Воскресенье, 29.12.2024, 05:00
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
       1234
    567891011
    12131415161718
    19202122232425
    2627282930
    Главная » 2021 » Апрель » 26 » Матросова Акулина Николаевна
    10:44
    Матросова Акулина Николаевна

    Акулина Николаевна МАТРОСОВА

    (1932-1986 сс.)

    Биһиги ийэбит Конобуловтар сыдьааннарыттан төрүттээх. Кини ийэтэ Конобулов Николай (Хоноһо оҕонньор) уолун оҕото. Аата Алааппыйа, кини Николай Дмитриевич Матросовка кэргэн тахсан биэс оҕоломмута. Кэргэнэ Николай Дмитриевич сэриигэ барарыгар оҕолоро бары кыра, биир оҕото биһиккэ хаалбыта Алааппыйа бэйэтэ ыалдьан ороҥҥо сыппыта. Хомойуох иһин сэриигэ баран сураҕа суох сүппүтэ. Аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ биһиги ийэбит Акулина Николаевна, ыал улахан оҕото буолан, бырааттарын уонна балыһын  үксүн кини көрөттөөбүтэ. Ийэлэрэ ыарыһах буолан аҕыйах үлэ күнүн аахсара, онон сэрии сылларыгар олус кырыымчытык олорбуттара. Биэс оҕоттон иккитэ кыра саастарыгар өлбүттэрэ. Ийэбит оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар түбэһэн оҕо саас көрүн-нарын, оонньуутун билбэккэ улааппыта. Ийэлэрэ суох буолбутугар икки уолу Тойбохой детдомугар ыыппыттара. Бу детдом элбэх оҕону сэрии саҕана аччыктыыр дьылҕаттан быыһаан, оскуолаҕа үөрэппитэ. Ийэбит кыра быраата Александр оскуоланы бүтэрэн баран, салгыы үөрэҕин салҕаан Москваҕа тиийэн, тутуу инженерин идэтин ылан, Якутскай куоракка олохсуйбута. Ийэбит биһиэхэ оҕолоругар быһыта-орута кэпсииринэн атах таҥаһа суох буолан күһүн хойукка дылы уолаттар атах сыгынньах сылдьаллар эбит. Онно быраата Александр ынах сааҕар атаҕын сылытар этэ диэн ахтара. Наһаа ыарахан кэмнэр буолан сиһилии кэпсээбэт этэ. Ийэбит ас-таҥас тиийбэт олоҕо охсон сылаабай, хачаайы этэ. Степанов Егор диэн эмиэ фермаҕа үлэлиир киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Ыал буолан ферма уопсайын биир хоһугар олорбуттара. Ферма ыарахан үлэтигэр сылдьан ийэбит ыалдьан өр кэмнэргэ балыыһаҕа эмтэммитэ. Кэргэнэ Егор Филипповичтыын түөрт оҕоломмуттара.



    Оҕолоругар сымнаҕас сыһыаннаах этилэр. Биирдэ оҕолоругар биһиги саамай минньигэс аһылыкпыт диэн тар хааһы буһаран боруобалаппыта, ону сиэбэтэхпит. Бэйэтэ аһара минньигэстик сиэбитэ. Кырыымчык кэмҥэ үөскээбит буолан аһы, таҥаһы сөптөөхтүк харайан, барытын баар гынара. Биир киһи хамнаһын сөпкө туттан, оҕолорун үөрэттэрбитэ. 4 оҕото бары анал үөрэх кыһатын бүтэрбиттэрэ. Мин, Валентина Улан-Удэ культура институтун бүтэрэн ылбыт идэбинэн күн бүгүнүгэр дылы үлэлии сылдьабын. Бүтэрэн баран үс сыл хоту Муома оройуонугар оройуон киин библиотекатыгар үлэлээбитим. Онтон Сунтаарга төннөн кэлэн киин библиотекаҕа үлэлии киирбитим. Билигин киин библиотекаҕа комплектование отделыгар үлэлии сылдьабын. Балтым Таня уонна быраатым Николай оҕолоро миэхэ олорон  оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Үс оҕо анал үөрэхтэннилэр, ыаллар. Татьяна ыал буолан баран төрөөбүт Тэҥкэтигэр олохсуйбута. Кэргэнэ Спартак Бордоҥтон төрүттээх. Кыыстаах уол оҕолоохтор. Уола Гаврил россия армиятыгар сулууспалаан баран. дьонун таһыгар ыал буолан олорор. Кыыһа Саргылана Якутскайга идэтинэн үлэлии сылдьар.


