Воскресенье, 29.12.2024, 05:43
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Илья Николаевич, Мария Афанасьевна УАРОВТАР
12:53
Илья Николаевич, Мария Афанасьевна УАРОВТАР

Тыыл, үлэ ветераннара

Илья Николаевич, Мария Афанасьевна УАРОВТАР

тустарынан улахан кыыстара,

СР үөрэҕириитин туйгуна

Уарова Наталия Ильинична,

Дьокуускай к.:

Биһиги ийэлээх аҕабыт Илимнииргэ билсибиттэр эбит. Аҕабыт Илья Николаевич төрүт Бордоҥ киһитэ, Сынтай диэн аатынан биллэр Уаров Николай Дмитриевич уола этэ. Эдэр сылдьан атах оонньуутун таптыыра. Уҥуоҕунан бэйэтин үөлээннээхтэриттэн лаппа уһуна, атаҕар кыанара. Ол туһунан элбэх дьон кэпсиирэ. Сэрии кэнниттэн Кыайыы ыһыаҕар Уһун Күөлгэ түһүлгэҕэ хойутаан киирэн бачыыҥканан, көстүүмүнэн сылдьан күрэстэһээччилэрин барыларын ырааҕынан куоһарбыта. Ону сырсар биир да киһи көстүбэтэҕэ. Күрэхтэһии онон бүппүтэ үһү. Маны таһынан дуобаттыырын сүрдээҕин сөбүлүүрэ, оройуон биир бастакы дуобатчыта этэ, республикаҕа тиийэ оонньообута. Билигин кини кэриэһигэр улууска дуобат күрэҕэ ыытылар. Эһэкээннээх булчут, саанан кини курдук ытар киһи билигин да сэдэҕэ буолуо. Аҕабыт лесхозка үлэлиир этэ. Табаах диэни тардыбат, арыгыны испэт, куруутун дружинник буолан итирик дьон дьиэлэригэр айдаардахтарына кинини ыҥыран тохтотторор буолаллара. Ийэбитигэр, биһиэхэ - оҕолоругар сымнаҕастык сыһыаннаһара.

Ийэбит Мария Афанасьевна Уарова (Фокова) Дьаархаҥҥа Баҕана Күөлүгэр Хонооһой диэн хос аатынан биллэр Фоков Афанасий Васильевич диэн 7 оҕолоох ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Ийэбит сэрии саҕаламмыт сылын бу курдук кэпсиирэ: «Ол сыл от ыйын саҥатыгар, балтым Аана биһикки уонна күтүөтүм Уйбаан ийэтэ Аана буолан Баҕана күөлүгэр Сайылыырга от мунньа сырыттахпытына, түөртүүр саҕана хара аттаах киһи кылабачытан киирбитэ уонна биһиги диэки туос бөтөрөҥүнэн эрийэ баттаабыта. Тыый, биригэдьиирбит иһэр, туохха кэллэҕэй, туох айылаах ыксаабытай диэн дьиксинэ санаабыппыт. Аттыбытыгар кини бииргэ төрөөбүт быраата Федоров Өндүрэй от охсо сылдьара, «иккиэммитигэр бэбиэскэ кэллэ, сарсыарда Сунтаарга баар буолар үһүбүт» диэбитэ. Дьэ ол курдук от охсо турбут Өндүрэйбит хотуурун маска ыйаан, убайын кытта акка мэҥэстэн бара турбуттара. Барыта эмискэтэ бэрт буолан, төннүөхтэрэ диэбит санаабытыгар, суол төрдүттэн ким эрэ тахсан кэлиэ диэн одуулаһарбыт. Нөҥүө күнүттэн Улахан Ааналыын Өндүрэйбит хотуурунан олбу-солбу от охсон барбыппыт».

