Воскресенье, 29.12.2024, 05:39
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 2 » СУРУЛЛУБУТ – СУОРУЛЛУБАТ
04:50
СУРУЛЛУБУТ – СУОРУЛЛУБАТ

СУРУЛЛУБУТ – СУОРУЛЛУБАТ

Күннүктэр –устуоруйа кэрэһиттэрэ

Тыыл, үлэ ветерана Акулина Иннокентьевна Степанова (Өкүүсэ)сэрии сылларыгар суруммут КҮННҮГЭ. Күннүк ааптар бэйэтин тылынан уларыйбакка, ол эрээри тус сыһыаннааҕа кылгатыллан бэчээттэнэр.

1942с. Маай ый 1 күнэ
Бүгүн маай күнэ этэ. Ол гынан баран бырааһынньык суоҕа.
Ким санаабыта баарай, маай бырааһынньыга суох атаарыллыа диэн?!
Халлаан тымныы, тыаллаах, былыттаах.
Саҥаһым ыарыыта бүгүн бэргээтэ. Киэһэ Туруктаттан тахсан иһэр киһи балыгы уорбутун туттулар.
Маай 2 күнэ
Халлаан арыый үчүгэй. Аҕыйах аҕай киһи үҥкүүлээн дуомнаатылар. Доклад кэнниттэн бириис барда. Степанов Николай сыссыы, тустуу маҥнайгы бирииһин ылла. Семенов тустуу иккис бирииһин ылла. Аана маҥнайгы бирииһи, Катя иккис бирииһи ыллылар. Бүгүн син үчүгэй күн буолуон, биһиги Шурабытын атааран, биһиги дьиэ иһигэр сордоох күн диэхпин баҕарабын: Шура аҕыйах бириэмэ иһигэр ыалдьан эмискэ өлбүтүн кини дьонноро улахан кутуруйууларын бэлиэтиибит. Кини маамата улаханнык бэргээтэ, хайдах буолуон кыайан быһаарбаппын. Марфа бүгүн эмиэ куорга оҕутта.
Маай 3 күнэ
Халлаан тыаллаах, син ыраас күн.
Бүгүн Таня бу дойдуттан олох барда. Саҥаһым ыарыыта бэргиир. Мин бэйэм тахсан олоробун.
Маай 4 күнэ
Халлаан тыаллаах, былыттаах куһаҕан күн.
Бүгүн дьиэбэр тахса сырыттым. Шура эрэйдээҕи мин иннибэр таһааран кэлбиттэр. Саҥаһым кэллэ.
Бүгүн колхоз мунньаҕа буолла. Ол гынан баран мин истибэккэ тахсан хааллым.
Маай 5 күнэ
Сарсыарда аһара буурҕалаах самыыр түһэр, киэһэннэн намыраата. Уҥуоргуттан арҕаа көстүбэт. Петр бэҕэһээ сарсыарда аҕата өлбүтүгэр барда. Мин саҥаһым кэмэ, биэксэри аҕала Егор барбыт. Ол гынан баран аҕаларын билбэтим. Силииптээх Марусялара , Володялара элбэхтик сыталлар (куорга).
Маай 6 күнэ
Халлаан былыттаах да ичигэс. Мин манна кэлэн баран соччо тэһийбэппин, туох да саҥата суох сылдьабын. Араас өй-санаа бары киирэн тахсар. Саҥаһым сураҕын истибэтим.
Манна олорор дьоннорум сороҕор кыыһырыамтыа соҕус буолсулар.
Бүгүн колхоз семя хортуосканы ыйаатылар. Киэһэ Ааналаах көһөн таҕыстылар. Дьиэбит кыараҕаһа диэн сµрдээх. Таайбытым курдук Егор биэксэри аҕалбатах.
Маай 7 күнэ
Сассыарда былыттаах. Бөлүүн түһээн, Тойбохой оскуолатыгар үөрэнэ сылдьар эбиппин. Сассыарда зарядканы куоттаран, Г.Е.П. куттана саныыбын.
Киэһэнэн халлаан былыттаах. Туох да сылдьыбат, күн уһун баҕайы. 10 хонуктаах үүтүм-арыым учетын оҥоһуннум. Арыым да кэлиитэ, үүтүм да кэлиитэ син сөпкө иһэр эбит.
