Воскресенье, 29.12.2024, 04:41
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
         12
    3456789
    10111213141516
    17181920212223
    24252627282930
    31
    Главная » 2021 » Май » 27 » Улуу Ильмеҥҥэ айан
    03:47
    Улуу Ильмеҥҥэ айан

    Улуу Ильмеҥҥэ айан

         Ыам ыйын 2 күнүгэр Саха сирин аатыттан "Ильмень күөлүн тула марафонскай сүүрүү уонна Саха комсомуолун төрүттэммитэ 100 сылын көрсө» кэриэстэбил факеллаах сүүрүү кыттыылаахтара биэс буолан Санкт-Петербург куоракка көтөн тиийбиппит. Салайааччыбыт Улуу Кыайыыга саха буойуттара кыргыспыт, сырдык тыыннара быстыбыт, кырыктаах сэриилэр барбыт миэстэлэринэн кэриэстэбил факеллаах сүүрүү инициатора, Саха республикатын физическэй культураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ Горохов Дмитрий Николаепвич. Биһигини Пулково аэропортка Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин аатыттан Петров Е.М. уонна актыбыыс Сергей Петрович көрсүбүттэрэ.

         Онтон сарсыарда поеһынан айаннаан 11 ч. Улуу Новгородка кэлбиппит. Олохтоох сирбитин булунан Волхов өрүс кытылыгар турар Новгород Кириэмилигэр экскурсияҕа сылдьыбыппыт. Россия государствота 1000 сылын туолуутун көрсө Михаил Микешин проегынан тутуллубут памятнигы сөҕө-махтайа көрбүппүт. Барыта сүүс тонна тимиртэн, 65,5 тонна боруонсаттан кутуллубут 15,7 м үрдүктээх сүүнэ памятникка 129 фигура киирбит IХ үйэттэн саҕалаан ХIХ үйэҕэ дылы саамай биллиилээх дьоннор история кэрэһиттэрэ буолан кэрчиктэргэ үллэриллэн киирбиттэрин экскурсовод кэпсээниттэн сэҥээрэн истибиппит. Ону таһынан Софийскай соборга, Кириэмил иһигэр, Волхов өрүс муостатын туораан кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин билсиспиппит.

         Ыам ыйын 3 күнүгэр Устрекаҕа көрсүһүү тэрээһинигэр Новгород куорат күбүрүнээтэрэ Андрей Никитин кыттыыны ылбыта. Уобалас ыччат бэлиитикэтигэр уонна успуорка министиэристибэтин үлэһиттэрэ биһиги тэрээһиммитин өйөөбүттэрэ, "NovgorodRUN” диэн олохтоох чэбдигирии кулуубун чилиэннэрэ биһиги тэрээһиммит түһүмэхтэригэр кыттыбыттара, тэҥҥэ сүүрсүбүттэрэ. Бу тэрээһин бастакы түһүмэҕэр Саха Өрөспүүбүлэкэтин бэрэстэбиитэлистибэтин эппиэттээх үлэһитэ Юрий Кравцов биһигини кытта 8 килэмиэтири сүүрсүбүтэ.

         Сүүрүү түөрт түһүмэҕинэн ыытылынна. Ыам ыйын 4 күнүгэр Устрека дэриэбинэттэн Новгород куоракка дылы 77 килэмиэтрэни сүүрбүппүт. Онтон сарсыныгар ( ыам ыйын 5 күнүгэр) Новгородтан Зайцево диэн ааттаах дэриэбинэҕэ сүүрүү түмүктэммитэ (55 кил). Саамай уһун дистанцияны (82 кил) үһүс түһүмэххэ (ыам ыйын 6 күнүгэр) сүүрбүппүт. Ити күн Зайцево дэриэбинэттэн Старай Русса куоракка диэри сүүрүү тэриллибитэ. 1943 с. Старай Русса куораты ылыыга элбэх өлүүлээх-сүтүктээх кырыктаах кыргыһыылар буолбуттарын бары билэбит. Саха буойуннарын кэриэһигэр факеллаах сүүрүү ыам ыйын 7 күнүгэр Устрека дэриэбинэтигэр түмүктэммитэ. Манна Старай Русса үөрэнээччилэрэ, Санкт-Петербурга олорор, үөрэнэр биир дойдулаахтарбыт кыттыыны ылбыттара. Барыта түөрт күннээх 264 килэмиэтир сүүрүүгэ Дьокуускай биэнсийэҕэ пуондатын управлениетын үлэһитэ Анна Егорова, биэнсийэлээх, успуорт бэтэрээнэ Геннадий Пустоляков, Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин учуутала Ульяна Яковлева, Дьокуускай олохтооҕо, инженер Виктория Баишева уонна салайааччыбыт Дмитрий Горохов кыттыыны ыллылар.

