыыталыыр. Аара Уһун ууһа таҥнара охсон, бу сэриини кистээн аһарар, өмүтүннэрэн саба түһүөхтээхтэрин, Сүлэ аҕа ууһа тэҥэ суох кыргыһыыга киирэр. Ыарахан аттаах сэрии көмөҕө кэлэн иһэрин истэн баран, армия эмиэ куотарга барар. Кытайдарыҥ тугу эрэ киитэрэйдээн 10 арҕамааҕы сыыһа туттараллар, онон илии тутуурдаах курдук сананаллар. Үлэһин кытайдарыҥ сэрииһитэ суох омуктар эбиттэр.
Хаҥыйдар Кытайы кытта ыкса сибээстээхтэр эбит. "Сорох сыл 5-6 тиийэ 100 киһилээх эргиэн дьаарбаҥкалара ааһаллар"-диэбит. Куорат баһылыктара сэрии буоллаҕына, бэйэтэ туспа аттаах сэриитинэн түмсэллэр эбит. Ол бары уустарынан арахсан олороллорун көрдөрөр, өссө сорох уустар арахсан баралларын таба көрбүт. 70 куорат баар диэбит, манна сэриигэ суолталаах тутуулары киллэрбит буолуохтаах. Ол саҕана Хаҥыйга Сымара Күөн-Самарканд, Таас Күөн-Ташкент, Сата Күрүө, Сүлэ (Кашгар) курдук куораттар бааллара, көс омук буолбатахпытын дакаастыыр, гректар "варвар" диэн ааттыыллара сымыйа буолар. Л.Р. Кыһылааһап суруйарынан Киин Азия, Орто Азия уонна Алтаай тутуулара маарыннаһаллар эбит. Үспүйүөн нэһилиэнньэ аҥара сир оҥоруутунан, аҥара эргиэнинэн дьарыктаналлар, өрүс уутун хонууга суурдэн оҕоруот аһа бөҕөнү үүннэрэллэр диэбит. Итини таһынан тимир уһаарыыга, көмүскэ, туой иһиккэ үчүгэйдэрэ.
М. Аджи булбутунан, өссө кумааҕы оҥороллоро. Геродот этэринэн, государство тэрээһининэн, нэһилиэнньэ суруйсуутун кэҥэтээри дьаамнары тэрийбиттэр.
Чжань Цянь суруйарынан бу суруктара 25 эрэ буукубалаах, олус аҕыйах, Кытай суругунааҕар мөлтөх эбит диэн, сыана быспыт. Бу үспүйүөн өссө билбитинэн нэһилиэнньэни үөрэтэргэ уһуйар дьон баар эбит. Ону итэҕэл дьоно, баһылыктар диэбит.
Б.э.и. 5 үйэтигэр олорбут Геродот диэн греческэй историк Хара муора уҥуор тахсан, Каспий соҕуруу өттүгэр скиф диэн омук суох "Massajeta" - Мас сахата диэн омук олорорун ыйбыта. Кыһыл отонноох маһы үүннэрэллэрэ - диэн ыйыллар.
Геродот өссө ыйыталаһан билбитэ, бу омук Хара муора уҥуоргутунан сирэ-уота бүппэт эбит, "хотугу-илин баар сирдэригэр, күнэ хас да ый тахсыбат, тохтоон хаалар үһү"-диир. Ол аата Сибиир туундаратын кыһынын этэр эбит. Бу илин диэки ойууртан аһаан олорор тыс саха (tissajeta) баарын этэр. Тыс диэн былыргы саха тылынан-тиит, онон ойуурдаах саха, били бултаан олорор саха буолар. Онон ол саҕаттан сахалар бултаан бу сиргэ олорбуттара тахсан кэллэ. Өссө Биис сахата (фиссагета) диэн омук олорбута дииллэр. Хара туора уҥуоргутугар кыһын буолан бадараан тоҥорун көрөн сөхпүт. Улахан куораттар баалларын ыйар, ол аата көс омук буолбатахтарын өссө дакаастыыр.
Геродот скиф киһитин хайдах көмөлларүн көрөн үйэтиппитэ. "Илин диэки көрдөрөн, иин баһыгар аттаах, өссө мас баҕана туруоран, аннараа дойдуга аттанар эбит". Ити аттанар диэн туттар тылбыт, аттаах барар диэн суолталаах эбит. Сахалар иин таһыгар сэргэ туруорарын нууччалар кэлэн боппуттара.
