Воскресенье, 29.12.2024, 21:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Декабрь 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2021 » Декабрь » 15 » Елена Николаевна, Гаврил Петрович Дмитриевтар
    15:26
    Елена Николаевна, Гаврил Петрович Дмитриевтар
           
    Елена Николаевна,
    Гаврил Петрович
    Дмитриевтар

    Гаврил Петрович, Елена Николаевна Дмитриевтар Тэҥкэ нэһилиэгин төрүт олохтоохторо үлэ уонна тыыл бэтэрээннэрэ, Саха Сирин уонна  Сунтаар улууһун  "Кыһыл көмүс” кинигэлэригэр киирбит,  сэттэ уон сыл бииргэ олорбут бочуоттаах олохтоох Ытык ыаллар.
        Ытык  ыал аҕа баһылыга  Дмитриев Гаврил Петрович  (1927-1916) үлэ, тыыл  бэтэрээнэ, тимир ууһа, механизатор, аатырбыт кадровай булчут этэ. Дьиэ кэргэн ытык-мааны ийэтэ Дмитриева Елена Николаевна (1928-1914), герой ийэ, иистэнньэҥ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ. «Ийэ”, "Албан Аат” уордьаннар  1,2,3 степеннээх орденнарын кавалердара.


    Елена Николаевна, Гаврил Петрович Дмитриевтар

     Биһиги күндү дьоннорбут хантан төрүттээхтэрин анаан-минээн үөрэтэн, бу манныгы булбуппут. Ол курдук, Тэҥкэ төрүт олохтоохторун 1892 сыллаах перепиһин сурунаалыгар киирбитинэн "Урочище Өлөҥ-Күөл” – диэн испииһэккэ маннык суруллубут этэ.
    Чохотчу Ола Афанасий Егорович-58 лет, хозяин
    Дмитрий Афанасьевич 30 лет
    Петр Дмитриевич 10 лет
    Иван Афанасьевич 19 лет
    Чохотчуева Пелагея Петровна-жена
    Анна Дмитриевна- 1месяц
    Екатерина Дмитриевна-2 л. (дети Дмитрия)
       Манна   суруллубутунан Тэҥкэ төрүт олохтооҕо Дмитриев Гаврил Петрович 1927 сыллаахха төрөөбүтэ. Бу перепись ыытыллар кэмигэр Хабырыыс аҕата Петр Дмитриевич  уон саастаах эбит.


    Аҕабыт Хабырыыс Дьэлиэнэ аҕата Саҥыйах Тоҥустуун

     Дмитриев диэн араспаанньатын Хабырыыс эһэтин аатынан суруйтаран Дмитриев Гаврил Петрович диэн буолбута. Гаврил Петрович  "Араҥастаах” тыатыгар кыһыҥҥы томороон тымныыга 1927 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кини аҕата, эһээтэ, эбээлэрэ, эдьиийдэрэ, убайдара бары "Өлөҥ күөлгэ”  түөлбэлээн сүөһү ииттэн, бултаан-алтаан ньир-бааччы олорбуттара. Былыргы дьон хара тыалара бултаах, күндү түүлээхтээх буолан  хоргуйбакка, айахтарын ииттэн, үлэлээн-хамсаан олорбуттара. Хабырыыс Бөтүрүөбүс бииргэ төрөөбүттэрэ элбэхтэрэ. Ийэлэрэ эрдэ суох буолан тулаайах хаалбыттара. Хойут аҕалара суох буолбутун кэннэ "Оторууска” олорбуттара. Ийэлэрин "Оторууска” кистээбиттэрэ.  Хабырыыс уонча сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалан баран, дьонноругар иитиллэн, кыһалҕаттан бултуурга күһэллэн, бултка убаммыта. Тапталлаах убайа Дьөгүөр Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр Тэҥкэ тыатыттан Ленскэй военкомаатыгар сатыы киирэн, сэриигэ барбыта. Аҕам өйдүүрүнэн 1942-43 дуу сылларга Чита куорат госпиталыттан  кэлбит суругу илдьирийиэр диэри сиэбигэр укта сылдьыбытын оҕолоругар кэпсиирэ. Онно суруйбутунан Дьөгүөр снайперскай  этэрээккэ сылдьабын диэбитин өйдөөн хаалбыт этэ.  Хабырыыс орто дойдуттан барыар диэри убайын Дьөгүөрү саныыра. Оҕолоругар мэлдьи этэрэ:  "Убайым ханнык сэрии хонуутугар охтубутун ыйыталаһан булаарыҥ”-диирэ. Убайа Андрей эмиэ сэриигэ барбыта, кыайыы көтөллөөх сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ. Оҕолоро, сиэннэрэ элбэхтэр.  Убайа Роман Ленскэйгэ олохсуйбута. Эргиэмсик буолан куораттарынан сылдьан эриэхэ атыылаан эргинэрэ.

