05:33 Хас биирдиилэрэ геройга тэҥнээхтэр |
Хас биирдиилэрэ геройга тэҥнээхтэр Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, бары кырдьаҕастар, Бордоҥ нэһилиэгин олохтоохторо! Кыайыы күнүнэн, сырдык бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн үөрэн, долгуйан туран барыгытын эҕэрдэлиибин. Аан дойдуну фашизм, нацизм хабалатыттан босхолоон, эйэлээх олоҕу, чэчирии сайдыыны аҕалбыт сэбиэскэй норуот, Россия судаарыстыбата бу улуу кыайыыны ньыгыл түмсүүтүнэн, күүстээх санаатынан, булгуруйбат дьулуурунан эрэ буолбакка, улахан сиэртибэнэн, бэйэни харыстаммат үлэнэн, геройдуу быһыынан ситиспитэ үйэлэргэ умнуллуо суохтаах. Билигин да аан дойдуга көҥүлү күөмчүлүү, сайдыыны садаҕалыы, аҥардастыы айбардыы сатааччылар суох буолбатахтар. Улахан толугунан ситиһиллибит бүгүҥҥү эйэлээх, сайдыылаах олох аан дойду гуманнай өйдөөх-санаалаах дьонун улахан ситиһиитэ, онон Кыайыы күнэ – аан дойду бүттүүнүн өрөгөй-талаана, улуу бырааһынньыга. Мин оҕо эрдэхпиттэн ол уоттаах сэрии бэтэрээннэрин уонна тыылга сырдыгы-хараҥаны силбээн үлэлээбит аҕа көлүөнэ кырдьаҕас дьону тыыннаахтарыгар баттаһан көрбүт-истибит, кинилэр ыллыктаах сүбэлэрин, сэһэннэрин-сэппэннэрин сэргээбит, айаным аартыгар алтыспыт дьоллоохпун. Айбыт аар тойон аҕам, сэрии кыттыылааҕа Сергей Николаевич Уаров уонна кини үөлээннээхтэрэ, доҕотторо Степан Терентьевич Петров, Семен Афанасьевич Прокопьев (Сиилин оҕонньор), Яков Афанасьевич Семенов (Тыаһыт Дьаакып), Аввакум Николаев (Обокуум оҕонньор), Федор Андреев (Дьоппуон Сүөдэр) онтон да атыттар үтүө уобарастара мин тыыннааҕым тухары өйбөр-санаабар, дууһабар бааллар, баар да буолуохтара. Бордоҥ ыччатыгар, дьонугар-сэргэтигэр билиҥҥи эйэлээх олоххо оҕо төрөтөн, дьиэ туттан, үөрэхтэнэн, байан-тайан дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын. Эһиэхэ киэҥ, уһун суолу солообут, эйэлээх олоҕу аҕалбыт дьоннорбутун саха омук баарын тухары үйэлэргэ үрдэтэ, уруйдуу-айхаллыы сылдьыаххытыгар саарбахтаабаппын. Ол биир туоһута – бу баай ис хоһоонноох, киэҥ анаарыылаах, историческай чахчылардаах үбүлүөйгэ анаммыт кинигэҕит буолар. Биир холобуру аҕалабын: Олимпийскай чемпион Павел Пинигин 40 сыл аннараа өттүгэр Германияҕа буолбут Аан дойду күрэхтэһиитигэр Адольф Зегер диэн 82 киилэлээх немец бухатыырын кыайан турар. Кини аҕата Курскай тоҕойго сэриилэспит. Байбал үөһэ ыйааһыҥҥа тахсан тустубут. Бу күрэхтэһиигэ Павел Пинигин түөрт тииһин солоппута, ытыы-ытыы киирсибитэ уонна аҕатын кэриэһигэр хоппута. Саха киһитэ хайдах курдук күүстээҕэ, тулуурдааҕа уонна дьулуурдааҕа ити холобурга көстөр. Быйыл ыам ыйын 1 күнүгэр парад кэмигэр трибунаҕа туран саха республикатын бэтэрээннэрин сэбиэтин председателэ Будимир Дмитриевич Слепцов “биэс сыл иһигэр бэтэрээннэр ахсааннара 4 төгүл кыччаата, 300-чэ киһи хаалла” диэбитэ. Оттон биһиэхэ, Сунтаарга алта сэрии бэтэрээнэ хаалла. Хас биирдии тыыннаах бэтэрээни Герой курдук көрүөхтээхпит. Уаров Александр Сергеевич.
|
|