В.Н. Петров "Хатан" сурунаалга суруйбутунан, биһиги Марбабытыгар үлэлээбит Франция Тулуза университет архыйыалактарын экспедицията булбут XVII үйэ бүтүүтүнээҕи көмүллүбүт дьахтарын кытта, аттыгар ат көмпүттэрин булаллар. Марба дьахтарын атын төбөтүгэр сэргэ туруорбуттарын төрдө баар үһү, бэйэтэ эмиэ илин диэки көрө сытар. Дьэ 2500 сыл ыннараа өттүгэр көмүллүбут киһини кытта, хайдах курдук үүт-үкчүнүй .
Геродот Персияны ортотунан тыырар, кини кинигэтигэр киирбит ол саҕана туттуллар ааттар бары сахалыы курдуктара сөхтөрөр. Холобур: Аар Айыы, Аарый (Дарий) , Аар таба (артаба) , Кэм биис (Камбиз) , Мэгэ биис (Мегабиз) , Мэгэ бэрт (Мегабит) , Мэгэ бас (Мегабаз). Дьэ хайдах курдугуй.
Аан дойду 7 дьиктитигэр киирбит Лаабыр Луҥ куорат, үөһэ ыйанан турар үтүөкэн мастарын көрөн сөҕөр-махтайар уонна кириэппэс мас кыраһыабай ааннарын бэлиэтии көрөн суруйан үйэтиппитэ, саха маастара оҥорбут буолуохтаах. Айыы таҥара итэҕэллээх Персия, Грецияны кытта тэҥҥэ сэриилэһэрэ. Аны Геродот этэринэн Персия Грецияҕа киирбит сэриитигэр , чопчу саха сэриитэ, саха боотурдара уһулуччу чорбойоллорун, кыайыылары хаарчыйалларын ыйар. Саардар саха боотурдарын эрэ харабылларынан оҥостубуттар.
Биһиги эрабыт иннэ Персия суруктааҕын биир туоһутунан билиҥҥи Ираҥҥа Дарий I тааска суруга эмиэ буолар.
Греция ол саҕанааҕы политикатынан, киниттэн ким да ордуо суохтааҕа.
Бу үлүгэр сүдү тутуулардаах саха салайааччылаах Персияны Греция б.э.и. 332 с. А. Македонскай салайааччылаах армията аҥаар кырыытыттан барытын урусхаллаабыта, күл-көмөр оҥорбута, сири кытта тэҥнээбитэ, 30 тыһ. киһини билиэн ылбыта диэн, анал суруксута Аристобул императорын сырыыларын арбаан суруйбута, билиҥҥэ дылы уос номоҕо буола сылдьар.
Тоҕо эрэ сэттэ сыл сордонон Самаркард куораты тиийэн ылбытын туһунан суруйбатахтара. Көннөрү 3 сыл тохтооһун буолла дииллэр. Сахсаар өрүһү туораан Хаҥыйтартан хотторбутун эмиэ кистээбиттэрэ, Александр ыалдьан хаалан Индиянан төнүннүбүт диэн буолбута. Политтехнология ол да саҕана баара. Дойдутугар улахан герой гынан, уруйдаан көрсүбүттэрэ.
Геродот көрбөтөҕө буоллар бу тутуулар тустарынан киһи-аймах тугу да билиэ суохтаах этэ.
А. Македонскай бу дойдуга кэлбитигэр, суруксута Аристобул оҥорбут картатыгар муорабыт аата Окс, түһэр өрүстэр Йаксарт, Окс эбиттэр. Йаксарт- сах, саар диэн сахалыы-таҥара, ытык. Таҥара ытык эбэтэ диэн буолар. Окс диэн сахалыы оҕус, Оҕус аҕа ууһа олорбут, билиҥҥи туроктар төрүттэрэ.
Грек ученайдара маны билэр эрээрилэр, бу туһунан Аан дойду историятыгар киллэрбэтэхтэрэ, аҥардас бэйэлэрэ эрэ үөрэх-билии буола сыппыттарын курдук суруйаллара.