Ити курдук дьон-сэргэ кыралыын-улаханныын сэриигэ барбыт чугас дьоннорун солбуйан күүстээх үлэҕэ туруммуттара. Бу үлэлэр уонунан сылларга салҕанан барбыттара. Ити сыл ийэбит Тээттиир оскуолатын 7-с кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Кинигэ да, тэтэрээт да суоҕа, аһылык кэмчитэ. Төрөппүттэрэ икки хараҥаны силбээн сүөһү үлэтиттэн ордубаттара. Үгүс ыаллар курдук кус, куобах, балык эбинэн тыыннаах ордубуттара. Үөрэнэргэ кытаанах кэмнэр саҕаланан, ийэбит оскуолаттан уурайан колхозка ат үүрээччинэн, мэкиилэ күрдьээччинэн үлэлии сырыттаҕына, комсомолга киир диэн буолар. Үөрүүнэн сөбүлэһэн аҕатыныын аара хоно-хоно Сунтаарга киирэллэр. Оччолорго биһиги ийэбит бэйэтин иннин солонор сытыы, сайаҕас майгылаах, киэҥ көҕүстээх, ырааҕы-чугаһы ырыҥалыыр киһи этэ. Комсомолга киирэригэр араас боппуруостарынан эрийбиттэрэ- моһуйбуттара. Хайа-сах сарсыныгар Илимниир нэһилиэгэр сэбиэккэ секретарынан ыыппыттара. Ийэбит ол кэм туһунан маннык ахтара: «Үлэм саамай куһаҕана, ыарахана диэн күннээҕи эрэ аһыыр астаах ыалга киирэн, кинилэр баар-суох айахтарын иитэр киһилэригэр – аҕаларыгар бэбиэскэни туттарыы этэ. Ытыс саҕа лоскуй кумааҕы күнү-ыйы бүөлүү түһэргэ дылыта. Оҕо, дьахтар, иэримэ дьиэ, иитэр сүөһү дьылҕата быһаарылларга дылыта. Ол эрэн оччотооҕу эдэр дьон, кырдьаҕастыын-эмэнниин тулуйбуппут…». Онтон салгыы Илимниир, Хадан, Бордоҥ нэһилиэктэригэр налоговай агенынан ананан үлэлиир, общественнай олоххо актыыбынайдык кыттар. 1947 с. кулун тутар 14 күнүгэр ийэбит үлэтэ үрдүктүк сыаналанан Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Биһиги ийэбит мандолинаҕа олус үчүгэйдик оонньуур буолан үҥкүү-битии кини кэллэҕинэ тэриллэр үһү. Инньэ диэн биһиэхэ норуот ырыаһыта Егорова Мария Ивановна уонна ийэбит биир дойдулаахтара кэпсээччилэр. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Пушкин хоһооннорун нойосуустуурбутун ийэбит өйүттэн добдугураччы ааҕан биһигини сөхтөрөрө. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр сэттэбит. Ол эрэн ийэбит элбэх оҕолоохпун диэн олорунан кэбиспэккэ, мэлдьи үлэлиир этэ. Бастаан детсадка ньээҥкэнэн, онтон оскуолаҕа хойукка диэри дьиэ сууйааччынан үлэлээбитэ. Хайдах эрэ биһигини батыһа сылдьан араҥаччылаабыт курдук билигин өйдүүбүн. Бүппэт түбүктээх бөҕө буоллаҕа: элбэх оҕону бэрийии, ас астааһына, дьиэ көрүүтэ, бэйэтин үлэтэ, ынах ыаһына. Ол да буоллар мэлдьи кинигэни, хаһыаты сөбүлээн ааҕар этэ. Мин оскуоланы бүтэрэрбэр ханнык үөрэххэ, туох предметтэри туттарылларын эҥкилэ суох билэрэ, сүбэлиирэ. Биһиги оскуоланы бүтэрэрбит саҕана «Оскуола-производство-ВУЗ» диэн ирдэбил баара, онон кылаастан биэс бастыҥ үөрэнээччи эрэ салгыы үөрэххэ барар бырааптааҕа. Мин үөрэххэ тута барбытым. Оскуоланы бүтэрэр экзаменнар кэмнэригэр мин олохпор биир бөрүкүтэ суох эрээри суолталаах түгэн буолан ааспытын отой умнубаппын. Нуучча литературатыгар В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тиэмэ баар буолуохтааҕын сэрэйэн онно күүскэ бэлэмнэммиппит. Сэрэйбит курдук ол тиэмэ кэлбитэ. Санаабар сочинениены олус үчүгэйдик суруйбутум. Түмүкпүтүн истээри кэтэс да кэтэс. Арай түмүк тахсыбытыгар көрбүтүм миэхэ 3/3 турар. Мин туох кэтэх санаалаах буолуомуй, учууталы таҥара курдук саныыр оҕо. Арай элбэхтик ытаабыппын өйдүүбүн. Онтон хас да хонук ааспытын кэннэ консультацияҕа кэлбиппит мин уонна өссө хас да оҕо сыаналарбыт 4/4 буолан көммүттэр. Онно олус үөрэн дьиэбэр сүүрэн тиийэн дьоммор кэпсии оҕустум. Ийэм эмиэ үөрдэ. Кэлин үрдүк үөрэҕи бүтэрэрим саҕана ийэм ол түгэн ис дьиҥин кэпсээбитэ. Ийэм барахсан олус көнө майгылаах, ким да туһунан куһаҕаны саҥарбат,санаабат, кимниин да киҥир-хаҥыр саҥарсыбат бэйэтэ районоҕа звоннаан, тахсан оҕолор үлэлэрин бэрэбиэркэлээҥ диэн көрдөспүт. Онуоха Игнатьев Борис Григорьевич диэн районо инспектора тахсан бэрэбиэркэлээн сыаналар сыыһа турбуттарын көннөртөөбүт. Онон мин үөрэххэ тута барбыппар ийэбэр махтана саныыбын. Ийэм төһөлөөх долгуйан дьиэ сууйа сылдьан директорскай аанын манаабыта буолла. Ол туран «бу оҕоҕо 5 сыана да туруон сөптөөх этэ» диэн кэпсэтэллэрин истибит этэ.