Саҥаһым сураҕа, «кэмэ» диэн эттилэр. Бүгүҥҥү күн манан бүттэҕэ. Хаарыан табаарыс  Екатерина эрэйдээх көһөн хаалла. Кини сүрдээх бэһиэлэй кыыс. Мин кини тахсыбытыгар хомойо саныыбын да ээ!
Маай 8 күнэ
Халлаан тыаллаах. Бүгүн комиссия күнэ. Ол иһин мин дьиэбэр барабын, туох да бэлиэ түгэн суох. Саҥаһым үтүө. Тугу да гымматым. Арай халаат тигинним.
Маай 9 күнэ
Бүгүн халлаан былыттаах, тымныы күн буолла. Бүгүн уон биир хонуктаах арыыны буһардым. Онтум сиикэйигэр 7 кило этэ. Бүгүн биир ынах төрөөтө. Ким да сылдьыбат, арай үүччүттэр элбэхтэр да тииһиспэттэр.
Маай 10 күнэ
Бүгүн халлаан ыраас, тыаллаах соҕус күн. Егоров Константин фермаҕа кэлэн тыһаҕастары аттаата. Биһиэхэ бүгүн биир ынах төрөөтө. Савинова биир тарбыйаҕа өлөн хаалла. Мин уруккутааҕар бэһиэлэй соҕус сылдьабын.
Маай 11 күнэ
Бүгүн халлаан барбах былыттаах. Колхоз уопсай мунньаҕа буолла.
Боппуруостара:
1.    Ыһыы туһунан тов. Остоноваев С. доклатын иһиттибит.
2.    Рабочай план тэбэрдии (утверди)
3.    Үп сметатын былаана.
Мин бүгүн дьиэбэр кэлэн хонон олоробун. Саҥаһым үтүө соҕус.
Маай 12 күнэ
Халлаан былыта суох, туох да аһара үчүгэй күн. Дьиэбиттэн кэлэн иһэн лааппыга очерадка сырыттым. Тиксэр нуормабын ылан дьоммор ыыттым. «Тиэриллибит кырыс» диэн кинигэни ааҕан эрэбин. Фермаҕа биир ынах төрөөтө, биир тарбыйах өллө.
Маай 13 күнэ
Бүгүн халлаан куйаас, сааскы буолан эрэр быһыылаах. Бµгµн Спиридонов Н. ампаарын алдьаппыттар. Мин олордум. Колхоз ыһыытыгар киирээри бэлэмнэнэн эрэллэр.
Маай 14 күнэ
Халлаан итии. Ыраас да күн. Мин заготовка арыыбын тутардым 5.9кг.     Туруктаттан үлэлээн баран, атаҕа кутургуйа буолан хаампат киһи лааппыга сытарын колхозпут члена иппитэ.
Колхозтар бүгүн буолаҕа киирэн аттарын үөрэтэн эрэллэр. Боротов Афанасий тахсыбытын көрүстүм. Дьиэбэр тиийэ сырыттым. Саҥаһым бэргиир эбит. Кэлээри Лиза кыыһы көрсөн суолга өр олорон сэһэргэһэн араҕыстыбыт. Бөлүүн Ильин Г. ампаарын алдьаппыттар дьэ муода?! Быйыл үһүс ампаар алдьаныыта. Киһи тыыннааҕар эҥини истэр да, көрөр. Үрэх ыаллара бары ыһыыга киирэн эрэллэр. Бэҕэһээ фермаҕа 2 ынах төрөөтө, биир тарбыйах өллө. Эриэккэс, биир төрүүр, биир өлөр. Хайдах сыаналыахха сөбүй?
15 маай
Халлаан куйаас, ыһыыга үлэлии тураллар. Бүгүн отой сылыйда. Убайым маҥнайгы уоллара 4 сааһын туолар күнэ. Кини 1938с. 15.04. төрөөбүтэ. 1940с. 15.05. өлбүт күнэ.
Маай 16 күнэ
Бүгүн халлаан куйаас. Мин олоробун. Саҕа быысабайдыыбын. 15 хонуктаах үүтү учеттаатым. Туруктаттан тахсыбыт  киһи  уола диэн Сунтаарга учетка баран иһэр. Үүт тылланан истэ. «Ис ыарыыта киирээри гынна, саатар дьоммор сылдьыбакка баран истэҕим дии» – диэн баран ытыы сыста. Олох саҥардыы улаатан эрэр оҕо эрэйдээх муҥнана сылдьарын киһи аһыныах. Бүгүн яслаҕа оҕолор мунньуһуннулар.
