Меню сайта
Погода республики
Наш опрос
Статистика
Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа
Поиск
Внимание
Календарь
« Ноябрь 2021 » | ||||||
Пн | Вт | Ср | Чт | Пт | Сб | Вс |
1 | 2 | 3 | 4 | 5 | 6 | 7 |
8 | 9 | 10 | 11 | 12 | 13 | 14 |
15 | 16 | 17 | 18 | 19 | 20 | 21 |
22 | 23 | 24 | 25 | 26 | 27 | 28 |
29 | 30 |
Архив записей
Друзья сайта
Главная » 2021 Ноябрь 9 » Герасимов Прокопий Михайлович
05:16 Герасимов Прокопий Михайлович |
Герасимов Прокопий Михайлович Ахтар саныыр иэстээхпин… Тэҥкэлэр тустарынан өйдөбүнньүк ахтыы кинигэ тахсарынан, мин төрөппүт аҕам Герасимов Прокопий Михайлович туһунан кылгастык даҕаны буоллар ахтан аһарыахпын баҕарабын. Аҕам Борокуоппай 1927 с. Тэҥкэҕэ төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэйэхтэр. Мария Михайловна диэн эдьиийдээх эбит. Маарыйа Никитин Миитэрэй диэн киһиэхэ кэргэн тахсан ыал буоланнар Бордоҥҥо олохсуйан олорбуттара. Аан бастаан уончалаахпар Маарыйаны Бордоҥҥо бара сылдьаммын көрбүтүм. Кииирбит –тахсыбыт саҥалаах сытыы чүөчэ этэ. Саҥата элбэҕиттэн уонна бэйэтиттэн толломмун, кэпсэтэн ону-маны ыйыттаҕына муҥкук соҕус буоламмын испиттэн саҥам кыайан тахсыбакка , нэһиилэ саҥарар этим. Хоско орон баһыгар гитара ыйанан турарын сонурҕаан көрөммүн, хараҕым онтон арахпат этэ. Онтон хойут улахан киһи буолан бараммын Бордоҥҥо бара сылдьаммын киирэн тахсыбытым. Онно дьиэтигэр соҕотоҕун олорор этэ, үчүгэйдик көрсөн кэпсэтэммит, наар аҕам туһунан өрдөөҕүнү кэпсиир, үксүн бэйэм туспунан ыйыталаһар этэ. Оҕолоро ханна тийэннэр олохсуйан олороллорун, ким-туох үлэһит буолбутун, бары тарҕаһаннар, бу соҕотоҕун олоробун диэбитэ. Чэйдээн таҕыс диэбитин, ыкса киэһэрэн, кырдьаҕас киһини түбүгүрдүмээрибин, чэйдээбэккэ тахсыбыппын, билигин кэлэн хомойо саныыбын. Тахсарбар сэргэхсийэн, күө-дьаа буолан атааран, оннук олорон хаалбыта. Аҕам Тэҥкэттэн чугас «Усталаах» диэн сиргэ Чооруосаба Настаалаахтыын чугас олоро сылдьыбыттар. Настаа миэхэ, эн аҕаҕын Борокуоппайы быраатым диэн үчүгэйдик саныыр-ахтар этэ.Настаалаах хойут Тойбохойго көһөн киирэн олордохторуна, аҕам Бойкуоттуун буоланнар Тэҥкэттэн атынан кэлэннэр Настаалаахха тохтууллар, кэһиилэрин кус-хаас , мас көтөрүн аҕалаллар үһү. Настаа үөрэн-көтөн көрсүтэлээн, чэйдэтэлээн, уруккуну-хойуккуну ахтыһаннар, өрөөннөр, сынньанан ааһаллар эбит. Кэлин аҕалара Хабырыыс өлбүтүн кэннэ, ийэлэрин дойдутугар Тойбохойго, саас сыарҕа суола хаалан эрдэҕинэ, ийэтин бииргэ төрөөбүт быраата Лоохос Өлөксөй, сыарҕалаах атынан баран, аҕыйах сүөһүлээхтэрин батыһыннараннар, түөрт оҕону илдьэ көһөртөөн аҕалбыт. Сэрии сылларыгар, олох ыараан ийэм улахан дьоннортон хаалсыбакка окко-бурдукка тэҥҥэ үлэлэһэн эрэйдээхтик улааппыт. Бииргэ төрөөбүт оҕолоро, аччык ыарахан олоҕу тулуйбакка, утуу-субуу өлөннөр соҕотоҕун эрэ ордон хаалбыт. Оскуолаҕа үөрэнэ киирэн баран, үөрэҕи кыайан ылбакка , 5 кылааһынан оскуолатын быраҕан, колхуоска үлэлии тахсан хара маҥнагыттан сүөһүгэ үлэлээбит. Оччолорго аҕам Тэҥкэҕэ субай сүөһү бостуугунан үлэлии сылдьыбыт эбит. Эдэр сылдьан атаҕын өлөрөн ,аҥаар