Воскресенье, 29.12.2024, 05:29
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Николай Дмитриевич УАРОВ
13:04
Николай Дмитриевич УАРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Николай Дмитриевич УАРОВ туһунан

сиэнэ, СР Үтүөлээх, РФ бочуоттаах тутааччыта,

СР бочуоттаах архитектора,

Сунтаар улууһун, Бордоҥ, Элгээйи нэһилиэктэрин

бочуоттаах олохтооҕо Уаров Владимир Ильич:

Биһиги төрүттэрбит, аймахтарбыт туһунан 18-с үйэттэн бэрт аҕыйах сүрүн дьоннорун билэбит. Кинилэр тустарынан ордук сиһилии мантан салгыы кырдьаҕас аймахтарбыт суруйууларыттан ааҕыаххыт. Онон бу ыстатыйабар киирии, билиһиннэрии быһыытынан бэрт кылгастык суруйарга холонуом.

Уаров Дмитрий Ивановичтан биһиги эһэбит Уаров Николай Дмитриевич-Сынтай оҕонньор төрүүр. Сынтай 8 оҕолонор. Олортон Игнатий, Ефрем Николаевичтар учууталлар эбит. Үчүгэй, дьоһуннаах дьоннор этэ диэн Тойбохой, Дьаархан дьоно кэпсииллэрин биһиги элбэхтик истэрбит. Атахтарыгар кытыгырастара үһү, тоҥуу хаарга сырса оонньууллара.

Убайбыт Уаров Сергей Николаевич - сэрии ветерана, сэрииттэн улахан эчэйиилээх кэлэн баран, үйэтин тухары совхозка бухгалтерынан, кассирынан үлэлээбитэ. Оччолорго Бордоҥ-Сунтаар суола оҥоһуута суох, техника сылдьыбат бадараан этэ, үксүн атынан сылдьаллара. Сергей Николаевич Бордоҥтон сарсыарда 6 ч.хоҥнон баран Сунтаартан эргийэн тахсан киэһэ 6ч. кэлэн кассаҕа харчытын туттарара үһү. Дьон сөҕөн манаан көрөллөрө - киһилэрэ дьон көстүбэт буолла да, ат айанынан түһүнэн кэбиһэрэ үһү. Сергей Николаевич кэргэнэ сибээс бэтэрээнэ Евдокия Егоровна Николаевалыын 4 оҕолоохтор: улаханнара республикаҕа биллэр политик, Ил Түмэн депутата Уаров Александр Сергеевич, Вера Сунтаарга, Евгения Чурапчыга олохсуйбута ыраатта, эмп үлэһитэ, кыра уоллара Юрий дойдутугар Бордоҥҥо олорор.

Дмитрий Николаевич - Миитис оскуолаҕа хоп курдук үөрэммитэ уонна үөрэнэ, сири-дойдуну дойдуну көрө диэн эдэр сааһыгар бириискэлэри кэрийэн сылдьыбыта. Бүтэһик уонча сылга Бордоҥҥо совхозка үлэлээбитэ. Биир-икки оҕолооҕо биллэр.

Сынтай бэһис оҕото - биһиги аҕабыт Илья Николаевич. Кини үйэтин тухары лесхозка үлэлээбитэ. Айылҕаны олус таптыыра, байанайдаах булчут, олус чуолкай туттуулаах, хара ньуура суох үлэһит киһи этэ. Кини Тойбохой Дьаарханыттан төрүттээх Фокова Мария Афанасьевналыын холбоһон 7 оҕону төрөтөн, иитэн холобурга сылдьар олоҕу олорбуттара. Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинилэр ааттарын үрдүктүк тутабыт.

Аҕабыт Уаров Константин Николаевич – уһук хотугу Анаабыр улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар үгүс үтүөлээх ытыктанар киһи, улуус бочуоттаах олохтооҕо. Үйэтин тухары суот-учуот үлэһитэ. Кэргэнэ Варвара Ивановна хоту дойду биир маанылаах кыыһа , СР үтүөлээх учуутала, өр сылларга оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кыыстара Туйаара Сургутнефть тэрилтэ үлэһитэ.

Петров Клим Алексеевич - биһиги эһэбит көссүүнэн кыра уола. Эһэбит ону кистээбэт этэ, дьиэтигэр олордон үөрэппитэ. Клим Алексеевич Саха сирин биллэр-көстөр учуонайа, биологическай наука доктора, профессор. Кэргэнэ Анастасия Спиридоновна экономическай наука кандитата, биир оҕолоохтор.

Илья Николаевич иннигэр дьоно Наташа диэн соҕотох кыыс оҕоломмуттара. Бүлүүгэ учуутал үөрэҕэр айаннаан иһэн оҥочолоро саахалланан ууга түһэн суорума суолламмыта. Онон аҕабыт өттүнэн аймахтарбыт итинник.

Просмотров: 223 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]