Воскресенье, 29.12.2024, 04:50
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
       1234
    567891011
    12131415161718
    19202122232425
    2627282930
    Главная » 2021 » Апрель » 23 » Николаева Марфа Васильевна
    03:36
    Николаева Марфа Васильевна


    Марфа Васильевна НИКОЛАЕВА
    Үлэ бэтэрээнэ

    Мин- Николаева Марфа Васильевна Кириэстээх нэһилиэгэр өрүс оҥуор Сэрии Киирбит диэн сиргэ 1934 с. сэтинньи ый 1 күнүгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕам Николаев Василий Николаевич, ийэм Николаева Александра Васильевна. Аҕабынан эбэбит Николаева Мотурууна- Бурҕалла эмээхсин 3 уолаттара сэриигэ ыҥырыллыбыттарыттан биһиги аҕабыт эрэ эргиллэн кэлэн баран ыалдьан өлбүтэ. Ийэбинээн мин кыра эрдэхпинэ арахсыбыттар. Онтон аҕам иккиһин кэргэннэнэн 5 кыыһы төрөппүтүттэн түөрдэ баар. Улахан кыыс ыалдьан өлбүтэ. Иккис кыыс, Дина Васильевна, СР культуратын туйгуна. Кыра кыыс, Сарра Васильевна, СР бэчээтин туйгуна. Федор диэн уолтан Мария Федоровна ССРС культуратын туйгуна- библиотекарь этэ. Устин диэн уолтан Василий Устинович СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ аат иҥэриллибитэ уонна «Гражданскай кэлбиэн» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт, биэс оҕолоох, Якутскайга олорор.

    Василий Устинович дэгиттэр талааннаах, самодеятельность кыттыылааҕа, Сунтаар народнай театрын артыыһа, тойуксут, үҥкүү тылын этээччи, алгысчыт. Итини сэргэ бэртээхэй столяр, плотник, шофер, тимир ууһа. Сунтаарга маҥнайгы көмүс ууһа, араас юбилейдарга значоктары, бэлиэлэри, улуу льоннор силуэттарын сакааһынан оҥороро.

    Сунтаарга сэрии ветераннарын мемориалыгар ветераннар ааттарын кутан оҥорбута үйэттэн үйэҕэ туруо. Нэһилиэктэрдээҕи памятниктарга, Ньурба улууһугар кытта ветераннар ааттарын кытта кутан оҥорбута. Бу үлүгэрдээх үлэттэн турар. Аҥардас сити да иһин наҕараада ылыан сөп этэ.

    Ийэм кэргэннэммэккэ сылдьан үлэһит бэрдэ буолан 3 оҕону ииппитэ. Игнатий диэн уол 3 кылааһы бүтэрэн баран өрүскэ ууга былдьанан өлбүтэ. Ийэбитин колхоз садаанньатыгар Кэмпэндээйигэ үлэҕэ ыыппыттара. Миигин Куокуну Элгээнигэр Петрова Елизавета Гаврильевна диэн аймахпытыгар олордубута. Мин ити иннинэ Кириэстээххэ 1-гы кылааһы үөрэнэн иһэн куордаан уурайбытым. Онно бөһүөлэк сорох ыалларыгар хара былаах ыйаммыт этэ. Ол аата ити дьиэҕэ куорунан ыалдьааччы баарын быһыытынан кытаанах карантин этэ.

