10:17 Семен Афанасьевич, Агафья Ивановна СЕМЕНОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Семен Афанасьевич, Агафья Ивановна СЕМЕНОВТАР тустарынан кыыстара Семенова Ольга Семеновна: Ийэлээх аҕам Бордоҥ нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар үтүө өҥөлөөхтөрүн олохтоохтор мэлдьи махталынан ахталлар, улаханнык ытыктыыллар уонна билинэллэр. Семен Афанасьевич төрүт Бордоҥ киһитэ, оттон ийэм Агафья Ивановна Сиэйэттэн төрүттээх. Эдэркээн кыыс Бордоҥҥо библиотекарынан ананан кэлэн, билсиһэн ыал буолбуттара. Ийэм биир кэмҥэ С.А. Зверев үҥкүүтүн ансаамбылыгар сылдьыбыта, 1957 с. Москваҕа үҥкүүлэспиттэртэн биирдэстэрэ. Кэлин Дьокуускайдааҕы сибээс техникумугар үөрэнэн, Бордоҥҥо уонтан тахса сыл почта начальнигынан, салгыы оройуоннааҕы сибээс узелыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, элбэх ыччаты, дьону бу идэҕэ уһуйбута, такайбыта. Оттон аҕам советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэнэн, мэлдьи салайар-тэрийэр үлэҕэ сылдьыбыта. Үөрэҕин бүтэрдэҕин утаатыгар Алдан оройуонугар Хатыстыырга партийнай үлэҕэ балтараа сыл үлэлээбитэ, онтон дьиэ кэргэн балаһыанньатынан төттөрү Сунтаардарыгар кэлбиттэрэ. Бордоҥҥо управляющайынан, онтон совхоз дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол сылларга нэһилиэк сайдыыта совхоз кыаҕыттан, үлэтин түмүгүттэн быһаччы тутулуктаах буолара. Аҕам үлэлиир кэмигэр Бордоҥҥо элбэх социальнай уонна хаһаайыстыбаннай эбийиэктэр тутуллубуттара. Дьонум көстөр дьүһүннүүн саха толуу-мааны, өркөн өйдөөх, олус культурнай, тыа сирин дьиҥнээх интеллигеннэрэ этилэр. Ол эрээри салайааччыларбыт диэн даххаһыйан, туора туттан сылдьалларын өйдөөбөппүн. Дьиэбитигэр сүбэлэһэ, кэпсэтэ бөһүөлэк кырдьаҕастара, эдэр специалистар үгүстүк сылдьаллара, аны туран ол кэмнэргэ уус-уран самодеятельность олус сайдыбыт кэмэ этэ. Дьонум иккиэн элээннэһэн концертарга пьесаҕа, сценкаҕа оонньууллара, аҕабыт туойара, үҥкүү тылын кытта этэрэ. Семен Афанасьевич салайааччы быһыытынан ирдэбиллээх, дьаһахтаах, дьоҥҥо биир тэҥ үтүө сыһыаннаах буолан, олохтоохтор, үлэһиттэр олус ытыктыыллара. Билигин даҕаны кинини үтүө тылынан ахталларын-саныылларын мэлдьи истэбин уонна дьоммунан киэн туттабын. |
|