Воскресенье, 29.12.2024, 04:54
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 23 » Петр Николаевич СТЕПАНОВ
06:41
Петр Николаевич СТЕПАНОВ

 

Үлэ бэтэрээнэ Петр Николаевич Степанов

Бордоҥ киэн туттар салайааччыта

Ханнык баҕарар дойду бэйэтин үтүө дьонунан суон сураҕырар. Маннык дьоннортон биирдэстэринэн Бордоҥ төрүт олохтооҕо, эдэр сааһыттан өр сылларга нэһилиэкпитин салайбыт Петр Николаевич Степанов буолар.

Ол курдук үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, 1966 сыллаахха балаҕан ыйыттан 1967 сыл кулун тутар ый 1 күнүгэр диэри колхоз солбуйааччы председателинэн үлэтин саҕалаабыта.

Совхоз “Сунтаар” уонна “Бордоҥ” совхозтар диэн ааттарынан оруобуна 25 сыл үлэлээн ааспыта. Ити сыллартан мин 13 сыл быһаччы директор, 5 сыл директоры бастакы солбуйааччы быһыытынан үлэлээн совхоз сайдыытын бары этаптарыгар кыттыыны ылбыта.

Совхоз рабочайдара, инженернэй-техническэй үлэһиттэрэ, салалтата бэриллибит государственнай былааннары хайаан да толорор туһугар күргүөмнээх үлэ үөһүгэр совхоз баарын тухары сылдьыбыттара.

Совхоз директорыгар персональнай эппиэтинэс кытаанахтык туруоруллара. Олор истэригэр партия Устаабынан сэрэтии, выговор, кытаанах выговор, учуотунай карточкатыгар киллэрэн туран кытаанах выговор ылыаххын сөбө.

Ханнык баҕарар салайааччы салайар коллективын үлэлэриттэн быһаччы тутулуктаах. Совхозка дьон үксэ бэриниилээхтик, чиэһинэйдик үлэлээбиттэрэ. Олор истэригэр туох да үгүс саҥата-иҥэтэ, айдаана суох үлэтин туохтааҕар да үрдүктүк тутар, бэйэтин үтүө суобастаах үлэтинэн дьон убаастабылын ылбыт хара-ньуура суох үлэлээбит рабочайдар, салайар үлэһиттэр элбэх этилэр, олортон үлэлэрин түмүгүнэн уһулуччу чорбойор үлэһиттэри билиҥҥиэхэ диэри олус чугастык саныыр.

Совхозка сүөһү ыарахан үлэтэ балачча механизацияламмыта, искусственнай сиэмэлээһин киирбитэ, XII пятилетка сылларыгар үлэһит коллективтар барылара бригаднай подрядка киллэриллибиттэрэ, салалта цеховой структуратын олохтоон производствоны отраслевой принцибинэн салайыы олус табыгастаах формата олохтонуллубута, 250 гектардаах Оторууска сабыс-саҥа буоланы таҥастатан 300,0 тоннаҕа тиийэ үүнүүнү ыла сылдьыбыта. АВМ агрегатын кэккэ сылларга үлэлэтэн ыанньык сүөһүлэргэ эбиискэ аһылыгы хааччыллыбыта, 8 толору хааччыллыылаах республикаҕа тиийэ биллибит үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара тэриллибиттэрэ, уу дьылларга икки сыл устата уопсайа 20,0 км уһуннаах траншеялары хастаран уу түһэриллибитэ, сүөһү үлэһиттэрин үлэлиир уонна олорор усулуобуйаларын тупсарыыга киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыбыта, оройуон тэрилтэлэрин кытары ыкса сибээстэһии барылара совхоһу сайыннарыыга, государственнай былааннары толорууга улахан көдьүүстээх буолбуттара.

Колхоз да, совхоз да саҕана социалистическай куоталаһыыга олус улахан суолта ууруллара. Биирдиилээн рабочайдартан саҕалаан үлэ коллективтарыгар тиийэ бырааһынньыктар чиэстэригэр уонна сезоннаах үлэлэргэ үрдэтиллибит эбэһээтэлистибэлэр ылыныллаллара. Биһиги колхозпут, совхозпут ити куоталаһыыларга оройуон хаһаайыстыбаларын ортотугар элбэхтик бастаталаан сылдьыбыта. Ол күүрээнинэн өрө көтөҕүллэн, саҥаттан саҥа соруктары туруорунан үлэни-хамнаһы тэрийии сүрдээх интэриэһинэй, дьыалаҕа улахан туһалаах этэ.

Совхоз элбэх Бочуотунай грамоталары, знамялары ылар чиэстэммитэ. Саамай улахан сыанабылынан 1987-1988 сыллардааҕы общественнай сүөһү кыстыгын түмүгүнэн ССКП Киин Комитетын, ССРС Министрдэрин Советын, профсоюзтар Киин Советтарын уонна комсомол Киин Комитетын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланыы буолбута.