    Куокунуга бардаҕым сыл үөрэппэтэхтэрэ. Эһиилигэр оскуола сылгылаан үөрэппитэ. 1-гы кылааһы похвальнай грамотанан бүтэрбитим. Оскуоланы сэрииттэн бааһыран кэлбит Петров Петр Сидорович салайбытын кэннэ интернат аһылыга тупсубутун өйдүүбүн. Күнүс собо, киэһэ 1 ыстакаан ыаммыт үүт, өрөбүлгэ бурдук аһылык. Үчүгэй үөрэнээччилэри сэриилэспит чааһыгар биллэрэрэ. Биирдэ Иванова Татьяна Гаврильевналыын 7 кинигэ бириэмийэ биэрбиттэрэ. Элгээнтэн күһүн хааман үөрэнэрбит. Ыһыкпытын аара ууран баран төннөн иһэн сиирбит. Чаһыы суох буолан оскуолаҕа аһара эрдэ кэлэн хаалар этибит. Биир учууталым Агафья Кирилловна этэ. 3-с кылааһы бүтэрбитим кэннэ быччаххай ыарыы буолан с кылааһы бүтэрбитим кэннэ быччаххай ыарыы буолан 3 сыл үөрэммэтэҕим. 1949 с. Кириэстээххэ көһөн кэлбиппит. Онно нуучча кыыһа билбэккэ аһаран салгыы үөрэнэр буолбутум. Ол эрэн ийэм, кыаҕа суох буолан, миигин нуучча ыалыгар оҕо көрдөрө биэрбитэ. 3 ыал дьукаах олороллоро. Биирдэ мин тетябын, дьукаах нуучча тетята, оҕону үөрэппэккэ ньээҥкэ гынан олороҕун диэн саҥарбыта. Сотору оскуола сылгылаан үөрэппитэ. Кэлин олорбут тетям сылдьан кинигэбин аахтаран истэрэ. Ыал балаҕаныгар нуучча бөһүөлэгин ортотугар Припузова Тося диэнниин ыаллыы олорбуппут. Кэргэнэ экспедиция бухгалтера, кыыстара Припузова Люся миигин кытта үөрэнэрэ. Кинилэри кытта аһара бэркэ ыаллаһан олорбуппут, астарыттан бэрсэллэрэ. Нуучча ыаллара хоручуоска биэрэллэрин үчүгэйдээн сиир этибит. Биирдэ маспыт быстыбытыгар мастарыттан биэрбиттэрэ. Биир нуучча кыыһа көһөөрү аптечкатын киллэрэн биэрбитэ . Икки Украина дьоно дьукаахтаспыттара, кэлин саха тетята, уола олорбуттара. Дьиэбитин төттөрү ылбыттарын иһин ийэм балаҕан дьиэ туппута. Маһын илиинэн таһан тутарыгар чугас буоллун диэн ойуур иһигэр туттубута. Ол иһин ийэбитин Ойуур Өлөксөөнө диэн ааттаабыттара. Кини эр киһи курдук кыайыы- хотуу буолан Элгээҥҥэ эмиэ балаҕан туттан олорбуппут.

    Григорий Хаимович Файнштейн начальниктаах Амакинскай экспедиция 5-6 сыл устата Кириэстээххэ базанан ыалларга дьукаахтаан олорбуттара. Кэлин саҥа дьиэ, хонтуора, пекарня, остолобуой, складтары туппуттара, электростанция үлэлээбитэ. Онно барытыгар колхоз көлөннөн хааччыйбыта, олохтоохтор туох баҕарар үлэҕэ көмөлөспүттэрэ. Халбаһыыны сибиинньэ сыатыгар мас бочкаҕа уган ыыталлара, ону биһиги сыатын атыылаһан сиэн абыранарбыт. Сайын Бүлүү эбэбит уолан хаалара, харбаан туорууллара, уута олус ыраас. Биэрэк анна толору киһи буолара. Ити бириэмэҕэ улахан баҕайы рюкзаактаах эдэркээн баҕайы геолог кыргыттар ааһаллара. Ону үтүктэн ахсыска үөрэнэ сырыттахпына классоводпут Павел Павлович Михалев сочинение суруйтарбыта. Мин геолог буолуохпун баҕарабын диэн суруйбутум. Кэлин көрсөн туох буолбуппун ыйыппыта. Кириэстээххэ маҥнайгы вертолет кэлэн түспүтүн туһунан саха тылыгар сочинение суруйбутум. Ону оҕо бары убаастыыр учуутала Николай Николаевич Сидоров уруок иннинэ ааҕан иһитиннэрбитэ. Соколинайга алмааһы көрдүүр үлэни ыытаары маҕаһыыннаах, балыыһалаах кыра бөһүөлэги туппуттара. 1949 с. атырдьах ыйыгар Соколинайтан маҥнайгы алмааһы булбуттара. Кыһын өрүһү туора шурфа хаһан таһаарбыт чөмөхтөрүттэн булбуттара. Ону саха кыыһа үлэлэспит чөмөҕүттэн булбуттар. Барыта 22 алмаас кристалла көстүбүт. Онтон сирдэтэн салгыы атын сирдэргэ алмаас трубкаларын булаттаабыттара. Россия бүтүннүү аһаан- таҥнан, тутуу бөҕөтүн ыытан олордохторо.

    Мин Тойбохойго киирэн үөрэнэн иһэн ыалдьан, олорор сирим да сатаммакка уурайбытым. Эһиилигэр Сунтаарга киирэн интернакка олорон үөрэммитим. Сайын хаалан повардаабытым,саһаан кэрдибиппит, 2 этээстээх оскуола дьиэтин оһоҕун көтүрэн сааһылаан о.д.а. үлэлэри толорон сайылаабытым.

