Воскресенье, 29.12.2024, 06:04
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
        123
    45678910
    11121314151617
    18192021222324
    25262728293031
    Главная » 2020 » Май » 17 » Мария Афанасьевна УАРОВА
    03:54
    Мария Афанасьевна УАРОВА

     Мария Афанасьевна УАРОВА

    -тыыл, үлэ бэтэрээнэ.

             Мария Афанасьевна 1926 сыллаахха кулун тутар ый 10  күнүгэр  Дьаархан нэһилиэгэр Баҕана күөлэ диэн сиргэ төрөөбүтэ. Аҕата Афанасий, ийэтэ Бороскуобуйа Фоковтар нэһилиэккэ ытыктанар үлэһит дьон этилэр. Сэттэ оҕоломмуттарыттан аас-туор олохтон түөртэрэ эрэ тыыннаах хаалбыттара. Мария олох кыра сааһыттан улахан дьону кытта тэҥҥэ холкуос араас үлэтигэр эриллэн улааппыта. Бэйэтин саастыылаахтарын курдук дьоллоох оҕо саас үөрүүтүн, оонньуутун толору билбэтэҕэ. 15 саастааҕар сэрии саҕаламмыта,фроҥҥа ыҥырыллыбыт эр дьону солбуйан оҕо-дьахтар күүстээх үлэҕэ туруммута. Аҕата, ийэтэ сарсыардаттан киэһэ олох хойукка дылы сүөһү көрүүтүгэр үлэлииллэрэ. Кыһайбыт курдук курааннаан бурдук үүммэккэ ас-үөл мөлтөөбүтэ. Хата кус, куобах, балык эбинэн үгүстэр тыыннаах олорбуттара. Төһө да ыараханын иһин Мария Тээттиир оскуолатыгар  үөрэҕин салҕаабыта. Оччолорго кинигэ, тэтэрээт суоҕар үөрэнэргэ олус уустук этэ. Үөрэх кэнниттэн оскуола оҕолоро кыайыы туһа диэн киэһэ хойукка дылы холкуос үлэтигэр бириэмэни аахсыбакка харса суох үлэлииллэрэ. Сэттис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына хомсомуол кэккэтигэр ылбыттара. Ол сыл Сунтаарга хомсомуол оройкуомугар ыҥыран, Илимнииргэ сэбиэт сэкэритээринэн анаан үлэҕэ ыыппыттара. Биир сыл үлэлээбитин кэннэ Илимниир, Хадан, Бордоҥ нэһилиэктэригэр нологобуой ааҕынынан анаабыттара. Сэрии ыар сылларыгар дьон-сэргэ нолуогу төлөөһүҥҥэ сүрдээҕин ыарырҕаталлара. Ол гынан баран кыайыы туһугар диэн баардарын-суохтарын бүтэһигэр дылы биэрэ сатыыллара, ол да буоллар ардыгар биэрэрдэрэ да суох буолан хаалар түгэннэрэ баар буолара. Оннукка эдэр киһи Мария нолуок хомууругар үөскүүр ыарахан  балаһыанньаны сөпкө өйдүүрэ уонна бары кыалларынан дьоҥҥо көмөлөһөр этэ. Ол иһин ити нэһилиэк кырдьаҕас олохтоохторо хойукка дылы киниэхэ махтанар этилэр. 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну өстөөхтөртөн көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар, бэйэтин харыстаммакка хорсуннук үлэлээбитин иһин, Мария Афанасьевна Сталин төбөлөөх мэтээлинэн, кулун тутар14 күнүгэр, 1947 сыллаахха биир бастакынан наҕараадаламмыта.