Греция ол саҕана Эллада диэн ааттааҕа, билигин да элланнарбыт дэһэллэр. Аны Рим Элладаны сэриилээн ылан баран, Греция диэн буолаҕыт диэн сурэхтээбит, биһигини Якутия диэбиттэрин курдук. Хата сайдыылаах государство буолан, Греция сайдыытын Европаҕа тарҕаппыта, архивтарын күл-көмөр оҥорбокко билиҥҥэ дылы аҕалбытыгар баһыыба.
Күн улууһа кэлин Центральнай Азияҕа үөскээбитэ. Л.Н. Гумилев Кытай суругуттан маҥнай булбутунан, б.э.и. 1797 с "Гун-Мо" диэн баһылыктаах хоргойдо", диэбиттэрэ баар эбит. Күн диэн кытайдарыҥ чопчу ыйбыттар. Б.э.и. 1200с Күн государствота баар диэбиттэр. Онтон өссө бу государствоны б.э.и. 822 с баарын суруйбуттар, кэлин б.э.и. 304 с дылы суруспуттар. Онон Күн улууһа б.э.и. көһө сылдьар биис буолбакка модун, тас дойдуну кытта аахсар, билсэр государство курдук көстөр. Кини баһылыгын "Шаньюй" дииллэр, кинилэр бууккубата суох иероглифтара сатаан быһаарбатах буолуон сөп. Ытык киһи дииллэр эбит, сахалыы дьаһабыл, дьаһайааччы киһи. Бу государствоҕа таҥара дьиэтэ суох эбит, таҥара үөһэ олорор дииллэрин, кытайдар б.э.и. 822 с суруктарыгар "Халлаан киһиргэстэрэ" диэн күлүү кынан хоһоон суруйбуттара баар эбит. Өссө бу Кытай суруктарыттан билбитэ, "Оҥкул" диэн кытаанахтык тутуһуллар, булгуччу ирдэнэр сокуоннаахтар эбит. Кулут диэни букатын булбатах. Маны кытайдар "аһара чэпчэки, көдьүүһэ суох" диэбиттэр, кытайыҥ сокуона кытаанаҕа биллэр бо, уордуҥ да төбөҕүттэн матаҕын. Кытайдар этэллэринэн, 300 тыһ сэриини туруоруон сөп диэбиттэр, онон нэһилиэнньэтэ да элбэх буолуон сөп. Кытайдар сэриинэн киирбэккэ, ордук эдэр өттүн форфорынан, солколорунан, аһылыгынан бэлэҕинэн маачыктаан, албыннаан, атыылаһан иирсиһиннэрэн, обществоны икки аҥыы хайытан, государствоны мөлтөппүттэрэ. Кытай маны туһанан, кини диэки ыалдьар Хухааныыйаны кытта куомуннаһан сэрииннэн киирэр сирин аҥарын ылар. Күннэр сирдэрин аҥаара куйаары истиэпбин иһин, кытай ыла да сатаабат. Б.э.и. 47 сыллаахха "Хань уонна Күн дьиэлэрэ тэҥмит" - диэн ааттаах дуогабар түһэрсэллэр. Маны туһанан Хаҥый уонна Күн "Үйэ саас туххары дуогабар" суруспуттара суруллан хаалбыт.
Кытайга түүрк тыллаах уйгуурдар бааллар. Россияны кытта уопсай границалаах, Синьцзян-Уйгурскай Автономнай оройуонунан олороллор. Аан дойду үрдүнэр 20 мөл. уйгур баар эбит, Бу Автономнай оройуон Аан дойду обшиналарын барыларын түмэр, үрдүкү органнара Аан дойду уйгурдарын Конгреһа. Уйгуурдар түмсүүлээх буолан бэйэлэрин бырааптарын аһара туруорсаллар эбит. Билигин ислам итэҕэллээхтэр эрээри, былыргы сахалар курдук эдэр дьон ыал буоларыгар төрөппүттэрэ улахан оруоллаахтар эбит.
Орто Азияҕа биир саар сүһүөҕүнэн Куһан диэн биһиги эрабыт бастакы үйэтигэр үөскээбит государство баар буола сылдьыбыт.