    1960-1963 с.с. Якутскайдааҕы медицинскэй училище фельдшерскай отделениятын бүтэрбитим. Стипендиябыт 14 солкуобай этэ. Хоско 10 буолан 20- лии солкуобай кыттыһан олорбуппут. Үлэлээбитим тухары акушерката суох 2-3 үлэни толорор этим. Сынньаппакка да Аллаҥа ФАП-гар ыыппыттара. Санитарка эрэ бара, дьиэ таракааннааҕын Тойбохойтон дезинфектор ыҥыран эмтэппитим. Ветеринардар сыарҕалаах аттарыгар олорсон фермаларга барсарым. Онтон 3 ый үлэлээбитим кэннэ кэргэннии фельдшердары солбуттара Куокунуга ыыппыттара. Күһүн Маар- Күөлгэ анаабыттара. Үлэһит тиийбэт буолан ханна ыыттылар да баран иһиэхтээххин этэ. Куокуну балыыһата үлэһиттэр олороллоругар, үлэлииллэригэр табыгастаахтык анаан тутуллубут дьиэ этэ. Ортото приемнай уонна сытар стационар, биир баһа фельдшер олорор квартирата, оттон биир баһа санитарка олорор этэ. Сэрии иннинэ тутуллубут этэ. Ханна да маннык ананан  тутуллубут дьиэни көрбөтөҕүм. Ити үөрэхтээх, дьон доруобуйатын туһугар кыһаллар өйдөөх салайааччы үлэлээн ааспыт бэлиэтэ этэ. Элгээҥҥэ улахан баҕайы ампаар хотон тутан иһэн сэрии буолан ситэриллибэтэх этэ. Онно сороҕор сүөһү турар этэ. Ийэм онно үлэлииригэр көмөлөһөн хаптаҕай муосталаах буолан күрдьэрим.

    Маар- Күөлгэ бараары Тойбохойго олордохпуна тетя төрөөрү гынна диэн түүн илдьибиттэрэ. Тиийбитим самоучка сиэстирэ, санитарка уонна ыарыһахтар бааллара. 1 көстөөх сиртэн беременнай тетя баара. Дьиэ таракааннааҕын Дьаархан учаастковай балыыһатыттан дезинфектор ыҥыран эмтэппитим. Маар- Күөл 600 киһилээх, оскуолалаах, яслялаах, ыраах- ыраах элбэх фермалаах. Бордуолаах диэн ыанньык улахан фермалаах, элбэх ыаллаах, маҕаһыыннаах бөһүөлэк этэ. Сунтаарга барар суол олус куһаҕан этэ.

    Сылга 25 тетя төрүүрэ. Сороҕун Сунтаарга ыыппытыҥ төннөн кэлэн быстараллара. Кыһын фермаларга сыарҕалаах атынан, сайын ыҥыыр атынан сылдьыллара. Ити саҕана тымныы да кыһыннар буолаллара. Атынан сылдьар эрэйдээҕин иһин сайын велосипедынан сылдьар буолбутум. Бордуолаахха уо.д.а. фермаларга вызовка уонна патронажтыыы сылдьан барыларын көрөн эминэн, витаминнарынан, аптечканан хааччыйарым. Сайын уоппускам кэмигэр быраатым Маар- Күөл 8 кылаастаах оскуолатын маҥнайгы выпускнига Игнатьев Григорий Ивановичтыын күһүн хойукка дылы отоннобуппут. Сунтаар оскуолатыгар үөрэтэ киллэрбитим оҕото туолан ылбатахтара. Убайым В.У. Николаев олордон үөрэтээри кэпсэппитэ да ылбатахтара. Ол иһин Тойбохойго ыытаары сырыттахпына үөрэх салаата Бордоҥҥо 9-с кылаас саҥа аһылларыгар ыыппыттара. Онон Бордоҥ орто оскуолатын маҥнайгы выпускнига буолбута. Бордоҥҥо миэхэ миэстэ суох буолан Тэҥкэҕэ барар буолбутум. Тэҥкэҕэ соҕотоҕун 23 сыл үлэлээбитим. Ити быыһыгар Хаданы, Илимниири холбуу 2 фельдшеры, 1 акушерканы солбуттара ыыппыттара. 2 фельдшер беременнайдар этэ. Акушерка операциаланан кэлбитэ. Күһүн баран баран саҥа кэлбитим. Онуһу бүтэрбит Валя диэн кыыһы участковай балыыһаҕа үөрэтэ түһэн баран сиэстирэнэн анаабыттара. Хадаҥҥа биир да куһаҕан дьиэлээх ыал суоҕа, бары үчүгэй дьиэлэргэ ыраастык олорор бөһүөлэк этэ. Мин үлэлиир кэммэр грипп өрө туруута буолбута, годовой отчет, рентгеннаах врачебнай бригада үлэлээбитэ. Илимнииргэ ыарахан суумкалаах сатыы сылдьарым. Кыһын ыарахан тетяны, ыарыһахтары ыытарга Сунтаар чугаһа үчүгэй этэ. Итиннэ атаҕым бэргээн Кэпмэндээйигэ эмтэммитим. 3 сыл субуруччу эмтэнэн үтүө буолбутум. Манна Бүлүү сүнньүн улуустара, Өлүөхумэ, Ленскэй, Мирнэй, хоту оройуоннартан тиийэ кэлэн эмтэнллэр этэ. Билигин АЛРОСА-ҕа биэрэннэр олохтоох нэһилиэнньэ аанньа эмтэммэт буолла.