      Дьэлиэнэ ийэтэ Федотова Александра Яковлевна  3 Бордоҥҥо төрөөбүтэ.  Александра Яковлевна быраата Маар-Күөлгэ бэрэссэдээтэллээн олорбут «Хоноһо” диэн хос ааттаах киһи. Сэриигэ баран эргиллибэтэх.  Таайа Дьэлиэнэни кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатар уонна таптыыр эбит. Ийэтин дьоно үөрэхтээхтэр эбит. Аҕата Иванов Николай Николаевич  (Саҥыйах Тоҥус) Садыҥтан, былыргыта "оһуордаах сирэйдээх” көс эбэҥкилэртэн төрүттээхтэрэ биллибитэ. Биһиги ийэбит Үрдүкү айыылартан көрдөһүүлээх, кэтэһиилээх соҕотох мааны оҕо буолар.
      Хабырыыс 1944 сыллаахха "Бүлүүчээҥкэ” үрэх баһыгар бултуу сылдьан "Саҥыйах Тоҥус” диэн, тыаһа суох хаамар, дэгэнэн үктэнэр эбэҥки сириттэн төрүттээх, көһө сылдьан табанан бултуур аатырбыт булчут кыыһын Дьэлиэнэни таба көрөн, таптаһан ыал буолбуттара. Бу сылтан ылата Хабырыыстаах Дьэлиэнэ дьоннорун кытта тыаҕа олорон, бултаан, колхоз табатын бостууктаан, бэриллибит былааннарын толорон үлэ бөҕөтүн үлэлээн олорбуттара.