    Ийэбит туһунан кини маннык ахтар : «Ийэбит олох ыарахаттарын кыра оҕо сааһыттан билбитэ. Биһигини ону-маны харыстыырга үөрэтэрэ. Аһылыгы быраҕары отой сөбүлээбэт этэ. Таҥас кырыымчыгын билбит буолан, куччаабыт таҥастарбытыттан тугу эмит тигэрэ. Кини иистэнэрин сөбүлүүр этэ. Ийэбит биһигини кыра эрдэхпититтэн сир астыырыгар илдьэ сылдьыбыта, ол сылдьан айылҕаҕа хайдах сылдьарга, сыһыаннаһарга сүбэлиир, үөрэтэр этэ. Сир аһын сибиэһэйдии сиэтэрэ. Кини төһө да ыарыһах буоллар ону-маны үлэлээн хамнас аахсара. Ол курдук ферма ынахтарыгар, ыалларга ынах быата, ат көнтөһө хатара. Дьоннор билигин да ийэбит хаппыт быата бөҕөтүн ахталлар. Аҕабыт бултаабыт булдуттан ыраастаан, сууйан баран ыалларга бэрсэрин наһаа сөбүлүүр этэ. Эмтээх оттору, кыыллар сыаларын, үөстэрин  туттар этэ, ол сылдьан кэпсиирэ син төбөҕө хаалар эбит. Биһиги ийэбит түргэн туттуулаах этэ. Дьиэтин-уотун, аһылыгын, оҕолорун таҥаһын, суөһүтүн барытын кэмигэр бүтэрэн-оһорон иһэрэ.»

    Улахан уола Николай Тэҥкэҕэ олорор. Тэҥкэ сис ыалын Кириллиннар кыыстарын Тамараны кэргэн ылбыта. Икки уоллаах кыыс оҕолоохтор. Уоллара Егор стоматолог идэтин үөрэнэн бүтэрбитэ, кэргэннээх үс оҕолоох. Кыыстара Күннэй медсестра идэтин ылбыта. Сунтаарга олорор, кэргэннээх биир оҕолоох. Ийэтин туһунан Николай маннык ахтар : «Ийэ диэн тыл сир үрдүгэр саамай күндүтүк истиҥник иһиллэр тыл буолуо. Биһиги ийэбит сэрии иннигэр төрөөбүт буолан аһара ыарахан уонна кылгас олоҕу олорбута. Билигин сааһыран иһэн санаатахха биирдэ эмэ мэниктээн, оонньоон ааспыта эбитэ дуу. Ийэбит дьахтар үлэтин сатаабата диэн суоҕа. Оҕо сылдьан мэлдьи кини тикпит таҥаһын таҥнарбыт. Кэлин куһу, куобаҕы элбэҕи бултуурбут. Ону барытын күөскэ угуллар гына ыраастаан эрэ баран дьоҥҥо бэрсэрэ. Сир аһын, луугу төһө кыайарынан хомуйан баран, бэйэбитигэр сөбү хааллара, онтон ордугун дьоҥҥо бэрсэрэ. Маны барытын хаһан бүтэрэн оһорон иһэрин билигин да өйдөөбөппүн. Мин ийэбит кыыһыран мөхпүтүн отой билбэппин. Ол иһин ийэбин хомоппотох эрэ киһи дии саныырым. Ийэбин билигин сааһыран да баран санаатахпына уйадыйабын. Аһара күндүтүк саныыбын.  Хомойорум диэн сиэннэрин көрбөккө күн сириттэн барбыта».


    Кыра бырааппыт Михаил Түбэй Дьаархаҥҥа олохсуйбута. Кэргэннээх, үс оҕоломмуттара. Кэргэнэ Антонина Васильевна учуутал идэтинэн пенсияҕа барыар диэри үлэлээбитэ. Михаил кэтэх хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, оскуолаҕа улэлиир. Ийэтин туһунан кини ахтыыта : «Ийэм миигин мөхпөт, миэхэ кыыһырбат этэ. Кинини кытта аһара өйдөһөрбүт. Ыал кырата буолан кыратык атаахтыыр этим. Оннук сырдык өйдөбүл хаалбыт. Кустаан кэлэрбэр өрүү түннүгэ уоттаах көрсөрө. Куспун түргэнник үргээн, астаан кэбиһэрэ. Киэһэ аайы кинигэ ааҕарбыт. Кинигэни умсугуйан ааҕарга уонна да элбэххэ төрөппүттэрбиттэн үөрэммитим. Бастакы сиэнэ төрөөбүтүн туһунан истибитэ эрэ уонна хаартыскатын көрбүтэ». Михаил кыргыттара анал үрдүк үөрэхтээхтэр, идэлэринэн үлэлии сылдьаллар. Улахан кыыс Любомира кэргэннээх, биир кыыстаах, Сунтаарга олороллор. Кыра кыыс Акулина (эбэтин аатын ылбыта) төрөөбүт дойдутугар учууталлыы сылдьар икки оҕолоох. Уоллара Сергей хомойуох иһин эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Михаил  сиэннэригэр иһирэх эһээ, кинилэри кытары бадьыыстаһарын сөбүлүүр. Хаһаайыстыбатынан дьарыктанар буолан, дьиэтин таһыгар араас тутуута элбэх. Билигин да сүөһүтүн аҕыйатар санаата суох.

    Кыыһа Валентина Егоровна

    26.04.2021 сыл

     

    Просмотров: 240 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]