. Куһаны үөскэппит саха уустара Байдьаҥ (Бордоҥ), Сүлэ, Үөдьү ылан олорбут сирдэрэ. Биир биллэр саара б.э. 78 с олбоҕор олорон, 23 сыл устата салайбыт Хаан Эркин буолар. Кини аатын кини куттарбыт көмүс манньыатыгар аахпыттара, "Хан Эрке" диэн эбит. М.Адже көрдөөн булбутунан Таҥараҕа үҥэр сирэ Сүлэ эбит. Айыы саха Сүлэ аҕатын ууһун олоҕо Сүлэни куорат турбут өрүһэ.
Дьэ хайдах курдук Ойуунускай убайбыт этэн кэбиспит санаатын, уолаттар барытын уот харахха уу тэстибэт кына ытаһалаан кэбистилэр.
Ньурба Эбэҕэ Сүлэ нэһилиэгэр сыл аайы кэриэтэ тойон Кыыл-Ийэ кыылбыт саас көтөн кэлэн хаардаан баран, баай тииккэ олорон хас да күн дьону көрөн-истэн барар эбит. Оттон 2008 сыллаахха Сүлэ уһулуччулаах уола С.С. Сүүлүскэй 100 сааһын ыһыаҕар маҥнай үрүҥ күннэрэ иилэммит, онтон үс кыталык-кыыл түһэн кэлэннэр, түһүлгэни эргийбиттэрэ, дьикти эбит. Ньурбалар төрүт-уус төрүттэригэр итэҕэйэллэрин иһин, үрдүк айыыларбыт бэлиэлэрэ буолуохтаах.
Л.Н. Гумилов оҥкула сахалыы быһаардахха, омук диэн син-биир киһи кэриэтэ төрүүр, улаатар күүһүрэр уонна син биир кырдьан өлөр. Муҥутаан сөпкө сайыннаҕына, 1300 сааһыгар тиийэр. Оннооҕор улуу Кытай 7.5 мөл киһи хаалыар дылы өлөрсөн баран, өрө тахсыбыта дииллэр. Айылҕаттан сирдииргэ аналлаах киһи үөскээтэҕинэ норуот күүһүрэр, бүтэһик түмүһэххэ аны ол дьон ахсаана аһара элбээн, аны бэйэ-бэйэлэрин сиэһэн бараллар, эстии саҕаланар, норуот атын омук аһылыга буолар.
Сахалар ити бутэһик түһүмэхтэригэр сырыттахтарына, 633 с. Мухаммед диэн киһи ислам диэн итэҕэли арабтарга киллэрбитэ. Бу итэҕэлтэн арабтар Халифаттара үөскээн аны Азияны сэриилээн барбыттара. Кутейба диэн байыаннай начальниктара, өссө үчүгэй дипломат этэ, тылларыгар киллэрэн,
ислам итэҕэлин ылыммыттарга, норуокка туох баар государственнай бырааптары биэриэхпит, сир нолуогун сотуохпут диэн киитэрэйдээн, үгүс куораттары сэриитэ суох ылаттаабыта. Дьиҥнээҕэ дойдулары халаабыта, 100 тыһ. киһини кулут кынан атыылаабыта, кинилэр оннуларыгар араабтар бэйэлэрэ көһөн кэлбиттэрэ. Утарыласпыт дьоннору кырган иһэллэрэ. 737 с. Аму дарьяҕа тиийэн кэлбиттэрэ. Манна түүрдэр каганаттарын кытта сэриигэ, түүрдэр мөлтөөбүт кэмнэрэ буолан хотторбуттара. Араабтар сэриилээн арҕамаах сылгылар кинилэр бас билиилэригэр киирбитэ. Орто Азияҕа арай түүрк мил (туркмен) үөскээн арҕамааҕы үйэтитэн, кэлин Ахалтекин сүүрүгэ диэн үтүөкэн сылгы ууһаабыта.
Байкалга кэлэн баран Күннэртэн туораабыт, сэриинэн эрэ ииригирбит сэрии бииһэ - күөртэри кытта сэриилэһэн, б.э. VIII үйэтигэр үүрбүттэрэ. Ол күөртэр хотторон баран Енисей, Орхон мэҥэ таастарыгар "Байкалга олорор "курыканнартан" 5 тыһыынча аттаах сэрииттэн эһиннибит" - диэн муҥатыйан суруммуттара туоһулуур. Ордубут арҕамаахтан б.э 747 с. Кытайга уон аты бэлэх биэрбиттэрэ сурукка киирбит. .Китай императора үөрэн поэма айбыта үһү.
