Войти через uID
Тэҥкэҕэ аан бастаан начаалынай оскуола 1930 сыллаахха «Өндьөгөрдөөх» диэн сыһыы кытыытыгар аһыллыбыта. «Школа всеобуча» диэн ааттыыллара, онно 16- ҕа тиийэ саастаах ыччаттары үөрэтэллэрэ. Оскуола бастакы сэбиэдиссэйинэн Попов Тимофей Николаевич үлэлээбитэ. 1931сыллаахха оскуола сэбиэдиссэйинэн Попов Гаврил Спиридонович ананан кэлбитэ. 1931 сыллаахха Крюков Лука Егорович дьиэтигэр оскуоланы аспыттар, оскуола бу дьиэҕэ 1960 сылга диэри үлэлээбитэ. 1934 сыллаахха оскуола начаалынай үөрэхтээх оҕолору үөрэтэн таһаарар (маҥнайгы выпуск). Тэҥкэ ... Читать дальше »
Тэҥкэ туhунан архыып докумуоннарыгар 1771 сылтан баар эбит. Сунтаар улууhа тэриллиэн иннинэ билиҥҥи Тэҥкэ, Тойбохой, Куокуну, Бүлүүчээн сирдэрин Өлүөхүмэ бас билэн олорбут. I Нөөрүктээйи диэн туhунан нэhилиэк буолан 1917 сылга диэри баара. Петр Константинович Яковлев Өлүөхүмэҕэ билигин Нөөрүктээйи нэhилиэгэ баарынан, маннааҕы дьон Өлүөхүмэттэн тахсыбыттара буолуо диэн сабаҕалыыр. Сорох сабаҕалааһынынан Өлүөхүмэттэн Мэҥэ - Хаҥаласка, Мэҥэ - Хаҥаластан Сунтаарга көһөн кэлбит курдуктар. Онон ханан эрэ Өлүөхүмэни кытта сибээс баар быһыылаах. Тэҥкэни өссө Р. Маак кинигэтигэр Т ... Читать дальше »
Дмитрий Спиридонович ФЕДОРОВ
(1921-1960)
Киһини киһи санатыахтаах 2011 сыл муус устар ый 25 күнүттэн үрэх уута киллэрбитинэн барбыта. Ыам ыйын 1-гы күнүттэн өрүс хамсаан, ыам ыйын 7 күнүттэн көмүөл мууһа көтөҕүллэн устубута. Быһата, сандал саас 20-чэ хонук эрдэлээн кэлбитэ. Маннык эрдэ кэлбитин 73 сааспын туолуохпар диэри билэ илигим. Сайына хайдах буоларын көрөн иһиэхпит буоллаҕа…Дьылы дьыл санатар эбит буоллаҕына, киһини ки ... Читать дальше »