Воскресенье, 29.12.2024, 05:06
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 19 » Фекла Ивановна ТИХОНОВА
15:09
Фекла Ивановна ТИХОНОВА

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Бордоҥ нэһилиэгин ытык олохтооҕо Фекла Ивановна ТИХОНОВА

Мин 1932 с. атырдьах ыйын 6 күнүгэр Кураанах үрэххэ (билиҥҥитэ Сардаҥа бөһүөлэгэ) холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕам – Тихонов Иван Никифорович, ийэм – Тихонова (Далбараева) Матрена Алексеевна. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр элбэх этибит да, олох кытаанаҕыттан кыра эрдэхтэринэ төннүбүттэрэ. Түөрт буолан хаалбыппыт: убайым Улахан Дьөгүөр, быраатым Кыра Дьөгүөр, балтым Клара (2-с кылааска үөрэнэ сылдьан өлбүтэ) уонна мин. Бырааттаах убайым кэлин сааһыран баран өлбүттэрэ. Онон билигин мин эрэ баарбын. Мин 1940 сыллаахха оскуолаҕа киирбитим. Ол саҕана оскуола Марбаҕа этэ. Биһиги убайым Дьөгүөрaүүн Элгээнтэн хааман үөрэнэрбит. Кыһынын күн кылгаһыгар, тымныыга Өлөҥ күөлгэ ыалга олорон үөрэнэрбит. Ыһыкпытын илдьэ сылдьар буоларбыт. Дьонум төрүт олохторо Элгээҥҥэ этэ, онтон сайынын Кураанах үрэххэ баран сайылыырбыт. 1941 сыллаахха «Ньиэмэстэр саба түспүттэр, сэрии буолбут!» диэн сурах Элгээн олохтоохторун саба көппүтэ. Элгээн тула төгүрүччү элбэх ыал олорор этибит: Ивановтар (Быһыр Ыстаппаан, Кырыы Миисэ), Степановтар (Куолбалар аймахтара), Поповтар (Балтааннар), Нуучча Харах диэн бааһынай киһи баара). Сэриигэ биһиги түбэттэн элбэх уол барбыта. Иванов Владимир, Степанов Семен, Степанов Авдей, Тозков Григорий диэн уолаттар барбыттарын өйдүүбүн. Мин билэрбинэн, Иванов Владимир, Степанов Авдей сураҕа суох сүппүттэрэ. Ийэлэрэ барахсаттар биһиэхэ сылдьан, айманан ытаһалларын өйдүүбүн. Степанов Семен сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ, өр сылларга куоракка үлэлээбитэ. Дьон чулуута барыта сэриигэ барбыта. Манна хаалбыт кырдьаҕастар, ыарыһахтар, оҕо аймах, дьахталлар санныларыгар туох баар үлэ бүтүннүүтэ сүктэриллибитэ. Фроҥҥа көмө диэн тыылга хаалбыт дьоҥҥо садаанньа бөҕө түһэрэ. Ийэм биһикки, киэһэ үлэ кэннитттэн көмүлүөк оһох сырдыгар олорон, куобах тириитин имитэн түүнү быһа үтүлүк, бэргэһэ, сэлиэт тигэрбит. Мин онно тирии да имитэн, сап да хатан улахан көмө буоларым. Сэрии сылларыгар ас-таҥас көстөрө кытаанах этэ. Биһиги, убайым, аҕам бултааннар, ону эбинэн улаханнык абыранар этибит. Үлэһит дьҥҥо нуорма килиэп, суорат биэрэллэрэ. Элбэх киһи хоргуйан өлөөхтөөбүтэ. Сэрии сылларыгар сайыҥҥы уот кураан сабардаабыта. Өлөҥ таһыгар олус улахан уот туран халыҥ ойууру сиэбитэ. Түүннэри-күнүстэри оҕолор, дьахтар аймах уоту кытта охсуһан, Өлөҥ ферматын манаан тахсарбытын өйдүүбүн. Кураан иккис содула – аһыыка сири-дойдуну кытарчы сиэбитэ. Детдом уонна оскуола оҕолоро, куулу ураҕаска куйуур курдук баайан баран, хонууттан аһыыканы хомуйарбыт. Наһаа элбэх куул буолара. Кууллаах аһыыкалары оҥкучах хаһан көмөллөрө. Ити кэмнэргэ нуорма килиэп бурдугун Өлөҥҥө уонна Уксакыга миэлиҥсэҕэ таттарар этилэр. Миэлиҥсэ суоруна курдук улахан таастаах, ону биир оҕус эбэтэр биир ат соһон эргитэрэ. Ол таас Уксагыга билигин да сытаахтыыр. Мин 4-с кылааска диэри үөрэммитим, онтон салгыы аҕам «үлэлээн аһаа» диэн үөрэтэ ыыппатаҕа. 