Нэһилиэк баһылыгынан 02.03.1992 – 14.04.2000 сылларга уопсайа 8 сыл устата үлэлээбитэ. Специалиһынан Семенова Ерагена Прониславовна, главнай бухгалтерынан Никифоров Потап Петрович, кассир-бухгалтерынан Айталина Андреевна Федорова, суоппарынан Олег Гаврильевич Черепанов, землеустроителлэринэн Василий Данилович Федотов, салгыы Анатолий Николаевич Омуков үлэлээбиттэрэ.

Нэһилиэк дьаһалтатынан ити сыллар усталарыгар маннык боппуруостар быһаарыллыбыттара:

1. 1994 с. саҥа спортзал үлэҕэ киирэн, элбэх көлүөнэ ыччат баҕарбыт баҕата дьэ туолбута. Республика бастакы Президениттэн көрдөһөн сабыс саҥа олимпийскай тустар коверу булан биэрбитэ, кэлин икки комплект тренажердарынан хааччыйбыта.

2. 1992 с. Бордоҥ совхоз үлэтин тохтоппутун кэнниттэн Бордоҥ коллективнай предприятиета тэриллибитэ. Коллективнай предприятие производственнай базанан толору хааччыллыбыта, совхоз саҕана үлэлээбит специалистар, салайар кадрдар бары бу тэриллибит предприятиеҕа салгыы үлэлээбиттэрэ.

3. Бу сылларга сир реформатын ыытыы түбэспитэ. Саҥа төрөөбүт оҕолору киллэрэн туран биирдии киһиэхэ 1,5 га сир нормата олохтонон бэриллибитэ. Гражданнар бары ылбыт сирдэрин бүтэйдэнэ охсубуттара уонна билиҥҥиэхэ диэри арендалаһан, оттоон олороллор.

4. Нэһилиэк дьаһалтата ынах, сылгы төбөнөн ахсаанын аҕыйаппат туһугар дьоҥҥо өйдөтүү үлэтин тиһигин быспакка ыытара, дьоҥҥо барытыгар сир түҥэтиллибитин түмүгэр ыал барыта сүөһүтүн, сылгытын айаҕын хааччынар усулуобуйата тэриллибитинэн биһиги нэһилиэк улуус атын нэһилиэктэрин ортотугар ынах сүөһү ахсаанынан 5-с, сылгы ахсаанынан 1 миэстэҕэ сылдьыбыта.

5. 1974 с. саҕалаан нэһилиэк территорията ууга баран олор¬бута. Уулуссаларга киһи кыайан сылдьыбат буолбута. Олору совхоз саҕаттан саҕалаан хас да сыллар усталары¬гар уулуссалары оҥорууга утумнаах үлэ ыытыллыбыта. Сунтаардааҕы “Мелиоводстрой” ПМК-ттан улахан диаметрдаах турбалары көрдөһөн ылан, уу ааһар курдук хаһан түһэртэрии үлэтэ барбыта, ол турбаларынан уу ааһар буолан уу бөһүөлэккэ хаатыйаламмакка турар.

6. Хадан, Илимниир, Тэҥкэ нэһилиэктэрин кытары сири границалаһан нэһилиэк бэйэтигэр сөптөөх оттуур ходуһалардаах, мэччирэҥ сирдэрдээх, күөллэрдээх, ойуурдаах хаалбыта.

7. Совхоз саҕаттан саҕаланан испит Бордоҥ, Тэҥкэ суолун икки саҥа Т-180 трактордары Миирнэйтэн булан аҕалан 5 сыл устата оҥорторуллубута. Бу 40,0 км усталаах дьиҥнээх автомобильнай суол трассатыттан итэҕэһэ суох хаачыстыбалаах суол оҥоһуллубутугар государство үбэ-харчыта ороскуоттамматаҕа, улуус дьаһалтата суол арыллыбытын кэннэ ГСМ-нан көмөлөспүтэ. Бу суолу опыттаах бульдозерист Д.А. Матросов уонна кини напарнига П.Н. Саввинов астаран оҥорбуттара. Бу суол оччотооҕуга оҥоһуллубатаҕа буоллар билигин мөлүйүөнүнэн үбү ирдиэ этэ.

8. Улуус дьаһалтатын көмөтүнэн титулга киллэттэрэн таас киин котельнай тутуллубута. Онно культура дьиэтэ, интернат, начальнай кылаастар үөрэнэр корпустара холбоммуттара.

9. Индивидуальнай предприниматель Герасимова Н.П. көрдөспүтүгэр почта дьиэтин аҥарын биэрэн “Татыйыына” маҕаһыын аһыллыбыта.