         Сүүрэ сылдьан да көрдөххө Новгород уобалаһын сиригэр-уотугар Аҕа дойду улуу сэриитин суола-ииһэ олус элбэх. Үгүс ахсааннаах пааматынньыктары, обелистары, монуменнары көрөн ааһаҕын. Омоонноро ситэ оһо илик окуопалар да бааллар, бүлүмүөтүнэн ытыалыыр ДОТтар сэмнэхтэрэ да көстүтэлииллэр. Сэрии саҕана манна хас эмэ тыһыынчанан саллаат суорума суолламмыта. Үгүстэрин кыратык дьаама хаһа-хаһа көммүттэр. Онон туох да бэлиэтэ суох кыра томтордор элбэхтэр. Сыл аайы баҕалаахтартан, оскуола оҕолоруттан эспэдьииссийэлэр тэриллэннэр – саллааттар сэмнэхтэрин булаллар, ааттарын, хантан сэриигэ ыҥырыллыбыттарын чопчулуур үлэлэр ыытыллаллар. Новгород уобалаһын Парфинскай оройуонугар «Ясная Поляна» диэн ааттаах братскай кылабыыһаҕа 1990 сылтан саҕалаан 29 тыһыынча саллааттар уонна офицердар көмүллэ сыталлар. Барыта 43  көмүү церемониятын тэрийэн ыыппыттар. Биһиги сылдьар кэммитигэр эмиэ саҥа көмүүнү оҥорбуттарын көрөн олус долгуйбуппут, хараастыбыппыт, алаадьы уурбуппут.  Шимскайынан ааһар суолга ыраах башня көстөн турара. Бу манна немец снайпера биһиги сүүсчэкэ саллааттарбытын кыргыбыта. Ону таһынан биһиги пехотабыт кимэн киириитин өстөөх дзоттара миномет уотунан уһуурдаллара. Башня үрдүгэр сытар снайперы билэн баран биһиги танкиспыт 1 килэмиэтир ыраахтан таба ытан Советскай Союз Геройун аатын ылбыта.

         Бу тэрээһини Устрекаҕа түмүктүүргэ Кыайыы күнүн санатар улахан дириҥ ис хоһоонноох түмсүүгэ Наговскай сэлиэнньэтин баһылыга Виктор Бучацкай, Старорусскай муниципальнай оройуонун баһылыгын солбуйааччы Елена Комарова, эмиэ бу оройуоннааҕы Думатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Михайлов, Саха сирин государственнай сулууспатын бэтэрээнэ Владимир Попов, биир дойдулаахпыт Гаврил Афанасьевич Троев уо.д.а. тыл эппиттэрэ, анабыл эҕэрдэ тылын анаабыттара, байыаннай тиэмэҕэ ырыа, хоһоон дуорайбыта. Ол кэннэ биһиэхэ тыл биэрбиттэрэ. Аан бастаан салайааччыбыт Дмитрий Николаевич махтал тылларын эппитэ, онтон кыргыттар тыл этэн хоһоон аахпыттара. Бүтэһигэр мин аҕам Васильев Тит Степанович Ильмень күөл кырыктаах кыргыһыытыттан тыыннаах ордон Старай Руссаны босхолооһуҥҥа кыргыһан "Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт сэрии бэтэрээнин туһунан ахтыы оҥорбутум уонна геройдуу өлбүт биир дойдулаахтарбар анаан Сергей Васильев "Ильмень” балладатыттан быһа тардан аахпытым.

         Аан бастаан бу будулуйан көстөр киэҥ нэлэмэн Ильмень күөлү көрөн хараҕым көмүскэтиттэн  халыйан тахсыбыт хараҕым уутун кыатамматаҕым, этим тымныйан ылбыта. Харахпар саха эдэркээн буойуннара олохторун толук уурбут, Кыайыыны ыҥырар хаһыылара кулгаахпар иһиллэн ылбыттара уонна бу айылаах ынырыктаах сэрииттэн, Старай Руссаны тиһэҕэр дылы кыргыһан сэрииттэн тыыннаах эргиллибит аҕам мөссүөнэ көстөн ааспыта. Аҕам сэриилэспит сирдэринэн сылдьан бэйэм олус чугастык ылынным. Бу кэриэстэбил факеллаах сүүрүүнү үйэбэр хаһан да умнуллубат түгэни эдэр көлүөнэҕэ кэпсиир, тириэрдэр - мин ытык иэһим.

         Новгородскай уобалас дьоно-сэргэтэ олус ыалдьытымсахтарын, эйэҕэстэрин, үөрүнньэҥнэрин бэлиэтии уонна хайҕыы көрдүм.

         Бу кэриэстэбил факеллаах сүүрүүбүтүн өйөөбүт үтүө-мааны дьоннорбутугар махтанабыт. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэрээннэрин сэбиэтигэр, салайааччы Иванов Вильям Очировка уонна үбүлээн бырайыагы өйөөбүт Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтигэр, министр Волкова Елена Александровнаҕа.

                                                                    Суруйда Яковлева Ульяна Титовна, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриитин кыттыылааҕын бэтэрээн оҕото, « Албан Аат III истиэпэннээх”, "Великая Отечественная война I степени” уордьан кавалердара, "Хорсунун иһин” мэтээллээх, отделение командира, сержант званиелаах Васильев Тит Степанович кыра кыыһа.

     

    Просмотров: 215 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.5/2
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]