Ол иһин күлүүлээх да түгэннэр тахсаллара. Киэһээҥҥи аһылыкка бары мустан аһыы олорон ийэбит бүгүҥҥү күҥҥэ ким туох итэҕэстээҕин, туох буруйдааҕын ааҕан намыын куолаһынан «иитэр-үөрэтэр» үлэтин саҕалаатаҕына аҕабыт «оҕолору сүгүн аһаталаа» диэн быстарара. Оччоҕо ийэбит «оҕо иитиитигэр кыттыспаккын, көмүскэһэргин эрэ билэҕин» диэн аны бэйэтин мөҕөрө. Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан Володя биһикки танцыга сылдьабыт аҕай. Танцы кэнниттэн мин дьиэбэр тутатына кэлэбин, оттон Володя кыргыттары дьиэлэригэр атааран баран арыый хойутаан кэлэр. Дьиэбэр киирбитим ийэлээх аҕам утуйар санаалара суох хороһон олорор буолаллар: «Тоҕо соҕотоҕун кэллиҥ, уол ханнаный?» диэн иккиэн миигин мөҥөн бараллар. Онтон Володя кэлээтин кытта кинини олох мөхпөттөр, үчүгэй баҕайытык утуйан хаалабыт. Уопсайынан Володя олох мөҥүллүбэт этэ. Мин кинини үҥсэ сатаатахпына хата бэйэм дэлби сэмэлэнэр этим. Ол иһин кэнники танцы кэнниттэн Володяны тымныы да буоллар таһырдьа дьиэм аттыгар кэтэһэн бииргэ киирэр буолбуппут.

Дьоммут биһиги кимниин доҕордоһорбутун, туох интэриэстээхпитин билэллэрэ. Доҕордоһуу диэн хайдах буолуохтааҕын бэйэлэрэ өйдүүллэринэн быһаара сатыыллара. Мин оскуола эрдэхтэн билиҥҥэ диэри Федорова Агния Дмитриевналыын олус доҕордуубут. Ону дьонум олус сөбүлүүр этилэр. Арай биирдэ студенныы сылдьан Саҥа дьылга Агниялыын бырааһынньыгы биһиги дьиэбитигэр ыллыбыт. Ол бириэмэҕэ аҕам оскуола кочегарын солбуйа сылдьар. Ага биһикки түүн үөһэ буолуор диэри кэпсээммит бүппэт, иккиэйэҕин олоробут. Арай аҕам түүн ортото итии чэй иһэ кэллэ, биһигини көрөн олох сөхпөтө, хата төттөрүтүн оҥкучахтан шампанскайы кылабачытан таһааран биэрдэ уонна «олоруҥ-олоруҥ, миигиттэн мэһэйдэтимэҥ» диэтэ.