             Сэрии бүппүтүн кэнниттэн Бордоҥ нэһилиэгин бастыҥ ыччатын Уаров Илья Николаевичтыын билсэннэр ыал буолаллар. Эдэр ыаллар Марбаҕа кэлэн дьиэ-уот оҥостон олохсуйаллар. Аҕалара Илья холкуоска, Маайа детсадка үлэлээбиттэрэ. Манна олорон Уаровтар сэттэ оҕолорун төрөппүттэрэ, улахан дьиэ кэргэн буолбуттара. Марбаттан Сардаҥаҕа көһүүгэ биир бастакылар этилэр. Илья Николаевич Сардаҥаҕа улахан дьиэни уолунаан Володялыын көмөлөөн бэйэлэрэ туппуттара. Сардаҥаҕа олорон Мария Афанасьевна арыый бириэмэлээх үлэ диэн Бордоҥ оскуолатыгар дьиэ сууйааччынан үлэлээбитэ. Сэттэ оҕону көрүү-харайыы,астарын-таҥастарын бэрийии элбэх сыраны,бириэмэни эрэйэрэ. Аҕалара Илья Николаевич биригэдьииринэн, леснигинэн үлэлиир уонна бултуур буолан үксүн ойуурга- хонууга сылдьара. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн-харайсан, улахаттар ийэлэрин үлэтигэр илии-атах буолан сүрдээҕин көмөлөһөллөрө. Мария Афанасьевна кэргэнинээн Илья Николаевичтыын оҕолоро үөрэхтээх,дэгиттэр сайдыылаах буола улааталларыгар олохторун бүтүннүү анаабыттара. Онон оҕолоро бары талбыт курдук көрсүө-сэмэй майгылаах, бары дэгиттэр талааннаах дьон буола улааттылар. Улахан уол Панкратий Ильич Бордоҥ сопхуоска техник-осеменаторынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ,элбэх наҕараадалардаах. Тиэхиникэни хасыһарын сөбүлүүрэ, дьиэтигэр наадалааҕын бэйэтэ оҥосторо,куурусса,куруолук иитиитинэн дьарыгыра сылдьыбыта. Иккис уол Владимир Ильич идэтинэн үрдүк үөрэхтээх инженер-строитель, СР үтүөлээх, РФ бочуоттаах тутааччыта,Сунтаар улууһун, Сунтаар, Элгээйи, Бордоҥ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо. Айылҕаттан айдарыылаах уус, худуоһунньук. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Кэргэниниин Светлана Гаврильевналыын алта оҕону атахтарыгар туруордулар, үлэһит оҥордулар. Наталья Ильинична омук тылын учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаардааҕы политехническэй лицейгэ педагог-психологынан үлэлээбитэ. Иван Николаевичтыын икки кыыс оҕолоохтор. Тамара Ильинична СР үөрэҕириитин туйгуна, Саха-Азия о5олоро аан дойдутааҕы фонда лауреата, Учууталлар учууталлара бэлиэ хаһаайката, Сунтаар начаалынай оскуолатын учуутала. Кэргэнэ Борис Егоровичтыын үс оҕолоохтор. Александр Ильич орто анал үөрэхтээх музыкант, Бордоҥ орто оскуолатыгар, Сунтаардааҕы политехническэй лицейгэ технология учууталынан, Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар прикладной искусствоҕа уһуйааччынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. СР култууратын туйгуна, Саха-Азия оҕолоро аан дойдутааҕы фондатын лауреата. Зоя Васильевналыын түөрт оҕолоохтор. Александр айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр талааннааҕа. Уран тарбахтаах мас, тимир ууһа, худуоһунньук, анал үөрэхтээх музыкант, аккомпианатор, норуот маастара. Кыра бырааттара Афоня эдэр сааһыгар хомолтолоохтук суох буолбута. Эмиэ биир сүрдээх талааннаах оҕо тахсан испитэ. Олус үчүгэйдик уруһуйдуура, суруйара. Музыкальнай инструменнарга барыларыгар оонньуура. Кыра кыыс Агаша идэтинэн үрдүк үөрэхтээх финансист, өр сылларга Холбос систиэмэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. СӨ эргиэнин туйгуна. Кэргэниниин Валерий Юрьевичтыын Дьокуускай куоракка олороллор. Мария Афанасьевна 1988 сыллаахха биэс оҕолооҕунан иккис истиэпэннээх "Ийэ буолуу” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кэнники икки оҕону эбии төрөппүтүгэр бастакы истиэпэннээх мэтээли ылыахтааҕа, тоҕо эрэ бэриллибэккэ хаалбыт. Балаһыанньа быһыытынан алта оҕоттон саҕалаан ити мэтээл бастакы истиэпэнэ иҥэриллэр эбит. 1982 сыллаахха "Үлэ бэтэрээнэ” мэтээлинэн, Улуу Кыайыы 30, 50 сылларыгар анаммыт үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Биһиги ийэбит, эбэбит Мария Афанасьевна олорон ааспыт олоҕунан ,үлэтинэн-хамнаһынан киэн туттабыт, дириҥник махтанабыт уонна кини туһунан сырдык үтүө өйдөбүл үйэлэргэ умнуллубакка көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэ туруоҕа диэн бигэ эрэллээхпит.

     

    Просмотров: 255 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]