1944–1445 сыллартан оскуолаттан уурайан холкуоска үлэлии барбытым. Кыһын ийэбиниин фермаҕа ыанньыксыттаабыппыт. Саас ыһыыга оҕус сиэтэрим, сайыҥҥы от үлэтигэр сылдьарым. 1945 с. Өлөҥ күөлгэ ыһыыга бурдук ыстара сырыттахпына, «Кыайыы!» диэн сурах кэлбитэ. «Ураа!» диэн хаһыытаһыы, үөрүү-көрүү, сүүрүү-көтүү бөҕө буолбуппут. Ол саҕана дьыл эрдэ кэлэн, ыһыы үлэтигэр күргүөмнээх үлэ бара турар кэмэ этэ. Уйалаахха «Жданов» холкуос бырабылыанньатын тиэргэнигэр Кыайыы миитинэ буолбута. Дьон бөҕө мустан, үөрэн-көтөн, оонньоон- көрүлээн тарҕаспыттара. Дьэ ити кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэриигэ үлэ хамнас өссө күүскэ күөстүү оргуйбута. Мин улаатан ханнык баҕарар үлэни үлэлиир буолбутум. Саас ыһыыга атынан сир хоруттарар, ыһыы үлэтин кэнниттэн ходуһа күрүөлүүр, сайынын от охсор, мунньар буолбутум. «Жданов» холкуоска Өлөҥ күөл биригээдэтигэр Докторова Катя, Данилова Дуня, Докторова Мотя, Афанасьева Еля, Афанасьева Дуня, Николаева Мотя уонна мин, уолаттартан Попов Николай, Егоров Николай, Мартынов Василий, Иванов Николай, Мартынов Николай буоламмыт кыһыннары-сайыннары бииргэ сылдьан үлэлиирбит. Биригэдьииринэн маҥнай Семенов Дмитрий Захарович, онтон кэлин Данилов Павел Ксенофонтович үлэлээбиттэрэ. Биригээдэҕэ биир сүбэлиир-амалыыр, салайан илдьэ сылдьар кырдьаҕас настаабынньык киһи баар буолара. Настаабынньыктарбыт Иванов Мэхээлэ, Иванов Ыстаппаан, Андреев Сэмэн диэн оҕонньоттор этилэр. Кыһынын саһаан эрбиирбит, балбаах, от тиэйэрбит, фермаҕа ынах аһатарбыт, буолаҕа сиик саптарарбыт. Ити курдук сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥарыар диэри үлэлиирбит. Ыам ыйыттан саҕалаан буола хорутан, бороонньолоон, ыһыы күргүөмнээх үлэтэ саҕаланара. Улаатан икки атынан буор хоруттаран, кэлтэгэй отууга хоно сылдьан үлэлиирбит. Саас буолан күөрэгэй ырыата, кэҕэ этэрэ айылҕа барахсан тупсан-симэнэн турара олус да кэрэ буолара. Төһө да ас-таҥас кэмчитин иһин, үөрүү-көтүү, ырыа-тойук аргыстаах оҕо саас умнуллубат кэмнэрэ. «Ыһыы үлэтин – кылгас болдьоххо!» луосуннаах агытаассыйа, көрдөрүү дуоската тахсара. Түүннэри бурдук ыһарбыт, үлэ күөстүү оргуйара. Эдэр ыччаттар комсомолга киирбиппит. Комсомольскай билиэппитин түөспүтүгэр кэтэ сылдьарбыт. Ыһыы үлэтин түмүктээн баран, биир күн сынньанарбыт. Ол кэнниттэн ходуһа сабыыта буолара. Окко сиэрдийэ, тоһоҕо кэтэрдэрбит, оҕуруот тутарбыт. Сорохпут паардааһыҥҥа, сорохпут суол оҥоруутугар бараллара. Марбаттан Илимнииргэ диэри суолу нэһилиэк бэйэтин күүһүнэн оҥорбута. Онно биһиги эмиэ саас окко киириэх иннинэ, күһүн сир тоҥуор диэри хас да сыл үлэлэһэн суолбутун Илимнииргэ тиэрдэн турабыт. Сайын сиилэстэн саҕалаан окко киирэрбит. Окко эмиэ биир кырдьаҕас баһылыктаан илдьэ сылдьара. От охсорго үөрэнэн, кыргыттар бары хомуурунан дойду сиргэ өтөхтөрү, сыһыылары уонна ыраах тыаҕа тахсан оттуур этибит. Тыаҕа күһүн балаҕан ыйын 15-гэр диэри кэрийэн оттуурбут. Арыт сыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр Докторова Катялыын миигин бурдук баайтараары биригэдьиир Данилов П.К. сылгылыы кэлэрэ. Мартынов Николай Егорович икки от соһор косилкатынан бурдугу быстарара.