Маай 17 күнэ
Бүгүн халлаан былыттаах да ичигэс. Мин дьоммор кэлэн иһэн үлэһиттэргэ сырыттым. Бүгүн колхоз сылгыта уҥкучахха түһэн өлбүтүн үллэһиннилэр.
Маай 18 күнэ
Бүгүн халлаан маала тыаллаах. Бүгүн Нагависна тахса сырытта, үс тарбыйаҕы, биир тыһаҕаһы аахтаата. Мин колхоз сэппэрээтэрин ууска аҕаллым. Саас буолан сылдьыахха сүрдээх үчүгэй. Арай мин дьонум ыалдьан, олор сааскыны билбэккэ сыталлар быһыылаах. Мин Арамаан эмээхсинигэр сырыттым. Кини ыарыыта бэргиир эбит, «Өлөр ыарыым буоллаҕа буолуо» диэн миэхэ мэлдьи кэпсиир. «Оҕом сураҕын истиэхпин эһиилгэ тиийэрим буоллар» дии сытар. Эрэйдээҕи киһи аһыныах.
Маай 19 күнэ
Халлаан ичигэс. Мин бүгүн өрө таҥнары ытыллан да байдым. Сырыы оччоҕо эрэ сатанар курдук. Нагависна Майя колхозка барда. Бүгүн Руф ийэтэ өлбүт уонна колхозка икки сылгы өлбүт. Хаамыылаах ата Руф биэтэ этэ.
Ыһыы үлэтэ барыта мөлтөһүөр. Ол көлө куһаҕаныттан уонна үлэһиттэр диссиплиинэлэрэ суохтарыттан.
Маай 20 күнэ
Халлаан тыаллаах, ыһыы бара турар. Биһиэхэ бүгүн комиссия буолла, барыта 19 ынаҕы ыатылар. Туох да уларыйыы суох. Үүппүн учуоттаатым.
Маай 21 күнэ
Халлаан тыаллаах да итии. Мин дьиэбэр бара сырыттым. Саҥаһым үтүө. Арамаан эмээхсинэ кэмэ. Кэлэн иһэн биир сиргэ олорон кэҕэ этэрин иһиттим. Советы кытары Никита кэллилэр.
Маай 22 күнэ
Бүгүн халлаан маала былыттаах. Уруккулуунан буоллаҕына Ньукуола - кэҕэ этэр, ол гынан баран муус сулбакка турар. Фермаҕа биир ынах тарбыйахтаан кэбиспитин буллулар. Биир ынах эбии төрөөтө.
Маай 23 күнэ
Халлаан тыаллаах. Соччо бэлиэ түгэн суох. Ульяна ата диэн өлбүт. Ол гынан баран, сүүскэ охсон өлөрөн баран иһин, биир атаҕын илдьэ барбыттар. Үлэһиккэ иккилии киилэ түҥэтэлээтилэр.
Маай 24 күнэ
Халлаан тыаллаах, барбах былыттаах. Бүгүн дьиэбэр кэллим. Ниэстэрэптээххэ сырыттым. Өрүс устубут, бөлүүн. Манна кэлэн Егор эрэйдээх элбэхтик ыалдьыбыт сураҕын иһиттим уонна аһара да аһынабын. Уруккуттан сөтөллөөх уол өлөрө буолуо. Ийэтэ эрэйдээххэ хайдаҕый?!
Маай 25 күнэ
Халлаан тыаллаах, тымныы. Дьиэбиттэн кэллим. Ханна да сылдьыбатым. Киэһэ ынах хомуйа сатаатыбыт да булбатыбыт.
Маай 26 күнэ
Халлаан тымныы баҕайы. Колхоз бурдугун ыһыыта хаһан да бүтүө суох быһыылаах. Колхозтаахтар күн тура-тура үлэлииллэр да үлэлэрэ үксээн иһэр. Мин комиссия ыккардыгар тахсыбыт арыыны уулаатым 1,500гр.
Маай 27 күнэ
Халлаан тымныы тыаллаах. Бүгүн туох да уларыйыы суох. Биһиги Дариябыт ыалдьар. Арааһа саһарардаары гыммыт быһыылаах уонна оҕото эмиэ ыалдьыбыт. Убайым дьонноро бу түбэҕэ кэлэн үлэлээтилэр.
