- 2013 Январь
- 2013 Февраль
- 2013 Март
- 2013 Апрель
- 2013 Май
- 2013 Июнь
- 2013 Август
- 2013 Сентябрь
- 2013 Октябрь
- 2013 Ноябрь
- 2014 Январь
- 2014 Февраль
- 2014 Март
- 2014 Апрель
- 2014 Май
- 2014 Июнь
- 2014 Август
- 2014 Сентябрь
- 2014 Октябрь
- 2014 Ноябрь
- 2014 Декабрь
- 2015 Январь
- 2015 Февраль
- 2015 Март
- 2015 Апрель
- 2015 Май
- 2015 Июнь
- 2015 Сентябрь
- 2015 Октябрь
- 2015 Ноябрь
- 2015 Декабрь
- 2016 Январь
- 2016 Февраль
- 2016 Март
- 2016 Апрель
- 2016 Май
- 2016 Июнь
- 2016 Сентябрь
- 2016 Октябрь
- 2016 Ноябрь
- 2016 Декабрь
- 2017 Январь
- 2017 Февраль
- 2017 Март
- 2017 Апрель
- 2017 Май
- 2017 Сентябрь
- 2017 Октябрь
- 2017 Ноябрь
- 2017 Декабрь
- 2018 Январь
- 2018 Февраль
- 2018 Март
- 2018 Апрель
- 2018 Май
- 2018 Сентябрь
- 2018 Октябрь
- 2018 Ноябрь
- 2018 Декабрь
- 2019 Январь
- 2019 Февраль
- 2019 Март
- 2019 Апрель
- 2020 Март
- 2021 Апрель
- 2021 Октябрь
05:29 Үөрэх бастыҥнарын чиэстиир сүлүөт | |
Үөрэх бастыҥнарын чиэстиир сүлүөт Бордоҥҥо 10-с төгүлүн ыытылынна Тохсунньу 18 күнүгэр, Бордоҥ орто оскуолатыгар үгэс быһыытынан, үтүөҕэ – кэрэҕэ сирдиир үөрэх бастыҥнарын чиэстиир сүлүөт урукку сыллардааҕар ураты соҕустук 10-с төгүлүн ыытылынна. Сүлүөтү оскуолабыт директора В.Т.Григорьев үөрүүлээхтик аста, эҕэрдэлээтэ. Бордоҥ нэһилиэгин тэрилтэлэрэ бүүс – бүтүннүү кэлэннэр оҕолору олус истиҥник, санаалара көтөҕүллэн, эрэнэн туран, үтүө тыл үтүмэнин, кэрэ тыл кэскиллээ5ин эттилэр. Кэнчээри ыччат туһугар бары бииргэ, биир санааннан салайтаран үлэлииргэ көҕүлээтилэр уонна хас биирдии оҕоҕо стипендия туттардылар. Саамай долгутуулаах түгэнинэн номинациялары туттарыы түгэнэ буолла. Бу үөрэх дьылыгар саамай элбэх ситиһиилээх үөрэх бастыҥнарыгар метод холбоһуктар «Анал номинация» биэрдилэр уонна үөрэнээччилэрин кытта тута «Икки сулус» проекка кыттан, ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар, үҥкүүлээтилэр, фокус көрдөрдүлэр, хомуска оонньоотулар. Оскуола директорын «Бастыҥ үөрэнээччи» анал номинациятын 10 кылаас туйгун үөрэнээччитэ Алена Данилова, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы «Билииннэн кыайыаҥ» номинациятын 5 кылаас туйгун үөрэнээччитэ Мирослав Гуринов ылыан ылла, иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы анал номинациятын 10 кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ, оскуола президена Саргы Попова, алын кылаастар «Алын кылаас кэскилэ» номинациятын 4 кылаас туйгун үөрэнээччитэ Алена Максимова «Юный филолог» номинацияны 10 кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ Айыына Михайлова «Юный химик» номинацияны 10 кылаастан Юман Козлов, «Стремление к совершенству» номинацияны 9 кылаастан Адель Удин, «Юный математик» номинацияны 11 кылаастан Сандаара Докторова ыланнар үөрдүлэр. Сылын аайы, уон сыл устата, араас улуустааҕы, республиканскай олимпиадаларга үөрэнээччилэрэ ситиһиилэммит, миэстэлэспит учууталларга грамота туттардылар. Быйыл оннук ситиһиилээх учууталларынан: Иванова И.К., Федотова С.А., Федоров В.Д., Слепцова С.Л., Павлова С.Н., Никитина А.М. буоллулар. Итини таһынан,оҕолору иитиигэ сөптөөх суолу тутуһан үлэлиир, активнай позициялаах төрөппүттэргэ эмиэ анал грамота биэрэн үөртүлэр, инникигэ кынаттааатылар. Кэлбит ыалдьыттар, оҕолор, төрөппүттэр элбэх астаах Сандалы остуолларын тула олорон, кылааһынан бииргэ ирэ-хоро кэпсэттилэр, тото-хана аһаатылар, быыһыгар кылаастар араас идэлэри рекламалаан көрдөрдүлэр, оонньуу бөҕө оонньонно, викторина да буолла. Бары олус астынан, дуоһуйан тарҕастылар. Бу 10 төгүлүн ыытыллыбыт сүлүөт өссө элбэх оҕону үрдүккэ кынаттыа, инникигэ суолдьут сулус буолуо диэн эрэнэбит. Быйаҥнаах буордаах Бордоҥ сириттэн өссө даҕаны талааннаах, үөрэххэ дьулуурдаах, спортсмен оҕолор үүнэ-сайда турдуннар! Бордоҥ орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Катя Егорова Тохсунньу 19 күнэ, 2018 сыл.
| |
Категория: Учеба | Просмотров: 393 | Добавил: Бордон |