Войти через uID
Мин аҕам, Андреев Анатолий Прокопьевич 1919 сыллаахха Сунтаар улууһугар Бордоҥ нэһилиэгэр Куруҥ Балаҕан түбэтин Тыымпы диэн сиргэ олорор колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. «Каганович» аатынан колхоз чилиэнэ Борукуопай оҕонньор колхозка фермаҕа үлэлиирэ. Дьиэлэрэ Тыымпы арҕаа төбөтүгэр баар өтөххө баар эбит. Кэлин ол өтөҕу Борукуопай буолата диэн ааттыыллар. Кэргэнинээн элбэх оҕону төрөппүттэр эрээри икки уол эрэ тыыннаах ордубуттар. Аҕам убайа Иван Прокопьевич 1916 сыллаахха төрөөбүт. Онтон түөрт сыл буолан баран мин аҕам т ... Читать дальше »
АЛЕКСЕЕВ Прокопий Спиридонович
(1896-1979)
Биһиги аҕабыт Алексеев Прокопий Спиридонович 1896 сыллаахха Ньурба улууһун Дьаархан нэһилиэгэр уон оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Алта уол уонна түөрт кыыс үһүлэр. Аҕабыт бииргэ төрөөбүттэр иэҕэллэр диэн бөдөҥ уҥуохтаах, күүстээх, сэмэй үлэһит дьон эбит.
... Читать дальше »