    Эһээбит Саҥыйах Тоҥус  геологтарга эт туттарар

    Дьэлиэнэ ийэтинээн Өлөксөөннүүн эмиэ тыаҕа олорон иистэнэллэрэ, колхуос ферматыгар  туос ыаҕайа бөҕөтүн тиктэрэллэрэ. Хабырыыс бултуура, таба көрөрө. Сэриигэ ыытарга диэн сылаас тирии таҥас таҥастаан тигэн колхуоска туттараллар эбит, уонна этинэн хааччыйаллар эбит. Ол курдук «Якутзолото» диэн  тэрилтэтэн геологтар этэрээттэрэ кэлэн "Оторууска” түөлбэлээн  олорон, сир баайын чинчийбиттэр, көмүс хостоон сууйбуттар. Ол экспедиция үлэһиттэрин эмиэ этинэн хааччыйбыта.
       Хабырыыс сэрии кэннинээҕи сылларга Сунтаар милициятын дьиэтигэр мас кэрдэн тиэйэн киллэрэн, оттор маһынан хааччыйар эбит. Ол бириэмэҕэ үлэлээбит милиция начальнига, бу кыахтаах уол сылдьар эбит диэн үөрэххэ ыыта сатаабыт. Хабырыыс үөрэххэ барартан аккаастаммыт.
     Бастакы оҕолорун  Христинаны 1945 сыллаахха төрөппүттэрэ. Хабырыыстаах Дьэлиэнэ  балыыһата суох, тыаҕа балааккаҕа олорон түөрт оҕону утуу-субуу  Зинаида, Петр, Розалия, күн сирин көрдөрбүттэрэ. Эмтэн-томтон ыраах сиргэ олорор буолан, ийэбит болҕомтолоох көрүүтүнэн-истиитинэн, аҕабыт бултаан-алтаан аһатан улаатыннартаабыттара. Онно барытыгар  Хабырыыс саҥаһа Өндүрэй кэргэнэ Маарыйа көмөлөспүтэ.  Бэһис оҕолоро Шура төрүүрүгэр нууччалар «Ырбаачайдар» биэлсэрдэрэ Хабырыыһы дэлби мөҕөн туран, Дьэлиэнэни оҕолонуон биир ый иннинэ Бордоҥҥо ыыппыттара, оччолорго балыыһа Марбаҕа баара. Бордоҥҥо акушерка Еля дьиэтигэр олорбута. Үлэтэ суох тулуйан олорботоҕо, Дьэлиэнэ иис бөҕөтүн иистэммитэ, тирии имиппитэ, этэрбэс тикпитэ.  Дьэ төрүүр кэмэ кэлэн Шураны Марбаҕа төрөппүтэ. Хабырыыс саҥа төрөөбүт оҕотун биһиккэ уган, табаҕа ыырдаан, Дьэлиэнэтин  табаҕа олордон дьиэлээбиттэрэ. Ол маҥан таба аата "Маҥан кутуйах” диэн этэ. 

       

