06:41 Клавдия Арьяновна МИХАЙЛОВА |
Үлэ бэтэрээнэ Клавдия Арьяновна Михайлова Норуот атыыһыта. Мин илиибэр 2002 сыллаахха Дьокуускай куоракка “Бичик” кинигэ издательствотыгар бэчээттэммит “II Бордоҥ былыргыта уонна билиҥҥитэ” диэн кинигэ сытар. Автордар В.В. Попова уонна Е.Г. Евсеев нэһилиэккэ атыы-эргиэн саҕаланыытын туһунан: “Бордоҥ нэһилиэгэр өссө 1929 сыллаахтан ыла атыы-эргиэн үлэтэ саҕаламмыт. Ити сыл Игнатий Попов диэн сытыы-хотуу, сэниэ баай киһи араас табаары, аһы-таҥаһы аҕалан атыылаабыт,” – диэн суруйбуттар. Дьэ ити кэмнэртэн ыла 90-ча сыл ааста. Биһиги ийэбит Клавдия Арьяновна Михайлова ити кэрдиис кэмтэн 27 сылын Бордоҥ нэһилиэгэр атыы-эргиэн салаатыгар үлэлээн-хамсаан ааспыта, нэһилиэк историятын оҥорсубута. Атыыһыт үлэтэ диэн улахан эппиэттээх, нэһилиэк олоҕун тыын боппуруостарыттан биирдэстэрин быһаарар, элбэх сыраны, сатабылы, суоту-учуоту эрэйэр, дьон кыһалҕатын, туохха наадыйарын таба учуоттуур үлэ буолар. Ол курдук кинини атыыһыт үлэтигэр уһуйбут, үөрэппит-такайбыт аҕа табаарыһынан Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана, 30-тан тахса сыл атыыһытынан үлэлээбит, ССРС эргиэнин туйгуна, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, “Холбос” респотребкооперация Бочуотун кинигэтигэр үйэ-саас тухары киллэриллибит Иннокентий Егорович Эконовы билинэрэ. Иннокентий Егорович хас биирдии атыылаһааччыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһарга, суоту-учуоту кытаанахтык тутуһарга, үлэлиир коллективка биир санааны түмэргэ, сиэрдээх-чиэһинэй буоларга ииппит-такайбыт. Клавдия Арьяновна салалтатынан Бордоҥтон элбэх эргиэн үлэһиттэрэ үүнэн тахсыбыттара. Эдэр атыыһыттарын ийэбит таптаан “мин кыргыттарым” диир буолара. Кинилэртэн үлэни кыайыгас-хотугас, уһулуччу чиэһинэй диэн Надежда Владимировна Григорьеваны, түргэн-тарҕан туттунуулаах диэн Галина Титовна Михайлованы ордук чорботоро. Бэйэлэрин кэмнэригэр эдэркээн кэлии кыргыттар кэлэн үлэлээбиттэриттэн Елизавета Спиридонова уонна Людмила Попова биһиги ийэбитигэр олус истиҥ, үтүө өйдөбүлү хаалларбыттара. Үлэлиирин тухары техүлэһиттэрбэр табыллан үлэлээбитим диэн астына кэпсиирэ. Ордук рабочайдаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана Конон Иннокентьевич Михайловы (Куонаан оҕонньору) олус убаастыыра, ытыктыыра. Куонаан оҕонньор “били Кылааба кыыс” диир буолара. Кини олус ыраас-чэбэр туттунуулаах эт эттээччи этэ. Куонаан дьаһайар буолан маҕаһыын, ыскылаат мэлдьи чөкө, туох барыта орун-оннугар диир этэ. Дьиэ сууйааччы Зинаида Егоровна Степанова (Силимиэй эмээхсин) тыбыс-тымныы маҕаһыыҥҥа күнү супту тоҥон иэдэйдэ диэн ип-итии сүөгэй үрүҥнээх чэйи киилэлээх куруускаҕа киллэрэн абырыыр идэлээҕэ (кини маҕаһыын аттыгар олорбута). Ураты чэнчис туттунуулаах Уарова Матрена Алексеевна (эбээ Муоча) үлэлиирин тухары маҕаһыын ып-ыраас этэ. Кини күн аайы хаһан да швабраламмакка, дьыл ханнык да кэмигэр отой төҥкөйө сылдьан сууйара, мэлдьи быылын сото сылдьара. Эбиитин атыыһыттар астанар да сололоро суох диэн мип-минньигэс алаадьыта, сахалыы лэппиэскэтэ мэлдьи бэлэм буолааччы. Бэкээринэ үлэтэ диэн нэһилиэнньэ саамай тыын