Оччотооҕуга бурдугу сороҕун кыра, сороҕун улахан буолаҕа үүннэрэллэрэ. Катя биһикки буола икки өттүгэр нөҥүө-маҥаа туран түүтэхпитин сүүрэ сылдьан баайар этибит. Массыынабытын ситэн иһиэхтээхпит. Күҥҥэ хас биирдиибит 1200 түүтэҕи баайар этибит. Улахан буолаҕа элбэх буолан баайарбыт. Бурдук баайар олус салгымтыалаах, күнү быһа төҥкөйө сылдьан түүтэхтиигин. Киһи илиитэ ытырыык оттон бааһырара, хатырара. Күһүнүн бурдукпутун куукунаҕа таһан кылааттыырбыт. Сэтинньи ыйтан Саҥа дьыл иннигэр диэри аны бурдукпутун малатыыкалаан, сиэйэлкэлээн сиэмэни уонна государствоҕа туттарар бурдугу бэлэмниирбит. 1953 сыллаахха экспедициялар алмаас көрдөөн, Бэрииһэп тумулугар алмаас сууйар баабырыка туппуттара (онно кыра дьиэ баар этэ). Өлөҥ күөл биригээдэтиттэн түөрт кыыс буоламмыт таас таспыппыт: Данилова Дуня, Афанасьева Дуня, Докторова Катя уонна мин. Түөрт оҕуһунан тааспытын таһар этибит. Мартынов Петр Капитонович өрүскэ дириҥ баҕайытык оҥкучах хаспыта. Ону шурфа диэн ааттыыллара. Ол хаһыллан тахсыбыт тааһы биһиги оҕуһунан өрүс үdaүayd кырдалга таспыппыт. Сыарҕабытыгар куорамнаах этибит, онно тааспытын бэйэбит тиэйэрбит уонна сүөккүүрбүт. Күҥҥэ хас биирдиибит 2–3 куубу таһарбыт. Үлэлээбит күннэрим устата 40,5 куубу тааһы таспытым. Бу маны барытын дневнигим саһарбыт лиистэрэ кэпсииллэр. Биһиги таас таһыытыгар 1953 сыл кулун тутар 15 күнүттэн муус устар 17 күнүгэр диэри үлэлээбиппит. Экспедиция биһигиттэн Тэҥкэҕэ, онтон Кириэстээххэ барбыта. 1954 сыл кулун тутар 5 күнүгэр Михайлов Степан Алексеевичтыын ыал буолан, дьолбутун холбообуппут. Доҕорум, кэргэним барахсанныын сэттэ оҕону төрөтөн, элбэх сиэн, хос сиэн эбэтэ, эһэтэ буолан 57 сыл дьоллоох-соргулаах олоҕу олорбуппут. Ыал буолан баран 1954–1962 сс. холкуоска арыыһытынан, 1962–1968 сс. арыы пуунугар, ол кэнниттэн икки сыл нэһилиэккэ тэриллибит бытовой комбинаакка иистэнньэҥинэн, 1971–1988 сс. совхоз остолобуойугар маҥнай буобарынан, онтон сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Арыы собуотугар үлэлии сылдьан 1967 с. тохсунньу ый 19 күнүгэр Коммунистическай үлэ ударнига буолбутум.  Өр сыллаах үлэбин «Килбиэннээх үлэ иһин», араас үбүлүөйдээх мэтээллэр туоһулууллар. 1975 с. Ийэ Албан Аата орден III истиэпэнинэн  наҕараадаламмытым.

Просмотров: 188 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]