13:04 Иван Никифорович, Матрена Алексеевна ТИХОНОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Иван Никифорович, Матрена Алексеевна ТИХОНОВТАР тустарынан кыыстара Тихонова Фекла Ивановна, 2015 сыл муус устар 31 күнэ: Мин дьонум үс ыанар ынахтаах, сылгылаах, ол иһигэр үс биэлээх, 3 миинэр аттаах, оччотооҕу сиэринэн орто баайыылаах ыал этилэр. Ийэм Тихонова (Далбараева) Матрена Алексеевна 1903 с. Хадан Курсуйугар төрөөбүтэ. Аҕам Тихонов Иван Никифорович 1902 с. төрүөх, кыра эрдэҕинэ ийэтиниин Өлүөхүмэттэн тахсыбыттар үһү.Эбэм сырдык, төгүрүк сирэйдээх, саһарчы көрбүт, сырдык сэбэрэлээх Таанньа эмээхсин диэн этэ. Ийэбин Курсуйтан сүгүннэрэн киирэн Элгээҥҥэ олохсуйан олорбуттара. Бииргэ төрөөбүттэр 11 этибит даҕаны, онтон үс буолан тыыннаах хаалбыппыт: Улахан Дьөгүөр, мин уонна Кыра Дьөгүөр. Оҕолоро өлө туралларын иһин биир уолларын Дьөгүөр диэн ааттаан баран, ол кэннинээҕи уолларын абааһыны муннаран диэн кини курдук ааттаабыттар. Аҕам сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах киһи этэ. Холбоһуктааһын буолбутугар сүөһүн үксүн (икки ынаҕы, атын, биэтин) колхозка биэрбитэ. Ийэлээх аҕам олохторун устата сүөһүгэ үлэлээбиттэрэ. Бу Сардаҥа тулатынааҕы сиргэ 1934 с. Строд аатынан колхоз тэриллибитэ. Колхозтааһын бастакы сылларыгар аҕам ферма сэбиэдиссэйинэн, онтон колхозка завхоһунан, биригэдьииринэн, ийэм ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ. Аҕам айылҕаттан сүрдээх мындыр буолан, бэйэтэ сүөһү эмтиирэ, аттыыра. Ол курдук босхоҥ, хаампат буолбут ньирэйдэри күөл кытыытыгар бадарааҥҥа уот оттон, сылаас былыыкка сытыаран эмтээн үтүөрдэр этэ. Атаҕа тостубут ньирэйи чарт (тымтык) баайан уҥуоҕун тутар этэ. Кини туох саҥаны барытын кэрэхсиирэ уонна олоххо киллэрэргэ дьүккүөрдээхтик үлэлиирэ. Ол курдук сайын, биһиги кыра эрдэхпитинэ, Толбуонаба Кисиэнньэлиин колхозка оҕуруот аһын бөҕөнү үүннэрбиттэрэ: оҕурсуу, томат, эриэппэ, турнепс, моркуоп. Ийэбиниин Элгээҥҥэ колхоз сорудаҕынан кууруссаны, хоруолугу, барааны ииппиттэрэ. Төрөппүттэрим кырдьан да баран колкоз ырыганнаабыт сылгытын, ынаҕын моой ылан көрөн сүтүгэ суох сылы таһаартыыллара. Ол курдук 1964 с. Үлэгиргэ ырыганнаары гыммыт субай сүөһүнү, эһиилигэр 1965 с. Жданов колхоз Харыйа Үрэҕэр мөлтөх туруктаах убаһалары, онтон 1966 с. Бордоҥ биригээдэтин 40-ча ырыганнаабыт сылгыларын чөлүгэр түһэрэн, сүтүгэ суох дьылы туораппыттара. Ол курдук өҥ илиилээх, үлэһит дьон этилэр. Дьонум хара кырдьыахтарыгар диэри үлэттэн илиилэрин араарбатахтара.
|
|