15:43 Марфа Романовна ТИХОНОВА |
Марфа Романовна ТИХОНОВА (1918-2006) Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Биһиги ийэбит, Тихонова Марфа Романовна, 1918 сыллаахха Тэҥкэ нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэм аҕата күн сириттэн эрдэ суох буолан, ийэлэрэ биэс оҕолоох огдообо хаалбыт. Убайа Лазарь, Маайа, Марфа, Катя уонна быраата Гриша. Сорох ыал буолан тарҕаспыттар. Ийэм ийэтин кытта хаалан, аҕатын оруолун толорон от – мас тиэйиитигэр сылдьыбыт. Куокунуга 1938 сыллаахха көhөн кэлбиттэр, ол сыл Куокуну Дьампатыгар Петровтарга кийиит буолбут. Кэргэнэ Петров Егор Афанасьевич Совет секретарынан үлэлээбит. Ыал буолан биир кыыс оҕоломмуттар. Кэргэнэ туйаҕым хаалла диэн үөрбүт. Егор 1943 сыллаахха иһин таарымтата киирэн эмискэ өлөн хаалбыт. Ол саҕана эмп суох буолан быыһаабатахтар. Ийэбит оҕотунаан хаалан, сотору буолан баран аны оҕото өлөөхтөөбүт. Кэргэнин көмөр, онтон оҕотун. Суос соҕотох хаалар. Боруллуоҕа улахан кыһыҥҥы хотоҥҥо ыанньыксытынан киирэр. Аҕыс ыйдаах кыһыҥҥы тымныыларга оҕуһунан – атынан отторун- мастарын бэйэлэрэ кэрдэн киллэрэллэр. Эр дьон сэриигэ барбыттар. Эр дьону солбуйа дьахталлар, улахан оҕолор, кырдьаҕастар хаалбыттар. Араас тутууларга былаан түһэрэллэр эбит, онно Быйагыга тахсан бэрэбинэ кэрдиитигэр сылдьыспыт. Сарсыарда 6 чаастан түүн 12 чааска диэри үлэлииллэр эбит. Хас сезон аайы бииртэн биир: саас буор хорутуута, сайын от үлэтэ. Биһиги ийэбит, илиитигэр күүстээх буолан, сайын от охсуутугар, кыһын мас кэрдиитигэр сылдьыспыт. (Сэрии сылыгар …. Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыт). Сайын от охсуута эбэһээт 50 суотайы оҕустараллар эбит. Нуорматын арыт икки-бүк толоро сылдьыбыт. Охсубут сирдэрин эбэһээт кээмэйдииллэр эбит. Ол саҕана уот диэн суох киэһэ хараҥаҕа тымтыгынан сырдатынан олорбуттар. Сэрии да кэнниттэн үлэлэрэ чэпчээбэтэх, арыый үлэлэрин чааһа эрэ кылгаан биэрбит. Ийэбит сэрии содулугар аһара үлэлээн доруобуйатыгар улаханнык оҕустарбыта, эдэр буолан тулуйбут. 1945 саас дьахталлары военкоматка ыҥыра сылдьыбыттар. Куокунуттан 5 дьахтар баран кэлбит, сэрии уһаатаҕына армияҕа бараҕыт диэн повесткалаах кэлбиттэр. Кинилэр дьоллоругар ыам ыйын 8 күнүгэр кыайыыны биллэрэннэр тохтоппуттар. Ол сыл уол оҕолонор, Петров Иван Семенович. Иван 30 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Туох да мындыр киһи этэ. Уһанарын сөбүлүүрэ, техникаҕа маастар этэ. Этэрбэс тигэр уонна улларар этэ. Аан маҥнай телевизор антыанатын бэйэтэ оҥорбута. 1947 сыллаахха армияттан
кэлбит огдообо, 4 оҕолоох киһиэхэ Тихонов Григорий Ивановичка (аҕабар) кэргэн
тахсыбыта. Ийэбит асчыт, иистэнньэҥ буолан оҕолорго таҥастарын бэйэтэ тигэттээн
таҥыннартыыр эбит. Аҕыйах сыл буолан баран кыыс оҕоломмуттара тымныйан өлөөхтөөбүт. 1949 сыллаахха мин, Алькор Григорьевич Тихонов, күн сирин көрбүтүм, 1956
сыллаахха балтыбын, Галинаны, оҕолоноллор. Икки сыл буолан баран аҕабыт ыалдьан
өлөр. Баара суоҕа 4 сыл курдук олороллор. Сэттэ оҕолоох суос- соҕотох хаалар.
