Суббота, 28.12.2024, 14:43
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Категории раздела
ЕГЭ [49]
Учеба [31]
Спорт [58]
Родители [17]
Дети [13]
Документы [43]
Анонсы [20]
объявления
НИТ [37]
Новые информационные технологии
НПК [9]
семинары, конференции
Новости наслега [24]
Что нового в поселке
Разное [11]
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 15
Гостей: 15
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Октябрь 2018  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
    1234567
    891011121314
    15161718192021
    22232425262728
    293031
    Главная » 2018 » Октябрь » 15 » Агрофестиваль-2018
    04:42
    Агрофестиваль-2018

    Бүгүн, о.э алтынньы 12 күнүгэр, икки сылга биирдэ ыытыллар "Агрофестиваль-2018" Күндэйэ нэһилиэгэр үрдүк таһымҥа буолан ааста. Сунтаар улууһун агро хайысхалаах 5 оскуолалара илин-кэлин түһүстүлэр. Сарсыарда 8 ч айаннаан, кыл-мүччү бириэмэбитигэр тиийэн кэллибит. Фестивалбыт парадынан саҕаланна. Бу фестивалга " Боотурдар түһүлгэлэрэ" диэн 1-11 кыл. дылы уол оҕолор күрэхтэһиилэрэ олус интэриэһинэйдик ааста. Дьэ манна көрүөххэ сөп, уолаттарбыт инники кэскиллэрбит буолалларын, быыппастар былчыҥнары, кыайыыга дьулуһууну, күүстээх санааны. Кып-кыра, моҕотой курдук уолаттар хапсаҕайдаһан бырахсалларын, ким кыайан үөрэрин, ким хотторон ытыырын.

    Бастакы түһүмэх-хамаанданы билиһиннэрии. Манна Бордоҥ Боотурдарын хамаандата 1 миэстэни ылла. Григорий Алексеев дорҕоонноох куолаһынан Бордоҥ Боотурдарын билиһиннэрэн, уолаттарбыт эт-хаан өттүнэн эрчиллиилээхтэрин көрдөрөн эрэллээхтик бу түһүмэххэ кыайдылар. Иккис түһүмэх - хабыр хапсыһыылаах хапсаҕай. Дьэ, манна Бордоҥ уолаттара тустуунан дьарыктаналларын көрдөрөн, 6-5 ахсааҥҥа кыайыыны Күндэйэ хамаандатыттан кыл-мүччү былдьаан 1 миэстэ буолары ситистибит. Куолас баар, хабыр хапсыһыы да баар эбит диэн үөрдүбүт. Бу күрэххэ барытыгар сирэй сирэйгэ киирсии буолла. 1 кыл. уола 1 кыл уолун кытта, онтон салгыы үөһэ тахсан иһэр. Оо дьэ бу хапсыһыылары илэ хараххытынан көрбүккүт буоллар (Оҕолорбор ыалдьан күөмэйим бүттэ, ол быыһыгар секундааннаан да ылабын) Үһүс түһүмэх - ырааҕы ыстааныы. Манна 18 м тахсаны ойон иккис миэстэҕэ Күндэйэ хамаандатыттан тэбиллэн хааллыбыт. Ыстанардаах уолаттар эбит Күндэйэлэр, куобах ыстанара диэн сымыйа. Төрдүс түһүмэх - мас тардыһыы. Бу күрэххэ дьэ, ааттаах-суоллаах мас тардыһыык Куокунулары, Арыылаахтары баһыйан, Сунтаар 2 нүөмэрдээх оскуолатын ааһан, эмиэ 5-6 ахсааҥҥа Күндэйэлэргэ хотторон кэбиһэн иккис миэстэ буоллулар. Ээх, кыра уолаттарбыт эрийсэ түспүттэрэ буоллар...Чэ бээ ити хааллын 2 м. баар этэ. Дьэ онтон туран, таһырдьа ойон тахсан сүүрүүгэ эстафета саҕаланар. Манна эрэллээхтик эмиэ Күндэйлэр бастыыллар. Сорох уолаттар буут быстарынан сүүрэн иһэн умса хоруйа түһэллэр, ээ биһиги уолаттарбыт да улаханнык хаалсыбакка эмиэ иккис миэстэ буолары ситистилэр. Күндэйэ уолаттара отой буулдьалыы сүүрэллэр. Сорох хамаанда уолаттарын иккиһин ситэн ааһаллар.

    Аны агрооскуола буолан баран сатабыллаах оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаарыахтаахпыт буоллаҕа. 5 түһүмэхпит "Сатабыл" манна бастакы уол бэрэбинэ суорар ып- ыраас гына, иккис уол дружбанан эрбиир, 3 уол ол эрбэммит чууккалары хайытар, 4 уол прицептаах Синтай тракторы ыытан кэлэн маһын тиэйэр уонна моһоллору ааһан, кэннинэн кэлэн боксаҕа киирэр диэн.(2 м. Күндэйэ 1 м.) Ону таһынан сыал ытыыта 5,6,7 кыл. уолаттарыгар, кыра уолаттарга туһах иитиитэ. Кыра уолаттар 3 м буоллулар. Бу көрүҥҥэ биһиги 2 миэстэ буоллубут. Онтон бары кулуупка сүүрдүбүт "Ыллыыр,үҥкүүлүүр агро оскуола" күрэххэ кытта. Манна фольклор, 2 үҥкүү, соло, ансаамбылынан ырыа көрүҥнэрэ киирдилэр. Фольклорга Кристина П, Джулия П 1 м., үҥкүүгэ "Тэтим" ансаамбыл 2 м, солоҕа Аня Павлова 2 м. Уопсай зачекка 2 м. буоллубут.
    "Дойдум кэрэтэ мин харахпынан" уруһуй, оҥоһук, хаартыска күрэҕэр Григорий Алексеев 1м. хаартыска, талаҕынан оҥоһук Алена Данилова 2 м., уруһуйга Анжела Михайлова 3 м Итини барытын холбоон уопсайга 2 м буоллубут.
    Оҕолору иилээн-саҕалаан бэлэмнээбит учууталларга, оҕолорун өйөөбүт төрөппүттэргэ, массыынанан хааччыйбыт Д.С. Андреевка, оскуолабыт суоппарыгар И.А.Сидоровка махтал мааныта буоллун. Күндэйэҕэ Бордоҥнор элбэхтэр эбит. Күндэйэ оҕолоро эйэҕэстэрэ, элэккэйдэрэ, учууталлара, коллективтара түмсүүлээхтэрэ олус үчүгэй. Барыта биир тыынынан, биир чыпчылҕан түгэнинэн үрдүк таһымҥа буолан ааста. Мэктиэтигэр аһаабакка да сылдьыбыппын
    .
    Вот вам герои дня:
    Ефим Михайлов
    Вова Аммосов
    Ярик Винокуров
    Семен Александров
    Виталий Павлов
    Роберт Удин
    Григорий Алексеев
    Айсиэн Колмогоров
    Степан Тихонов
    Николай Павлов
    Борис Индеев

    Кыра уолаттар мантан иннэ күүстээхтик дьарыктаннахпытына сатанар диэн бэйлэрин санааларын этиннилэр.

    Петрова Л.Г.

    Категория: Разное | Просмотров: 317 | Добавил: Бордон
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]