өттүгэр биллэрдик иҥнэҥэлээн хаамарын иһин Иҥнэри Дьарааһын диэн аатынан билэллэр эбит. Токур хамсатыгар, табаах уурунан тардар, иэдэһигэр хара мэҥнээх эбит. Ийэм таайа Лоохос Өлөксөй Дьарааһыҥҥа, биир сүүрэ сылдьар уол оҕолоох диэн, ийэбэр сирдээн аҕалбыт. Ол миигиттэн үс сылы кыайбат аҕа убайым Боруонньа этэ. Онтон сөбүлэһэннэр ийэлээх-аҕам 1961 с ыам ыйын 3 күнүгэр сокуонунан бигэргэтэннэр эрдии –ойохтуу буоланнар олорбуттар. Нөҥүө сылыгар ыам ыйыгар мин төрөөбүппүн. Аҕам ийэбинэн, төһө да уһуннук бииргэ олорботохторун иһин, ааһан иһэн киирэн тахсар, сылдьар этэ. Туох эмэ кыра соҕус даҕаны буоллар тутуурдаах, кэһиилээх буолар этэ, миэхэ улааттаххына матасыыкыл ылан биэриэҕим, үөрэххэ бараргар харчыннан көмөлөһүөҕүм диир этэ. Ол саҕана Маайа диэн фермаҕа ыанньыксыттыыр, иккис эмээхсинин кытары олороллор, ол хотонугар сүөһү аһатааччынан үлэлээбитэ. Ээдьик диэн кыра иитэ ылбыт уоллаахтар этэ. Кэлин бөһүөлэк арҕаа уһугар, уһаайба ыланнар , орто соҕус саҥа дьиэ туттаннар олорбуттара. Ол дьиэтин иннигэр, көтүрэн көһөрөн аҕалбыт, эргэ улахан ампаардаахтар этэ. Ол дьиэлэрин аҕам өлбүтүн кэннэ, эмээхсинэ атыылаабыт этэ. Билигин даҕаны турар, элбэх ыал олорон ааспыта. Ийэм, оҕолор мин убайбыныын эбэбит Данилова Анна Петровна 1891 ст ,1966 с хаартыска Мин кыыспынаан Герасимова Мария Евгеньевна 1998 ст, 2020 с хаартыска Убайым Данилов Прокопий Гаврильевич 1959ст. 1988 сыллаах хаартыска Мин убайбынаан буоламмыт, оҕо эрдэхпититтэн, күүс-көмө буоламмыт, кыһыннары- сайыннары фермаҕа тэҥҥэ сылдьыһаммыт улааппыппыт. Сайылыкка тахсаммыт, мин ньирэй көрөөччүннэн, убайым ыанньык сүөһү бостуугунан үлэлээммит эбии хамнас аахсар этибит. Убайым Боруонньа 8 кылааһынан оскуолаттан уурайан устунан фермаҕа тахсан үлэлээбитэ. Онтон аармыйаҕа ыҥырыллан сулууспалаан кэлэн баран, хотоҥҥо сүөһү аһатааччы, оҕуһунан саах таһаарааччы курдук, өрөбүлэ суох ыарахан үлэлэргэ сылдьыбыта. Өр сылларга бэйэтин харыстаммакка, тохтоло суох инчэҕэй хотоҥҥо үлэлээн, доруобуйата мөлтөөн эдэригэр 47 саастааҕар ыалдьан олохтон туораабыта. Бэйэм орто оскуола кэнниттэн, СПТУ-ну бүтэрэммин, суоппар , тырахтарыыс идэтин ыламмын, ханна даҕаны барбакка-кэлбэккэ идэбинэн үлэлээммин 2017 с биэнсийэҕэ тахсыбытым. 2019 сыллаахтан атын үлэни буламмын, билигин даҕаны үлэттэн илиибин араарбаккабын үлэлии сылдьабын. Кыыһым Маша Якутск. Педколледжын бүтэрэн баран, үрдүк үөрэххэ туттарсан киирэн ХИФУ пединститутун соц.педагогика кафедратын иккис куурсун студентката. Аҕам 1980 с тохсунньу ыйга, 53 саастааҕа Арҕаа Туойдаахха сылгыһыттыы сылдьан олохтон соһуччу туораабыта. Бииргэ алтыһан үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, көнө-судургу майгылаах, үлэтигэр сирдэрбэт, быыччык соҕус туттунуулаах үлэһит киһи этэ диэннэр үчүгэйдик санааннар ахтан ааһаллар этэ. Өлүөн иннигэр түүлбэр киирэн көстүбүтэ, тугу даҕаны саҥарбат, аҥардастыы бэйэбин көрөр этэ. Оннук бүтэһигин бэйэбэр көстөн ааспыта. Ахтыыны суруйда, төрөппүт уола Герасимов Евгений Прокопьевич. Үлэ бэтэрээнэ. Тойбохой сэл. 2021 сыл Муус устар ый. |
|