Воскресенье, 29.12.2024, 04:43
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 19 » Владимир Степанович Николаев
09:29
Владимир Степанович Николаев

Үлэ бэтэрээнэ Владимир Степанович Николаев

1937 с. от ыйын 17 күнүгэр Бордоҥ нэһилиэгэр Агафья Егоровна уонна Степан Егорович Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы уол оҕонон төрөөбүтэ. Николаевтар Улгумда күөл таһыгар, оччолорго ”Сүрэх” диэн ааттанар сиргэ олорбуттара, кинилэр Улгумдаҕа тэриллибит «Карл Маркс» холкуос чилиэннэрэ этилэр, икки уол оҕолоохторо. Кыра уол Коля, Николай Степанович, убайыттан Володяттан аҕыйах сыл балыс этэ. Сэрии сылларыгар Степан Егорович Кэмпэндээйигэ туус собуотугар үлэҕэ ыытыллыбыта биллэр.Кэргэнэ Агафья улахан уолунуун Володялыын эмиэ Кэмпэндээйигэ олорбуттара. Сэрии ыар сылларыгар, бу уустук балаһыанньаҕа икки оҕону кыайан иитэр кыахпыт суох диэн, кыра уолу Коляны Тойбохой нэһилиэгэр олорор аймахтарыгар Бабыкановтарга кылгас кэмҥэ иитиигэ биэрбиттэрэ. Агафья улахан уола Володяны кытта сэрии бүтүөр диэри Кэмпэндээйигэ олорбуттара. Кэмпэндээйи сэрии сылларынааҕы ыар олоҕун эттэринэн-хааннарынан, сүрэхтэринэн билбиттэрэ буолуохтаах. Ол да иһин буолуо, доруобуйата олус туйгун буолбатах этэ, тыҥатын эмтэнэрэ. Володя кыра сааһыттан уус тыллааҕын, ону маны этэн-тыынан, күлэн-оонньоон саастыылаахтарын аралдьытарын, куруук көрүдьүөс кэпсээннээҕин үөлээннээхтэрэ истиҥник ахталлар. Кыра сааһыттан тыа сиригэр үлэҕэ убаммыт буолан, оттуурун олус сөбүлүүрэ, оту олус үчүгэйдик уонна кыахтаахтык охсоро. Быраата Виталий ахтарынан, биир күн охсубут ото 3 тонна буолбута үһү. Сэрии кэнниттэн Улгумда күөл соҕуруу эҥээригэр олохсуйан, улахан дьиэ туттан, ньир-бааччы хаһаайыстыба тэринэн, сүөһүлэнэн, итии чэйдээх, минньигэс алаадьылаах, көөнньүбүт кымыстаах, кэлэр-барар дьон туораан ааһан ыалдьыттыыр, хас биирдии ыалдьыты маанылаан көрсөр ыалдьытымсах ыал буолан ньир-бааччы олорбуттара. Володя Улгумда оҕолорун кытта сатыы хааман Марба оскуолатыгар үөрэммитэ, оҕолорун үөрэхтээх гынар баҕаттан салгыы дьонноро Сунтаар орто оскуолатыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. 1958 с. Ким Римма Александровналыын ыал буолаллар, Владимир Степанович Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрэр. Эдэр ыал 1962 сылтан Сунтаарга көһөн киирэн олохсуйбуттара. Ол кэмтэн уус-уран ааҕыы маастара, талааннаах артыыс, конферансье, Сунтаардааҕы народнай театр режиссера, «Оһуокай» культура дьиэтин директора, уус-уран самодеятельность салайааччыта буолан, Сунтаар оройуонун культурата сайдыытыгар бэйэтин умнуллубат ураты суолун-ииһин хаалларбыта. Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина. Быраата Николай Степанович, совхознай үлэ бэтэрээнэ, идэтинэн электрик, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа, ылбаҕай ырыаһыт, уус тыллаах тамада, билигин Тулагы-Киллэмҥэ олорор.

Просмотров: 172 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]