боппуруоһун быһаарар тэрилтэ буолар. Урукку кэмнэргэ тиэстэлэрин илиинэн мэһийэн, кирпииччэ оһоххо буһан-хатан (сайыҥҥы да куйаастарга) биэкэрдэр барахсаттар үлэ бөҕөтүн үлэлиир этилэр. Уонна оччолорго, совхоз саҕана, Бордоҥ нэһилиэнньэтэ 1600 киһиэхэ чугаһыы сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Онон күн аайы үлүгэрдээх элбэх килиэп астанара. Аҕа көлүөнэ биэкэрдэртэн ийэбит олус ыраас туттуулаах, үлэни кыайыгас, кыһаллыгас Ксения Никифоровна Филиппованы, күүстээх-уохтаах Мария Гаврильевна Федорованы олус убаастаталыыра. Бэйэтин кэмигэр өр сылларга биэкэрдээбит Олимпиада Васильевна Матросова сып-сымнаҕас, мип-минньигэс, үллүбүт килиэбин бордоҥнор билигин да суохтууллар. Оттон күлэн-салан, ардыгар аймана түһэн, киирбит-тахсыбыт Наталья Васильевна Иванованы ама ким умнуой? Натааһа барахсан ийэбитин аһара да ытыктыыра, кимнээҕэр да бастакы сүбэһит оҥосторо, дьэдьэн кэһиитин кэлин пенсияҕа да тахсыбытын кэннэ тута сылдьара. Элбэх оҕолоох Герой үлэһит Герасимовтар Андрейдара бэкээринэҕэ рабочайдыыр кэмигэр маһы хайытан элээрдэрэ, бурдук куулун тэбээн элэгэлдьитэрэ түргэнэ сүрдээх этэ. Ийэбитин аһара убаастыыра, билигин да сылаастык-истиҥник махтана саныыр. Тэҥкэ нэһилиэгин маҕаһыыныгар өр сылларга үлэлээбит Егор Филиппович Степановтыын мэлдьи сибээстэһэн, билсэ тураллара. Оттон Тэҥкэ бэкээринэтигэр бииргэ төрөөбүт кыра балта Валентина Арьяновна Игнатьева норуот биир саамай истиҥник саныыр биэкэрэ. Маҕаһыын урут сир эргийэр киинэ буолара. Сэбиэскэй кэмҥэ ас-таҥас арааһа аҕыйах буолан, таһаҕас кэллэҕинэ “атыыр” уочарат буолара. Дьон тыыннаах уочаракка түүннэри да турар кэмнэрэ бааллара. Суол-иис мөлтөх буолан сайын баржанан таһаҕас кэлэр этэ. Эҥкилэ суох, үтүө суобастаахтык үлэлээбит, оччоттон оройуоҥҥа ытыктанар киһи Гаврил Титович Прокопьев катеристыыр буолан ийэбит киниэхэ 100% эрэнэн ыраах айаҥҥа турунара. Өрүһүнэн кэлээри аара Хадаҥҥа түүннэри таһаҕастарын сүөкэтэн кэлэллэрэ. Таһаҕас куруустааһынын үлэтигэр үгүс элбэх эр дьон туруналлара. Сэлиэһинэй бурдук куулун куруустуурга эр дьон дьээбэлэнэн күрэх тэрийэр идэлээхтэрэ. Василий Давыдович Иванов, совхозка үйэлээх сааһыгар сүөһү үлэтигэр үлэлээбит киһи, 70-нуу киилэлээх куулу: биири – тииһигэр ытыран, иккини кыбынан (уопсайа үс куулу) таһааран дьону сөхтөрөрө билигин уос номоҕо буолан сылдьар. Кыһыҥҥы өттүгэр Миирнэйтэн таһаҕас аҕалыы эмиэ остуоруйалаах буолара. Совхоз биир саамай эппиэтинэстээх, туруу үлэһит суоппара Тарас Семенович Андреев автобуһунан Саҥа дьыл иннигэр уонна кыс устата хаста да ыраах айаҥҥа туруналлара. Тарас буолан улахан да тымныыларга ыраах айаҥҥа биирдэ да тоҥмокко, бородууктаны буортуппакка кэлэр этибит диирэ. Ийэбит Миирнэй ОРС-ун үлэһиттэригэр флягалаах сүөгэй илдьэн, улуу нуучча омук кыргыттарын “маастарын” табан, сатаан кэпсэтиитин ыытар буолан үгүөрү таһаҕас аҕаларын өйдүүбүн. Нэһилиэк дьоно ытыктаан биһиги ийэбитин Атыыһыт Клава дииллэрэ. Кини элбэх оҕолоох ыал оҕото уочаракка турарын көрдөҕүнэ булгу ыҥыран ылан инники киллэрэрэ. Ийэтэ суох тулаайах улааппыт Коля Андреев кэлин: “Клавдия Арьяновна кыра сырыттахпытына