     Тэҥкэ бөһүөлэгэр саҥа дьиэ туттан, оскуолаҕа оҕолорун үөрэттэрээри, 1956-57  сылларга тыаларыттан көһөн киирбиттэрэ. Тэҥкэҕэ олорон кинилэр аҕыс оҕоломмуттара, сыллата Коля, Толик, Ольга, Андрей, Туйаара күн сирин көрбүттэрэ.
    Табаны, сүөһүнү ииттэн, элбэх сибиинньэни, кууруссаны ииттэллэрэ. Үлэ күөстүү оргуйара. Эбэлээх эһэлэрэ Өлөксөөннөөх Ньукулай холхуос табатын бостууктаан, бултаан-алтаан тыаҕа олорбуттара. Бөһүөлэккэ табаларын миинньэн, хас да сыарҕа ситимнээх, хобо тыаһынан чугдааран бөһүөлэккэ киирэн иһэллэрэ ыраахтан иһиллэрэ. Хобо чуораан тыаһын истэн оҕолор бары утары сүүрээччибит. Биһиэхэ барыбытыгар булт-ас кэһии аҕалаллара, ону үллэстиһэн  үөрүү-көтүү бөҕөтө буолааччыбыт. Тыаттан киллэрэр кэһиилэрэ үтүмэн үгүс элбэх буолара: таба үүтэ, арыыта, үрүмэтэ, таба арыытын тууйаска кутан мунньан аҕалаллара. Таба, тайах хаппыт этэ "Үлээҥки” диэн буолааччы, сибиэһэй эт, силии. Ол саҕана минньигэс астар суохтара.
         Хабырыыс Тэҥкэҕэ үлэлээн ааспыт сылларын тухары кадровай булчутунан, тимир ууһунан, механизатрынан, сайыҥҥы өттүгэр отчутунан үлэлээбитэ. Туох баар тимир сэп-сэбиргэл, техника  өрөмүөнэ, сваркалааһын барыта тимир ууһуттан тутулуктанара. Техника үчүгэйдик сүүрдэҕинэ эрэ, ферма ото-маһа, уута-хаара быһаарыллара, нэһилиэк олоҕо тупсара.
      Былыргы үлэһит дьон тохтоон, олоро-сыта түспэккэ, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлүскэннээх үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Саас ыһыыга бэлэмнэнии, мас мастааһын, сайын от, күһүн хомуур үлэлэрэ, бултка тахсыы, үлэ олох оргуйан олороро.
      Дьэлиэнэ элбэх оҕолоох ийэ дьиэтигэр түбүгүрэрэ элбэх этэ. Хотонугар бэйэтэ сылдьара, ынах ыаһына, иистэнии, оҕо көрүүтэ барыта киниэхэ сүктэриллэрэ. Ийэбит уран тарбахтаах иистэнньэҥ. Оҕо, дьахтар, эр киһи таҥаһын эгэлгэтин тигэн бөһүөлэк дьонугар ытыктанар иистэнньэҥ этэ. Ону таһынан асчыт бэрдэ этэ. Уон киилэлээх миискэҕэ тобус-толору  тиэстэ охсон алаадьы буһарара. Буһардаҕын аайы алаадьыта бүтэн иһээччи. Биһиги ол үлүгэрдээх элбэх алаадьынан Сааба Өтөҕүн оҕолорун барытын күндүлүүрбүт. Дьиэбит иһэ-таһа тобус-толору оҕо-аймах саҥатынан туолара. Кинилэр  билиҥҥэ диэри ону наһаа үчүгэйдик саныыллар, «эһиги дьиэҕит олбуоругар оҕо сааспыт наһаа да дьоллоохтук ааспыт эбит»-дэһэллэр.
       Мин кыра эрдэхпинэ түөрт саастаахпытан сэттэ сааспар диэри Тэҥкэҕэ олорбуппун  наһаа өйдүүбүн. Аҕам уһанар дьиэтигэр тиийэн ыраахтан сварка уотун дьиктиргээн көрөөччүбүт. Аҕам этэрэ: "Чугаһаамаҥ, сварка  уотун көрдөххө киһи хараҕа суох буолар” - диэн куттаталыыра. Ол иһин ыраахтан Кириллин Уйбааннаах дьиэлэрин аттыгар туран саһан көрөрбүт. Ол уһанар дьиэтэ улахан ааннааҕа. Ол аан  сайын  уонна саас аһаҕас турааччы. Аҕам сыбааркалыы сылдьар буолааччы тимир мааскалаах  уонна тимири кытардан баран улахан тимир кубаалданан  охсуталааччы. Наар уһанан тахсара. Күһүн буолла даҕаны, кыстыкка