Маай 28 күнэ
Халлаан былыттаах, тымныы. Бэлиэ суох. Ыһыы бүтэ илик. Бүгүн оҥоһуллубут сэппэрээтэрдэри аҕаллым. Отой араарбат.
Маай ый 29 күнэ
Сарсыарда хаар түстэ (кыра). Бүгүн сылдьан көрбөтөх ыалбар Василийдаахха сырыттым. Ыалтан кэлэн иһэн Советы көрүстүм. Егор маала үтүө диир.
Маай ый 30 күнэ
Халлаан былыттаах. Кыралаан самыыр түстэ. Күнү быһа арай уус сэппэрээтэр оҥорон тахсар. Онто олох сатаммат.
Маай ый 31 күнэ
Халлаан куйаас тыаллаах соҕус. Соччо бэлиэ суох. 9,5 кг. арыыны уулаатыбыт. Бүгүн колхоз бурдугун ыһыыта дьэ бүттэ.
Бэс ыйын 1 күнэ
Халлаан куйаас. Сарсыарда Павловка арыы туттардыбыт (8кг). Николаев Алексей, Николаев Николай буолан, Сунтаарга кэлбиттэр диэн кэпсээтилэр.
Бэс ыйын 2 күнэ
Халлаан маала былыттаах. Ананьев Н. булууктарыгар булуук тутустумБүгүн военнай билиэттээх дьоннор үөрэнэн эрэрллэр. Үөрэнэн баран бараллара эбитэ дуу?!
Бэс ыйын 6 күнэ
Халлаан былыттаах, тыаллаах. Бүгүн олорон таҕыстым. Уҥуохтарым тыытан ыалдьаллар.
Бэс ыйын 7 күнэ
Халлаан барбах былыттаах, самыыр түстэ. Бүгүн дьоннорго военнай бэбиэскэ кэллэ. Онно 20-чэ киһи ыҥырыллыбыт. Биһигиттэн Петр ыҥырыллыбыт. Петр бүгүн Сунтаартан таҕыста. Капитон Арбандаҕа тахсыбыт. Өкүүсэ убайын көрсөөрү кэллэ. Бары дьоннор баралларыгар мин олус санааргыыбын. Биһиги эдэр сааспыт эрэйдээх олоҕунан ааһара буолуо дии саныыбын. Убайым пока ыҥырылла илик да, ыҥыраллара буолуо. Колхозка биир ынах көтөҕүллэ сытан баран бүгүн өллө. Сүөһүлэр быйыл бары ыран өллүлэр.
Бэс ыйын 8 күнэ
Халлаан былыттаах. Дьоннор бараары сылдьаллар. Сорох дьоннор бүгүн ыкса киэһэ бардылар уонна хойутаан кэлэн ыыттылар.
Бэс ыйын 9 күнэ
Халлаан самыырдыыр, тыаллаах. Бүгүн колхоз дьоно сарсыарда эрдэ бардылар, үгүс дьоннор аһара санаарҕыыллар. Петр Семен Аф. кытта бардыларБары эдэр дьоннор бу дойдуттан арахтылар. Аны Сунтаартан хастара бараллара биллибэт. Сунтаардьыттары күүтэргэ күн бараныа суох быһыылаах.
Бэс ыйын 10 күнэ
Халлаан куйаас. Бүгүн Сунтаарга комиссия буолара буолуо. Туох да суох, барыта им-ньим.
Бэс ыйын 11 күнэ
Халлаан куйаас. Туох да суох. Мин бүгүн Федоралыын илин бара сырыттым. Мунньах буолуо диэн. Киэһэ манна кэллибит.
Бэс ыйын 30 күнэ
Халлаан туох да аһара итийдэ. Дьэ, дневникпин толорботоҕум ыраатта. Бэс ыйын 18 күнүгэр боецтар Сунтаартан арахпыттар. 19.4 Петртан сурук туттум. 24.04. Якутскай куоракка тиийбиттэр уонна ааһа турбуттар. Кэлин Семенов А.Г. эмиэ барда, онон билигин прикаһа уларыйда. Бэс ыйын 29 күнүттэн Тимофеев продавец буолан олорор. Миигин 12 хонукка оһоҕос ыарыыта сии сырытта, бүгүн үтүө. Бүгүн биһиги колхоз сиилэскэ киирдилэр.