10. Урукку ЖКХ хонтуоратын чэпчэки сыанаҕа ылан Татыйыыналар 1999 с. маслоцех аһан үлэлэппиттэрэ. Нэһилиэнньэ ордор үүтүн миэстэтигэр туттарар кыахтаммыта уонна 1998 с. дефицит кэмигэр да быстааҥкытыйар нэһилиэнньэ маҕаһыынтан үүтүн эргинэн аһылык, табаар ылар кыахтаммыта.

11. Өр сылларга туруорсан нэһилиэккэ 13 штаттаах баһаарынай чаас тэриллибитэ, элбэх шофер үлэ булуммута, пожарнай массыына кэлбитэ.

12. Сылга ортотунан 10-чалыы барыта 8 сыл устата эдэр ыаллар 80-ча саҥа дьиэ туттубуттара. Кинилэргэ эдэр ыаллары дьиэлээһин программатыгар сөп түбэһиннэрэн балачча көмө оҥоһуллубута.

13. Нэһилиэккэ туспа заправочнай пууну бэйэ күүһүнэн тутан оҥоһуллубута, ол хас да сыл улаханнык туһалаабыта.

14. Уу дьыллар буолан, сыл аайы өрүс харыыта тахсар куттала саас аайы ыксатара, онно нэһилиэнньэ эвакуцияланар миэстэтэ булуллубута.

15. Участковай балыыһаҕа улуустан скорай массыына заявкалаһан көрдөһүллүбүтэ да, кыайан биэрбэтэхтэрэ, ол иһин чааһынай киһиттэн тентовай УАЗ массыынаны булан биэрэн балыыһалар хас да сыл скорай массыыналаах олорбуттара.

16. Совхоз саҕана икки квартиралаах дьиэ холлоҕоһо турбутун ситэрэн оҥотторон нэһилиэк администрациятын урукку эргэ сельсовет хонтуоратыттан көһөрүллүбүтэ, онно биир өттүгэр АТС-ка миэстэ бэриллбитэ.

17. Участковай балыыһаҕа ас астыыр кухня дьиэ кыараҕаһа, 2 кв.м. иэннээх кыараҕас хоско үлэлиирэ, прачечнай диэн олох суоҕа. Ону учуоттаан хонтуораны балыыһаҕа кухняҕа уонна прачечнайга анаан бэриллибитэ.

18. Нэһилиэк дьаһалтата дьону кытары үлэлииргэ түөлбэлэри тэрийтэлээбитэ. Түөлбэлэринэн куоталаһыы көхтөөхтүк ыытыллара, куоталаһыы түмүктэринэн араас материальнай, моральнай поощрениелар оҥоһуллубуттара.

19. Нэһилиэк оройуоннааҕы Айан-Күрэххэ кыттан, улахан нэһилиэктэр ортолоругар 3-с бириистээх миэстэҕэ тиксэн МТЗ-82 тракторы буор босхо ылан ЖКХ-ҕа бэриллибитэ.

20. 2001-2004 сылларга Үтүө дьыала чэрчитинэн 154 миэстэлээх икки этээстээх оскуола нэһилиэнньэ күүһүнэн тутуллубута. 28 мөлүйүөн сметнай стоимостаах тутуу баара суоҕа 8 мөлүйүөн солкуобайга тутуллубута. Таарыччы быраҕыллыбыт пилорама сөргүтүллэн оҥоһуллубута.

21. Бөһүөлэк саамай киинигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар фроҥҥа уонна тыылга охсуспут дьоннорбут чиэстэригэр мемориальнай комплекс тутуллубута, кинилэр ааттара үйэ-саас тухары сүппэт курдук үйэтитиллибиттэрэ.

22. Общественнай тэрилтэлэр күүскэ үлэлээбиттэрэ. Участковай милиционер миэстэтигэр олорон үлэлиирин ситиһиллибитэ. Нэһилиэнньэни кытары утумнаах үлэ ыытыллыбытын түмүгэр нэһилиэккэ ыарахан буруйу оҥоруу биир да түгэнэ тахсыбатаҕа, ким даҕаны уголовнай эппиэтинэскэ тардыллыбатаҕа. 

23. Нэһилиэк бары тэрилтэлэрин ититиилэрин олохтоох ЖКХ нөҥүө ыытыллыбыта, тоҥуу, оттук маһынан быстарыы тахсыбатаҕа.

Петр Николаевич салайан олорбут кэмигэр нэһилиэкпит бары араҥатыгар сайдыы барбыта биллэр. Аныгы кэм салайааччылара киниттэн элбэххэ үөрэниэхтэрин, сүбэлэтиэхтэрин сөп.

Просмотров: 223 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]