Хотоҥҥо доярканан, арыт субай сүөhүнү
көрөөччүнэн үлэлиир. Сайыҥҥы ыйдарга кирпииччэ үктээн, 20 тыһыынча устууканы
туттара сылдьыбыт. Чааһынай ыалларга эмиэ үктээбит. Кэнники пенсияҕа тахсарыгар
оскуолаҕа остуорастаабыта. Оскуола холбоон 6 оһохтоох этэ, онно бэйэтэ мас
хайытан киллэрэн оһохторун оттор эбит. Ону таһынан муостатын сууйар. Дьиэтэ
чугас буолан ол үлэҕэ киирбит, оҕолоругар чугас буолаары. Ийэбит пенсияҕа тахсан баран бэйэтин ыанар ынахтарын көрөн-харайан хотонугар сылдьыбыта. Сайынын онно-манна тирбэҕэлээн кыстык отун булунара. Советскай былаас саҕана сир бэриллибэт этэ, ходуһаҕа оттоотоххо оккун тутан ылаллар этэ (кыттыгас диэн). Ийэбит элбэх мэтээллээх
этэ. Биһиги ону кыра сылдьан оонньоон сүтэртээн
кээспиппит. Билигин сороҕо эрэ баар. Ийэбит оҕолорун иитэлээн үтүө үлэһит дьон
гынаттаабыта. Мин 1970 сыллаахха Бүлүүчээн орто оскуолатын түмүктээн ытык иэспин толоро Армияҕа барбытым. Ийэм балтыбын, Галяны, кытта олорбуттара. Галя пенсияҕа тахсыар дылы оскуолаҕа үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сүөһүбүтүн тэҥҥэ тутабыт, биһиэхэ көмө тутаах киһибит. Мин 1973 сыллахха Улан-Удэтээҕи механико-технологическай, мясо-молочный техникумҥа үөрэнэн техник-электромеханик идэтин баһылаан 65 сааспар диэри үлэлээн кэлэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Улан-Удэҕэ үөрэнэ сырыттахпына ийэм барахсан төрөөбүт дойдубуттан Сунтаартан аһылык астаан, алаадьылаан почтанан ыытара, үөрэнэр кэмнэрбэр ыраахтан күүс-көмө, өйөбүл буолбута. 1976 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн идэбинэн дойдубар үлэлии кэлбитим уонна онно олоҕум аргыһын Тамара Афанасьевнаны кэргэн ылан дьиэ-уот тэринэн 7 оҕо тапталаах төрөппүттэрэ, элбэх сиэн эһээлээх эбээтэ буолан олоробут. Улахан уолум Афанасий Дьокуускай куоракка олорор, чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиир. Кэргэннээх, үс кыыстаах. Кэргэнэ Валентина, Абый улууһуттан төрүттээх, Дьокуускай куорат 12с нүөмэрдээх оҕо уһуйаанын иитээччитэ. Улахан кыыстара Каролина, Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччитэ, быйыл номнуо 9-с кылааһы бутэрдэ, үөрэх туйгуна. Орто кыыстара Настя 12 сааһа, эдьиийин кытта биир оскуолаҕа үөрэнэр, 6-с кылааһы бүтэрдэ. Кыралара, муруннарын бүөтэ, Аурелия 1,5 саастаах. Иккис, бэйэм ааппын сүгэр уолум, Алькор Сунтаарга олорор, дьону таһар урбанньыт, кэргэнэ Үөһээ Бүлүттэн төрүттээх Селена Валентиновна бухгалтер идэлээх, ыал буолан 4 оҕолоохтор. Улахан кыыстара Лилиана Дьокускайдааҕы художественнай училищаҕа дизайнер идэтигэр 2 курска үөрэнэр, улахан уоллара Мирослав Сунтардааҕы лицей 8 кылааһын үөрэнэччитэ, орто уоллара Эрсан Сунтардааҕы алын сүһүөх оскуолатыгар 1 кылааска үөрэнэр онтон кыра уоллара Тэгин биир сааһын ааһа сылдьар. Үһүс уолум Уйбаан 1997с. оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокускайдааҕы государственнай университет – математика учуутала диэн үөрэххэ киирбитэ. Бэйэтэ чааһынай тэрилтэ тэринэн күн бүгүнүгэр дылы ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Үлэлиир хайысхата – электромонтажные работы, монтаж и наладка охранно-пожарной системы и связи диэн. Кэргэнэ Елена Егоровна Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх. Почта России үлэлиир билигин кыра уолун көрөн олорор. Кыыстара Арина Дьокуускайдааҕы республиканскай специальнай коррекционнай школага оператор ЭВМ идэтигэр ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Алиналара Чурапчытааҕы С.К. Макаров аатынан гимназия 11 кылаас үөрэнээччитэ. Венера Дьокуускай куорат №27 оскуола 3 кылааһын үөрэнээччитэ. Кыра кыыстара Галя Дьокуускай куорат №27 оскуола 1 кылаас үөрэнээччитэ. Уоллара Алькор 8 ыйдаах. Эһээтин аатын сүкпүт төрдүс
