Воскресенье, 29.12.2024, 04:39
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 17 » Василий Данилович ФЕДОТОВ
01:58
Василий Данилович ФЕДОТОВ

Тыыл, педагогическай үлэ, советскай- партийнай,

спорт, сцена, ветерана, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо

Василий Данилович ФЕДОТОВ:

Мин 1933 с. билиҥҥи Маар Күөл нэһилиэгин Дабаан үрэх диэн сир Тыһакыыһыгар Көмүйэ диэн сиргэ ынах сааҕа сыбахтаах, буор муосталаах, бииргэ хотонноох туруорбах балаҕаҥҥа батараак олохтоох Федотовтар диэн ыалга төрөөбүтүм. Ийэм Марина Гаврильевна диэн. Төрөөбүт сирбэр 5-6 сааспар диэри олорон баран, Тыһакыыска көһөн кэлэн, Бөтүрүөп Дьэпсэйдээх диэн ыалы кытта чугас-чугас олорбуппут. Дьэпсэй оҕонньор Тыһакыыс күөлүгэр илимнээн биһиэхэ соботуттан мэлдьи бэрситэлиирэ күндү буолара. Мин ити күөлтэн 7-8 лиитэрэлээх туос ыаҕайаларга аһыыр, туттуллар ууну бэйэбэр уонна ыалларбар күн аайы үстэ-түөртэ кырынан таһарым. Ардыгар дулҕаттан иҥнэн уубун тоҕо түһэн кэбиһэн, иккистээн киирэн баһарым, ол икки ардыгар туос ыаҕаспын хампы түһэрэн дьоммуттан мөҕүллэрим.

Алталаахпар аҕам от охсорго үөрэппитэ, бэйэбэр сөптөөх күччүгүй хотууру оҥорон биэрбитэ. Биир сайын Маар диэн аҕам төрөөбүт сиригэр куйаас баҕайы күҥҥэ от охсуспутум. Аҕам кэнниттэн сылдьан охсорум уонна охсорум былаһын тухары кинини ситэ сатыыр мөккүөннээҕим. Киэһэ сылайан аһаабакка да ампаарбар тахсан утуйан хаалбытым. Ол түүн ыалдьан, үлүгүнэйэн, түүлүм да, илэм да биллибэт балаһыанньаҕа киирэн эрэйдэммитим. Быһыыта, күн уота охсубута быһыылааҕа. Төбөм ыарыыта, мэйиим эргийиитэ хас да сыл салҕаммыта.

Төрөппүттэрим кыамматтарыттан эбитэ дуу эбэтэр дьон тылын быһа гыммаккалар, аккаастыахтарын кэрэйэн дуу, ыалга оҕо гыннараары биэрэллэрэ. Биирдэ аҕам убайа Никифордаах көрдөөбүттэригэр оҕо буола барбытым. Кинилэр оҕолоро суоҕа, абаҕам аах сэниэтик олорор ыаллар этилэр. Кинилэргэ лэппиэскэни, эти тото-хана аһыыбын, ол өттүнэн үчүгэй. Арай саҥаһым Балбаара куһаҕан киҥнээх, мэлдьи туһата суохха мөҕөн-этэн тахсар. Ону мин сөбүлээбэппин. Биирдэ саҥаспын кытта этиспитим буолуо, абаҕам тутан ылан, атаҕар кыбытан олорон, көхсүбүн арыйан харыйа хатыытынан таһыйбытын умнубаппын. Сыл кэриҥэ абаҕам аахха олорбутум кэннэ, саҥаһым Балбаара мин ийэбин ыҥыран ылан, уолуҥ таҥаһын, этэрбэһин тоҕо оҥорбоккун, абырахтаабаккын диэн элбэхтик саҥарбыт, мөхпүт. Онтон мин ийэм өһүргэммит уонна: «Бэйэлээх бэйэм оҕобунан сэлээннээн хааллаххыный!» диэбит да миигин сиэтэн лэглэритэн дьиэтигэр илдьэ барбыта. Онон абаҕабар оҕо буоларым уурайбыта. Итинтэн салгыы Арыылаах Маарга сэниэтик олорор Чаабыккалаах диэн ыалга миигин көрдөөбүттэригэр илдьэн биэрбиттэрэ. Бу ыал биэс ыанар ынахтаахтара, сылгылардаах этилэр. Сүөһүтүн Чаабыкка быраата Бүөккэ көрөр-истэр, оттон Чаабыкка, төһө да тыла, кулгааҕа суох буоллар, илиитинэн уос миимикэтинэн кэпсэтиһэн ылсыыга, бэрсиигэ сылдьар. Мин ити ыалга баран күн аайы ас бөҕөнү аһыыбын. Арыылаах алаадьынан, сыалаах эти тэриэккэ муҥунан олордон биэрэллэр, ону мин төһөнү биэрбиттэрин кураанахтаан иһэбин. Ити ыалга төһө да тото-хана аһаатарбын, тэһийбэт курдукпун. Ханна да сылдьыбаппын, дьиэҕэ сайын аһаҕас ааны манаан, ороҥҥо олорон тахсабын. Ону көрө сатаан баран буолуо, Чабыыкка аҕабар баран : «Уолгут биһиэхэ сатаан оҕо буолуо суох, баран ылыыһыккын,» диэбитигэр, аҕам ыҥыыр атыгар мэҥэстэн дьиэтигэр аҕалар. Онно олус үөрбүтүм, бэйэм дьиэм, дьонум, бырааттарым, балтым барахсаттары кытта олорорум, оонньуурум, сылбырхай ууну да иһэн олорбут ордук курдук буолара.