дьон быыһыгар аһылык атыылаһаары кыбыллан турдахпытына, оҕолору курдары киллэриҥ диирэ. Булгуччу ыҥыран ылан наадабытын атыылаан абырыыра, эбиитин өссө сиэбиттэн кэмпиэт биэрэн манньытара,” – диэн махтанан кэпсиирэ биһиэхэ олус күндүтүк иһиллэрэ. Саҥа үлэлии кэлбит учууталларга, атын да үлэһиттэргэ килиэптэрин ууран, нуорма аһылык таһынан кыратык да чорботон биэрэрин билигин истиҥник санааччы элбэх. Аны 90-с дьалхааннаах сылларга хамнас кэлбэккэ дьон кыһалҕаҕа ыктарбыт кэмнэригэр иэс биэрэн абырыырын эмиэ билинэллэр. Улахан бырааһынньыктарга даҕаны биирдэ да ас астыыр да солото суох буолара. Саҥа дьыл киэһэ маҕаһыынтан 9-10 чааска тиийэн кэлэрэ, кэһиитин торт аҕалара. Уоннааҕытын аҕабыт барытын дьаһайан олорбута. Үлэтэ түбүгэ бэрт буолан ийэбит дьиэҕэ хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ этэ. Туох баар дьиэтээҕи түбүк аҕабыт эбээһинэһэ буолбута. Атыыһыт маҥан форменнай халаата мэлдьи ыраас буоларын аҕабыт хааччыйара: 3-4 халааты сууйан, өтүүктээн, суумкатыгар уган эрдэттэн бэлэмниирэ. Тымныы маҕаһыыҥҥа арыы-эт атыылаан баран атаҕын таҥаһа дэлби мууһуран кэлэрэ. Ону барытын аҕабыт ыраастаан, куурдан бэлэмниир буолара. Аны ийэбит дьууппалаах көстүүм кэттэҕинэ соһуйан: “Мунньах буолар дуо?” – диэн күллэрэр этибит. Тоҕо диэтэххэ кини мэлдьи удобнай диэн спортивнайдык таҥнар идэлээҕэ. Үлэлиирин тухары учуот аайы сыыппарата барыта орун-оннугар тахсыһар идэлээҕэ. Онтун хаһан да киһиргээн арбанар идэтэ суоҕа. Маҕаһыын үлэһиттэрин барыбыт ситиһиитэ диирэ. Түүн 3-4 чааска диэри кини суотун тыаһынан “биһиктэнэн” утуйар буоларбыт. 80-с сылларга Москваттан калькулятор ылынан, аны суотунан тардыбытын иккистээн онон бигэргэтэн, тыастаахтык “тоҥсуйан” бэрэбиэркэлэнэр буолбута. Сунтаарга райсоюзка аһара ытыктыыр үлэһиттэрдээҕэ. Ыскылаат кыргыттарын кытта эрдэттэн кэпсэтэр идэлээҕэ. Кырдьаҕас бухгалтер Лариса Гаврильевнаны, салайааччытын Дмитрий Данилович Даниловы, балтын курдук саныыр Розалия Филиппованы аһара махтана саныыр буолара. 80-с сыллар бүтүүлэригэр Бордоҥҥо рабкооп тэриллэн элбэх эдэр дьон үлэлии кэлбитэ. Кинилэр биһиги ийэбитин олус убаастыыллара, дьиэбитигэр мэлдьи сылдьаллара. Ольга, Владимир Моисеевтары оҕолорун курдук көрөрө, Андрей Тимофеев, Руслан Егоров, суоппар Афоня Сметанин ийэбит сүбэтин элбэхтик ылбыттара. Кэнники сылларга пенсияҕа тахсан баран, улаханнык ыалдьыар диэри Элгээйи “Сулус” маҕаһыыныгар үлэлээбитэ. Кини салайбыт маҕаһыына оройуон иһинээҕи социалистическай куоталаһыыга 1-2 миэстэттэн түспэтэҕэ, оттон республиканскай куоталаһыыга 2 төгүл I миэстэни ылбыта. Өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтэ сөбүгэр сыаналаммыта. ССРС эргиэнин туйгуна буолбута, “Холбос” респотребкооперация Правлениетын, оройуон Потребсоюһун Правлениетын элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Итинник үлэлээн-хамсаан, бэйэтин кэмигэр дьон-норуот махталын ылан, уордьана да суох буоллар дьиҥнээх НОРУОТ АТЫЫҺЫТА буолан чиэстээхтик олорон ааспыта ийэбит барахсан Клавдия Арьяновна Михайлова.
Ахтыыны суруйда кыыһа Мария Михайловна Алексеева
Сунтаар улууһа, Бордоҥ нэһилиэгэ. |
|