Балаҕан ыйын 25 күнэ
Дневник толорботоҕум оруобуна окко киириэхтэн. От үлэтэ ситэ бүтэ илик. Бурдук астана турар, хортуоска хостонон бүттэ. Ааспыттан бэлиэтиэҕи баҕарабын: Силииптээх маай ыйга 7 оҕолоох буолан, 4000 харчыннан пособие ылбыттара. Ол сэттэ оҕоттон Володя, Маруся иккиэн от ыйыгар өлөн хааллылар.
Быйыл бу оскуолаҕа икки учуутал кэллилэр. Тимофеев К.Е., Федоров Д.С.
Варвара Николаевна колхозка счетоводунан үлэлиир. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр убайым Егор байыастан төннөн кэллэ. Кини отсрочкаҕа хаалбыт. Кинини көрүү миэхэ туох да муҥура суох үөрүүннэн ааспыта.
Мин быйыл муус устар 27 күнүттэн балаҕан ыйын 21 күнүгэр дылы колхозка асчытынан үлэлии олордум.
Туох да суох уу чуумпу. Халлаан маала тыаллаах, кэрэ, үчүгэй, киэргэйбит, көҕөрө долгун курдук оттор бары хагдарыйан күл курдук буолан хааллылар. Мутукча түһэн, сарсыарда аайы хаһыҥ түһэн, көтөр-сүүрэр баран, күһүн күтүр күөйэн кэллэ. Тымныыннан кыһайбыт кырыа кыһын кэллэҕэ ити.
Ээй, мин бииргэ иитиллибит кыыһым Фекла Николаевна быйыл аҕыйах хонукка кэргэннэнэ сылдьыбыт, онто байыаска баран хаалан хомоппут. Кэлин Уаров Егор эмиэ байыаска барбыта. Биһиги колхозтан Ильин Иннокентий Иркутскай куораттан төннөн кэлбит. Доруобуйата армияҕа сулууспалыыр кыаҕа суоҕунан.
Быйыл 1943 с. муус устар 30 күнүгэр муус эһиннэ. Сааскы ыһыы маассабай киириитэ 1 маайтан. Маай ый иккис күнүгэр этиҥ эттэ. Быйыл маай бырааһынньыгын ыһыыннан атаардыбыт. Ол оннугар маай ый 16 күнүгэр маайдаатыбыт.
Быйыл 1943 сылга хаһан да кэлбэтэх сайын кэлбитин бэлиэтиибин. Маай ый 20 күнүгэр кэҕэ эттэ, маай ый 19-гар өтөн саҥарда. Маай ыйга катер кэллэ. Көмүс үлэһитин аҕалан бырахта.
От ыйын 30 күнэ
Быйыл сайын от отой үүммэтэ, бурдук син үчүгэй. От ыйын 10 к. байыастар Сунтаартан хоҥуннулар. Биһиги колхозтан 9 киһи, 3___ ыҥырыллан бардылар. От ыйа бүтүөр дылы хомуур олох төһө да үлэлэммэккэ турар, аҕыйах киһи барбах үлэлиир.
Куокуну нэһилиэгин советын председателэ уларыйан, байыаска барда. Кини оннугар Омукова М.И. олордо. Биһиэхэ тус бэйэбитигэр быйыл уларыйыы суох. Тарах кыыһын ылан ииттибит. Быйыл кыһын 1942-43сс. бурдук үлүйэн, улахан холудуопка дьыл буолла. Киһи үксэ өллө, үгүс өлө сыста. Андрей байыаска барда.
1943 с. кулун тутар ыйга ветсан. курстаах үөрэҕин бүтэрдим уонна балаҕан ыйын 1 күнүттэн Куокунуларга продавеһынан олоробун. Сайын уһуон, алтынньы ый 10 күнүгэр киэһэ хаар түстэ да уулла. Олох кыһын буолуо өссө да илик.
Алтынньы ый 15 күнэ
Бөлүүн туох да аһара тоҥорбут. Сарсыарда школаҕа физкультура остуолбатын туруордубут. Бүгүн тыаһыттар сорохторо тахсаллара буолуо. Ахсынньы ыйга лааппыбын туттардым. Тохсунньу ый 2 к. школаҕа көһөн киирдим. Быйыл убайым колхоһу ревизиялаата. Онтугар өр да эрэйдэннэ.