Биһиэхэ чугас ыалларбыт Дьэпсиэйдээх, абаҕам аах Микииппэрдээх, Семенов Архиптаах, Доруойдар ас-таҥас биэрэн көмөлөһөллөрүн умнубаппын. Ийэм ыалларга иистэнэн эмиэ ас-таҥас аҕалар буолара. Ону таһынан аҕабыт Данил күһүн тииҥнээн, куобахтаан, ардыгар тайах өлөрөн тото-хана аһыырбыт. Саас куйуурдаан мундуну, кыра собону балачча ылан сиирбит. Сэрии сылларыгар куобах барахсан, мунду хоргуйууттан элбэх дьону быыһаабыт буолуохтаах. Кыһын мин эмиэ куобахха туһахтаһарым, айа иитэрим, хапкааннаһарым. Биирдэ дьиэбэр төннөөрү ат сылдьар суолугар арай лэппиэскэ улахан чиэппэрэ сытар. Аһара үөрдүм, ыламмын кыбынан кэбистим, дьоммун үөрдэр санаалаахпын. Лэппиэскэбин кыбынан истэхпинэ сыта минньигэһэ муннубун кычыкылатар. Ытыран ылыах санаам үөскүүр, онтон тулуйбатым, аччык эрэйдээх оҕо тоҥ лэппиэскэҕэ тииспинэн түһүстүм. Оо, ол лэппиэскэ минньигэһин эриэхсит. Дьиэбэр син ордорон тиийэммин дьоммун үөртүм.

Аҕа дойду сэриитин ыар сылларыгар тыаҕа олорор ыаллары бөһүөлэккэ киллэрэн олохтуур хампаанньа барбыта. Тыһакыыска олорор ыаллары Маар Күөлгэ көһөртөөбүттэрэ. Онно хабыллан элбэх оҕолоох, булдунан эрэ иитиллэн олорор Павлов Прокопийдаах киирбиттэрэ. Кинилэр оҕолорун кытта мин дьиэ тастыы олорон оонньуурбут. Дойдуга киирэн үс оҕото, ийэлэрэ хоргуйан өлөөхтөөбүттэрэ, оҕонньор улахан кыыһын кытта нэһиилэ тыыннаах халбыттар. Биирдэ мин үрэхтэн Маар Күөлгэ киирэн абаҕам аахха олордохпуна ааны аһан киһи дьардьамата киирэн кэллэ. Мин аһара куттанным. Өйдөөн көрбүтүм били үрэххэ ыаллыы олорбут Борокуоппайдаах кыыстара Өлөксөөн эбит. Киирэн ас оҕото көрдөөбүтэ буолуо. Хата кэлин Өлөскөөн ити үлүгэрдээх уҥуох, тирии буолан сылдьан баран, киһи буолан улаатан ыанньыксыт бэрдэ буолбута, биир кыыс оҕону төрөтөн ыччата элбээтэ буолуохтаах. Кэлин Сунтаарга киирэн олорор эрдэҕинэ көрсөн кэпсэппиттээхпин.

