Суббота, 28.12.2024, 14:08
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Категории раздела
ЕГЭ [49]
Учеба [31]
Спорт [58]
Родители [17]
Дети [13]
Документы [43]
Анонсы [20]
объявления
НИТ [37]
Новые информационные технологии
НПК [9]
семинары, конференции
Новости наслега [24]
Что нового в поселке
Разное [11]
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 5
Гостей: 5
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Февраль 2018  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
       1234
    567891011
    12131415161718
    19202122232425
    262728
    Главная » 2018 » Февраль » 12 » Уол оҕо – эр бэрдэ барытыгар саталлаах!
    03:23
    Уол оҕо – эр бэрдэ барытыгар саталлаах!
     

    Ол онно көр, уол оҕо туойар, бу манна көр, уол оҕо хоһоон ааҕар, ханна да көр, уол да уол. Бу Сунтаар Тойбохойун сиригэр “Уол оҕо норуот кэскилэ” диэн түһүлгэ төрүттэнэр. Тойбохой сиригэр иккис төгүлүн ыытыллар улуустааҕы “Уол оҕо – норуот кэскилэ” диэн ырыа-үҥкүү, хоһоон, эр хоһуун түһүлгэтигэр сүүһүнэн уолаттар анаан-минээн бэлэмнэнэн кэлэллэр. Владислав Григорьев – Сунтаардааҕы гимназия 11 кылаас үөрэнээччитэ сэттэ бииргэ төрөөбүттэриттэн алтата уолаттар. Соҕотох аҕа оҕолорун эр киһилии кытаанахтык уонна ирдэбиллээхтик иитэн улаатынарбыта уол ситиһиититтэн көстөр. Владислав “Эр хоһуун” күрэххэ аҥардас кыттарым улахан чиэс-бочуот диэн санаатын үллэстэр. “Эр хоһуун” күрэххэ 16 обургу уолаттар кыттаннар өйдөрүн, эт-хаан өттүнэн кыахтарын уонна байыаннай бэлэмнэрин тургутан көрдүлэр: 1 миэстэ Николаев Филипп (Тойбохой), 2 миэстэ Тихонов Саша (Тойбохой), 3 миэстэ Григорьев Владик (Сунтаардааҕы гимназия). Тэрээһин үс сиринэн баран, 197 уолаттар арааска сүүрэ сылдьан бэйэ кыахтарын, дьоҕурдарын холоннулар. Ырыа күрэҕин түмүктэрэ: 7-11 саастарыгар диэри 1 истиэпэннээх лауреат Сунтаардааҕы лесной оскуола уолаттарын ансамбыла, 2 истиэпэннээх лауреат Тойбохой орто оскуолатын 1 кылаас үөрэнээччилэрэ, 3 истиэпэннээх лауреат Тойбохой орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ; 12-15 аастарыгар диэри Гран при хаһаайынынан Егоров Дьуур, 1 истиэпэнээх лауреат Кириллин Алексей, 2 истиэпэннээх лауреат Сметанин Артем, 3 истиэпэннээх лауреат Иванов Ашан, 15-18 саастарыгар диэри 2 истиэпэннээх лауреат Тойбохой уолаттарын ансамбыла, 2 истиэпэннээх лауреат Николаев Миша (Тойбохой), 3 истиэпэннээх лауреат Иванов Костя (Тойбохо), 3 истиэпэннээх лауреат Удин Адель (Бордоҥ). Үҥкүүгэ, 12-14 саастарыгар диэри 1 истиэпэннээх лауреат – Сунтаартан «Түһүлгэ» народнай үҥкүү ансаамбыла (16 кыттааччылаах) «Чохчоохой» үҥкүү, 7-11 саастарыгар диэри 2 истиэпэннээх лауреат – Бордоҥтон «Тэтим» үҥкүү ансамбыла (11 кыттааччылаах), 1 истиэпэннээх дипломан – Дьаархан нэһилиэгэ (3 кыттааччылаах), 15-18 саастарыгар диэри 1 