Колхозтар 17.05.44 с. ыһыыга киирдилэр. 20.05.44с. муус олох кыһыҥҥы курдук туран баран, биир чаас иһигэр уу кэлэн өрүс эстэ оҕуста. Бүгүн кэҕэ эттэ. Сайын буолан эрэр.

«Бүгүн дьоннорго военнай бэбиэскэ кэллэ. Бары дьоннор баралларыгар мин олус санаарҕыыбын.
Биһиги эдэр сааспыт эрэйдээхолоҕунан ааһара буолуо дии саныыбын...”Степанова АИ
Бэс ыйын 7 күнэ 1942 сыл
Саһарбыт страницалаах эбэм күннүгэ
Маннык ааттаах дакылааты 2005 с. Бордоҥ орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Николаева Аня эбэтэ Степанова Акулина Иннокентьевна бу олохтон барбыта 21 сыл буолбутун кэннэ 73 cыллааҕыта суруйбут дневнигэр олоҕуран Улуу кыайыы 60 сылынан уонна Тэҥкэ оскуолатын 75 сыллаах юбилейынан сибээстээн суруйбута.
Сэрии саҕанаТэҥкэҕэ Оторуус тубэтигэр «Пионер» колхозка учуотчугунан үлэлии сылдьар эдэр кыыс ол саҕанааҕы олоҕу туох баарынан, тугу да кистээбэккэ суруйбут, онон бу күннүк билигин улахан историческай суолталаах докумуон буолар.
Степанова Акулина Иннокентьевна 1923 сыллаахха Тэҥкэ нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан, эбэтигэр, онтон убайыгар Степанов Никифор Еремеевичка иитиллибитэ. 1986 сыллаахха өлбүтэ, күннүгүн туhунан кэпсээбэт эбит.Өссө сэрии кэмигэр органнар булбуттара буоллар биир тыла суох хаайыыга түбэһиэ этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ да бу сыаналамматын, бэйэтигэр да оҕолоругар да охсуулаах буолуоҕун сэрэйэрэ буолуо. Акулина Иннокентьевна киэҥ толкуйдаах, сэргэх көрүүлээх-истиилээх киһи этэ, онон улаханнык толкуйдаан баран, олох уларыйыа диэн өтө көрөн күннүгү хаалларбыт буолуохтаах.
Күннүк страницалара тугу кэпсииллэрий
Күннүк хабар кэмэ. 1942 сылтан 41 күн, 1943 сылтан 5 күн, 1944 сылтан 2 күн, барыта 48 күн киллэриллибит. Кэнникилэргэ элбэх кэми хабан, анализтаан суруйталаабыт.
Күннүккэ суруллубут дьоннор
Күннүкэ 50- ча киһи аата ахтыллар. Бу дьоннор дьылҕаларын билигин баар дьонтон ыйыталаһан, 27 киһи аата чуолкайданна, элбэх киhи туhунан ахтыы хомулунна. Өссө үрэх киһитэ, үрэх дьахтара диэн ааттанар дьон бааллар эбит.
Байыаска барыы
Бу туһунан 10 күҥҥэ ахтыллар. Үксүн хомуурунан эрэ буолбакка, биирдиилээн эмиэ бараллар эбит. Күннүк суруллар кэмигэр 35 киһи ыҥырыллыбыт. Колхозтаахтар уонна бытархайдар диэн арааран суруйбут. Бытархайдар диэн колхозка киирбэтэхтэр ааттанар буолуохтаахтар. Тэҥкэттэн барбыт эрээри, Тэҥкэттэн сэриигэ барбыттар испииhэктэригэр суох аймахпытын буллубут. Ордук элбэх киһи бэс ыйын 7 күнүгэр, 20-чэ киһи ыҥырыллыбыт. Ол эрээри Якутскайтан сыыйыллан кэлэр дьон эмиэ баар эбит.
Колхоз үлэтэ
Колхоз үлэтэ саамай элбэхтик сырдатыллыбыт. Колхозтаахтар үүттэрэ отой кыра эбит. Үлэһит илии тиийбэт, хойутааһын баар эбит. 1942 сыл маай ыйга 16 күҥҥэ 11 сүөһү, сылгы өлбүт, 6 ынах төрөөбүт. Сүөһүлэр бары ыран өллүлэр диэбит. Ол да буоллар сорох күн, үүтүн эрийэн, арыытын уулаан 8 эҥин киилэни туттарар эбит.
Ыам ыйын 20-гэр биhиэхэ  комиссия буолла, барыта 19 ынаҕы ыатылар, диэбит. Проверка кэмигэр бара турар.
Бурдук ыһыытын эмиэ сиһилии сырдаппыт.
Колхоз уопсай мунньаҕа буолбут. Онно ыһыы туһунан доклад истибиттэр, рабочай былааны, үп сметатын утвердии гыммыттар. Хортуоска сиэмэтин ыйаатыбыт диэбит, хортуоска эмиэ олордоллор эбит.
Ыам ыйын 14 күнүгэр колхозтаахтар буолаҕа киирэн аттарын үөрэтэн, ыһыы саҕаламмыт.Ыам ыйын 19 күнүгэр көлө куһаҕаныттан, үлэһиттэр дьиссипилиинэлэрэ суохтарыттан, ыһыы барыыта мөлтөһүөр диэбит. Ыам ыйын 31 күнүгэр ыһыы бүппүт.
Бэс ыйын 2 күнүгэр Ананьев Н. булууктууругар булуук тутуспут. Үрэх ыаллара бары ыhыыга киирэн эрэллэр диэн этэн аһарбыт.Онон чааһынай ыаллар эмиэ бурдук ыһыналлар эбит.
Бэс ыйын 30 күнүттэн колхозтаахтар сиилэскэ киирбиттэр, онон от сезона аһыллан, солото суох буолан күннүк толоруута тохтообут. Балаҕан ыйын 25 күнүгэр суруйарынан, от үлэтэ бүтэ илик, бурдук астана турар, хортуоска хостонон бүппүт.
Ыарахан олохтон дьон өлүүтэ
1942 сылга ыам ыйыгар барыта 6 киһи өлбүтэ бэлиэтэммит. Үгүс киһи ыалдьарын туһунан элбэхтик суруйбут. Биир ыалга икки өлбүт оҕолороругар пособия кэлбитин суруйбут.
1943 сылга от ыйын 30 күнүгэр, бурдук үлүйэн, улахан голодовка дьыл буолла диэбит. Кылгастык Киһи үксэ өллө, үгүс өлө сыста диэбит. Тэҥкэҕэ 1937 сыллаахха 438 киһи баар буоллаҕына, 1948 сылга 240 эрэ киһи хаалбыт, 198 киһи өлөөхтөөбүт. Бу кыра Тэҥкэҕэ улахан охсуу.
Күн-дьыл туруга
Күннүк 46 күнүгэр күн-дьыл туругун суруйбут. 1942 сыл күһүнүгэр самыырдаан эҥин баран эмискэ тымныйан, бурдуктарын үлүппүт буолуохтаах. Ордук чааһынай ыаллар оҕустарбыт буолуохтаахтар. Кураан дьыл уратытынан, 1943 сыллаахха муус устар 30 күнүгэр муус устубут. Кураан бөҕө туран, аһыыка бөҕө үөскээн ити сыл дойдуга от отой үүммэтэх.
Буруйу оҥоруу
Буруйу оҥоруу туhунан урукку былаас органнарынан бобуулаах темалары суруйталаабыт. Ол саҕана ампаары алдьатыы, сылгыны уоран сиэhин, киhини өлөрүү курдук буруйдары оҥоруу бааллар эбит. Ол курдук кылгас кэмҥэ 3 ампаары алдьаппыттар. Ульяна ата диэни сүүскэ охсон өлөрөн баран иhин, биир атаҕын илдьэ барбыттар. Дьэгдьийэ сатаабыттар да булбатахтар. Этин үлэhиккэ иккилии киилэ түҥэтэлээбиттэр.
Төһө да сокуон кытаанаҕын иhин, олох кытаанах буолан, буруйу оҥоруу баар эбит. Урут Тэҥкэнэн Туруктаҕа барар суол ааhара. Ол суолунан элбэх киhи кэлэн ааhара, үксүн айан дьоно уорар буолуохтаахтар. Туруктаттан тахсан иhэр киhи балыгы уорбутун туттулар диэн бэлиэтээбитэ ону туоһулуур. Биир киһи дезертир буолбутун тутан, байыаска ыыппыттар.
Бу бэйэбит эбэбит сэрии кэмигэр олоҕун кэрчиктэрэ, сэрии хайдахтаах курдук алдьархайы аҕаларын өйдүүргэ ордук итэҕэтиилээх эбит.

 

Просмотров: 182 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]