Волгаҕа олохтоох сэриитимсик калмык омук аҥаара ыраахтааҕылыын сэриилэһэ сатаан баран куотан Байҕал таһыгар кэлбитэ. Манна кэлэн сахалары кытта сэриилэһэн тахсаллара. Сахалар кинилэри "илээт" дииллэрэ, билигин да куһаҕан, харса-хабыра суоҕу илээт диибит.
Байкал тула олорбут сахалары кытта баар омуктары барыларын 1206 с. нууччалар кэлэн барыларын моҥкуол диэн суруйбуттар. 1276 с. Байкал тулатын сэрии бииһин ууһа Бөлө былдьаабыта, сахалар хоту куотан биэрбиттэрэ.
Сахалар тыһыынчанан сылларга араас норуоттары кытта хааһы курдук буккуһан, суут - сокуон суох кыргыс үйэтигэр төһөлөөх киирсиилэри ааспыттара туманынан сабылыннаҕа. Аҕыйах ахсааннаах айыы сахалар бу үлүгэрдээх олох очурдарын ааһан баран, итэҕэлин, олоҥхотун, культуратын сүтэрбэккэ кэлбиттэрэ дьикти. Саха сиригэр хоту көһөрүгэр арҕамааҕы үйэ сааска өйдөбүнньүк оҥостон Сахсаар (Өлүөнэ) баһыгар кэлэн тааска ойуулаан хаалларбыта. Дьэ ону билигин утумнара 1993 с. Саха республикатын дьаралыгар дьүһүйэн, дьөһөгөй оҕотун үйэтиттибит.
Манна кэлбит кэннэ да, үчүгэй аттара элбэхтэр эбит, холобур - Куһаат "Үрүҥ кутурук" диэн ата XIX үйэ бүтүүтүгэр Үөһээ тайҕаттан (Бодойбо) Ньурбаҕа дылы 85 көһү, 4 хонугунан тахсара үһү. Күҥҥэ 20 көһү түһэр үтүө ат эбит.
30-с сыллардаахха Г.В. Ксенофонтов "Шаманизм" диэн кинигэтигэр б.э.и. саха Үрүҥ Аар Тойон диэн сүрүн таҥаратын сиргэ күн буолан көстөр диэннэр, кини сардаҥаларын дьүһүйбүттэрэ түөрт салаалаах "кириэс" буолар диэн быһаарбыта. Ол туоһута б.э.и. II тыһ. кэмҥэ Орто Азияҕа Иссык-Культан хостоммут саха боотура бэргэһэтигэр "кириэс" бэлиэлээҕэ.
Былыр XVII үйэ бүтүүтэ Сунтаар улууһугар I Бордоҥ нэһилиэгэр аатырбыт Халлаан Ойуун олорбут. Кырдьан өлөрүгэр "кириэстээх" дүҥүрүн аймаҕар Маҥхааһай Ойууҥҥа биэрбит. Саха ойууна диэн саха Айыы Таҥаратын итэҕэлин киһитэ буолар, кини хайдах да Христос буолан таҥныбат, ол эрэбил.
Өссө биир туоһутунан Марбаҕа көстүбүт XVII үйэтээҕи көмүүгэ тэҥ түөрт сардаҥалаах "кириэс" баар эбит.
Тимири тимиргэ охсон, таҥараҕа үҥэр-сүктэр туом баара. Былыргы түүрдүү "Халык" - халлаан, халлааҥҥа үҥүү. М.Аджи этэринэн Улуу хонуу куйаарга аан маҥнай колокол диэн тарҕаммыт. М. Аврелий б.э. II үйэтигэр иҥ-уус илдьиттэрэ Айыы таҥара хараана колокол тыаһын лоҥкуната туралларын суруйбута, Бар Дайсен үйэтиппитэ. Хрестьянствоҕа икки үйэ буолан баран Рим Папата колокол тыаһын саҥа киллэрбитэ.
Онон сахалар бу итэҕэли арыый сымнаҕастык ылыммыттара. Сунтаар "Бордоҥ волоһын" старостата Дьүүл Уйбаан өлөрүгэр "колокол тыаһын истэ сытыахпын" диэн Элгээйи чосуобунньатын таһыгар көмтөрбүтэ үһү.