истиэпэннээх дипломан – Тойбохойдооҕу оҕо киинэ. Ырыаҕа-үҥкүүгэ элбэх да талааннаах оҕолор бааллар эбит диэн киһи киэн туттар. Маны сэргэ Аҕа дойду сэриитин, кыайыытын туһунан хоһоннор ааҕыллан сүрэҕи хамсаттылар, билим кэмпириэнсийэҕэ саҥа арыйыылар иһилиннилэр уонна уус-уран оҥоһуктарга күрэх тэрилиннэ. Кэмпириэнсийэҕэ түмүктэр: 1 истиэпэннээх лауреат Григорьев Никита — Сунтаардааҕы санаторнай оскуола 2 кылаас үөрэнээччитэ (сал. Григорьева Э.Е.), 2 истиэпэннээх лауреат Алексеев Григорий — Бордоҥнооҕу орто оскуола 6 кылаас үөрэнээччитэ (сал. Алексеева М.М.), 1 истиэпэннээх лауреат Васильев Иннокентий – Тойбохой орто оскуолатын 6 кылаас үөрэнээччитэ (сал. Алексеева М.М.), 1 истиэпэннээх лауреат Львов Илья – Сунтаардааҕы политехническэй лицей 7 кылаас үөрэнээччитэ (сал.Иванова Н.И.), лауреаттар лауреаттара Старостин Максим – Кириэстээх орто оскуолатын 8 кылаас үөрэнээччитэ (сал. Романова Д.М.), 1 истиэпэннээх лауреат Яковлев Алексей – Кириэстээх орто оскуолатын 10.кылаас үөрэнээччитэ (сал. Романова Д.М., Жиркова М.И., Усова Н.В), 2 истиэпэннээх лауреат Егоров Никита – Арыылаах нэһилиэгин 10 кылаас үөрэнээччитэ (сал. Ноговицына Е.П.), биһирэбил бириис Гаврильев Борис – Кириэстээх орто оскуолатын кылаас үөрэнээччитэ (сал. Романова Д.М.). Уус-уран оҥоһуктар быыстапкатын түмүгэ: Лауреат аатын Иванов Сергей –Сунтаардааҕы политехничекскэй лицей 6 кылаас үөрэнээччитэ, 1 миэстэ — Потапов Дамир – Дьаархан орто оскуолатын 4 кылаас үөрэнээччитэ, 2 миэстэ Спиров Артемий – Сунтаардааҕы политехническэй лицей 8 кылаас үөрэнээччитэ, 3 миэстэ — Егоров Дьуур – Сиэйэ орто оскуолатын 6 кылаас үөрэнээччитэ. Бу үөрүүлээх уол оҕо түһүлгэтин тэрийээччитэ Иван Иванов – сунтаардар олуһун киэн туттар киһибит. Кини уол оҕо иитиитигэр улахан болҕомто ууран бу тэрээһини таһымын үрдэтэр уонна сайыннарар санаалаах. Уол оҕону түмэр тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыга, полиция, аҕалар, ыччат, оскуола, култуура салайааччылара, учууталлара сэмэй, ол эрэн уот харахха этэр санаалардаах, этиилэрдээх төгүрүк остуолу олохтоон былаан өссө кэҥээтэ. Төгүрүк остуол кэпсэтиитин улуус аҕаларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Данилов иилээн-саҕалаан тэрийдэ. Ол онтон сорох этиилэр: Вячеслав Данилов – билигин аныгы олоххо мөкү сурахтар тутатына сири-сибиири бараан олуһун аймыыллар, кырдьыктаах этиилэри ылынарга үөрэниэххэ наада. Уолаттар билигин өйдөрө-санаалара дириҥээтэ, олоххо сыһыаннара олус уларыйда. Биһиги улууспутугар 40-тан тахса аҕа оҕолорун соҕотохтуу иитэллэр. Бу маннык олоххо көхтөөх дьон туһунан сырдатыы оҥоруохпутун наада. Республика “Ытык аҕа” диэн бэлиэ олохтуур онно холобурга сылдьар дьону булан, маннык ааты иҥэрэргэ дьулуһуохтаахпыт. Алексей Корнилов – Сунтаардааҕы Ис дьыала отделын начальнига, полиция