Воскресенье, 29.12.2024, 06:01
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Егор Федотович ТИХОНОВ
12:53
Егор Федотович ТИХОНОВ

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ

Егор Федотович ТИХОНОВ,

2015 с. кулун тутар 11 күнэ:

Мин 1935 с. ыам ыйын 10 күнүгэр Каганович колхозка Куруҥ Балаҕаҥҥа төрөөбүтүм. Аҕам Тихонов Федот Максимович 1882 с. төрүөх, Бордоҥҥо биир бастыҥ мас ууһа, ийэм Тихонова Анастасия Лазаревна колхозка сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэрэ. Бииргэ төрөөбүт төрдүө этибит, биир иитийэх эдьиийбит Мартынова Мотрена Алексеевна баара. Дьиҥэ дьонноох этэ эрээри, Мартынов Алексейдаахха оҕо турбат диэн саһыаран мин дьоммор ииттэрэ биэрбиттэрэ.

Сэрии саҕаланыыта ийэм оскуола остуораһынан, аҕам эмиэ оскуолаҕа уус маастара этэ. Мин сэттэбин туола илик оҕо этим, ол саҕана Марбаҕа олорбуппут. Дьон-сэргэ айманарын өйдүүбүн. Араадьыйанан Вячеслав Михайлович Молотов сэрии буолбутун эппитэ. Мин ону баһын-атаҕын эрэ өйдүүбүн. Сэрии саҕаланар сылыгар мин оскуолаҕа бастакы кылааска үөрэнэн испитим, убайым Бааска 12-лээх уол этэ, Муоча биирдээҕэ. 1942 с. сэрии ыган Кэппэндээйигэ туус былаанын уон төгүл үрдэппиттэрэ. Онон колхозтартан үлэһит илии наада буолан, ыал-ыалынан Кэппэндээйигэ көспүттэрэ, ол иһигэр биһиги дьиэ кэргэммит эмиэ. Бордоҥтон дас да ыал барбыта. Ити кэмҥэ аҕабыт 60-чалаах, ийэбит 37 саастаахтара. Сарсыарда эрдэ 6 чааска дойдубутуттан араҕан айаҥҥа туруммуппут. Икки саастаах Мотя, мин уонна 90 саастаах эбэбит буолан сыарҕалаах акка олорсон барбыппыт. Халлаан олус тымныытын уонна эбэбиниин сыарҕаттан хаста да төкүнүйбүппүтүн үчүгэйдик өйдүүбүн. Ити буолан киэһэ 10 чаас диэки Сунтаары булбуппут. Ыалбытыгар Мартыновтарга хонон баран, эмиэ сарсыардаттан айаннаан ала түүн Кэппэндээйибитин булбуппут. Онно хайа дьиэҕэ хоммуппутун өйдөөбөппүн. Эмтээх күөл үрдүгэр турар түннүгэ-үөлэһэ, оһоҕо суох дьиэни оҥостон олохсуйбуппут. Ол дьиэҕэ үс ыал этибит. Ийэм оргуйбут туус бааһынатыгар, аҕам туус оргутарга 1 м усталаах мас бэлэмнээһинигэр, тутууга үлэлээбиттэрэ. Ийэм ол үлэлии сылдьан оргуйа турар улахан туустаах хочуолга Иванова Евдокия Ильинична (Петрова Галина эбэтэ) түспүтүн хочуолу эргийэ сүүрэн кэлэн быыһаабыта. Биһиги тэйиччи сылдьан ынырык кыланыыны истэн сүүрэн кэлбиппит. Ийэм итии оргуйа турар туустаах хочуолтан биир дойдулааҕын хайдах таһаарбытын билигин сөҕөбүн. Таһаараат таҥаһын устарын өйдүүбүн. Евдокия Ильинична балыыһаҕа киирэн үтүөрэн тахсыбыта, 100 сааһын туолуо аҕыйах ый иннинэ өлбүтэ.

Олох-дьаһах ыараханын оннооҕор биһиги оҕолор өйдүүбүт. Мин оҕо көрсөбүн. Оскуола баар этэ эрээри, ол саҕана онно үксэ нуучча оҕото быһыылаах этэ, онон дьонум кырбыахтара эҥин диэн буоллаҕа, үөрэтэ сатаабатахтара. Биһиги оҕолор эмиэ дьоммутугар көмөлөһөрбүт: туус куталларыгар куул айаҕын тутан биэрэбит. Хамнас биэрээччилэр. Сорохтор балыйаллар диэн да кэпсэтии баара. Хамнас оннугар заем биэрэллэрэ. Хата ол сыаналаах кумааҕыларынан биһиги оонньуур буоларбыт. Кэппэндээйигэ 700-тэн тахса хаайыылааҕы аҕалан үлэлэппиттэрэ. Олор улахан баҕайы бараах дьиэҕэ олороллоро. Тууска убайым Баһылай улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспитэ. Үчүгэй үлэтин иһин Сталин төбөлөөх мэтээли биэрбиттэрэ. Оччолорго Бордоҥ дьонуттан Бааска оҕолортон бастакынан мэтээли ылбыта, ол иһин кинини “мэтээллээх уол” диэн ааттыыллара.