киирии кэнниттэн Хабырыыс уоппускатын ылар идэлээх этэ. Дьэ, уонна ахтылҕаннаах хара тыатыгар кадровай булчут буолан эккэ, түүлээххэ былаан ылынан бултуу, сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрүүнэн барара. Хара тыа булда-алда элбэҕэ. Сатабыллаах, сонордоох булчукка үчүгэй кэмнэр этилэр. Элбэх эмис да тайахтары, табалары, тыатааҕылары бултаан бастаан хохуоска, онтон совхуозка туттарарын кэпсиир буолара. Оччолорго Бордоҥҥо саһыл иитэр ферма баар буолан, эт былаанын элбэҕи биэрэллэрэ. Үлэни сүрдээх кыайыгас, түргэн-тарҕан, сатабыллаах туттуулаах, чулуу үлэһит буолан, түүлээххэ, эккэ былаанын куруук  куоһарара. Сыл аайы грамотанан наҕараада, харчынан бириэмийэ ылара, мебель да элбэхтик бэлэхтэппитэ.  ВДНХ-ҕа путевка биэрбиттэрин аккаастаммыта. Сэмэй майгылааҕа, үлэҕэ-хамнаска биллэ-көстө сатаабата.
       Оҕолорун үөрэттэрээри 1964-1965 сылларга Бордоҥҥо көһөргө күһэллибиттэрэ. «Бордоҥ” сопхуоска син биир тимир ууһунан, механизаторынан Тэҥкэҕэ үлэлээбитин курдук үлэлиирэ. 1967 сыллаахха Сунтаар оройуонугар КС-2,6  сиилэстиир комбайн кэлбитэ. Ол комбайны бастакынан таҥан үлэлэппит  киһинэн биирдэстэрэ Дмитриев Гаврил Петрович этэ. "Уксакы” ходуһатыгар боруобалаабыттара, "Кыым" хаһыат  кэриспэдьиэнэ Иван Афанасьев ыстатыйата тахсыбыта. Ол кэмнэргэ тэрилтэлэргэ  ититии киллэриитэ, сварка үлэтэ элбэҕэ. Хабырыыс, опыттаах сварщик буолан тэрилтэлэргэ ититии киллэрэргэ элбэх сыратын биэрбитэ. Дьэлиэнэ  араас үлэни үлэлээбитэ: бытовой кэмбинээккэ иистэнньэҥнээбитэ, балыыһаҕа биэс сыл санитаркалаабыта.
         Ийэбит наар этээччи: «Элбэх оҕолоох дьону аһыныма, сороҕор төһө да тиийиммэт-түгэммэт, астара-таҥастара  кэмчи күннэрдээх да буоллаллар, кинилэр толору дьоллоох дьон, эйгэлэрэ сып-сырдык».
     Ийэбит иистэнэр бириэмэтигэр биһигини, кыргыттары наар үөрэтэ сатыыра. Ол курдук мин тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан бэйэбэр унтуу билэтин хоруонкалаан, дьэрэкээн сибэккилээн  тиктэн кэппитим. Өссө ийэм көмөтүнэн унтуубун  бэйэм улларбытым. Уонна өссө да атын араас иис көрүҥэр үөрэтэ сатыыра. Ол да иһин эдьийим Зина сүрдээх иистэнньэҥ этэ таҥаһы да, түүлээҕи да тигэрэ. Бэргэһэни, сону араастаан муодалаан, киэп оҥорон тигэн, аата-суола биллэр иистэнньэҥ буолбута. Элбэҕи айыах-тутуох эдьийбит барахсан эдэр сааһыгар барбыта кыһыылаах да этэ. Билигин кыра кыыспыт, балтыбыт Туйаара  түүлээҕи, таҥаһы да олус сиэдэрэйдик тигэр, иистэнэр. Розалаах Ольгабыт эмиэ иистэнэн, дьиэ кэргэттэрин хааччыйа олорор  далбар хотуттар.
      Өссө санаатахха, 1981 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицинскэй училищены бүтэрэн баран хоту дойдуга үлэлии барарым саҕана, миэхэ анаан, аҕабынаан, саха быһаҕын оҥорбуппут. Дьэ онно быһах хайдах охсулларын көрбүтүм! Удьурҕай уктаах наһаа үчүгэй саха быһаҕын оҥорон биэрбитэ.