Бу бириэмэҕэ биһиги аҕабытын Данилы көһөн киирэ оҕус диэн хаста да ыксаппыттара. Буруйдаары гыммыттарыгар дьааһык киллэрэн көрдөрбүтэ уонна «Бу таһаҕаспын киллэрдим, көһөн киирэн эрэбин» диэбитэ. Биһигини көһөртөөбөтөҕө. Аҕам барахсан сүрдээҕин толкуйдаан көспөккө дьирээлэһэн биһиги тыыннаах хаалбыппыт. Дойдуга көһөн киирбиппит буоллар хоргуйан өлөрдөөх этибит. Тыаҕа олорон бултаан аһыырбыт уонна от оттоон, ыаллартан ынах ылан иитэн үүттэнэрбит. Бэйэбит ынахпыт суоҕа, биир үмүгүр муостаах хара өҥнөөх ынахпыт ордо сылдьарын, байыаннай нолуогу төлөөбөтүгүт диэн хотонтон сиэтэн ытаппытынан-соҥоппутунан илдьэ барбыттара билигин да харахпар көстөр.

1942 сылтан, 9 саастаахпыттан колхоз үлэһитин быһыытынан киирэн, сыл устата 60 үлэ күнүн өлөрбүтүм туһунан хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ киллэриллибит эбит. Сааһым төһө да кыратын иһин колхоз уопсай мунньаҕар сырытынналлара. Аны санаатахха мунньахтара да уһуннара бэрт этэ, отчуоттуур мунньахтар сарсыардааҥҥа диэри буолаллара. Биһиги кыра дьон истэ сатаан баран олорон эрэ утуйан хааларбыт. Куоластааҥ диэтэхтэринэ уубутугар аҥаарыйа олорон туох туһугар илиибитин ууммуппутун өйдөөбөккө хааларбыт.

Мин кыра сааспыттан сайын от кээһиитигэр оҕус сиэтэрим, кыһын молотилкаҕа ат үүрэрим. Маар Күөл сыһыытыгар 16 миэтэрэ уһуннаах, 6 миэтэрэ туоралаах оту үс оҕуһунан кээһэр этибит. Онно сыһыы уҥуор дьиэбит көстөн турар эрээри, оппут үрдүгэр тахсан утуйа-утуйа эрдэ туран үлэлирбит. Маннык улахан оту кыһын от быһар тимиринэн быһан оҕуһунан, атынан тиэйэн сүөһүгэ сиэтэллэр. Кыдамаһаппыт Тихонов Дьараппый этэ (таҥара Дьарааһын). Бугулу үс оҕус сыарҕатыгар Семенов Архип тиэйэр, ону таһынан от тэпсээччи дьахтар уонна бугул түгэҕэ харбааччы бааллар. Мин тиэллибит оту кэлгийдим да күрүөҕэ таһааран тоҕо анньан кэбиһэбин.

Аҕа дойду сэриитэ бара турар кэмигэр миигиттэн үс сыл аҕа Соня диэн кыыс кыһын молотилкаҕа от уура сылдьан тымныйан ый кэриҥэ ыалдьан ытаан-соҥоон, айа-абытай бөҕөтүн этэн баран өлөөхтөөбүтэ. Биһиги түүнү быһа ийэбиниин, аҕабыныын ытаан түүнү атаарар этибит. Ити биир сыл иннигэр миигиттэн 1,5 сыл балыс Холҕоруус (таптал аата) диэн уол эмиэ сыыстаран сөтөл буолан өлбүтэ. Оччолорго үрэх баһыгар хантан кэлэн биэлсэр, быраас баар буолуоҕай. Эдьиийим ыалдьа сыттаҕына уонча көстөөх сиртэн атынан биэлсэр таһаарбыттара да туһалаабатаҕа, хойутаабыт быһыылааҕа. Эдьиийим өлбүтүн сайыныгар аны мин тэллэх-суорҕан киһитэ буолан хааллым, 40-ча хонук ыарыйдым. Хата, тиллэн үтүөрэн кэлбитим. Аны санаатахха, ыар-ынчык сыллар ааспыттара. Ийэбит сэттэтэ оҕоломмутуттан ыарахан, кыаммат- түгэммэт олохтон үһүөйэх эрэ буолан хаалбыппыт - мин, Коля, Таня, оттон Ольга, Яша сэрии кэнниттэн төрөөбүттэрэ.