Бу курдук кинигэҕэ элбэх туоһулар бааллар. Сэргиир дьон көрүөххүтүн сөп.
Хаҥ уус - саха сүрүн бас-көс ууһа этэ. Салайарга удьуордааһын күүһүн туһанан, сахалар дьылҕаларын итэҕэйэн, хаҥ уустар "саардар сүһүөхтэрэ" буолан XVII үйэҕэ дылы салайан кэлбиттэрэ. Аҕа уустарын түмэн "Саха Тарханаат" диэн судаарыстыба тэриллиитигэр, хаҥ улууһун киһитэ Дархан солотун сүгэрэ. Бүтэһик баһылыгынан Дыгын Дархан этэ. XIX үйэҕэ Мархаҕа көстүбүт туой көһүйэ уонна скиф туой көһүйэтинээн атылыытын Н.Д. Архипов 1989 с. бэлиэтиир. Саха итэҕэлигэр күөс охсооччу идэтэ тимир ууһун курдук сыаналанар эбит. Ол иһин "Буор күөстээх бордоҥнор" диэн аат Ньурба бордоҥноругар иҥмит эбит. Сахалар хоту кэлэн, саха мас чороонугар көспүтэ.
Манна биир суолталаах суолу Мандар .уус таба көрбүт, кини XVIII үйэтээҕи саха оһуоругар, көрүҥүнэн 22 ынах ойуутун уонна 19 "бараан муоһа" ойууну булар. Бараан саха сиригэр суох. Мандар саамай сөбүлээн "Көҕүөр ойууну" тутталлар диир. Бу Орто Азия омуктарыгар тэнийбит ойуу, эбэтэр сахалар тэниппиттэр.
Сэбиэскэй саҕана кэпсэммэтэх И. Галгин ыраахтааҕытыгар үҥсүбүт суругуттан көрдөххө, кини 1631 с. Туймаадаҕа сахалардыын сэриилэһэн хотторон, нэһиилэ Нам диэки куотан ордубут: "Тынина и Бойдон кинээстэрэ сыстылар", "...Холопы твои" аҕыйах этибит, онон хоттордубут диэн суламмыт.
1631 сылга Сиинэ Бордоҥун баһылыга Чэмэлис уола Бордоҥ Чемеляков этэ. 1639-40 сыллаах дьааһах биэдэһэмэһигэр 116-с лиискэ кинээс дьааһах төлөөбүтэ суруллан хаалбыт, "декабря в 17 день взято государарева ясаку Бордонской волости с князца Бойдоха Чебеляева сына и 3 детей ево с Еренея 55 соболей с хвосты, 58 соболей без хвостов, 2 соболи полухвосты". Оттон 749-с лиискэ Бордоҥ кинээс уола Дегудер диэнтэн дьаһаах төлөппүттэр.
Бордоҥ кинээс сэриитэ саха өрө туруутугар кыттар. Бу иннэ Амур бордоҥнорун көмөтүнэн, Маньчжурия ыраахтааҕытыттан 1769 киис тириитигэр буораҕынан эстэр саа ылбыттара, Кытай 1633 с алтынньы 4 күннээх суругар баар. Бу өрө турууга 3000 хааһахтары айыырҕаан умаппакка, дьааһах төлүүргэ сөбүлэһэллэрин үрдүнэн салайааччыларын 28 боотуру ыйыыллар, ол иһигэр Тыгын Дархан уолаттарын барыларын. Чэмэлистээҕиҥ Сиинэттэн 400 киһитин илдьэ Ньурбаҕа Төлүөн уоругар хорҕойор. Маны хааһахтар 2 сыл көрдөөн 1644 с. "Варки өрүстэн буллубут"- диэн кумааҕылара баар. Ону Сиинэҕэ төннөртөөҥ диэбиттэр. Бэрдин бэрт Бордоҥ кинээһэ ыраахтаа5ы былааһын өссө муннарбыт. Бэйэрин оннуларыгар бу эркин көһө сылдьар ньурмаҕааннары, солоҕооннору уган биэрэн, хааһахтар олору илдьэн Сиинэҕэ олохтууллар.
