Воскресенье, 29.12.2024, 05:35
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Екатерина Васильевна, Егор Иванович ТИХОНОВТАР
12:59
Екатерина Васильевна, Егор Иванович ТИХОНОВТАР

Тыыл, үлэ ветераннара

Екатерина Васильевна, Егор Иванович ТИХОНОВТАР

тустарынан уоллара Тихонов Иван Егорович:

Ийэбит Тихонова Екатерина Васильевна Илимниир нэһилиэгэр 1926 с. аҕыс оҕолоох орто бааһынай ыалга (аҕаларын Баанча диэн ааттыыллара) бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Кини 1942 с. Сиэйэ сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэр. Ити сыл Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэххэ киирэн, 1945 с. ситиһиилээхтик бүтэрээт, Түбэй- Дьаархан начальнай оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитинэн барар. 1947 с. Бордоҥ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар ананан, өр кэмнээх, айымньылаах үлэтэ, дойду оҥостубут сиригэр дьоллоох, соргулаах олоҕо саҕаланар. Түөрт сыл үлэлээт 1951с. Дьокуускайдааҕы пединститут историко-филологическай факультетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирэн, 1958 с. ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1954 с. Марбаҕа, төрүт олохтоох уоллуун – биһиги аҕабытыныын таптаһан ыал буолан биэс о5о төлкөтүн түстээбиттэрэ. Уопсайа үөрэх кыһатыгар 49 сыл үлэлээбитэ, итинтэн 47 сыл - Бордоҥ оскуолатыгар история учууталынан.

Үлэлиир кэмигэр оскуолаҕа өр сылларга завуһунан үлэлээбитэ. 1966 с. кыраайы үөрэтэр куруһуогу салайан үлэлэтэр, икки сыл оскуола хамаандата республикаҕа туристическай кыраайы үөрэтэр күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни ылар. 1970 с. Ленинскэй хоһу тэрийэр. Оскуолаҕа история уруогун кабинетын аһан үлэлэтэр, общественнай предметтэр методическай холбоһуктарын салайааччыта этэ. Элбэх сыллаах сыралаах иитэр-үөрэтэр үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта, Норуот үөрэҕириитин туйгуна, оройуоҥҥа бастакы Старшай учуутал бэлиэни ылбыта, Учууталлар учууталлара анал ааттаах.

Дириҥ, чиҥ билиини биэрэр, ирдэбиллээх учууталы үөрэнээччилэрэ сөбүлүүллэр, ытыктыыллар. Ол биир бэлиэтэ –кини үөрэппит оҕолоруттан учууталларын утумнаан история учууталын идэтин ылбыттар элбэхтэр: Семенова Лидия Авдеевна, Иванова Ираида Кононовна, Петров Семен Андрианович, Евсеев Александр Васильевич, Федоров Виталий Дмитриевич. Үөрэнээччитэ Иванова (Семенова) Ираида Кононовна Москваҕа үөрэнэ сылдьан учууталын кытта көрсүһүүтүн туһунан бу курдук иһирэхтик суруйар: “1976 с. үрдүк таһаарыылаах үлэтин сыаналаан үөрэх министерствота Екатерина Васильевнаны Москва куоракка Бүтүн Союзтааҕы учууталлар Сүбэ мунньахтарыгар кыттыыны ыларыгар ыыппыта. Мин оччолорго В.И.Ленин аатынан Москватааҕы государственнай педагогическай институт историческай факультетын төрдүс кууруһун устудьуона этим. Учууталбын Москваҕа кэлбитигэр Домодедово порка киирэн көрсөн, бэйэм олорор уопсайбар аҕалан хоннорбутум. Сарсыныгар “Орленок” гостиницаҕа тиийбиппит. Маҕаһыыннарга сылдьан учууталбыт мунньахха кэтэригэр анаан хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөөх кримплен көстүүмү уонна паригы атыыласпыта. Ол паригы дьиҥинэн кини ылыан баҕарбатаҕын үрдүнэн, дьүөгэбиниин хаайан ылларбыппыт (оччотооҕу оҕолор кини бырааһынньыктарга кэтэр паригын өйдүүр буолуохтаахтар). Мунньахха астынан сылдьыбыта, поэт Роберт Рождественскайы кытта билсэн кэпсэппиттэр этэ. Онтон биирдэ киэһэ мин дьүөгэбиниин киниэхэ гостиницаҕа тиийбиппитигэр, учууталым гостиница рестораныттан ас бөҕөтүн, бэл шампанскайы кытта атыылаһан аҕалан, устудьуон дьон тото-хана аһаабыппытын, ирэ-хоро кэпсэппиппитин билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Ытыктыыр, сүгүрүйэр учууталбытыгар Екатерина Васильевнаҕа үөрэппит оҕолоро муҥура суох махталлаахпыт. “Бараммат-хороммот банаардаах сырдыктаах” учууталбыт туһунан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр мэлдьитин баар буолуоҕа”.