Эдьиийим суох буолбутун кэнниттэн дьиэҕэ улахан оҕолоро мин хаалбытым. Онон улахан дьону кытта сылдьыһан араас үлэни барытын үлэлэһэрим. Саас бурдук ыһыытыгар атынан бороонньолуурум, булуугунан буор хорутарым. Дьоммун кытта кыһын холкуос сүөһүтүн көрсөрүм, сылгы аһатыһарым, 13 саастаахпар от охсуутугар 10 күн куонкуруска кыттан, күҥҥэ 60 суотайы охсон 1 кг. арыынан бириэмийэлэнэн турардаахпын. Төрөөн баран аан маҥнайгы ситиһиим уонна бириэмийэм этэ. Үрэххэ сайыны супту, хаар түһүөр диэри оттуурбут. Оччолорго эрэһиинэ атах таҥаһа диэн суоҕа, хадьымалтан атахпытын харыстаан, ынах тыһынан эбэтэр тириитинэн мамыһыыкы диэни ситиинэн үүйэн, кэлгийэн кэтэрбит. Күһүн уу тымныйдаҕына атахпыт силиитэ дьаралыйан тоҥорун тулуйа сатыы-сатыы оттуурбут.

  • сыл миигин кадровай булчутунан анаабыттара. Бастакы сылбар үс буолан атынан тыалаабыппыт. Биир ый устатыгар тимир оһохтоох балааккаҕа хоно сытан бултаабыппыт. Ыҥыыр акка тоҥон-хатан көрүллэрэ. Сирэйиҥ, сэҥийэҥ үлүйэн суккуруйан сүмэһиннээх хаан тахсан хааннаах чопчу (таммах) үөскүүрэ. Биир эмэ тииҥи өлөрдөххүнэ ол үөрүүтүттэн тугу баҕарар умнан кэбиһиллэрэ. с сылбар Никифоров Прокопий баһылыктаах табанан Мэйигинэн, Сүлдьүкээринэн, Туой Хайа чугаһынан Моркуока, Ыгыатта үрэхтэр бастарынан Өлөксөөн тоҥус сирдьиттээх 1,5 ыйтан ордук кэмҥэ сылдьан тыалаабыппыт. Балааккаҕа хоно-хоно бултаах сири көрдөөн, тохтоон бултуу түһэ-түһэ бар да бар буоларбыт. Үрэхтэр уолбут сүнньүлэринэн айанныырбыт, сыарҕаларбыт тааска кыбыллан, элэйэн сир хаба ортотугар алдьаналлара. Сыарҕа сыҥааҕын курдук токур мас көстүбэккэ эрэйдиирэ. Биир күн балааккабытын туруорунан олордохпутуна Моркуока бастарыгар олохтоох булчут тоҥус биэс улары өлөрөн кэлбитэ, иккитин биһиэхэ бэристэ. Ону буһаран сиэтибит, эмистэрэ сүрдээх. Тоҥуспут миигин илдьэ сылдьар Борокуоппайдыын булт-алт туһунан элбэхтик кэпсэтэллэр. Ол олорон тоҥуспут Борокуоппайтан: «Миэхэ ити уолгун аҕал эрэ» диэтэ, ону өс киирбэх миигин тоҥуска биэрээри: «Баһылай, эн бу киһиэхэ оҕо буола хаалаҕын дуо? Элбэхтик бултуоххут буоллаҕа» диэтэ. Мин кыккыраччы аккаастаатым. Саарбахтаабытым буоллар Борокуоппай миигин тоҥуска биэрэн төннөрдөөҕө хаалбыта. Ыал оҕотун эппиэттээн илдьэ сылдьар, ол гынан баран ханнык эрэ тоҥуска биэрээри тииһэр. Дьикти толкуй буолбат дуо? Онон мин Моркуока баһын тоҥуһа буолан сылдьыахтааҕым хаалбыта.

