02:08 Александра Григорьевна ОМУКОВА |
Александра Григорьевна ОМУКОВА Мин сэрии сылын төгүрүк тулаайаҕа Омукова Александра Григорьевна 1940 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр дьадаҥы ыалга Кумакылаахха төрөөбүппүн. Биһиги үс этибит. Ийэ-аҕа диэни билбэтэҕим. Ийэм эрэйдээх аччыктаан хотонтон ынах ыан киирэн боруогун да кыайан атыллаабакка охтубутун сыылаҥхайдаан кэлэн эмиийин эмэ олорорбун эдьиийим киирэн араарбыт үһү. Онтон миигин ийэм эдьиийэ Мария Марковна ылан харайар, убайдаах эдьиийбин биир эдьиийим Александра Марковналаах илдьэ хаалан ииппиттэр. Аҕабыт диэн Алексеев Григорий Иннокентьевич Тойбохойтон төрүттээх киһи үһү. Эрдэ өлбүт. Ким да тугу да кэпсээбэт этэ. Убайым үөрэнэн олох кыра сааһыттан колхозка суотчутунан үлэлээбитэ. Мин 7 саастаахпар Марбаҕа оскуолаҕа биэрбиттэр. Оччолорго миигин харайа ылбыт, аҕам диэн улааппыт киһим Николаев Николай Николаевич 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Бу Николайдаах биир Мотя диэн кыыстаахтара. Кинини кытта миигин бииргэ ииппиттэр этэ. Мотя миигиттэн 10 сыл аҕа, убайбын кытта саастыылар. Оскуолаҕа "ньулубуой” кылааска үөрэнэрбэр Халадаайга олорбуппут. Ол кыһын ити Халадаайтан хааман үөрэммиппит. Оччолорго Улгумдаттан, Нээлбиктэттэн элбэх оҕо хааман үөрэммиттэрэ. Ийэм (эдьиийим) Мария улахан оҕолорго бу кыыһы манан клэн илдьэ бараарыҥ диир эбит. Олох хараҥаҕа, арыт ыйдаҥалаах сарсыардаҕа барарбыт. Ол Марбаҕа оскуолаҕа төһөҕө тиийэн, үөрэнэн бүтэн төннөрбүн оох өйдөөбөппүн, уруок үөрэтэр эрэ иҥин эрэ. Онтон бастакы кылааска киирэрбэр күһүн оскуола аһыллыан иннинэ оскуола дириэктэрэ уонна детдом дириэктэрэ кэлбиттэрэ. Онно мин таһырдьа куотан хаалбытым ол дьонтон куттанан. Барбыттарын кэннэ дьиэҕэ киирбитим иэйм: "Эйигин Марбаҕа детдомҥа ыллылар, онно кыһыннары-сайыннары олороҕун үһү”, - диэтэ. Онтон эдьиийим Мотя детдомҥа аҕалан туттарбыта. Улахан баҕайы дьиэҕэ воспитатель киллэрбитэ. Оҕо элбэҕэ бөҕө. Дэлби төгүрүччү муста охсон хааллылар. Саҥа оҕо кэлбит диэн көрүү-истии бөҕө. Воспитатель киллэрээт, кухняҕа илдьэн, повардыын аһылык арааһын ууран баран: "Чэ, дэлби аһаа. Манна мэлдьи маннык аһыаҥ”, - диэтилэр. Онтон били воспитателим кыргыттар хосторугар илдьэн биир ороҥҥо манна утуйаҕын диэн олохтоото. Уонна биир улахан кыыска: "Бу кыыһы эйиэхэ көрөргөр туттарабын”, - диэтэ. Дьэ манна кэлэн үөрэнэр, уруок үөрэтэр диэни билбитим. Оскуола олбуор иһигэр турара. Эчи үчүгэйин! Тоҥор-хатар диэни билбэккин, барыта киһи көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьаҕын. Соччоҕо даҕаны оскуола 7 кылаастаах этэ. Улахан уолаттар-кыргыттар 7 кылааһы бүтэрдэхтэринэ баран иһэллэр эбит. Детдомҥа муҥутаан 60-тан тахса оҕо олоро сылдьыбыт этэ. Дьэ уонна бачча элбэх оҕо баар эрээри этиһии-охсуһуу диэн баарын билбэтэҕим. Онтон оҕо аҕыйаан буолуо, мин 5-и бүтэрбит сайыммар Тойбохойго холбообуттара. Манна дьонноох оҕолору дьонноругар хаалларбыттара. Миигин убайым Иннокентий Григорьевич ылбыта. 6-7 кылааска манна үөрэнэн баран бары тарҕаспыппыт. Мин Тойбохойго барбытым даҕаны, интернакка ылбатахтара. 8-с кылааһы бүтэрэн баран үөрэнэр усулуобуйа суох буолан Нээлбиктэ ферматыгар дояркалаабытым. Онтон иккис кыһыммар кэргэммин көрсөн ыал буолбутум. 6 оҕоломмуппут. Кэргэним суох буолбута 10 сыл буолла. Билигин манна кыыспар олоробун. Оҕолор бары ыаллар. 13 сиэннээхпин, 3 хос сиэннээхпин. Билиҥҥи үчүгэй олоххо 80 сааспар тиийэн кэллим. Онон дьоллоохпун дэнэбин. Итиэннэ хаһан да сэрии, аччыктааһын буолбатын, эйэлээх эрэ олох баар буоллун. Сэрии сылын оҕото Александра Омукова |
|