    Маар- Күөлгэ депутатынан талыллыбытым, агитаторынан үлэлээбитим. Тэҥкэҕэ эмиэ депутатынан талыллан үлэлээбитим. Онон үлэлээбитим тухары агитатор, политтэрийээччи, дьахтар совета, депутат курдук общественнай үлэлэри толорбутум. Оторуус үүт ферматыгар өр сылларга политтэрийээччинэн үлэлээбитим. Фермам үчүгэй көрдөрүүлээх этэ, онон коммунистическай үлэ ударнигын коллективын аатын ылбыта уонна В.И. Ленин 100 сыла диэн вымпелы ылар чиэстэммитэ. Бастыҥ үлэһиттэринэн Ильина Анна Гаврильевна «Үлэҕэ килбиэнин иһин» диэн медаллаах этэ. Тихонова Галина Федотовна, Степанова Маргарита Никифоровна, Матросова Валентина Арьяновна, Семенова Марфа Евсеевна, Павлова Валентина Осиповна, Индеев Борис Николаевич уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Онтон кэлин 600 бороон хотонугар политтэрийээччи буолбутум. Онно Сунтаартан, Бордоҥтон, Эдьигээнтэн тиийэ комсомольскай путевканан кэлэн кэккэ сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Нирэйдэр 100% прививканы ылбаккалар толугур буолан оҕолорго сыстарын эмтиирим. Эһиилигэр иммунитеттанан ыалдьыбаттара. Ол оннугар саҥа оҕолорго сыстара. Борооннор сорохторо Бордоҥтон кэлэллэрэ. Ол саҕана борооннор аһылыктара аһара үчүгэй этэ. Искуственнай үүт, көөннөрбө оҥорон сиэтэллэрэ, былах кэрдэн кырбатан көөннөрбөҕө куталлара. Онон элбэх эбиллиини ылаллара. Бригадирынан Алексеев Иннокентий Григорьевич ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ол иһин биирдэ оройуоннай слет буолбута. Тэҥкэҕэ үлэлииргэ суола- ииһэ куһаҕана, ырааҕа эрэйдээх этэ, водовоз массыына эрэ баара. Сайын Сунтаарга, Бордоҥҥо мотуорнай оҥочонон сылдьарбыт. Онно тоҥоруҥ элбэх этэ. Кэлин трамвай сылдьар буолта үчүгэй этэ. Сирдэрбэт курдук үлэлээбитим диэххэ сөп.Быыбар комиссиятыгар секретарынан өр сылларга үлэлээбитим.

    Үлэм түмүгүнэн наҕараадаларым манныктар: 31.12.1966 с. Поздравительное письмо Сунтарского РК КПСС и РИК,  8.12.1967 с. Почетная Грамота Тойбохойсткого совхоза,   2.12.1969 с. Делегат 4 съезда средних медработников ЯАССР, 1970 с.- делегат районной женской конференции, 1970 с.- ударник коммунистического труда, 16.4.1970 с.- Почетная Гамота в честь 100-летия со дня рождения В.И.Ленина от администрации, ППО, РК профсоюза медработников Сунтраского района, муус устар 1970 с.- Юбилейная Грамота в честь 100-летия со дня рождения В.И.Ленина от обкома КПСС, Совета Министров и областного совета профсоюзов ЯАССР, 18.06.1971с.- Почетная Грамота с Днем медицинского работника от райкома КПСС и РИ, 15.12.1972с.- Почетная Грамота в честь 50- летия ЯАССР,  26.11.1974с.- делегат областной профсоюзной 24 конференции медработников ЯАССР, 16.06.1982с.- Почетная Грамота в честь юбилеев 60-летия СССР и ЯАССР и 350-летия добр. вхождения Якутии в состав России.