Эһиилин кыһыныгар 1947 с. колхоз председателэ Павлов Федор Алексеевич дьаһалынан армияттан саҥа босхолонон кэлбит Тихонов Петр Герасимович баһылыктаах биэс киһи Сунтаартан Мухтуйаҕа табанан мас уһааттаах буһуу арыыны киллэрэр буолбуппут. Онно биирдии бэйэбит иккилии-үстүү көтөл сыарҕалаах табалаахпыт, биир сыарҕаҕа 100 киилэ ырааһыннаах иккилии буочука арыыны тиэйбиппит. Сунтаарга таһаҕаскытын тиэнэн Хаданынан 1941 с. Аҕа дойду сэриитигэр 700-чэ Сунтаар улууһун дьонноро барбыт сирдэринэн айаннаан, Мухтуйаҕа тиийбиппит. Кытаанах айан этэ. Суол аҥардас түһүүтэ-тахсыыта олус эрэйдээҕэ. Сыыр түһүүтүгэр халысхаҥҥа сыарҕа табалары түҥнэри көтөн үрдүнэн барыталыыра. Табалар эрэйдээхтэр чуут өлө сыһан тура эккирээт сыарҕаларын соспутунан бараахтыыллара. Ардыгар үрэхтэргэ тарыҥ уута киирэн сиҥэлээх ууну кэстэрэн тахсарбытыгар сыарҕабыт тоҥон, ону ырастыыр түбүк буолааччы. Сороҕор тарыҥ уута өстүөкүлэ курдук тоҥон хаалан, ону туорааһыҥҥа халтараан буолара, табалыын бэйэлиин тиэрэ таһылла түһэрбит. Хас күн аайы таба аһылыктаах сири булан балааккабытын тардынан хонобут. Таба аһылыга суох сиригэр хоннохпутуна, табаларбыт мээнэ бараллар. Олорбутун көрдөөн, сырсыытыгар өрөөн хаалар түбэлтэлэр баллара. Мухтуйаҕа хас хонон тиийбиппитин өйдөөбөппүн. Син этэҥҥэ айаннаан уһааттаах арыыларбытын туттарбыппыт.

Онтон салгыы табаларбытынан Пеледуйга саахар илдьибиппит. Салгыы олохтоох киһини сирдьит оҥостон ый аҥаара сааскы тыаҕа тииҥнээбиппит, 40-ча тииҥи өлөрөн Мухтуйаҕа сыаната үрдүгүн иһин, туттаран төннөр ыһык ылыммыппыт. Ити курдук сырыы бөҕөтүн сылдьан олунньу ый саҕана Сунтаартан араҕан баран, дойдубутугар Маай бырааһынньыгын диэки быстара сыһан эргиллибиппит. Мин көлүнэн иһэр тыһы табам Хадаҥҥа кэлэн охтон түстэ да өлөн хаалбыта.

Мухтуйаҕа айан миэхэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Бу сырыыга 13-14 саастаах уол оҕо уйана-хатана биллибитэ. Биһиги - уолаттар араа-бараа саастаах буоламмыт, оҕо-оҕо курдук иллэҥсийэ, тохтуу түстүбүт да тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн, хаарга атах оонньоон, кылыйан, буурдаан, куобахтаан барарбыт. Олус тапсарбыт. Мин саамай кыралара быһыылааҕым, ол гынан баран туохха барытыгар сыстаҕас, кыайыгас буоламмын уолаттарбар сөбүлэтэрим. Мухтуйаҕа бииргэ сылдьыбыт табаарыстарбын - салайааччыбытын Тихонов Петр Герасимовиһы, Чолоев Спиридоны (Ис харах Спиридон), Яковлев Василийы (Төгүрүктэтэр Баһылай), Васильев Афоняны хаһан да умнубаппын.

Мухтуйа айанын кэнниттэн миигин ити сайын кадровай сылгыһыт буолаҕын диэн үөрэнээччинэн Саадах Ньукулайга сыһыарбыттара. Онно эмиэ араас баара. Сылгыһыт буолан баран бас билэр миинэр аттаах буолуохтааххын диэн үстээх кыһыл тураҕас соноҕоһу биэрдилэр. Айааһаан ат гын диэтилэр. Күн аайы миинэн сыһытабын, ардыгар мөхсөн дэлби быраҕар, ол эрээри ат атынан буолбута.