подполковнига – буруйу оҥоруу синбиир күннэтэ тахса турар, маныаха оҕолор да төрөппүттэр да өйдүөх тустаахтар, биирдэ буруй оҥоһулунна да оҕо учуокка ылыллар, бу түгэҥҥэ кини олоҕор мэһэйи үөскэтэр. Сорох түгэҥҥэ көнөр оҕолор эмиэ бааллара үөрдэр. Иван Иванов – Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин үлэһитэ, “Уол оҕо – норуот кэскилэ” улуустааҕы күрэх тэрийээччитэ – уол оҕону иитии элбэх хайысхалаах. Кини дэгиттэр буолуохтаах, ону таба көрөн иитии үлэтин ыытыахтаахпыт. Ол туһугар, дьиэ кэргэн чөл туруктаах буолуохтаах! Чурапчы улууһугар сүрдээҕин түмсэллэр эбит, уол оҕо алгыһын, оһуокайын ылыналлар эбит. Бу тэрээһини аны оскуолаларынан ыытар киһи бэрт буолуо этэ. Мин оҕолорго толкуйдатар тобулум анааран көрүү, эһиил баччаҕа ханна тиийиэххитий? Хайдах киһи буоларга дьулуһаҕытый? диэн ыйытыктарга хоруйдаах буолуохтааххыт диэн үөрэтэбин. Ырыа оҕоҕо дьайыыта олус дириҥ уонна суолталаах, ол да иһин эр киһи туһунан ырыаны элбэтиэх тустаахпыт. Иван Попов – Тойбохой нэһилиэгин баһылыга — уол оҕону дойдутугар бэриниилээх буоларга иитэр соругу туруоруохха. Биһиэхэ холобур буолар киһи, оскуолабыт урукку салайааччыта, байыаннай үөрэҕи биэрбит Анатолий Данилов. Маны кэккэ уолаттар култуураҕа чугастык иитиллиэхтээхтэр, сыанаҕа, дьон иннигэр тахсарга үөрэниэхтээхтэр, оччоҕо кинилэр олус сайдыылаах уонна санааларын сайа этэр кыахтаналлар. Николай Егоров – Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин иитээччитэ – 2010 сылтан бу дьиэҕэ үлэлиибин, арааһы көрөн кэллим. Оҕону үлэҕэ сыһыары тутан иитии – улахан ситиһии. Учуоттаах оҕолорбутун ыччат түмсүүтэ аттыгар илдьэ сылдьан араас кэрэҕэ, үчүгэйгэ иитэр уонна нэһилиэккэ араас тимуровскай үлэҕэ кытыһыннаран кини көҕүн таһаарар. Клара Тихонова — уол оҕо ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, уруһуйдуура, арааһы уһанара ирдэбил буолуохтаах. Оччоҕо эрэ оҕо сайдар кыахтанар. Хорунан, ол эбэтэр күргүөмүнэн ырыа оҕону элбэххэ иитэр, кини сааһыланар, кини эйгэтэ ырааһырар, кини аһыллар. Музыкаҕа сэттэ нота баар буоллаҕына, бу ноталар киһи сэттэ чаакыратын уһугуннараллар. Станислав Егоров – Тойбохойдооҕу оҕо киинин салайааччыта – аны оҕо ыллыы-туойа эрэ сылдьара эмиэ сатаммат, кини дьиэтигэр көмө киһи буолуохтаах. Онно эмиэ үлэлэһиэхтээхпит. Борис Васильев – Тойбохойдооҕу орто оскуола салайааччыта — билигин “окультуривания” барда, урут биһиги 90-сыллардааҕыбыт курдук буолбатах. Куоракка тиийдэххэ болуоссаттарга бары ролигынан сылдьаллара, ким да табахтаабат, арыгылаабат. Киһи ону көрөн сөҕөр уонна махтайар. Аны киһи өссө үөрэрэ спордунан дьарыктанар оҕо үөрэҕэр кытта үчүгэй көрдөрүүлээх буолар. Бу төгүрүк остуолга кыттыыны ыла олорон олуһун үөрдүм, эр дьоммут саҥалара-иҥэлэрэ чопчутуттан, санаалара да барыта куһаҕаны эрэ эрдибэтиттэн… оттон бэйэм, култуура салайааччыта буоларбынан маннык этиилэри оҥордум. Билигин уол оҕону аҥардас дьахтар иитэр буолан уонна европейскай моданы батыһан уолаттар – кыыс аймахха маарыҥныыр буолуллар. Ону кытта уол уолу кытта таптаһар түгэнэ эмиэ көстөр буолбута хомолтолоох уонна кыбыстыылаах. Мин санаабар, бу барыта итэҕэлтэн. Билигин итэҕэл арааһа элбээн эдэр дьону арааска угуйар, бэл диэтэр ислам итэҕэлигэр саха оҕолоро кытта киирдилэр. Тоҕо?! Тоҕо диэтэргин кинилэр итэҕэллэрэ олус күүстээх, эттэ да бүттэ, ирдэбилэ кытаанах уонна биир. Холобурдуоҕу баҕарыллар, Чечня сирин, президент Кадыров – кини эппитэ сокуон, оттон биһиги Ил Дархаммытын хайдах баҕарарбытынан лэппиэскэ курдук эргитэ да сылдьан үөҕүөхпүтүн-үтэйиэхпитин сөп курдук. Аҕа оруола олус улахан, билигин төрөппүт мунньаҕын көрөөрүҥ эрэ, барыта дьахтар аймах, биир эмэ эр киһи баар буоллаҕына, ол маҥан тураах олорорун курдук көстөр. Бу маны уларыта тутуохха баара, ханнык эрэ сырыыга аҕалар мунньахтарын оҥоруохха. Сунтаар уолаттара барытыгар бастакы кэккэҕэ сылдьаллар, үчүгэйгэ да, мөкүгэ да уонна бөлөҕүнэн сылдьа үөрэммиттэр, ол сылдьан арааска түбэһэллэр. Маны таһынан оҕо кыра буруйу оҥордо да, төрөппүттэр көмүскэһэн өссө наһаалатан улахан буруйу кытта кэһиилэр тахсаллар. Сунтаар култуурата бу эйгэҕэ этиилэрэ: “Тоҕус мэҥэ хамнаныыны”, “Тоҕус эр киһи төрүт хамсаныыларын” оскуолаларга күүскэ киллэриэххэ, уол оҕо алгыһын иҥэриэххэ, бүгүҥҥү курдук тэрээһиннэри элбэтиэххэ, “Үрүҥ Уолан” уруогу киллэриэххэ, байыаннай, спортивнай оонньуулары тиһигин быспакка аҕалары кытта ыытыахха, булка-айылҕаҕа элбэхтэ сырытыннарыахха. Бу күрэххэ эбии, эр дьону ситимнээн “Уол оҕону иитии” диэн бырайыак көмүскээһини киллэриэххэ уонна бу тэрээһин бэйэтэ анал күргүөмүнэн ыллыыр ырыалаах буолуохтаах дии саныыбын. Дьэ, бу курдук бэрт сэргэх уонна дириҥ суолталаах тэрээһиҥҥэ төһө да эр киһи буолбатарбын эр дьоннорбутунан, уолаттарбытынан олуһун киэн тутуннум! Уолаттар кытаатыҥ, эр бэрдэ буолуҥ, эр киһи буоларгытынан бэртик сананыҥ диэн туран баҕар өрөгөйдөөх ырыаҕа барсыа дуу диэммин, бу тэрээһинтэн саҕыллыбыт хоһооммунан суруйуубун түмүктүүбүн. Уол оҕо — норуот кэскилэ! Уол оҕо – эр бэрдэ Эн буолаҕын! Эн кыайыыны-хотууну ыллыыгын, Эн олоҕуҥ уруйун туойаҕын, Эн — Эр хоһуун буолаҕын! Уол оҕо – норуот кэскилэ, Кэрэни кэрэхсээ, Дойдугун харыстаа, Эр киһи буоларгынан киэн тутун! Уол оҕо – эр бэрдэ дэтэҥҥин Дойдугун, дьоҥҥун араҥаччылыыгын, Нус-хас олох туһугар турулаһаҕын, Эн – Эр киһи буолаҕын! Уол оҕо – эр бэрдэ тур, ыллаа! Өрөгөйдөө эн бу күндү күнү, Күргүөмүнэн уруйдуохха Уол оҕону – норуот кэскилин! ***
    Мария КОБЕЛЬЯНОВА — ТУСКУЛААНА
    Источник: Aartyk.ru
     
     
    Просмотров: 413 | Добавил: Бордон
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]