Бордоҥ кинээс дьонноро Сунтаар Элгээйитин булаллар. Уолаттарыттан Дэбитэр Боотур диэн уола эрэ ордон кэлсибит. Бордоҥ бэйэтэ манна саҥа ойохтонон 5 уолу төрөппүтэ. Сунтаар II Бордоҥ нэһилиэгэ 1857 с. Үөдэй нэһилиэгин кытта Букаайык диэн сири былдьаспыттарын көрдөрөр кумааҕы архыыптан көстүбүтэ. Ол бу баар: "...Тому назад прошло более 300 лет, предки наши Хаджага, Болгун, Нарын - сыновья Дебидеревы, отыскав пустопорожные и никем не переселенные урочища, состоящие на правой стороне Вилюя под названием Букаик, Толон и на левой стороне Анабы, Ымсы, Улгумда, Беттемелях, Марба, Мар и прочие места... впоследствии составляли 2-й Бордонский наслег".
Олохтоох тоҥустар булдунан олорор буолан, хонуу сири былдьаспаттара.
Саха аҕа ууһун эр киһинэн эрэ ааҕынара, онон саха утумун тэнитээри хастыы да тоҥус кыргыттарын ойох ылар үгэс буолбута.
В. Серошевскай этэринэн 1891 с. Сунтаар улууһа 14 нэһилиэгэр 75 аҕа ууһугар 24504 дууһалаах баар эбит. Онтон 1917 с. Бүлүү сүнньүн аҕа ууһун аахпыт Г.В. Ксенофонтов Ньурба бордоҥноро 3645 дууһа, Сунтаар бордоҥноро 3849 дууһа диэн түмүктээбитэ.
Онон бордоҥнор империя уонна тыйыс айылҕа бары кыһалҕаларыгар бэриммэккэ, илииннэн сылгы-сүөһү бөҕөнү иитэн, оҕо-уруу тэнитэн олорбуттара.
Билигин тыһыынчанан информация, араас көҥүл санаалар үйэтигэр хас биирдии киһи хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин сааһыран бардахпытына эрэ анааран барабыт. Эт-хаан буккуһуутун таһаарымаары былыргы сахалар бэйэ иһиттэн саамай чугаһа 6-7 сүһүөх анараатын эрэ көҥүллүүллэрэ. Хас биирдии аҕа ууһугар дьон төрдүн-төбөтүн ыаһахтыыр сээркээн сэһэнньиттэр бааллара. Ол сэбиэскэй былаас саҕана быстыбыта, билигин ыйыталаһан хаалбатахпыт диэн, элбэх киһи хомойор буолуохтаах.
II-с Бордоҥ нэһилиэгэ
Хадьаҕа аҕатын ууһа.
1. Хадьаҕа.
Дэбидэр уола
Ийэтэ Сэллик Эмээхсин
2. Улахан Көккөй
Хадьаҕа уола
Маннык ааттаах аҕа ууһун төрдө буолбут, Сирин-уотун
"Үөһээ Көккөй" диэбиттэр.
Биир уоллаах.
3. Улгумда
Улахан Көккөй уола
Олорор сирин, сыһыытын Улгумда диэн ааттаммыт
Күүстээҕинэн биллибит.
4. Ботоойу
Улгумда уола.
900 сүөһүлэммит, улахан хоһуун, сатабыллаах киһи эбит.
5. Тааппаҥ
Ботоойу уола
Кэргэнэ Хаҥалас Тиит Арыы эбит, сэттэ уолу төрөппүт
1927 с. Хотуоска Сутурук - Н. Волков Тааппаҥ араҥаһа сууллубутун
хостообута: көмүстээх ыҥыыр, тирии холун, кыл дьирим, алтан иҥэһэ, дэйбиир баар эбиттэр - ол аата Дьөһөгөй оҕото барахсаны өрө туппут буоллаҕа.
Аҕа ууһун төрдө буолбут.
6. Егор Попов - Төгүл.
Бырахсар уола
1824 с. II Бордоҥ нэһилиэгин кинээһэ
900 сүөһүлээҕин үлэһиттэрэ муҥха саҕана бугулларын хаардыы-хардыы кэбиһэллэр үһү. Дөкөө үрэххэ турбут, тэлгэһэтигэр ат баайар аҕыс сэргэлээҕэ үһү.