Биһиги дьиэҕэ ийэбит кылаабынай киһи этэ. Аҕабыт хаһан да кинини кытта мөккүспэт буолара. Бүгүрү буолан дьиэ үлэтигэр күүһэ кыайарынан көмөлөһө сылдьара. Уҥуоҕунан уһун буолан күлүүлээх баҕайытык туттан, сатала да суох буоллар дьиэ үрдүн, улахан таҥастары сууйууга хам- хаадьа да буоллар көмөлөһөр этэ. Күөс өрөр, балык туустуур, күөх луугу астаһар буолара. Аҕабыт олус үлэһит киһи этэ. Марбаттан көһүү саҕана Сардаҥаҕа сүрдээх улахан дьиэни соҕотоҕун кэриэтэ туппута. Олус байанайдаах булчут быһыылааҕа. Онон оҕо сылдьан хал буолуохпутугар диэри булт этин сиэбит дьоммут. Подвалтан киллэриллибит тайах этин миинин сирэн испэппит. «Өр хаһааныллыбыт тайах этэ өссө минньийэр» диэн аҕабыт этэрин өйдүүбүн. Сунтаартан прокурор уонна судьуйа анаан-минээн тахсаннар биһиги аҕабытын кытта тыалыыллар этэ. Сайын аҕабытын кытта оттуур олус интэриэһинэй буолааччы. Былыр үтүө санаалаах баай дьон уонна номоххо киирбит күүстээхтэр, быһыйдар тустарынан бараммат сэһэннээҕэ. Оччотооҕу эт кэнсиэрбэ миинэ минньигэһин эриэхсит! Аҕабыт сибиинньэ кэнсиэрбэтигэр галет бэчиэнньэни буһарара олус минньигэс буолара, кииһилэ хааһытын буһаран сиэтэрэ. Уонна наар «оҕолорбор дьэ суорунаҕа эриттэрэн курупчаакы алаадьы буһаран сиэтиэҕим» диирэ туолаахтаабатаҕа, баара эрэ 52-тигэр оһолго түбэһэн суох буолаахтаабыта.

Билигин санаатахха төрөппүттэрбит кыра да хамнастаах эбиттэр. Ийэм наар: «Мин оскуола остуораһабын, аҕаҕыт ойуур остуораһа, онон эһиги бары хайаан да үөрэниэхтээххит. Билигин үөрэхтээх дьон үйэтэ кэллэ» - диир буолара. Хайдах харчыларын тиэрдэллэрэ буолла, оҕолортон олох итэҕэһэ суох этибит. Өссө оҕо сайдарыгар анаан хааччыллыыбыт үгүстэртэн таһыччы ордук курдуга. Биһиги дьиэбитигэр гармошка, баян, аккордеон, гитара, радиола, магнитофон барыта баара. Ол да иһин буолуо уолаттар Афоня, Саша музыкаҕа сыһыаннаахтара эрдэ биллибитэ. Маслянай, акварель кырааскалары, киистэлэри хантан эрэ дэлэччи булан атыылаһаллара. Афоня 7-с кылаастан саҕалаан дьон көрдөһүүтүнэн сыбаайба киэргэтиитин оҥороро. Оччотооҕуга комсомол райкомун сакааһынан юбилейнай панно оҥорбута билигин даҕаны Тойбохой музейыгар турар.

Биһиги дьиэҕэ билигин санаатахха уол оҕону үрдүктүк туталлар эбит. Саша: «Ахсыс кылаас кэнниттэн үөрэххэ, музыкальнай училищеҕа барабын» диэн туруорсубутун дьонноро көҥүллээн ыыттылар. Уолбут бараат даҕаны экзаменнары туттаран киирэн хаалла. Уопсайынан, уолаттарбыт тугу туруорсаллара барыта туолан иһэрэ: музыкальнай инструменнар, уруһуйдуур тэриллэр, оннооҕор велосипеды, мотоциклы ылаллара. Мин бэйэм дьоммуттан мөҥүллэрбин олус бэркэ өйдүүбүн, оттон уолаттар мөҕүллэ сылдьалларын олох өйдөөбөт эбиппин. Биһиги кыргыттар даҕаны баҕа санаабытын барытын толоро сатыыллара. Ийэм миэхэ үгүстүк бырааһынньыкка саҥа былаачыйаны тиктэрэрэ, Москваҕа ВДНХ-ҕа барар дьонунан Тома биһиэхэ үчүгэй да плащтары сакаастаан ылларбытын сөбүлээн кэппиппит. Физкультура уруоктарыгар оҕо үксэ тигии таҥаһынан сылдьара, оттон биһиэхэ дьоммут Тиксииттэн (оччотооҕуга хоту дойдулар хааччыллыылара таһыччы ордук этэ) дьоммутугар үлэһэн наһаа үчүгэй тренировочнайдаах этибит. Билигин саастыылаахтарбыт оҕо сааспытын ахтан кэпсэтиигэ «эн олус үчүгэйдик таҥнар уонна элбэх таҥастаах этиҥ» диэччилэр.