    06.1988с. Почетная Грамота в связи с 70-летием здравоохранения СССР, 04.11.1988 с. Свидетельство о занесении в книгу почета Сунтарской Районной больницы. 14.12.1991 с. Почетная Грамота в честь 25-летия Бордонской уч.болницы. 2000 с. Благодарственное Письмо от Министерства Здравоохранения РС(Якутия), 12.10.1985 с. Благодарственное Письмо совхоза Бордонский за высокие производственные показатели в 1985 гг. и в связи празднованием дня работников сельского хозяйства, 14.11.1986 с. Благодарственное Письмо совхоза Бордонский и районного штаба за успешное выполнение планов летнего сезона 1986 г. 18.11.1989 с. Почетная Грамота за высокие производственные показатели на сеноуборочных работах летом 1989 г. ПК « Тянькя», Грамота 75-летним юбилеем здравоохранения РС(Я), 4.06. и 5.06.1996 с. Грамота управления по делам молодежи, туризма, физкультуры и спорта за активное участие в 4 Спартакиаде женщин улуса, 16.03.2002 с. Грамота за многолетний добросовестный труд в деле охраны здоровья населения и в связи с 50-летием Аллагинского ФАП-А от Сунтарской ЦУБ и председателя УК профсоюза, 23.03.2002 с. Благодарственное Письмо от администрации Аллагинского наслега, 2005 с. Благодарственное Письмо от президента РС(Я) ветерану Великой Отечественной Войны. 2007 с. Улуу Өктөөп 90 сылынан Ил Түмэн Государственнай Мунньаҕын депутата С.М.Березин эҕэрдэ суруга, 06.2007 Благодарность Главы МО « Сунтарский улус» В.Тихонова «за вклад социально- экономическое развитие Тенкинского наслега, 375-летием вхождения Якутии в состав Российского государства, национальным праздником Ысыах ».

    55 сааспар пенсияҕа тахсан олоробун. Пенисияҕа тахсыам иннинэ звеноҕа хаһаайкалары кытары мэлдьи оттотоллор этэ. Онтон пенсияҕа тахсан баран Семенов Михаил диэн, уруккуга стахановец, оҕонньордуун кыттыһан оттообутум. 2 сыл  20-лии тоннаны,  1 сыл  26 тонна оту совхозка туттарбыппыт. Онтон төрөөбүт дойдубар Кириэстээххэ көһөн кэлбитим. Билигин сүһүөхтэрим ыалдьан олоробун. Үчүгэй эрдэхпинэ ыалларга от мунньан, кээһэр отторун түстэһэн көмөлөһөрүм.

    Элгээҥҥэ олорон, үөрэхэн сыыллан баран, бурдук мэлийэр миэлиҥсэҕэ, кыһынны тымныыга ат үүрэрим, түүтэхтээх бурдугу сүллүгэһинэн үлтү сынньарбыт. Саас бурдук ыһыытыгар бороонньулааһыҥҥа ат сиэтэрим. Быыкаа киһини ат түҥнэри көтөөрү үлүгэрэ этэ. От мунньарым. Кириэстээх Түбэтигэр биир сайын уу отун оттоон тахсыбыппыт. Уу отун ороон сиилэс оҥорорбут, ыарахан үлэ этэ. Арыт оҕуруот үлэтигэр үлэлэтэллэрэ. Мин отой кырабыттан кыһыҥҥы хотоҥҥо саах курдьэрим, сайын сайылыкка көмөлөһөрүм, ийэм арыыһыттыырыгар сэппэрээтэр сууйуута, сүөгэй иирдиитэ. Урут дояркалар ынахтарын күнүс эмиэ ыыллара, онон киэһэ отой түүн бүтэллэрэ. Ыам быыһыгар оттууллара. Тэнкэҕэ олорон аһара оттообутум. Урут эбэһээт окко кыттары ирдииллэрэ. Хаһаайкалары кытары сарсыарда 8 ч. киэһэ 6 ч. дылы үлэлиирбит. Ардах буоллаҕына совхоз тетялара өрүүллэр, оттон мин үлэбин үлэлиирим. Киэһэ кэлэн баран эмиэ арыт аһылык да астанар бокуой суох буолара. Кэлин пенсияҕа тахсан баран стахановец Семенов Михаил Матвеевичтыын кыттыһан олус таһаарыылаахтык оттообуппут. Хас да сыл 20-лии тоннаны, 1 сыл 26 тонна оту совхозка туттарбыппыт.

    Үлэ, тыыл, сэрии Ветерана

    Николаева Марфа Васильевна

    08.05.2007 с.

     

    Просмотров: 187 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]