Олоҕо Бырахсар.
7. Ыстаппаан Егоров.
Төгүл уола
1846 с. 2 -с Бордоҥ нэһилиэгин кинээһэ
Оччолорго нууччалар Дьөгүөр оҕото диэннэр, Дьөгүөрэп
буолбут, биэс оҕолоох
Олоҕо Бырахсар.
8. Иван Попов - Куттах баай.
Ыстаппаан уола
1884с. 2 -с Бордоҥ нэһилиэгин кинээһэ, барыта
22 сыл кинээстээбит.
II Бордоҥ ыала бары бэйэтэ бурдук ыстарын, оҕоруот аһа олордорун ситиспитэ. Улгумдаҕа алта айахтаах ампаар туттарбыта, билигин бөһүөлэккэ киирэн турар. Харчыннан суол оҥоруутугар, балыыһа, оскуола тутуутугар көмөлөспүт. Сунтаарга балыыһа туттарбыта билиҥҥэ дылы үлэлии турар.
9. Егор Попов - Чооку.
Ыстаппаан уола
1875 с 2 -с Бордоҥ нэһилиэгин кинээһэ
Биир уоллаах
10. Баһылайка.
Ыстаппаан уола
Уола К. Попов 1905 с. 2 -с Бордоҥ нэһилиэгин кинээһэ
11. Игнатий.
Степан уола
Икки уоллаах
Еремей Попов - Балтаанай - 1922 с. Хочо, Сунтаар
кыһыл террорун утары саха өрө туруутун биир салайааччыта,
онтон амньыыстыйаҕа барыыны тэрийбитэ.
Иван - учуутал.
12. Бэс.
Тааппаҥ уола
Олоҕо - Марба
13. Бүөтүр
Бэс сиэнэ
Сүрэхтэммит, онон утумнара Петровтар буолбуттар
Олоҕо - Марба
14. Тэрэнтэй.
Бүөтүр уола
Кэргэнэ Моторууна, 9 оҕолоохтор.
Олоҕо - Марба, Арҕас Кэрии
15. Ньукуус.
Тэрэнтэй уола
Улахан дуобатчыт
Мас ууһа, "Сир түннүгэ" - сэһэнньит.
Кэргэнэ Ульяна Егоровна - Үҥкүр Күөл, Кэрэмэстэр кыыстара, Далбарай Баай утума.
16. Владимир Петров - Бордоҥ Болуодьата.
Ньукуус уола.
Кэргэнэ Валентина Афанасьевна - Ньурба, учуутал.
Икки оҕолоохтор, үс сиэннээхтэр.
Владимир Николаевич 1631 сыллаахха Дыгын Дарханныын ыраахтааҕы хааһактарын кэһэтэлээбит кинээс Чэлэмис Уола Бордоҥнуун хаан аймаҕа буолан таҕыста.
Володя мэлдьитин улахан спортсменнары, тойоттору- хотуттары кытта сылдьар курдук көстөр эрээри , боростой киһиэхэ туох эрэ үчүгэйи таба көрөр, тыл булар кэпсэтэр үчүгэй хаачыстыбалаах, айар - тутар күүһүн норуоттан ылар курдук саныыбын.
А.А. Дмитрьев бэйэлэрин төрүччүлэрин сэргиир дьоҥҥо сүбэ биэрэр, национальнай архыыпка 1897 сыллаах Россия I биэрэпиһэ баар, ол ыннараа өттө туох да суох. 2-3 XIII-XIX үйэтээҕи "ревизскэй сказка" баара, онно киин улуустар эрэ бааллар. Бастакы дьаһаах XVII үйэ биэдэмэстэрэ Москваҕа Киин архыыпка бааллар.
Бүтэһигэр Ахмед Андреевич этиитинэн түмүктүүбүн, Бордоҥ хааннаах барыта үйэтийэриттэн ордук күндү сорук суох, өбүгэлэрбит барахсаттар удьуорбут иннэ диэн, төһөлөөҕү оҥорон, олох олорон кэлбиттэрин билиэххэ, киэн тутуохха, үйэлээх өйдөбүнньүк туруоруохха.
Виталий Николаев, Бордоҥ олохтооҕо
Олунньу 22 күнэ 2020 сыл
|