01:56 Виктор Никифорович ФИЛИППОВ |
Үлэ ветерана Виктор Никифорович ФИЛИППОВ туһунан Петров Владимир Николаевич-Бордоҥ Болуодьата: Греко-римскэй (классическай) тустууга ССРС спордун маастарын үрүҥ көмүс колодкатын 1969 с. түөһүгэр анньыммыт киһинэн билигин Дьокуускай куоракка олорор, үлэлиир биир дойдулааҕым Виктор Никифорович Филиппов буолар. Бииктэр уол олох кыра сааһыттан бэйэтин лаппа кыанар, кытыгырас, сытыы-хотуу, буулдьа курдук түргэн этэ диэн үөлээннээхтэрэ ахталлар. Тойбохой интернат-оскуолатыгар физкультура учуутала Василий Степанович Павлов көҥүл тустуу секциятын салайан ыыппыта. Онно сылдьан эрчиллэн, оройуоҥҥа, Бүлүү зонатыгар бастыыр, миэстэлэһэр бөҕөс буолбута. Сүүрүүгэ, кылгас дистанцияларга 60м, 100м Буулдьа Бииктэр буулдьалыы түргэнник элэс гынан сүүрэн, оройуоҥҥа кими да тулуппат этэ. Төһө да уҥуоҕунан кыратын иһин, баскетболга республикаҕа тиийэ оонньоон турардаах. Штанганы эмиэ күүскэ анньарын табаарыстара көрөн сөҕөллөрө. Тойбохой интернат-оскуолатын 1966 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Омскайга физкультурнай институкка үөрэнэ киирэр. Манна көҥүл тустуу суох буолан, баҕарбатар да, классическай тустуунан дьарыктанар, вольник буолан эрэй бөҕөтүн көрөр. Эрчиллэ сылдьан, кинини кэнниттэн кууһан ыллахтарына, атаҕынан олуйсан, тилэхтэриттэн тиэритэ тардыталаан, үрдүлэригэр олоро түһэн, дьоннорун быардарын, түөстэрин доргуталаан, тустууттан үүрүллэ сылдьыбыт. Онтон дьэ сыыйа үөрэнэн, кыахтаах классик-тустуук буолан үүнэн, сириэдийэн тахсар. Ол саҕана Омскайга классическай тустуу олус сайдыбыт кэмэ этэ. Бастаан РСФСР үтүөлээх тренерэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара А.С.Кудиновка, онтон кэлин ССРС үтүөлээх тренерэ, ССРС сборнай хамаандатын старшай тренеринэн үлэлээбит, аатырбыт В.В. Громыкоҕа эрчиллэр. Олимпийскай чемпион Алексей Шумаковтыын, Аан дойду призера Виктор Кустовтыын 52 киилэ ыйааһыҥҥа бииргэ эриһэн тусталлар, эрчиллэллэр, көбүөргэ элбэх көмүс көлөһүннэрин тоҕоллор. Ити кэмҥэ Аан дойду биэс төгүллээх чемпиона Виктор Игуменов, Европа чемпиона Анатолий Кочнев Омскайга дьарыктанар кэмнэрэ этэ. Биирдэ институт хамаандатыгар киһи суох буолан, куорат чемпионатыгар саамай чэпчэки ыйааһыҥҥа кыттан, жимҥа 65, рывокка 65, толчокка 87,5 киилэни өрө аспытын көрөннөр, штанга тренердарэ "Биһиэхэ кэл, биир сылынан маастар оҥоруохпут” диэн ыҥыра сатаабыттар. 1968 с. Виктор Филиппов 52киилэҕэ Россия "Буревестник” обществотын, Сибиир уонна Дальнай Восток чемпионнара, Россия ВСЦПС күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа буолар, маастар нуорматын толорор. Бүтүн Союзтааҕы турнирдарга бастыыр, миэстэлэһэр. 1970 с. Союз зонатын Барнаулга кыайан баран, Советскай Союз чемпионатыгар Омскайга кыттар. Дьэ, ити курдук Сунтаар улууһун ыччата Союз ааттаахтарын кытары классическай тустууга тутуһан-хабыһан, үөһэнэн күдээритиһэн бырахсыылаах хабыраан хапсыһыыларга илин-кэлин түсүһэн, саха аатын түһэн биэрбэтэҕэ диэн убайбынан киэн туттабын. Үөрэҕин 1970 с. кыһыл дипломунан бүтэрэн, институкка аҕыс сыл тустуу, ыарахан атлетика кафедратыгар преподавателинэн үлэлиир. 1974 с. тустуутун тохтотор. Омскайтан кэлбитин кэннэ, кинини классическай тустууга Саха сирин старшай тренерынан үлэҕэ ыла сатаабыттарын, үөрэх министерствота көҥүллээбэтэх. Итинтэн ыла Виктор Никифорович спорт эйгэтиттэн тэйэргэ күһэллибитэ. Амма оройуонугар оскуола завуһунан, дириэктэринэн 1978-1990 сс. үлэлээбитэ, 1990-1992 сс. Амма оройуонун үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн ананар. 1992-1999 сс. ыраах хоту Анаабыр оройуонугар эмиэ үөрэх салаатын начальнигынан үлэлэтэ ыыталлар. 1999 с. республиканскатааҕы диагностикалыыр-ребилитациялыыр методическай киин дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Виктор Никифорович спордунан күүскэ дьарыктаммыт буолан сүрдээх бэрээдэктээх, туруоруммут сыалын ситиһэн тэйэр хорсун санаалаах, үлэҕэ дьулуурдаах киһинэн биллэр. Кини "Олохпор үлэни бастакы миэстэҕэ тутан кэлбит киһибин” диэн кэпсээччи. Киниэхэ СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна бочуоттаах ааттары иҥэрбиттэрэ. Виктор Амма Болугуруттан төрүттээх сардаана сибэкки курдук тэтэркэй имнээх, кыраһыабай кыыһы – Маша Дьячковскаяны көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, 1975 с. ыал буолбуттара. Түөрт оҕону – биир кыыһы, үс уолу төрөппүттэрэ, билигин түөрт сиэннээхтэр. ("Сунтаар сонуннара” хаһыат 2009 с. атырдьах ыйын 25 күнүгэр бэчээттэммит ыстатыйа).
|
|