Сүрүн аспыт килиэп, онтубут нуорма этэ. Сорохтор карточканы албыннаан оҥостор буоланнар, ардыгар ол кыра да килиэптэн матарбыт. Убайым биһикки мундуну күөгүлээн, туунан күстэхтээн эбинэрбит. Бэс сутукатын кытары амсайбыппыт. Өрүү аччык сылдьарбыт. Аҕалаах ийэм сарсыарда эрдэттэн киэһэ халлаан хараҥарыар диэри үлэлииллэрэ. Хойутаатахтарына эппиэккэ тардыллаллара. Аҕам үчүгэй үлэтин иһин хайҕабыл суруктары ыларын өйдүүбүн. Аҕам, ийэм уонна быраатым Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Кэппэндээйигэ олордохпутуна эбэбит уонна кыра бырааппыт төрөөн өлбүтэ. Кыайыы буоларыгар мин иккис кылааска үөрэнэрим. Сэрии туһунан күн аайы информацияны баҕанаҕа ыйанан турар радионан этэллэрэ. Кыайыыны уруйдаан үөрүү-көтүү буолбута, халлаан ып-ыраас, ичигэс этэ.

Мин бэйэм аймахтарбыттан сэриигэ кыттыыны ылбыттара: Анатолий Прокопьевич уонна Иван Прокопьевич Андреевтар. Анатолий Прокопьевич Япония сэриитин кыттыылааҕа, онтон Иван Прокопьевич сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ.

1946 с. Бордоҥҥо төттөрү көһөн кэлбиппит. Онно биир ынаҕы көмө диэн кыра харчыга биэрбиттэрэ. Аҕам эмиэ оскуолатыгар маастарынан, ийэм колхозка үлэлээбиттэрэ. Аҕам оҕолор эрчиллэллэригэр анаан сурунаалтан көрөн хайыһар оҥорбута. Ол хайыһардары кэтэн Тихонов Егор Иванович, Петрова Ксения Николаевна, Индеева Анна Ивановна о.д.а. оройуоҥҥа сүүрэн бастаабыттара, Ньурбаҕа тиийэ күрэхтэспиттэрэ. Оҕолорго мас сааны, бэстэлиэти оҥорон биэрэр буолан, оҕолор сөбүлүүллэрэ. Ыалларга оҕо оронун, олоппоһун, ат сыарҕатын, көлүйэр тэрилин оҥорон бородууктаҕа атастаһара.

Ийэм кинигэни ааҕарбытын ирдиирэ, библиотекаттан уларсарбыт. Мин салгыы үөрэнэн 10 кылааһы бүтэрбитим. Ол кэнниттэн колхозка окко, субай сүөһү, сылгы көрүүтүгэр, хотон тутуутугар, тракторга куруусчутунан, кочегарынан – туох түбэһэринэн үлэлээбитим. От оттооһунугар звеньеводунан үлэлиирим. Үчүгэй үлэм иһин хайҕал суруктарынан, харчынан уонна таҥаһынан бириэмийэлэммитим. Хрущев кэмигэр Сунтаар Ньурба (оройуона) улууһа холбоһон бөдөҥсүтүү буолбута. Онно конференцияҕа дьыаланы оҥорооччунан талыллан кыттыыны ылбытым, плащ бириэмийэни ылбытым.

1965 с. хараҕым мөлтөөбүтэ. Ол да буоллар син биир үлэлиирим. 1975 с. отойун көрбөт буолбутум, онон үлэлээн уурайбытым. Кэлин Сунтаар улууһугар көрбөттөр тэрилтэлэрин группорунан үлэлээбитим.

Убайым биһикки үөрэҕи ылыах дьон сэрии мэһэйдээн үөрэҕэ суох хааллахпыт. Биһиги сиппэтэхпитин оҕолорбут, сиэннэрбит ситэрэн, дьоллоохтук, байылыаттык олороллоругар баҕарабын.

Просмотров: 229 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]