уолум Григорий техник, электромонтер идэлээх. 4 разрядтаах повар. Карина уонна
Алиса диэн кэрэчээн кыргыттардаах. Дьокуускай куоракка олорор. Кэтэһиилээх баар суох соҕотох
кыыспыт эбээтин аатын сүкпүт Марфа, оскуолатын туйгуннук бүтэрэн киэҥ олох
аартыгар үктэнэн Дьокуускай куоракка үөрэххэ киирэн икки үрдүк үөрэхтэнэн олоҕун
аҥаарын көрсөн Ньурба улууһуттан төрүттээх Хаҥалас нэһилиэк уолугар кэргэн
тахсан дьиэ тэлгэһэ тэринэн 3 оҕо төрөтөн олороллор. Кыыспыт экономист идэлээх
буолан сахабыт сирин биир тутаах баныгар үлэлиир, кэргэнэ Олег юрист идэлээх,
хамсаабат баай-дуол сыhыанаhыылар хайысхаҕа үлэлиир. Улахан
уоллара Кирилл Дьокускайдааҕы 31 номердах оскуола 6 кылааһын бүтэрдэ, күөрэгэй
кыыстара Юлияна Дьокускайдааҕы саха гимназиятын 1 кылааһын түмүктээтэ, ону тэҥҥэ
Детская школа искусств 1 кылааһын түмүктээтэ, кыра уоллара Коля 3 саастаах оҕо
уһуйаанын иитиллэччитэ. Алтыс уолум Владимир
оскуолатын бүтэрэн Мирнинскай политехническай институтка киирэн үрдүк үөрэх кыһалтатын
баһыйан горный- инженер идэтин ылбыта. Билигин үөрэммит идэтинэн үлэлии-хамныы сылдьар.
Тус олоҕор кэргэннэнэн, икки кэрэчээн кыыс оҕолоохтор. Кэргэнэ Лилия Ленскай
оройуонуттан төрүттээх. Кини эмиэ Мирнинскай политехническай институту бүтэрэн
идэтинэн үлэлээн, билигин кыраларын көрөн олорор. Оччугуй уолум Лазарь спорт араас көрүҥүнэн сөбүлээн дьарыгырар. Куокуну орто оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы Индустриально- педагогическай колледжка үөрэнэн электрогазосварщик идэтин ылбыта. ЖКХ үлэһитэ. Кэргэнэ Виктория, Верхоянскайтан төрүттээх, Адыаччы орто оскуолатын бүтэрээт Дьокуускайдааҕы Индустриально- педагогическай коллеждка үөрэнэн, мастер производственного обучения – технолог идэтин ылбыта. Билигин Куокуну орто оскуолатыгар педагог дополнительного образования идэтинэн орто кылаас кыргыттарын иистэнэргэ үөрэтэр. Түөрт оҕону күн сиригэр көрдөрөн дьоллоох дьиэ кэргэн буолан, Куокунуга олохсуйан дьиэ туттан олороллор. Уоллара Илларион Куокуну орто оскуолатын 4 кылааһын түмүктээтэ, «Сандаар» үҥкүү ансамбылын иитиллээччитэ, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанар, «Үрүҥ уолан» диэн конкурс кыайыылааҕа. Үс кыталык кыргыттара Илона, Кэрэчээнэ уонна Кэскилээнэ «Кэскил» уһуйаан иитиллээччилэрэ. Үҥкүүлүүллэрин, ыллыылларын сөбүлүүллэр. Биһиги билигин даҕаны сүөһү көрөн, үүнээйи үүннэрэн, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр күүс көмө буолабыт. Ийэбитин, Марфа Романовнаны, суохтуубут, ахтабыт, тыыл, үлэ ветеранынан киэҥ туттабыт. Ити курдук ийэбит көмүс көлөһүнэ өҥ буорга тохтубута элбэх оҕо, сиэн, хос сиэн буолан үүнэ-сайда, үөрэнэ-улэлии, аатын ааттата турдахтара. Ийэбит, эбээбит көмүс уҥуоҕун Куокуну сиригэр көтөхпүппүт. Ахтыыны суруйда уола Алькор Григорьевич Тихонов Бэс ыйа 2020 сыл.
|
|