02:30 Дария Кирилловна ГУРИНОВА |
Дария Кирилловна ГУРИНОВА Тыыл бэтэрээнэ Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр колхоз тутаах үлэһитэ. Эр дьоннору солбуйан ферма ис – тас үлэтин барытын үлэлиирэ. От тиэйиитэ, мас мастааьына, от охсуута, мунньуута дьахталлар илиилэринэн ааһара. Энкилэ суох үлэтин И.В.Сталин төбөлөөх мэдээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии бүппүтүн да кэнниттэн колхоз – совхоз үлэтиттэн илиитин араарбатаҕа. Бастыҥ ыанньыксыт, бороон көрөөччү. Ситиһиилээх үлэтинэн ВДНХ – аҕа путевка биэрэннэр Улуу Москуба куоракка күүлэйдээн сынньанан кэлбититтэн үөрэрэ. Коммунистическай үлэ ударнига. Мин 1975 сыллаахха Сунтаар 1 №-х оскуолатын бүтэрэн комсомольскай путевканнан Тэҥкэҕэ үлэлии кэлбитим. Тэҥкэҕэ кэлбиппитигэр бастаан окко үлэлэппиттэрэ, онно кырдьаҕас саастаах чүөчэлэрин от мунньар коллективыгар сыһыарбыттара, онтон ыла Тэҥкэ чүөчэлэрин кытта билсэн, кинилэр истэригэр Гуринова Дария Кирилловна диэн баар этэ. Сатаан мунньубат оту, бугулу оҥорбот кыргыттары үөрэтэн – такайан, кэлин бэйэбит төһө баҕарар от үлэтигэр холкутук сылдьар буолбуппут. Ыалдьытымсах, киирэн кэллэххэ, үөрэ – көтө көрсөн, итии чэйэ бэлэм, кэпсээнэ элбэх, сүбэ – ама бөҕөнү биэрэн ыытара. Кэлин кини урууларыгар Кириллин Владимир Ивановичка кэргэн тахсан олох да чугас уруубут буолбута. Дариялаах дьиэлэрин таһыгар дьиэ туттан ыаллыы буолбуппут, мэлдьи бэйэ – бэйэбитигэр киирэ – тахса сылдьааччыбыт. Ол кэмнэргэ наһаа ыарахан сыллар этилэр. Хамнас да суох, маҕаһыыҥҥа улахан уочарат буолар этэ. Ол сылларга кырдьаҕас эдьийбит Дария биһигини өйөөн Сунтаартан иһит ыскааба, тахтаа орон, харчыннан көмөлөспүтэ. Күн бүгүнүгэр диэри харыстаан ол миэбэллэрбитин өссө да тутта сылдьабыт, оҕолорбутугар кэпсиибит. Эбээ Дариябытын ахтабыт, саныыбыт кини аатын уһатаарыбыт кыыспыт аатын Дарья диэбиппит. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр кырдьаҕас көлүөнэ үлэлээн – хамсаан ааспыт үлэтин – хамнаһын, үтүөнү оҥорбуттарын умнубаттарын курдук кэпсии сылдьыахха наада.
Ахтыыны суруйда Тэҥкэ олохтооҕо Кириллина Розалия Алексеевна.
|
|