12:53 Иван Иванович ТЕРЕЯСОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Иван Иванович ТЕРЕЯСОВ туһунан кийиитэ Тамара Тереясова: Тереясов Иван Иванович диэн мин кэргэним Тереясов Дмитрий Николаевич аҕата Тереясов Николай Иванович бииргэ төрөөбүт быраата. Өссө Тереясов Николай Иванович-Баһык Ньукулай диэн эмиэ бырааттаахтар эбит, кини эрдэ өлбүт. Иван Сунтаарга маҕаһыыннарга, ыскылааттарга үйэтин тухары куруусчутунан үлэлээбитэ. Кэлин Бордоҥҥо биһиэхэ тахсан оҕолор кыра кылаастарга үөрэнэр, оттон биһиги үлэҕэ-хамнаска сылдьар кэммитигэр дьиэбитин-уоппутун, оҕолорбутун көрөн, дьаһайан, аһаталаан олорбутун махталынан ахтабыт. Аһара ыраас, мэлдьи тэбэнэ-сахсына сылдьар оҕонньор этэ. Биһиэхэ хас да сыл олорбута, онтон ыарытыйан 1993 с. олунньуга кэргэним Дима өлөөтүн кытта суох буолбута. Биһиги кинини аһара суохтаабыппыт. |
|