Бииргэ төрөөбүттэр биһиги хайдах эрэ иккилии буолан ордук чугастыы этибит. Улахаммыт Панкратий ыалдьан оскуолаҕа ситэри үөрэммэтэҕэ. Осеменатор идэтин баһылаан оҕо эрдэҕиттэн совхоз тутаах үлэһитэ буолан дьиэтиттэн -уотуттан эрдэ тэлэһийэн үлэ үөһүгэр сылдьыбыта, дьонугар күүс- көмө буолбута. Мин Володялыын, Тома Сашалыын, Агаша Афонялыын сааспытынан ордук чугас уонна интэриэспит биир буолан ордук элбэхтик алтыһар, ырааттахпытына бэйэ-бэйэбитин ахтыһар этибит. Оҕо сылдьан Марбаҕа Володя уолаттардыын ойуурга оонньуу бараллар. Мин олох хаалсыбаппын. Володя үүрэ сатаан баран хайыай, илдьэ сылдьар буоллаҕа дии. Кинилэри кытта сылдьар олус интэриэһинэй быһыылааҕа. Мурукуну үтэн сиирбит, интэриэһинэй оту-маһы кэрэхсээн көрөрбүт, сардаана сибэккитин хаһан эриэппэтин сиирбит. Тоҥсоҕойу тыыннаахтыы тутан иитэ сатыылларын өйдүүбүн. Биирдэ өрүс улаханнык халааннаан турдаҕына ыһыктанан-таймаланан өрүс көрө барбыппыт. Ымсыы сыһыытыгар тиийбиппит кэннэ ийэбит Яковлев Аркадий ийэтэ Дария Павловналыын тутан ылбыттарын өйдүүбүн.

Үлэлиир, үөрэнэр буоламмыт дьиэбитигэр сайын мустабыт. Ийэбит син биир оҕо эрдэҕинээҕибит курдук киэһэ бары баар буоларбытын ирдиир. Ол ардыгар кыаллыбат буоллаҕа дии. Ким доҕотторунаан көрсөр, ким киинэҕэ сылдьар, сорох ханна эрэ тардыллар. Ол да буоллар дьоммут биһигини уһун кыһын ахталларын билэр уонна бэйэбит да ахтыһар буолан киэһээҥҥи аһылыкка түмсэ сатыырбыт. Арай биирдэ Сашабытын кэтэһэбит, киһибит суох. Ийэм ынахтарын ыан бүппүтэ ырааппыт, күн киэһэрбит. Ийэм: «били уол «другтарын» көрсүбүтэ буолуо, өрүс үрдүн баран көрүөх эрэ» - диэтэ. Өрүс диэки маҕаһыын муннугар тиийээппитин кытта Саша мүчүк гына-гына бу тиийэн кэллэ: «Хайа, мама, бу ханналаан иһэҕин?». Онуоха ийэм сүрдээх холкутук: «ээ, били ньирэйбин көрдүү сылдьабын, чэ-чэ, бэйэтэ да кэлэр ини, хата бииргэ дьиэлиэҕиҥ» - диэтэ. Биһиги ийэбит тактичнайыттан киһи холобур эрэ ылыан сөп.

Ийэлээх аҕабыт бу орто дойдуттан барбыттара быданнаата. Ол эрээри күндү дьоммут туһунан сырдык өйдөбүлүнэн, кинилэргэ тылынан кыайан этиллибэт сүдү махталынан олоробут, ыччаттарбытын кинилэр холобурдарынан иитэбит.

 

Просмотров: 335 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/1
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]