       Ийэлээх аҕабыт: «Кыамматтарга, кырдьаҕастарга мэлдьи көмөлөһө сылдьыҥ. Бэйэ-бэйэҕитин убаастаһан, көмөлөсүһэн, биир иллээх дьиэ кэргэн курдук сылдьар буолаарыҥ»-диэн этэллэрэ, үөрэтэллэрэ.
      Аҕабыт үөрэҕэ уолаттарыгар маннык буолара. «Үчүгэйдик таҥна сылдьыҥ. Ханнык да кэмҥэ атаххыт, тобуккут тоҥуо суохтаах, оччоҕо тыаҕа сырыыны сылдьыаххыт, ойуурга таҕыстаххытына мунуохпут диэн куттаммат буолуҥ  өбүгэлэргит сирдээн сылдьыахтара”- диирэ.
      Бүөккэ: «Миигин аҕам биэс сааспыттан үлэҕэ үөрэппитэ. Ходуһаҕа от оҕустарарыгар, омурҕаҥҥа чаай өрөн  биэрэрим.  «Стрела» уу мотуорунан  отчуттары таһарым. Үлэлиир киһи өлөн-охтон биэрбэт диирэ. Саас тоҥот саҕана киэһэ тайахтыы барара, сарсыарда биһиги оскуолаҕа барарбытыгар, субу бултаныллыбыт булт этин сиэн барарбыт. Дьоннорго эт саамай бастыҥыттан бэрсэрэ. Булду сөбүн көрөн, төрүөҕүн ордорон бултуохтааххыт диэн бэйэтэ туспа сокуонугар кыра эрдэхпититтэн үөрэппитэ.
      Дьэлиэнэлээх Хабырыыс уон оҕону төрөтөн иитэн, харайан, үөрэттэрэн, барыларын  үлэһит оҥортообуттара, элбэх сиэннэрин көрсүбүттэрэ. Дьэлиэнэ аҕыс уон биэс сааһыгар диэри ииһин илиититтэн араарбатаҕа, ачыкыта суох иистэнэрэ. Элбэх хос сиэннэрдээх, күтүөттэрдээх буолан этэрбэс, үтүлүк, кээнчэ, сэлиэччик, сылаас таҥас, бэргэһэ тигиитэ, быһатын эттэххэ ииһэ  элбэҕэ. Анараа дойдуга барыан иннинэ биэс кыргыттарыгар барыларыгар: Христинаҕа, Розаҕа, Шураҕа, Ольгаҕа, Туйаараҕа сылаас, иһэ түүлээх, кылгас сотолоох суппуун тапочка тигэттээн бэлэхтээбитэ. Бу ийэлэрэ оҕолоругар бүтэһик төгүлүн таҥас тигэн кэтэрдитэлээбитин кыргыттара өйдөөбөккө хаалбыттара.
     Ыал буолан олорбут биэс уон сыллаах, алта уон сыллаах үбүлүөйдэрин бырааһынньыктаан Сунтаар улууһун, Саха Республикатын  "Бочуоттаах ыаллара” диэн үрдүк ааты ылбыттара, Сунтаар улууһун "Кыһыл Көмүс” кинигэтигэр киирбиттэрэ. 2015 сыл саҥатыгар Гаврил Петрович Дмитриев уонна  Елена Николаевна Дмитриева  ыал буолан олорбуттара сэттэ уон сылларын бэлиэтиир үбүлүөйдэрэ  чугаһаабытын кэннэ Дьэлиэнэ соһуччу бу орто дойдуттан барбыта. Хабырыыс тапталлаах доҕорун сүтэрэн, сыл эрэ курдук олорон баран орто дойдуттан барбыта.



        1944 сыллаахха  аатырбыт булчут кыыһын Дьэлиэнэни таба көрөн, таптаһан ыал буолан сэттэ уонча сыл бииргэ дьоллоох олоҕу  олорон отут биир сиэн, түөрт уон түөрт хос сиэн, сүүрбэ түөрт хос-хос сиэннэр эбээлээх, эһээтэ буолбуттара.  Эдэр ыччат дьоннорбут,  кэнэҕэски кэлэр кэнчээрилэбит  Хабырыыстаах Дьэлиэнэ сырдык үтүө ааттарын ааттата, өбүгэ бигэ ситимин салҕыы туруохтарыгар эрэнэбит. Кинилэр көрсүө, сэмэй мөссүөннэрэ, үтүө майгылара, биһиэхэ дириҥ-истиҥ тапталлара, сүбэлэрэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ дууһабытыгар, сүрэхпитигэр, олохпутугар сырдык илдьит буолан арыаллыы, арчылыы сылдьыахтара.

    Ахтыыны суруйда кыыстара  Александра Гаврильевна Старостина, ахсынньы ый, 2021 сыл.





    Просмотров: 364 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]