Биир сайын ыһыахха сүүрүк аттары бэлэмнээри Боруоҥка диэн аты сүүрдэрбиттэрэ. Ол ат сүүрдэҕинэ сиһин этэ күүрэн сул дүлүҥү кыбыйбыт курдук кыбыс кытаанах буолар эбит (оччолорго сүүрүк аттары ыҥыыра суох сүүрдэллэр). Онтон Бүөккэ диэн аты сүүрдэрээри миинэрдилэр. Атым ыстаартыыр сиргэ илдьэн истэхтэринэ аты тутан иһэр киһибин мөхсөн онно- манна тэлэкэчиттэ, босхо барыах курдук буолла, мин олус куттанным, кутталбыттан сиргэ дэлби кэлэн түстүм. Ат тэлэкэчитэ сылдьан көхсүбүн үктээбитэ, туйаҕын суола хаалбытын имэрийэн-томоруйан аһардылар. Этим күүрэ сылдьар буолан улаханнык хотуппатах быһылааҕа.

Кыһын сылгыһыт аатын ыламмын, сылгыһыттары кытта үрэххэ киириигэ-тахсыыга 40-50 кыраадыстаах тымныыга илии-атах, сирэй-харах үлүйэн, дьүһүн-бодо буолаахтыырым. Таҥас-сап мөлтөҕө, ыҥыыр акка хороччу бөҕүөрэн аттан түһэргэ кууллаах бурдук курдук төкүнүс гынан хааларым. Дьиэҕэ киирэн көмүлүөк оһох суоһугар тобуктарбын сылыттахпына, тобугум тыытан тулуппат этэ, ону тулуйа сатаан сордонорум. Эмиэ араас түгэн элбэх буолара. Биир түгэни умнубаппын. Саас халлаан сылыйбытын кэннэ аппын көлүйэ таҕыстым. Атым үүнүн кэтэрдээри туран толкуйга түстүм. Бу ичигэскэ үүн тимирэ ат айаҕар сыстыбат ини дии санаатым уонна сэрэххэ боруобалаан тылбын даҕайан көрөөрү тылбын үүн тимиригэр даҕайдым. Онтум доҕоор, үүнүм тимирэ тылбын хам ылан кэбистэ. Ыксаатым, хоҥу тардан ылыахпын ыарыыта бэрт. Өй ылан үүммүн тылбар сыһыарбытынан, буоһуубун соспутунан ферма дьиэтигэр киирдим. Дьиэтээҕилэр бары күлүстүлэр, бэркиһээтилэр даҕаны. Түргэн үлүгэрдик чаанньыктаах сылаас ууттан сүүрдэн тылбын хоҥуннардылар.

1949 с. сылгыһыппыттан уурайан, үөрэхтэнэн үлэһит киһи буолар баҕа санаанан салайтаран 16 сааспар оскуола боруогун атыллаабытым. 7 кылааһы бүтэрэн армияҕа икки сыл сулууспалаабытым, биир сыл рабочайдаабытым. Онтон Дьокуускайдааҕы педучилище физкультурнай отделениетын түөрт сыл үөрэнэн бүтэрбитим уонна кэлин кэтэхтэн үөрэнэн СГУ-га саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбытым. Бордоҥ оскуолатыгар 17 сыл, сельсэбиэккэ 10 сыл, “Бордоҥ” совхозка уонна нэһилиэк администрациятыгар 8 сыл үлэлээн, үлэбин 65 сааспар түмүктээбитим. Билигин пенсияҕа олорон хаһаайыстыбанан дьарыктанабын.

Мин үлэлиирим устатыгар босхо үөрэммит иэспин чиэһинэйдик толорорго сыал-сорук туруорунан үлэлээбитим. Ол курдук учуутал, салайааччы кимиэхэ баҕарар холобур буолуохтаах, үлэҕэ-хамнаска эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах, чиэһинэй, эрэннэрбитин толорор, кимиэхэ баҕарар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах диэн өйүнэн- санаанан үлэлээн, олорон, билигин 82 сааспар үктэнэн олоробун.

Кэлэр көлүөнэ ыччат аҕа көлүөнэ ааспыт олоҕун кытта саҥа сайдыылаах олоҕу тэҥнээн көрөн олох олоруохтаахтар дии саныыбын. Саамай сүрүнэ - төрөөбүт дойдуга таптал, обществоҕа сулууспа уонна кырдьаҕастарга ытыктабыл баар буолуохтаах.

 

Просмотров: 231 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]