Ийэбит дойду оҥостубут Бордоҥун историятын үөрэтиигэ олоҕун бүтүннүү анаабыта. Өр сылларга мунньубут матырыйааллара билигин нэһилиэк кыраайы үөрэтэр музейын сүрүн экспонаттарынан буолаллар. Ийэбит Екатерина Васильевна 1995 с. 69 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.

Оттон аҕабыт Тихонов Егор Иванович 1928 с. Бордоҥ нэһилиэгэр орто бааһынай ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Сэрии ыарахан сылларыгар улахан дьону уонна саастыылаахтарын кытта бииргэ колхозка үлэлээбитэ. 1948-1951 сс. сэбиэскэй армия кэккэтигэр Курильскай арыыларга ыарахан этэ диэн кэпсиирэ.

Аҕабыт колхоз производствотын механизациялааһыҥҥа - оттооһуҥҥа, оттук да, тутуу да маһын тиэйиигэ, сири оҥорууга, бурдугу үүннэриигэ механизация күүһүн туһанан үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ үлэлээбит дьонтон биирдэстэринэн буолар. Кыһыннары-сайыннары тимир көлө тэһиинин ыһыктыбакка, итииттэн тымныыттан чаҕыйбакка дьулуурдаахтык үлэлээн оройуоҥҥа, ону ааһан Бүлүү зонатын быстыҥнарын кэккэтигэр киирбитэ. Эдэр сылдьан кыһыҥҥы суолу баттаһа оһоҕо суох массыынанан Дьокуускайтан, Улахан Невертан нэһилиэккэ таһа5ас тиэйэн аҕалалларын туһунан кэпсиирэ.Уопсайынан кини дэгиттэр талааннаах, мындыр өйдөөх киһи этэ. Республикаҕа аан бастаан мини-тракторы айан оҥорон рационализатор-механизатор үрдүк аатын сүкпүтэ. Дьиэбит олбуора мастарыскыай курдук буолара, нэһилиэк дьоно мэлдьи кэлэн аҕабытыттан сүбэ-ама ылаллара, кэрээммэккэ, кэтэмэҕэйдээбэккэ итэҕэс тимир чаастарын биэрэн ыытар буолара. Биһиги өйдүүрбүтүнэн аҕабыт мэлдьи техника эйгэтигэр саҥаттан-саҥаны билэ-көрө сатыыра. Ол курдук Сунтаар оройуонугар кини аан бастаан «Буран» диэн техниканы Мурманскайтан баран самолетунан аҕалбыта. Аныгы сиэринэн кинини саарбаҕа суох изобретатель-испытатель диэн ааттыахха сөп.

Аҕабыт оҕо эрдэҕиттэн бултуурун сөбүлүүрэ. Олоҕун тухары булт кэмигэр хайаан да тыаҕа тахсара уонна хаһан да кураанах төннүбэт буолара. Атастара кэпсииллэринэн, сытыы харахтаах буолан булду мээнэ куоттарбат идэлээҕэ үһү. Пенсияҕа тахсан баран хас да сыл кадровай булчутунан, ол быыһыгар оскуолаҕа дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитэ. Ситиһиилээх үлэтин иһин колхоз, совхоз, оройуоннааҕы норуот үөрэҕириитин салалтатын грамоталарынан наҕараадаламмыта. Аҕабыт Егор Иванович ийэбититтэн түөрт эрэ сыл хаалан олорбута уонна 1999с.71 сааһыгар суох буолбута.

Дьоммут үтүө санаалаах, сүрдээх ыалдьытымсах ыал этилэр. Иккиэн нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кытталлара, олохтоохтор ытыктабылларынан туһаналлара. Биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, күндү дьоммут олорон ааспыт чаҕылхай олохторунан киэн туттабыт, өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, олохпутугар холобур оҥостобут.

Просмотров: 224 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]